Дьокуускай түмэлэ улахан дьиэлэнэрэ буоллар...
Дьокуускай куорат историятын түмэлэ Кырдьаҕас куоракка 2020 сылтан үлэлиир. Манна сылдьыбыт дьон куорат хайдах төрүттэммитин, сайдыбытын билэллэр, ону таһынан сэргэх быыстапкалары көрөн-истэн бараллар. Соторутааҕыта Каландаришвили уул. булуллубут остуруок мастарын түмэлгэ харайыыга диэн туттарбыттара. Бу уонна саҥа, сэдэх чахчылар тустарынан түмэл исписэлииһэ Наталья Кривогорницынаны кытта кэпсэттибит.
Туризм сайдан, ыалдьыппыт элбээтэ
– Биһиги түмэлбит 2017 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта, оттон 2020 сылга Кырдаҕас куоракка туспа дьиэлэммитэ. Бастакы кэллиэксийэбитин археолог, история билимин хандьыдаата Строгова Екатерина Алексеевна Учуутал бульвара турар сиригэр ыыппыт археологическай хаһыыларга булбут малларыттан оҥорбуппут. Бу хаһыы 2017 сыллаахха ыытыллыбыта уонна Дьокуускай куорат иһигэр бастакы аныгы археологическай хаһыы буолбута. Саха сиригэр үксүн таас, орто үйэлэр туһунан хаһан үөрэтэллэр, оттон Дьокуускай куорат историятыгар сыһыаннаах ыытыллыбыт үлэ олус аҕыйах. Дьон урут түмэл баарын билбэттэрэ эбэтэр аттынан ааһан баран хаалар этилэр. Билигин оскуолалары кытта үлэлэһэн, бүтэһик сылларга дойду иһинэн туризм сайдан, түмэлбитигэр элбэх ыалдьыт кэлэр-барар буолла. Кырдьаҕас куорат бэйэтэ да саамай туристическай сир, быйыл “Азия оҕолоро” кыттааччылара көхтөөхтүк сырыттылар.
Ыстааппытыгар 3 буолан үлэлиибит, сылтан сыл ноҕуруускабыт улаатан иһэр. Экскурсиялары, лиэксийэлэри таһынан, научнай үлэни, пуонда толоруутун – барытын бэйэбит оҥоробут. Дьон түмэлгэ мал-сал аҕалан бэлэхтиир түгэнигэр, кинилэри кытта кэпсэтэн, бу мал туһунан төһө кыалларынан элбэҕи билэ, үөрэтэ сатыыбыт. Холобур, сорохтор докумуоннары аҕалан баран: “Бу эһэбит киэнэ”,—дииллэр, оттон эһэлэрин олоҕун билбэттэр. Онон бэйэбит хасыһаммыт, туох докумуоннарын, хаһан, ким туттубутун өр үөрэтэбит, саҥаны биллэхпитинэ үөрэбит-көтөбүт.
Көстүүнэй сэдэх хаартыскалара
Биһиги пуондабытыгар Көстүүнэй (Гостиный двор) араас өттүттэн хаартыскаларын мунньубуппут, түмэллэргэ, архыыпка докумуоннары көрөн, историятын үөрэппиппит. Дьон бары урут Ленин болуоссатын оннугар турбутун билэллэр, онтон биһиги бу чинчийиибитигэр хайа өттүттэн кимнээх, туох лааппылара баалларын, сэбиэскэй кэм кэлбитигэр туох уларыйыылар ааспыттарын (колонналарын көтүрбүттэр, ааннарын бүөлээбиттэр) уонна куорат олоҕор туох суолталааҕын быһаарар сыаллаахпыт.
Көстүүнэйи атыыһыт Петр Баснин 1810 с. туппут. Бүддьүөт харчытынан буолбакка, акционернай уопсастыба тэринэн, үксүн иркутскай атыыһыттара буолан туппуттар. Онон бу Дьокуускайга бастакы инвестиционнай бырайыак уонна 1950-с сыллардаахха диэри куорат саамай улахан тутуута буолар. Ол курдук, былыр куорат Управата, Дуумата онно үлэлээн олорбуттара, бастакы төлөпүөн ыстаансыйата эмиэ онно арыллыбыт уонна куоракка үп киинэ буола сылдьыбыт. Аны биһиэхэ соторутааҕыта “Виды города Якутска” диэн өрөбөлүүссүйэ иннинэ тахсыбыт альбому бэлэхтээбиттэрэ. Онно интэриэһинэйэ диэн Көстүүнэй сэдэх хаартыскалара бааллар. Ол курдук иһинээҕи олбуорун бастакытын көрдүбүт.
Бу – дьиҥ чахчы куорат историята
Түмэлбит быйылгы саамай улахан киириитэ—Каландаришвили уулуссатыгар ыытыллыбыт археологическай хаһыыга булуллубут былыргы остуруок воеводскай ампаара. Куорат баһылыга Евгений Григорьев көҕүлээһининэн бу ампаар сорҕотуттан истиэнэтин уонна муостатын маһын биһиги түмэлбитигэр туттардылар.
Ити бойобуода ампаардарын мастара, интэриэһинэйэ диэн, тутуу маһа буолбакка, хараабыл маһа эбит. Көрдөххө, олох кэтит, суон былаахылар – 30 см кэтиттээх, 5 миэтэрэ уһуннаах, биир бэрэбинэни 6 киһи нэһиилэ көтөҕөр. Бу – дьиҥ чахчы Дьокуускай историята, биир да өрөспүүбүлүкэ түмэлигэр ити үйэтээҕи экспонат суох буолуохтаах. Быстах көрөн үөрэттэххэ, холобур, биир мас устун тоһуттаҕас сурааһын (зигзаг) курдук хайа быһыылаах, чинчийээччилэр этэллэринэн, икки өттүттэн маннык икки маһы туруоран, быыстарыгар туорай маһы уган, хараабылга кирилиэс курдук тутталлар эбит. Онтон хараабылы көтүрэн, дьиэ истиэнэтин туппуттар. Өссө биир мас дьиктитэ диэн — анаан таҥастаммыт көрүҥнээх, онон бу мас хараабыл маачтата диэн исписэлиистэр сабаҕалаабыттара. Биһиги урут Дьокуускайга өрүс сүүрүгүнэн баркаастар табаары, дьону таһа кэлэллэр диир этибит. Манна кэлэн баран, баркаастарын көтүрэн, куорат олохтоохторугар дьиэ тутуутугар анаан атыылыыллара. Ол гынан баран ити дьиэлэр мастара бачча суон уонна эргэ буолбатахтар. Онон куораппыт биир дьиктитэ —былыргы Дьокуускай дьоһун дьиэлэрин хараабыллартан туппуттар эбит.
Билигин мастары көрдөрөр кыахпыт суох. Ону таһынан кинилэри сөпкө таҥастаан, өссө үөрэтэн, эһиил Куорат күнүгэр көрдөрүүгэ таһаарыахпыт. Мин бу мастары хайдах турбуттарын курдук хомуйан, былыргы остуруок хайдах көстүүлээҕин дьоҥҥо көрдөрүөхпүн баҕарабын. Итиччэ былыргыны сүтэримиэхпитин наада, ким да наадыйбатаҕа буоллар, көмөн, саҥа дьиэни тутан, хаалларан кэбиһиэхтэрэ этэ.
“Северная археология” НПО үлэһиттэрэ манна ирбэт тоҥ баар буолан, өссө элбэх үчүгэй хаачыстыбалаах булумньулар баар буолуохтара, былыргы тутуулар өссө тахса туруохтара диэбиттэрэ. Ити курдук Чернышевскай уулуссатыгар иккис сылын тэриллэр хаһыыларга үчүгэй баҕайы тутуулары хаһан таһаарбыттара.
Онон чинчийээччилэр археологическай мас түмэлин төрүттээҥ диэн этии киллэрбиттэр. Кинилэр үлэлэрин туһугар наһаа ыалдьаллар, биһигини эмиэ күүскэ өйүүллэр. Арассыыйаҕа соҕотох археологическай мас түмэлэ Татарстаҥҥа, Свияжскай куоракка эрэ баар. Онно былыргы дэриэбинэни хаһан, үрдүн тааһынан бүрүйэн, дьон таас үрдүнэн хаама сылдьан көрөллөрүн гына оҥорбуттар. Татарстан Өрөспүүбүлүкэтэ бу түмэли тэрийэн, Арассыыйа үрдүнэн соҕотох археологическай мас түмэлэ буолар. Саха сиригэр маннык түмэл эмиэ наада. Холобур, Дьокуускайга арыллара эбитэ буоллар, былыргы тутуулары көһөрөн тутуохха сөп.
Дьиэбит кыра, үлэһиттэр аҕыйах буоламмыт элбэх дьоҥҥо экскурсия, лиэксийэ ыытарбыт уустук. Дьокуускай атын куораттардааҕар (Улан-Удэ, Новосибирскай, Владивосток) кырдьаҕас, ол эрээри бу куораттар түмэллэрэ быдан улахаттар. Дьокуускай хаһан даҕаны кыра, суолтата суох куорат буолбатаҕа. Тэриллиэҕиттэн ыла Сибиири уонна Уһук Илини арыйарга, үөрэтэргэ улахан суолталаах сир буолар. Онон 2032 сылга, Дьокуускай 400 сылыгар, түмэлбит дьыалата сайдан, куорат дьоһун суолтатын көрдөрөр улахан дьиэлэнэрбит буоллар. Дьон-сэргэ кэлэн, көрөн-истэн: “Биһиги куораппыт баай историялаах эбит”,—диэн патриоттуу санаалара өссө күүһүрүө этэ.
Куорат күнүгэр тугу бэлэмнээтибит?
Түмэлбит турар Аммосов уулуссатын, (өрөбөлүүссүйэ иннинэ Собранская) историятын туһунан быыстапка тэрийиэхпит. Кыраайы үөрэтээччи, худуоһунньук Пантелеймон Васильевич Попов (худуоһунньук Иван Васильевич Попов бииргэ төрөөбүт быраата) 1950-с сылларга Дьокуускай куорат 1917 сыллааҕы каартатын уруһуйдаан үйэтиппитэ. Кыбаарталларынан хаама сылдьан, ким, ханна олорбутун, туох дьиэтэ турбутун көрөн-истэн, кумааҕыга түһэрбит. Ону 2009 сыллаахха үөрэтэн, атлас бэчээттээбиттэринэн сирдэтэн, тапталлаах куораппыт күнүгэр анаан бырагыраама бэлэмнээтибит. Бу Собранская уулусса 19-с үйэ бүтүүтүгэр, 20-с үйэ саҕаланыытыгар куоракка атыы-эргиэн киинэ этэ. Ол кэмҥэ Саха сирин атыыһыттара кыаҕыраллар уонна бу уулусса тула Көстүүнэй эргиэн лааппыларыттан саҕалаан, “Кружалоҕа” тиийэ маҕаһыыннары, дьиэлэри тутан киирэн барбыттар. “Кырдьаҕас куорат саамай атыы-эргиэн уулуссата” быыстапка балаҕан ыйын 7-алтынньы 31 күннэригэр үлэлиэҕэ.
Оҕолорго уонна төрөппүттэргэ анаан Кырдьаҕас куоракка квест оонньууну ыытыахпыт. Дьокуускай куорат гидтэрин түмсүүтүн кытта үлэлэһэн, кинилэр өрөбүллэргэ куорат иһинэн экскурсиялары ыытыахтара.
Ону таһынан балаҕан ыйын 7 күнүгэр Каландаришвили уул. буола турар археологическай хаһыы салайааччыта Иван Фролов куорат олохтоохторугар хаһыы быстах түмүктэрин, тугу булбуттарын туһунан лиэксийэ кэпсиэҕэ, биир күннээх булумньулар быыстапкатын көрдөрүөхпүт.
Дьокуускай—ураты куорат. Манна уонна, уопсайынан, Саха сиригэр туризм сайдар кыахтаах. Түмэллэри, суолу-ииһи, туристическай инфраструктураны сайыннарыыга угуллубут үп самсаныаҕа. Саха сирин статуһа үрдүүрүгэр төһүү күүс буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларынан киэн туттар буолуохтара.
Хаартыскалар: Наталья Кривогорницына тус архыыбыттан