Кыайыы пааркатыгар – көҕөрдүү аахсыйата
Киин куорат төрүттэммитэ 392 сылынан Кыайыы пааркатыгар киэҥ далааһыннаах көҕөрдүү аахсыйата ыытылынна. Манна 2 тыһыынча мас олордулунна.
Тэрээһиҥҥэ куорат баһылыга Евгений Григорьев, куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, уокуруктар управаларын салайааччылара, Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ уонна куорат Дууматын дьокутааттара көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Аахсыйа «GreenWorks» хампаанньа официальнай дилерин өйөбүлүнэн ыытылынна. Көҕөрдүү боппуруостарыгар куорат баһылыгын сүбэһитэ Екатерина Павлова түөрт күн устата барыта 2 тыһыынчаттан тахса мас олордуллубутун кэпсээтэ уонна тыаллаах, тымныы күнү аахсыбакка, тэрээһиҥҥэ кытта кэлбит дьоҥҥо махталын биллэрдэ. Кини маһы олордуу хаамыытын кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ.
Евгений Григорьев сири-буору бэлэмниир үлэ эрдэттэн, хас эмэ хонук инниттэн ыытыллыбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол курдук, 1000 куб. м тахса кумах уонна перегной аҕалыллыбыт.
«Кыайыы пааркатыгар сылын аайы көҕөрдүү үлэтэ тиһигин быспакка ыытыллар. Ол түмүгэр пааркабыт күөҕүнэн чэлгийэр, чэчириир, куорат олохтоохторо сөбүлээн сылдьар, талаһар сирдэригэр кубулуйда», – диэн кэпсээтэ суруналыыстарга Евгений Николаевич.
Бу күн куорат баһылыга Ботаническай саадка көрүллэн-харайыллан улааппыт венгерскэй сирени олорто. Кини солбуйааччылара, дьаһалта тустаах салааларын салайааччылара үтүө бачыымы өйөөн, аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытыннылар.
Хаартыскалар: А. Ксенофонтова