09.05.2024 | 14:00

Кыайыы сыыппаралара: Аҕа дойду Улуу сэриитин 10 чахчыта

Кыайыы сыыппаралара:  Аҕа дойду Улуу сэриитин 10 чахчыта
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Аҕа дойду Улуу сэриитэ – ааспыт үйэ саамай хаан тохтуулаах сэриилэриттэн биирдэстэрэ. Бу сэрии туһунан ыар чахчы элбэх.

Кыайыы күнүн 17 сыл бэлиэтээбэтэхтэр

Кыайыы күнүн бастакы бырааһынньыга ыам ыйын 9 күнүгэр 1945 сыллаахха буолбут. 1947 сылга диэри ити күн өрөбүлүнэн биллэриллэн, ырыалаах-тойуктаах кэнсиэртэр, Арассыыйа хас биирдии куоратыгар Кыайыы салюта  ыытыллаллар эбит. Ол кэнниттэн Кыайыы күнүн бырааһынньыктааһын тохтотуллан, 17 сылы быһа ыам ыйын 9 күнэ үлэ күнүнэн ааҕыллан кэлбит.

80 тыһыынча аппыһыар — дьахтар аймах

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыргыһыы хонуутугар дьахтар аймах оруола сүҥкэн этэ. Мөлүйүөнүнэн дьахтар фроҥҥа кыттыбыта, олох иһин охсуспута, бу сыыппараттан 80 тыһыынчата аппыһыар званиелаах этэ. Дьахталлар стрелковай уонна разведкалыыр биригээдэлэри тэрийбиттэр, моряк дьахталлар роталара кытта баара биллэр.

60 тыһыынча ыт сулууспалаабыта

Кыыл-сүөл эмиэ эмиэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр кырата суох оруоллаахтар. Сэрии былаһын тухары араас фроҥҥа 60 тыһыынчаттан тахса ыт сулууспалаабыт. Кинилэр өстөөх эшелоннарын, 300-тэн тахса өстөөх бронетехникатын эспиттэр уонна 200-тэн тахсата тыллааччы быһыытынан кыттыбыттар.

Юрий Левитан тыыныгар — 250 тыһыынча ньиэмэс маарката

Аатырбыт диктор Юрий Борисович Левитан Аҕа дойду Улуу сэриитин биир бэлиэтинэн буолбута. Кини куолаһа сэбиэскэй норуот бойобуой көҕүн уһугуннарара. Онон фашистар дикторы өлөрүү иһин 250 тыһыынча ньиэмэс мааркатын (харчы) эрэннэрбиттэрэ. Оттон сэбиэскэй былаас Левитаны күүскэ көмүскээн, харабыллаан, араҥаччылаан, диктор тас көстүүтүн туһунан сымыйа сураҕы тарҕатар.

350 байыаннай тэбиэн

Тэбиэни Сталинград анныгар сэриигэ тырааныспар быһыытынан туттубуттар. Бу, биллэн турар, анал байыаннай тиэхиньикэ уонна сыспай сиэллээх тиийбэтиттэн ылыллыбыт дьаһал.

26,6 мөлүйүөн киһи сэрии толоонугар

Сэрии бүппүтүн кэннэ Иосиф Сталин сэрии «официальнай» сыыппараларын ааттыырыгар 7 мөлүйүөн киһи олоҕо быстыбытын туһунан биллэрэр. Оттон сэрии сиэртибэлэрин дьиҥнээхтик ааҕыы 80-с сыллар бүтүүлэригэр эрэ саҕаламмыта уонна күн бүгүҥҥэ диэри чуолкайдана илик. Арассыыйа оборонаҕа министэристибэтин аныгы чахчытынан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр ССРС уопсай сүтүгэ 26,6 мөлүйүөн киһиэхэ тэҥнэһэр. Бу сыыппара бүтүн биир орто улахан судаарыстыба нэһилиэнньэтин ахсааныгар тэҥнэһэр.

Оттон Саха сириттэн сэриигэ 62 509 киһи ыҥырыллыбыта сабаҕаланар.  Мантан 26 129 буойун кыргыһыы хонуутугар охтубутунан, сураҕа суох сүппүтүнэн, фронт чугаһынааҕы уонна тыыл госпиталларыгар өлбүтүнэн ааҕыллар. 22 767 киһи эргиллэн кэлбитэ биллэр.

Кыайыы кэнниттэн 10 сыллаах «сэрии»

Кыайыы кэнниттэн өссө даҕаны 10 сыл Сэбиэскэй Сойуус уонна Германия икки ардыларыгар сэрии бүтэ илигин курдук сыһыан баара. Тыҥааһыны 1955 с. тохсунньу 25 күнүгэр тахсыбыт ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Сэбиэскэй Сойуус уонна Германия икки ардыларыгар сэрии туругун тохтотор туһунан ыйааҕа эрэ «устар».

 

ССРС саамай саастаах Дьоруойа

Сэбиэскэй Сойуус саамай саастаах Дьоруойа Псков уобалаһыттан 83 саастаах Матвей Кузьмич Кузьмин этэ. Кини 1942 с. олунньу 14 күнүгэр Иван Сусанин хорсун быһыытын хатылаан турар. 14 саастаах сиэнин Василийы хайыһарынан Сэбиэскэй Аармыйа сытар сиригэр «эһэм манна ньиэмэстэри сирдээн аҕалыаҕа» диэн сэрэттэрэ ыытар уонна бэйэтэ бүтүн ньиэмэс батальонун тоһуурга таһааран кыргыттарар. Матвей Кузьмин бэйэтэ эмиэ өлөр.

22 тааҥканы 30 мүнүүтэ иһигэр

Рекорду 1-кы танковай дивизияттан «КВ» тааҥкаҕа старшай лейтенант Зиновий Колобанов экипаһа туруорбут. Лейтенант Колобанов биэс тааҥкаттан турар ротата Ленинградка үс суолу бүөлүөхтээх эбит. Сэрии хапсыһыыта саҕаламмытын кэннэ 30 мүнүүтэнэн өстөөх 43 тааҥкатын сүтэрбит, онтон 22-тин Колобанов ротатын байыастара суох оҥорбуттар. Кинилэр хорсун быһыылара Гиннесс рекордун кинигэтигэр киирэр, көмүс ааттара үйэлэр тухары умнуллубат.

Сталин уола өстөөх илиитигэр

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Сталин уола Яков Джугашвили билиэҥҥэ түбэспитэ. Онуоха фашистар Яковы сэбиэскэй былаас билиэнигэр түбэспит фельдмаршал Паулюска атастаһарга этии киллэрбиттэрин Сталин «саллааты фельдмаршалга атастаспаттар” диэн аккаастаабыта биллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...