20.11.2019 | 13:43

КЫАЙЫЫ СЫРДЫК ДЬАРАЛЫГА

КЫАЙЫЫ СЫРДЫК ДЬАРАЛЫГА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сыл саамай кылгас түүнэ үүммүтэ. Дьон-аймах үксэ минньигэс түүлүгэр куустаран утуйан уйдара сыппыта. Эмискэ:

– Сэрии! Сэрии!

1941 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр ньиэмэс фашистара биһиги Ийэ дойдубутугар саба түспүттэрэ. Сэрэтиитэ суох уоран саба түспүттэрэ. Кинилэр биһиги сирдэрбитин бас билиэхтэрин, бөһүөлэктэрбитин, куораттарбытын аҥаардастыы баһылыахтарын, дьоммутун-сэргэбитин кулут оҥостуохтарын баҕарбыттара. Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. 4 сыл устата кырыктаах кыргыһыы буолбута.

Кыайыыны уһансар суол олус уустук этэ. Өстөөх тааҥкалара, сөмөлүөттэрэ биһиэнинээҕэр хас эмэ бүк элбэх этэ. Биһиги аармыйабыт бастаан куотар быһыыламмыта. Сиргэ, халлааҥҥа, муораҕа – барытыгар сэрии буолбута. Улуу кыргыһыылар буолуталаан ааспыттара: Москватааҕы, Сталинградтааҕы, Курскай тоҕойго. Герой куорат Севастополь өстөөхтөн 250 хонук устата тохтоло суох көмүскэммитэ. Ленинград 900 күн ынырык блокадаҕа хааллан олорбута. Кавказ хорсуннук сэриилэспитэ. Украинаҕа, Белоруссияҕа, атын да сирдэргэ партизаннар этэрээттэрэ өстөөҕү үлтүрүтэллэрэ. Мөлүйүөнүнэн киһи, ол быыһыгар кыра оҕолор, собуоттарга уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээн фроҥҥа көмөлөспүттэрэ. Сэбиэскэй Сойуус дьоно бары өстөөҕү утары турууласпыттара.

Сыыйа өстөөх талабырдьыттарын кимэн киириилэрэ тохтотуллубута. Сэбиэскэй Аармыйа фашистары сирдэриттэн үүрэн барбыта.

Эмиэ кырыктаах кыргыһыылар, сэриилэр буолбуттара. Сэбисэкэй аармыйа кимэн киириитэ күүһүрэн испитэ. Биһиги саллааттарбыт Германия кыраныыссатыгар тиийбиттэрэ, Берлини ылбыттара. Бу 1945 сыл сандал сааһа этэ.

Фашистар хотторбуттарын ыам ыйын 9 күнүгэр 1945 сыллаахха билиммиттэрэ. Онтон ыла бу Улуу Кыайыы күнүн биһиги ытыктаан бэлиэтиибит.

Биһиги дьоммут сэрии кэмигэр хорсун санааларын, кыайыыга уҕараабат дьулуурдарын көрдөрбүттэрэ.

Брест кириэппэһэ кыраныысса олох таһыгар турар этэ. Фашистар бастаан бу кириэппэскэ саба түспүттэрэ. Биир күнүнэн бас билиэхпит дии санаабыттара. Сэбиэскэй саллааттар биир ый устата кириэппэһи өстөөххө биэрбэккэ кыргыспыттара. Саллаат барыта өлөн бүтүөр диэри сэриилэспиттэрэ. Бүтэһик тыыннаах ордубут саллаат: “Мин өлүөм, ол эрэн бэриниэм суоҕа”,- диэн кириэппэс кирпииччэ истиэнэтигэр саатын ыстыыгынан суруйан хаалларбыта.

Москва анныгар улахан кыргыһыы буолбута. Фашистар тааҥкалара кимэн киирэн иһэллэрэ. Биир сиринэн фашистар кимэн киирnилэрин 28 хорсун саллаат бүөлүү турбуттара. Кинилэрb генерал Панфилов cалайбыта. Уонунан тааҥканы үлтүрүппүттэрэ. Ньиэмэстэр кимэн киириилэрэ хаһан да тохтуо суох курдуга. Панфиловецтар иннилэрин биэрбэтэхтэрэ, Москваҕа фашистары киллэрбэтэхтэрэ.

Генерал Дмитрий Карбышев кыргыһыыга бааһырбыта уонна билиэҥҥэ түбэспитэ. Кини профессор, байыаннай тутааччы идэлээҕэ. Фашистар генералы бэйэлэрин диэки тарда сатаан, үрдүк дуоһунаһы, үчүгэй дьиэни-уоту биэриэх буолбуттара. Карбышев дойдутун таҥнарбатаҕа, ол иһин кинини өлөрбүттэрэ. Кыһыҥҥы тымныыга уунан саба ыстаран тоҥорон өлөрбүттэрэ.

Василий Зайцев – Сталинград кыргыһыытыгар аатырбыт герой. Снайпер бинтиэпкэтинэн 300 фашиһы өлөрбүтэ. Өстөөхтөр кинини бултаһан, анаан-минээн бастыҥ ытааччыларын аҕалтарбыттара. Ол аатырбыт киһини Зайцев биир ытыынан охторбута уонна: “301 фашист буолла!” - диэн саҥа аллайбыта.

Сталинград анныгар кыргыһыыга биир артиллерия полкатыгар төлөпүөн сибээһэ быстан хаалбыта. Рядовой Титаев өстөөх буулдьатын аннынан сыылан тиийэн быстыбыт боруобаттары холбуу эрийэ сытан, снаряд түһүүтүттэн эмсэҕэлээбитэ. Улаханнык бааһырбытын билэн, быстыбыт боруобаттары тииһинэн хам ытыран охтубута. Сибээс кэлэн: “Огонь! Огонь!”-  бирикээстэр кыргыһыыны күүркэтэ турбуттара.

Сэрии биһиэхэ үтүмэн үгүс өлүүнү аҕалбыта. Григоряннар дьиэ кэргэнтэн 12 саллаат сэриигэ барбыта. Бары биир салааҕа сулууспалаабыттар, төрөөбүт Кавказтарын көмүскээбиттэрэ. Биир эрэ уол Берлиҥҥэ тиийбитэ. Төрөөбүт куораттарыгар кинилэр кэриэстэригэр билигин 12 тополь үүнэн турар.

Өстөөхтөрү кытта охсуһууга оҕолор эмиэ кыттыбыттара. Үгүстэрэ хорсун санааларын иһин мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Разведчик Валя Котик 12 сааһыгар партизаннарга кыттыспыта. 14 сааһыгар саамай эдэр герой аатын сүкпүтэ...

Сэрии бүтэһик күннэригэр Берлиҥҥэ уоттаах кыргыһыы кэмигэр саллаат Николай Масалов биир дьиэттэн кыра кыыһы өлүүттэн быыһаан таһаарбыта. Сэрии бүппүтэ. Берлин киинигэр кыра кыыһы көтөхпүт сэбиэскэй саллаакка пааматынньык турбута.

Геройдар. Геройдар хорсун быһыылара... Тыһыынчанан ааҕыллар күүстээх санаа туоһулара.

Күндү оҕолор! Эһиги дьоллоох оҕо сааскыт туһугар олохторун толук уурбуттары ахтан-санаан ааһыҥ, кыайыыны сэрии толоонугар уонна тыылга үлэлээн уһансыбыт эбээлэргитин, эһээлэргитин ытыктааҥ! Оҕолоор, сэрии хаһан да буолбатын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...