“Кыайыы туһунан өйдөбүнньүк” аахсыйа дьон биһирэбилин ылла
Улуу Кыайыыны уруйдуур тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, II-c Аан дойду сэриитэ түмүктэммит күнүгэр аналлаах “Кыайыы туһунан өйдөбүнньүк” диэн онлайн аахсыйа дьон-сэргэ сэҥээриитин, биһирэбилин ылла. Ыччат министиэристибэтэ көҕүлээбит аахсыйатыгар Саха сирин улуустарын, куораттарын баһылыктара уонна бэрэстэбиитэллэрэ, ол иһигэр Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, суруйааччы Тимофей Сметанин “Саллаат” диэн айымньытын дорҕоонноохтук аахтылар. Саха хорсун буойунун уобараһын арыйар хоһоону Олохтоох бэйэни салайыныы департаменын салайааччыта Руслан Платонов түмүктээтэ. Санатан аастахха, буойун-поэт, суруйааччы, драматург, суруналыыс Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээбиппит. Ким да умнуллубат! Туох да умнуллубат! Хаан тохтуулаах, харах уулаах Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммут сырдык ааттара үйэлэргэ умнуллубатын!