Евгений Григорьев: «2026 сылга куорат уулуссаларыгар камера ахсаанын 1000-ҕа тиэрдэр былааннаахпыт»
Ааспыт субуотаҕа киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Куорат күнүн көрсө үгэс буолбут пресс-конференцията буолан ааста. Онно киирбит сорох ыйытыылары уонна баһылык хоруйдарын бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр бэчээттиибит.
Бастакы ыйытыы Илиҥҥи экономическай форумҥа сыһыаннаах буолла. Евгений Николаевич дойду экономикатыгар дьоһун суолталаах улахан тэрээһиҥҥэ маастар-былааҥҥа киирбит бырайыактарга ураты болҕомто ууруллубутун кэпсээтэ, Уһук Илин сайдыытыгар судаарыстыба өттүттэн өйөбүл өссө күүһүрэр чинчилээҕин эттэ. Маны сэргэ ирбэт тоҥ боппуруоһа, Уһук Илин ипотекатын боппуруоһа көтөҕүллүбүтүн сэһэргээтэ.
***
«Куоракка саҥа оптуобустар кэлэллэр, ол эрээри сорох маршруттар тиэхиньикэлэрэ олус эргэ. Быйылгыттан оптуобустар сырыылара уларыйыахтаах диэн буолбута. Билигин ити үлэ ханнык түһүмэххэ тиийдэ?» диэн ыйытыыга баһылык сиһилии хоруйдаата:
– Былаан быһыытынан билигин хас сарсыарда аайы киин куоракка 260 кэриҥэ оптуобус үлэлии тахсыахтаах. Омос көрдөххө, кыһыл өҥнөөх саҥа оптуобус элбээтэ. Ол эрээри ити «ЯПАК» тэрилтэ оптуобустара үксүн куорат таһыгар сылдьаллар. Куорат маршруттарыгар сүүрэр чааһынай тиэйээччилэр оптуобустарын саҥардыы боппуруоһа ыарахан соҕус. Лизинг төлөбүрүн ыстаапката наһаа үрдүк, оптуобус сыаната сөҕүмэрдик ыараата. 2021 сыллаахха 8 мөл. солк. курдук эбит буоллаҕына, билигин икки бүк ыараан, 15 мөл.солк. кэриҥэ буолла. СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта өйөбүл миэрэтэ 6 мөл. солк. тиийэрин ситиһэ сатыыбыт.
Дьиҥэр, биһиги куораппыт усулуобуйатыгар, уматык, гараас, саппаас чаас уо.д.а. ороскуоту учуоттаан туран, бырайыас сыаната 70 солк. таҕыстаҕына эрэ тиэхиньикэ саҥардыллар кыахтаах. Ол эрээри тарыыбы итинник үрдэтэрбит табыллыбат. Ол иһин тиэхиньикэни саҥардар үүтү-хайаҕаһы көрдүү, араас суоллары тобула сатыыбыт. Аны туран, бары маршруттар тиэхиньикэлэрэ саҥардылларыгар кэккэ хааччахтар бааллар. Холобур, өр сыллар тухары дьон ордук элбэхтик айанныыр, сылдьар маршруттара бааллар. Сорохтор сылга 4-түү мөлүйүөн пассажиры тиэйэллэр, сорохтор 1 мөлүйүөҥҥэ тиийэр-тиийбэт киһини таһаллар. Түөрт төгүл кыра дохуоттаах сылдьан лизинг туһунан санаабаттара чахчы.
Быйыл күһүн маршруттарга аукцион биллэрэн, саҥа дуогабардары түһэрсиэхтээхпит. Ити үлэ биэс сылга биирдэ ыытыллар.
Нэдиэлэ аайы суол-тырааныспар сулууспатын, суоппардары, урбаанньыттары кытта көрсөбүт, мунньахтыыбыт, тирээн турар боппуруостары быһаарабыт.
Тырааныспар реформатын иккис түһүмэҕэ – Автовокзалы куорат кииниттэн көһөрүү. Ол курдук куорат икки өттүгэр – аэропорт уонна Медкиин оройуоннарыгар ТПУ-лар (транспортно-пересадочный узел) тутуллуохтара. Оччоҕуна куорат таһыттан киирэр оптуобустар Дьокуускай устун кураанах сүүрэллэрэ аччыаҕа, “пробка” аҕыйыаҕа, куорат таһынааҕы маршруттарга бырайыас сыаната чэпчиэҕэ.
Евгений Николаевич Куорат күнүн иннинэ СӨ ИЛ Дархана Айсен Сергеевич Николаевы кытары 19 саҥа оптуобуһу көрсүбүттэрин кэпсээтэ. «Өрөспүүбүлүкэ куорат маршруттара саҥардыллалларыгар салгыы өйөбүл буолуоҕа», – диэтэ кини.
Салгыы баһылык «ЯПАК» тэрилтэ оптуобуһа барыта саҥардыллыбытын, аны билигин гараастарыгар миэстэ тиийбэт буолбутун кэпсээтэ. Онон быйыл чэпчэки конструкцияларынан арочнай ангаардары туруоруохпут диэтэ.
***
Суруналыыс Сергей Сумченко кыбаартал иһинээҕи суоллар, чуолаан куорат киинигэр, историческай өттүгэр, туруктара мөлтөхтөрүн бэлиэтээн туран, бу хайысхаҕа туох үлэ ыытылларын ыйыталаста.
– Кэнники үс сылга 129 тиэргэн тупсарылынна, ити үлэ чэрчитинэн кыбаартал иһинээҕи суоллар оҥоһуллаллар. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги куорат киинэ уонна кытыыта диэн араарбаппыт. Чопчу элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр бас билээччилэриттэн, ТСЖ-лартан, салайар хампаанньалартан киирбит сайаапкаларынан сирдэтэн үлэлиибит. Сайаапкалары олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын нөҥүө эбэтэр Куораты тутуу уонна инфраструктура департаменыгар биэриэххэ сөп.
Кыбаартал иһинээҕи суоллары оҥоруохпутун наада, ол эрээри билиҥҥи туругунан, хомойуох иһин, үп-харчы барытыгар тиийбэт. Үлэ тиэргэннэри тупсарыы чэрчитинэн салҕаныаҕа. Мин санаабар, онно ыарахаттары көрсүөхпүт суоҕа, арай бириэмэ эрэ наада.
2030 сылга диэри маастар-былаанынан 385 тиэргэн тупсарыллара былааннанар. Быйылгы былааны учуоттаан туран, ити көрдөрүү 144-кэ тиийиэхтээх.
***
– Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтэ күн-түүн улаата турар. Социальнай эбийиэктэри тутуу тэтимэ онно сөп түбэспэт. Билиҥҥи туругунан куоракка 11 социальнай эбийиэк тутулла турар. Бу – рекорд. Ол эрээри кыһалҕа син биир баар, ону быһаарар сорук турар, – диэтэ баһылык. Итиэннэ кэнники сири-уоту кэлим сайыннарыы (КРТ-комплексное развитие территорий) чэрчитинэн уһуйааннар, оскуолалар уо.д.а. нэһилиэнньэ олоҕор тыын суолталаах эбийиэктэр тутуллуохтара диэтэ. Манна баһылык ханнык баҕарар бырайыак олоххо киирэригэр хаарбах туруктаах дьиэ кыһалҕата эбии харгыстары таһаарарын, көһөрүү үлэтэ үтүмэн үбү эрэйэрин бэлиэтээтэ.
***
Куораты көҕөрдүүгэ эһиилги былаан: 2025 сылга үлэ Ларионов уулуссатыгар, Роман Дмитриев кытылыгар ыытыллыаҕа. Куорат бүддьүөтэ тыырылларыгар көҕөрдүү наар кэнники миэстэҕэ хааларын аһаҕастык кэпсээтэ. Чээлэй күөҕүнэн чэлгийбит сирдэргэ урбаан ордук сайдарын, элбэх маҕаһыын, атыы-эргиэн туочукалара арыллалларын холобурдаата. Итиэннэ мантан ыла көҕөрдүүгэ элбэх үп көрүллэр буолуоҕа диэтэ.
– Билигин кырыс буору харайар анал полигон уонна мас үүннэрэр сир оҥорорбутугар учаастак көрдүүбүт, – диэн түмүктээтэ.
***
Киин куоракка куттал суох буолуутун хааччыйыы, түүҥҥү өттүгэр үлэлиир сынньалаҥ уонна «сэргэхсийэр» тэрилтэлэр, аһыы утаҕынан эргинэр эбийиэктэр тула боппуруос сытыытык турда. Чуолаан Кырдьаҕас куоракка бэрээдэк мөлтөөбүтэ бэлиэтэннэ. Манна Евгений Григорьев тус санаатын үллэһиннэ:
– Ити тэрилтэлэр үлэлиир кэмнэрин хааччахтыам этэ. Доруобуйа харыстабылын уонна Ис дьыала министиэристибэтин статистикаларын чахчылара кэпсииллэринэн, охсуһуу, ол-бу быһылаан сарсыарда 4 ч кэнниттэн тахсар.
Иккиһинэн, аһыы утаҕынан эргиниигэ ирдэбил кытаатарын, сокуонунан хааччахтары киллэриини өйүүбүн.
Кырдьаҕас куоракка бэрээдэк туһунан этэр буоллахха, Ис дьыала министиэристэбэтин Дьокуускайдааҕы салаатын кытта тустаах үлэни ыытыахпыт. Манна сайыҥҥы өттүгэр полиция стационарнай пууна арылларын, бэрээдэги хонтуруоллуурун ситиһиэхпит.
***
– Хомойуох иһин, саҥа үлэҕэ киирбит сылаас тохтобуллар аҥаардарын кэриэтэ вандаллартан эмсэҕэлээтэ. Ону барытын утары оҥорон, өрөмүөннээн иһэбит.
Куоракка видеонан кэтээн көрүү систиэмэтин үлэтин күүһүрдэр сорук турар. 2026 сылга куорат уулуссаларыгар камера ахсаанын 1000-ҕа тиэрдэр былааннаахпыт. Итиннэ куорат киин өттө, дьон-сэргэ талаһар сирдэрэ, сылаас тохтобуллар, социальнай тэрилтэлэр территорияларын тастара хабыллыахтара. Бүгүҥҥү туругунан куорат үрдүнэн 300 кэриҥэ камера үлэлии турар.
***
Евгений Григорьев 2025 сылтан куорат хаһаайыстыбатын, суол ситимин тутан олорор тэрилтэлэр үлэлэригэр кэккэ уларыйыылар киирэллэрин кэпсээтэ. Ол курдук, «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ сорох үлэтэ уокуруктар управаларыгар бэриллиэҕэ, сороҕо – Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатыгар.
«Уокуруктарга элбэх боломуочуйа сүктэриллиэҕэ, үбүлээһиннэрэ да улаатыаҕа, бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар уонна кыбаартал иһинээҕи суолларга үлэлиир буолуохтара», – диэтэ кини.
– Суолу-ииһи көрөр-истэр эбээһинэс Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатыгар (сал. Эдуард Садовников) бэриллиэҕэ. Онно оптуобустар, уопсастыбаннай тырааныспар, тырааныспар «өйдөөх» систиэмэтин (ИТС) үлэтэ эмиэ эбиллиэҕэ, – диэтэ Евгений Николаевич.
Маны таһынан Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата уулуссалары сырдатыыны, видеокамералар үлэлэрин дьаһайар буолуоҕа.
Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, куорат хаһаайыстыбатын, суол-тырааныспар, хомунаалынай сулууспалар күннээҕи үлэлэрин кэтээн көрөр, хонтуруоллуур «Ситуационнай киин» тэрийэр былааннаахтарын сэһэргээтэ.
Пресс-конференцияҕа куорат олоҕор сыһыаннаах үгүс ыйытыы киирдэ. Онтон үксүн «Киин куорат» хаһыакка нүөмэр аайы сырдата турабыт...