05.09.2024 | 12:00

Киин уокурук олохтоохторун туох долгутарый?

Киин уокурук олохтоохторун туох долгутарый?
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 29 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Киин уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.

Баһылык отчуота

Евгений Николаевич иһитиннэрбитинэн, 2030 сылга диэри Дьокуускай куораты сайдыыга салайыахтаах маастар-былааҥҥа барыта 90 бырайыак киирбит уонна дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүн ылбыт. Онтон 23-гэр хайыы үйэ үлэ саҕаланан, араас түһүмэххэ тиийэн турар.

Үөрэх тэрилтэлэрин саҥа эбийиэктэрин туһунан этэр буоллахха, 29-с №-дээх оскуола сүрүн дьиэтэ тутулла турар, быйыл сыл бүтүөр диэри үлэҕэ киириэхтээх.

Баһылык 2024 сылга Котенко уул., 8, Пушкин уул., 19, Орджоникидзе, 25 – үс дьиэ көһөрүллүбүтүн кэпсээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, Киин уокурукка хаарбах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү салҕаныаҕа, 2030 сылга диэри 11 элбэх кыбартыыралаах дьиэ көһөрүллүөхтээх.

Евгений Николаевич: «Атын түөлбэлэргэ тэҥнээтэххэ, Киин уокурукка аҕыйах дьиэ хаалла. Холобур, Строительнай уокурукка 257 хаарбах дьиэни көһөрүөхтээхпит», – диэтэ.

Быйыл Киин уокурукка Ленин проспегын 11-гэр турар дьиэ тиэргэнэ тупсарыллыахтаах. Үлэ былаанын кэпсиир буоллахха, бырагыраамаҕа 21 аадырыс киирбит, билигин бырайыак, симиэтэ докумуоннара оҥоһуллаллар, үп-харчы боппуруоһа быһаарыллар.

 

Кэлэр сылларга туох үлэ ыытыллыаҕай?

Суол-иис.  Бастатан туран, 2025-2027 сылларга Петр Алексеев уулуссатыгар (Семен Данилов уулуссатыттан Окружной суолга диэри кэрчиккэ – 0,900 км) улахан тутуу үлэтэ күүтүллэр. «Семен Данилов уулуссатынан Окружной суолга быһа тахсар буолуохпут. Билигин онно суол суох, күөл сытар», – диэтэ Евгений Николаевич.

Иккиһинэн, 2026-2027сс. Лермонтов уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллыаҕа – Дзержинскэй уулуссатыттан Петровскай уулуссатыгар диэри кэрчиккэ. Устата – 2,600  км. Билигин бырайыак, симиэтэ докумуоннара оҥоһуллаллар.

2026-2028сс. Короленко уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ (Лермонтов уулуссатыттан Ленин проспегар диэри кэрчик) – 1,100 км.

2025-2026сс. Хабаров–Ярославскай–Чернышевскай–Ефимов уулуссаларын быһа охсуһууларын хапытаалынай өрөмүөнэ. Куорат баһылыга иһитиннэрбитинэн, Ефимов уулуссата аспаалланыахтаах.

Бэсиһинэн, 2027 сылга Феликс Кон уулуссата өрөмүөннэниэхтээх. Устата – 0,650 км.

Алтыһынан, 2027-2028 сс. Котенко уул. өрөмүөннэниэхтээх (2-с түһүмэх) – 0,900 км. 

Үөрэх, спорт, туризм эбийиэктэрэ. 2026-2027сс. Киин уокурукка Ломоносов уул. 100 миэстэлээх уһуйаан («Ладушка» уһуйаан оннугар) тутуллуохтаах. Оттон 2028-2030сс. 2000 миэстэлээх «Гимнастика киинэ» спорт дыбарыаһа дьэндэйиэхтээх.  2023-2026сс. куорат киинигэр 4 сулустаах гостиница комплекса тутуллуохтаах.

Киин уокурукка 1-кы №-дээх Оҕо искусствотын оскуолатын тутуу – тыын боппуруос. Евгений Николаевич этэринэн, 2026 сылга үлэҕэ киириэхтээх, онон билигин бары ирдэбилгэ хоруйдуур сир учаастагын көрдүүллэр.

Доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр киирдэххэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи онкология диспансера тутуллан, хайыы үйэ үлэлии турар. Кэлэр сылларга бу хайысхаҕа былаан киэҥ.  Бэлиэтээн эттэххэ, маастар-былааҥҥа 5 эбийиэк тутуута киирбит.   

Евгений Григорьев отчуотун: «Сыл анараа өттүгэр былааннаабыппытын барытын оҥоро сылдьабыт. Болдьохтон хаалыы суоҕун кэриэтэ,  2025-2026 сылларга эмиэ оннук үлэлиир сорук турар. Куорат бүддьүөтүгэр көннөрүүнү ылыммыппыт. Билигин 2025 сылга тутуллуохтаах оскуола, уһуйаан, социальнай эбийиэктэргэ – бырайыак-симиэтэ докумуоннарыгар болҕомто ууруллар, үп-харчы угуллар. Биһигини үтүмэн үлэ күүтэр», – диэн түмүктээтэ уонна ыйытыыларга киирэргэ бэлэмин биллэрдэ.    

 

Көҕөрдүү үлэтигэр ураты болҕомто

Киин уокурук олохтоохторо көрсүһүүгэ ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Ыйытыылара элбэх, үҥсүүлэрэ да үгүс.

Бастакы ыйытыы көҕөрдүүгэ сыһыаннаах буолла: «Биһиэхэ үксэ талах, сэппэрээк. Тоҕо арыый атын, үтүө көрүҥнээх үүнээйилэри, мастары олордубаппытый? Холобур, сирени, бузинаны, бэһи».

Маныаха куорат баһылыга сэбиэскэй кэмҥэ куоракка “Зеленстрой” диэн тигинэччи үлэлии олорбут улахан тэрилтэ 1993 сыллаахха сабыллыбытын кэпсээтэ. «Ыстаатыгар 50 үлэһиттээх этэ. Аҥаардас көҕөрдүү үлэтинэн эрэ дьарыктаналлара», – диэтэ кини. Ол сабыллыаҕыттан көҕөрдүүгэ эппиэтинэстээх тэрилтэ баччааҥҥа диэри сөргүтүллүбэтэх.

– Ону барытын өйдөөн туран, быйылгыттан дьаһалтаҕа сааһын тухарын Ботаническай саадка үлэлээбит идэтийбит дендрологы сүбэһитинэн ыллыбыт. Мантан ыла көҕөрдүүгэ сыһыаннаах ханнык баҕарар бырайыак наукаҕа тирэҕирэн олоххо киириэҕэ, – диэтэ баһылык.

Ол курдук, учуонайдар көмөлөрүнэн биһиги куораппыт сиригэр-уотугар үүнэр, олордуллар, тыыннаах хаалар кыахтаах култууралар испииһэктэрэ оҥоһуллубут, көҕөрдүү үлэтэ ол докумуоҥҥа олоҕуран ыытыллыахтаах.

– Холобур, дьиэни тутааччы тэрилтэҕэ көҕөрдүүгэ тэхиньиичэскэй усулуобуйа бэриллэр буолуоҕа. Бу иннинэ отут сыл маннык гыммат этилэр, ким хайдах саныырынан дьаһанан олорбута, – диэтэ Евгений Николаевич.

Маны таһынан, быйылгыттан көҕөрдүүгэ көрүллэр үп хас эмэ бүк улааппытын бэлиэтээтэ. Быйыл Пирогов уонна Ильменскэй уулуссаларга үлэ чыҥха атын ньыманан ыытыллыбытын, холобур, акация, бузина, яблоня курдук сэдэх үүнээйилэр олордуллубуттарын       кэпсээтэ. «Салгыы бу курдук уулуссаларынан барыахпыт», – диэтэ.

Баһылык инникитин бу хайысхаҕа өссө элбэх идэтийбит дьону кытыарар санаалаах уонна: «Аны биэс сылынан үлэ үтүө түмүктэрин көрүөхпүт», – диэн эрэллээх.

 

1-кы №-дээх Оҕо искусствотын оскуолатын дьылҕата

Оскуола актыбыыһа: «Саҥа эбийиэк билиҥҥититтэн кыараҕас буолуо суохтаах, куорат киинигэр тутуллуохтаах, тоҕо диэтэххэ сорох оҕолор куорат араас муннуктарыттан бэйэлэрэ сылдьаллар, биир оптуобуһунан кэлэллэрин курдук табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх. Сир булуоххутугар диэри тыһыынчаттан тахса үөрэнээччибит билиҥҥи дьиэбитигэр хаалыахтарын баҕарабыт», – диэн туруоруста. Онуоха Евгений Григорьев: «Ити эбийиэк «Патриот» кииҥҥэ бэриллэр диэн быһаарыныы номнуо ылыллыбыта. Ирдэбил быһыытынан дьиэ Оҕо искусствотын оскуолатыгар барсыбат диэн буолбута. Саҥа тутууга үп көрүллүөхтээх. Хаһан бүтүөр диэри Оҕо искусствотын оскуолата билиҥҥи дьиэтигэр олорон үлэлиир», – диэтэ. Итиэннэ алта аадырыска сир учаастагын тиийэн көрбүттэрин кэпсээтэ. 

 

«Оонньуур-көрүлүүр» сир буолбатах...

Салгыы Короленко уул., 25, Лермонтов, Пушкин уул. турар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо массыына уурар сир суоҕа  улахан кыһалҕа буолбутун, тимир гараас күн-түүн элбии турарын, 7-с №-дээх оскуола үөрэнээччилэрэ олор үрдүлэринэн сылдьан «оонньуулларын-көрүлүүллэрин» үҥүстүлэр. Маны таһынан, чугас эргин судаарыстыбаннай уһуйаан суох кыһалҕатыттан оҕолору, сиэннэри Каландаришвили уулуссатыгар баар дьыссаакка таһабыт диэтилэр.   Итиэннэ Шавкунов уулуссатыгар сырдатыы наада диэн туруорустулар.

Киин уокурук управатын бэрэстэбиитэлэ көҥүлэ суох турар тимир гараастарга иһитиннэриилэри ыыппыттарын, тиэйии үлэтэ былааҥҥа баарын эттэ. Оттон көҥүл ылбыт дьон таһынааҕы сирдэрин ыраастык тутуохтаахтар, оннук гыммат түгэннэригэр, тиэйтэрэбит диэтэ.

– Ити гараастар манна өрүү туруохтара суоҕа, бу сир социальнай эбийиэккэ – уһуйааҥҥа бэриллиэхтээх, – диэтэ баһылык.

Салгыы Лермонтов уул. олохтооҕо: «Дьиэбит тиэргэнэ түргэн соҕустук тупсарыллара буоллар, ол 2030 сылга диэри тиийэрбит саарбах», – диэн көрдөһүүлээх буолла. Онуоха Евгений Николаевич үлэ бигэргэтиллибит уочаратынан ыытылларын эттэ. «Ким сайаапкатын хаһан биэрбитинэн уочарат олохтонор. Биһиги бэйэбит быһаарыыбытынан ону сыҕарытарбыт сыыһа буолуо», – диэтэ.

 

Короленко уулуссатын арыйыахха!

«Бүттүүн норуот фрона» уопсастыбаннай хамсааһын актыбыыһа Лена Прокопьевна Винокурова Короленко уулуссатыгар ууну ыытар систиэмэ туһунан сытыы боппуруоһу көтөхтө. «Уу сүүрэр халдьата көрүнньүк курдук сытар, сыта-сымара амырыын», – диэтэ.  Онуоха Евгений Григорьев ити этиллибит сир уу хонор намыһах учаастактарын испииһэгэр баарын, уута кэмигэр хачайданыахтааҕын, инникитин Короленко уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнүн чэрчитинэн ити үлэ оҥоһуллуохтааҕын эттэ. Ону сэргэ: «Ууну ыытар систиэмэ маастар-былааҥҥа биир улахан сорук быһыытынан киирбитэ. Онуоха 10 млрд солк. кэриҥэ үп наада», – диэтэ.

Салгыы баһылык Киин уокурук биир сүрүн уулуссатын туһунан санааларын үллэһиннэ: 

–  Манна өссө биир боппуруос күөрэйэн тахсар – биир бэйэм Короленко уулуссатын арыйыахха диэн бигэ санаалаахпын. Бырайыага сыыһа оҥоһуллан, подъезтара уулусса диэки буолан хаалбыттарыттан сылтаан уулуссаны сабарга күһэллибиттэр, тиэргэн оҥорбуттар. Уулуссаны арыйыахпытын наада. Олохтоох дьаһалтаҕа уопсастыбаннай дьүүллэһиини тэрийбиппитигэр, ити эрэ дьиэ олохтоохторо кэлбиттэрэ. Биллэн турар, арыйымаҥ диэбиттэрэ, ол онон хаалбыта. Мин куорат бары олохтоохторун санааларын билиэхпин баҕарабын. Ити дьиэ бас билээччилэрин кытта көрсүһэ  сылдьыбытым, куорат суотугар подъезтарын аанын ис өттүгэр көһөрөр туһунан боппуруоһу көтөхпүтүм. Бу күһүн итиннэ сыһыаннаах аһаҕас дьүүллэһиини тэрийэн ыытыахха, – диэн этиилээх буолла. Кини Курашов уонна Киров уулуссаларыгар массыыналар мэлдьи хаайтаран туралларын бэлиэтээн туран, Короленко уулуссатын арыйдахха, ноҕуруусканы төһө эмэ аччатыа этэ диэтэ. Маныаха нэһилиэнньэ өйүүрүн биллэрдэ, ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыт курдук, биир кэм оргуйа түстэ. 

Салгыы актыбыыстар Киин уокурукка Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анал коррекционнай оскуола тутуутун, Дьокуускай туспа зоопааркаланара уолдьаспытын  туруорустулар. Үгүстэр салайар хампаанньаларын үҥүстүлэр.  

– Дьиэлэри салайар хампаанньалар үлэлэрэ мөлтөөбүтэ – олоххо баар чахчы. Дьиэни бас билээччилэр мунньах тэрийэн, атын хампаанньаҕа көһөр бырааптааххыт. Туох эрэ кыаллыбат буоллаҕына, көмөлөһүөхпүт, – диэтэ Евгений Николаевич. 

Бу киэһэ элбэх ыйытыы, үгүс үҥсүү, этии эгэлгэтэ киирдэ. Ол барыта боротокуолга тиһилиннэ уонна хонтуруолга ылылынна.  Сороҕун уһаппакка-кэҥэппэккэ быһаарар курдук кэскиллээх кэпсэтиилэр ыытылыннылар.

Көрсүһүү бүппүтүн да кэннэ мустубут дьон тарҕаһарга тиэтэйбэтилэр. Куорат баһылыгар уочарат буолла.

 

Ааптар түһэриитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...