«Кыайыы түннүктэригэр» кыттыһыахха
СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтэ ыам ыйын 1-9 күннэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы түннүктэрэ» аахсыйаҕа кыттыһан саҕалаата.
Кыттааччылар бэйэлэрин дьиэлэрин, үлэлиир тэрилтэлэрин түннүктэрин ким хайдах сатыырынан, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот Кыайыытын 76-с сылын көрсө хаартыскаларынан, уруһуйдарынан, суругунан-бичигинэн киэргэтэллэр.
Уруһуйдары, бэлиэлэри харахха быраҕыллар гына чаҕылхай өҥнөрүнэн киэргэтиэххэ эбэтэр кумааҕынан кырыйан оҥоруохха сөп. Ол хас биирдиибит фантазиятыттан тутулуктаах.
Киэргэппит түннүккүтүн хаартыскаҕа түһэрэн уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар махтал тылларгытын социальнай ситимнэргэ #ОкнаПобеды #ОкнаПобедыЯкутия хэштегинэн бэлиэтээн угуохтааххыт.
Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут буойуттарбытын кэриэстиирбитин, кинилэр хорсун быһыыларыгар сүгүрүйэрбитин көрдөрөн Бүтүн Арассыыйатааҕы «Кыайыы түннүктэрэ» аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыаҕыҥ!