13.09.2024 | 12:00

«Дорообо, тапталым! Мин аҥаарым! Мин салгыным!»

Дьокуускайга АБДь кыттыылаахтарын кэргэттэрин быыстапката арылынна
«Дорообо, тапталым! Мин аҥаарым! Мин салгыным!»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы култуура уонна ускуустуба киинигэр “Дьоруойдар кэргэттэрэ” патриотическай аахсыйа чэрчитинэн «Женщины СВОих героев» хаартыска быыстапката арылынна. Сүрүн тэрийээччинэн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ Наталья Швецова буолла, кини бачыымын Дьокуускай куорат дьаһалтата өйөөтө.

Бырайыак кыттыылаахтара – Дьокуускайтан төрүттээх байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ — ойохторо, ийэлэрэ уонна оҕолоро кэргэннэрин, уолларын уонна аҕаларын мэтээллэрдээх мундирдарын кэтэн, чугас дьонноругар кинилэри төһө күүскэ кэтэһэллэрин туһунан сурук суруйан хаартыскаҕа түспүттэр. Манна АБДь-тан эргиллибэтэх саллааттарга анаммыт хаартыскалар уонна суруктар киһини ордук долгуталлар. 

Тэрээһин арыллыытыгар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ылла уонна быыстапка түмүктэммитин кэннэ хаартыскалар куорат дьаһалтатын дьиэтигэр туруохтара диэтэ:

— Бүгүн Дьокуускай куоракка сүрдээх үчүгэй тэрээһин саҕаланна. Биһиги АБДь кыттыылаахтарын кэрэ аҥаардарын быыстапкатын арыйдыбыт. Бу быыстапка икки нэдиэлэ үлэлиэҕэ, онтон Дьокуускай куорат дьаһалтатын дьиэтигэр туруоҕа. Маннык аахсыйа биһигини сомоҕолуур, үүнэр көлүөнэ Ийэ дойдутугар бэриниилээх буола улаатарыгар, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт маны көрөн санаалара бөҕөргүүрүгэр олус наадалаах уонна улахан суолталаах.

Альберт Семенов, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ:

—Бу аахсыйа 2 сыллааҕыта Самара куораттан саҕаламмыта уонна бэрт түргэнник Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаммыта. Бэйэм манна турбут хаартыскалары көрдүм. Кырдьык даҕаны, олус истиҥ-иһирэх, киһини долгутар суруктар. Тэрээһин судаарыстыбабыт интэриэһин көмүскүүр уонна дойдубут тутулуга суох буолуутун, көҥүлүн туһугар охсуһар уолаттарбытыгар аналлаах. Биллэн турар, бу суруктар, аахсыйалар, бырайыактар ​​эр дьоммутун уоскуталлар, онно ким туһугар барбыттарын өйдөтөллөр: оҕолорун, ийэлэрин, кэргэттэрин туһугар. Оттон дьахталлар—алаһа дьиэ араҥаччылара, уолаттарбытыгар күүс-көмө, күүстээх тыыл буолаллар. Маннык бырайыактары өйүүр – биһиги эбээһинэспит.

Бырайыак тэрийээччитэ Наталья Швецова анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кэргэттэрэ, оҕолоро быыстапкаҕа кыттан, бэйэлэрин көмүскээччилэригэр итэҕэллэрин, эрэллэрин, тапталларын көрдөрбүттэрин тоһоҕолоото:

—Бу бырайыагы тэрийэр санаа 2022 сыл бүтүүтүгэр киирбитэ. Манан анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт уонна билигин бойобуой зонаҕа сылдьар эр дьон дьиэ кэргэттэрин өйүөхпүн баҕарбытым. Хас биирдии хаартысканы, хас биирдии суругу сүрэҕим нөҥүө аһардыбытым. Соторутааҕыта бу мээнэ хаартыскалар эрэ буолбатахтарын өйдөөтүм. Хас биирдиилэрэ туспа историялаах, сороҕор тус трагедиялаах. Ааҕан баран, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр курдук, маннык суруктар улахан суолталаахтарын өйдөөбүтүм.

Валентина Ощепкова, бырайыак кыттыылааҕа:

— Хаартыска бырайыага Саха сиригэр кэлбитэ олус үчүгэй дии саныыбын, бастатан туран, кэргэттэрбитигэр, оҕолорбутугар, аҕаларбытыгар улахан өйөбүл буолар. Биһиги эмиэ таах олорбот буоллахпыт, кыайыы иһин тэҥҥэ кытаанахтык үлэлэһэбит. Бу бырайыак чугас, таптыыр дьоммутун өйүүрбүтүн уонна кэтэһэрбитин көрдөрөр.

Мин кэргэним Андрей Ощепков Росгвардия ОМОН-гар үлэлээбитэ, 2022 сыллаахха анал байыаннай дьайыыга барбыта уонна, хомойуох иһин, Луганскайга өлбүтэ. Икки сыл ааспытын кэннэ атыттары өйөөрү, бырайыакка кыттыыны ыллым. Аҕабытыгар сурукка хайдах олорорбутун туһунан быһа тардан кэпсээтибит. Кэргэнэ суох ыарахан, ол эрээри олох салҕанан бара турар, биһиги саҥаҕа үөрэнэбит. Мин бэйэм массыына ыытарга үөрэммиппин, оҕуруоппун олордубуппун туһунан уонна оҕолорбутун атахтарыгар туруоруохпут диэн суруйдум. Кэргэним сырдык аатын салгыы үйэтитиэхпит. Тугу оҥорбуппут барыта — аҕабыт туһугар. Кини дьоруойдуу хорсун быһыытын өрүү өйдүү-саныы сылдьыахпыт.

“Женщины СВОих героев” хаартыска быыстапката балаҕан ыйын 16 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...