04.09.2024 | 15:44

Куорат күнүгэр сүрүн болҕомто — историяҕа уонна култуурунай нэһилиэстибэҕэ

Куорат күнүгэр сүрүн болҕомто — историяҕа уонна култуурунай нэһилиэстибэҕэ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 28 күнүгэр Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев “Россия 24” ханаал “Куораты кытта быһа эпиир” биэриитигэр тиэргэннэр, суоллар өрөмүөннэрин, оптуобустар үлэлэрин, Куорат күнүн туһунан кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата.

 

Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса хаһан өрөмүөннэниэй?

—Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса – кырдьык даҕаны, куораппыт саамай элбэх сырыылаах уонна кыһалҕалаах суола. Ити паром тиксэр сирэ баар буолан уонна Можайскай уул. өрөмүөнүнэн сибээстээн. Билигин биһиги бырайыак уонна симиэтэ докумуоннарын оҥорон бүтэрэн эрэбит. Бу сыл бүтүөр диэри экспертизаны ааһан, аукционын ыытыахтаахпыт. 2024-26 сылларга бүддьүөт былааныгар Бабушкин уул.—Кальвица уул. кэрчигэр суолу 4 балаһаҕа диэри кэҥэтиэхпит. Онтон иккис түһүмэҕинэн Бабушкин уул.—Нам суолугар диэри өрөмүөнү ыытыахпыт.

 

Тиэргэннэри тупсарыы салҕанар

—Дьиэ тиэргэннэрэ төрдүттэн саҥардыллан эрэллэр. Нэһилиэнньэни кытта көхтөөхтүк көрсөбүн уонна сорох тиэргэннэргэ өрөмүөн иннинэ уонна бүппүтүн кэнниттэн сылдьыбытым. Бу нэһилиэнньэни түмэр, дьон таһырдьа элбэх бириэмэни атааралларыгар кыах биэрэр. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа нөҥүө тиэргэн бырааһынньыктарын көхтөөхтүк ыытабыт, быйыл сайын 70-тан тахса бырааһынньыгы тэрийдибит. Бу бырайыагы салгыы ыытар олус наадалаах. 2030 сылга диэри 385 тиэргэни саҥардар былааннаахпыт, олортон 127 бэлэм, быйыл халлаан туруга туран биэрдэҕинэ, өссө 15 тиэргэн өрөмүөнүн түмүктүөхпүт.

 

Уопсастыбаннай тырааныспарга суоппар тиийбэт

Быһа эпииргэ куорат олохтооҕо эрийэн: “Оптуобустар сарсыардаттан салоннарын иһэ кирдээх, олоппосторо алдьаммыттар, ону ким кэтээн көрөрүй?” – диэн ыйытта.

Маныаха Евгений Николаевич бу күһүн чааһынай тиэйээччилэри кытта дуогабардар саҥардыллыахтаахтарын, онно оптуобустар ис, тас туруктарыгар, суоппар тас көстүүтүгэр тиийэ ирдэбил кытаатыахтааҕын кэпсээтэ:

—Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспата маршруттары уонна суоппардары күн аайы бэрэбиэркэлиир. Кэһии тахсар түгэнин көрдөххүтүнэ, дьаһалтаҕа эрийэргитин көрдөһөбүт,—диэтэ Евгений Григорьев.

 

Сайсары көхтөөх олохтооҕо

Эпииргэ куорат олохтооҕо Захар Колодезников Сайсары эбэ кытылын тупсарыы үлэтин бастакы түмүктэрин хайҕаата. Ол эрээри кытыл бөх-сыыс буолан, киртийбитин бэлиэтээн туран, Сайсары кытылын ыраастыыр дворнигынан бэйэтин кандидатуратын туруорда. Ону таһынан Бүлүүлүүр суолга бөх сыбаалкатыгар диэри эмиэ бөҕү хомуйарга биригээдьэни наймылаһар туһунан этии киллэрдэ: “Биһиги, биэнсийэлээхтэр, иллэҥ кэммит элбэх, онон куораппыт көстүүтэ тупсарыгар, бэрээдэги уонна ырааһы тутуһарга кыра да харчыга көмөлөһүөхпүтүн сөп”.

Евгений Григорьев Захар Колодезниковы көхтөөх гражданскай позициятын иһин махтанна уонна эпиир кэннэ сибээстэһиэхпит диэн эрэннэрдэ.

 

Куорат күнүгэр 2000 маһы олордуохпут

—Арассыыйа сулустара ыҥырыылаах улахан кэнсиэрдэри уонна салюту ыытыахпыт суоҕа. Ол гынан баран, историяҕа уонна култуурунай нэһилиэстибэҕэ сүрүн болҕомтобутун ууруохпут.

Субуотаҕа “GreenWorks” хампаанньаны кытта Кыайыы пааркатын аттыгар 2000-ча маһы олордуохпут. Бу тэрээһиҥҥэ куорат олохтоохторун көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабын. Ону таһынан 12 саҥа оптуобуһу үөрүүлээхтик үлэҕэ киллэриэхпит, Кырдьаҕас куоракка үгэс буолбут бырааһынньыктааҕы күүлэй  уонна Преображенскай таҥара дьиэтиттэн Бекетов пааматынньыгар диэри сэлэлии хаамыы ыытыллыаҕа, — диэтэ Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....