05.09.2024 | 16:00

5019 киһи ХИФУ устудьуона буолла

5019 киһи ХИФУ устудьуона буолла
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 27 күнүгэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет ректора Анатолий Николаев суруналыыстары кытта көрүстэ, 2024 сыл туттарсыы хампаанньатын түмүктэрин таһаарда. Кини иһитиннэрбитинэн, ХИФУ-га уопсайа 23 тыһ. тахса сайабылыанньа бэриллибит, итинтэн университекка 5019 устудьуон үөрэххэ киирбит. 

Ону таһынан өссө 250-ча тас дойду устудьуоннара ахсынньыга диэри үөрэххэ киириэхтэрэ. Бу күһүнтэн 30-ча атын дойду устудьуоннара үөрэхтэрин саҕалыахтара. Атын регионнартан туттарсыы көрдөрүүтэ уруккутун курдук үрдүгэ суох—40-ча оҕо. Төлөбүрдээх үөрэххэ ааспыт сылга 1600 устудьуон киирбит буоллаҕына,  билигин – 800-тэн тахса устудьуон. Ол эрээри төлөбүрдээх миэстэлэргэ уонна кэтэхтэн үөрэххэ туттарсыы балаҕан ыйа бүтүөр диэри ыытыллыаҕа. Быйыл университекка барыта 5800 устудьуон киирэрэ былааннанар.

ХИФУ ректора бэлиэтээбитинэн, университет хаһыс да сылын докумуоннары интэриниэт нөҥүө хомуйар уонна бүтэһик сылларга итинник ньыманан туһанааччы ахсаана элбиир. Быйылгы туттарсыы уратыта диэн, абитуриент 5 үөрэҕи талан, ханныкка ордук киириэн баҕарарын бэлиэтээн, куонкуруһу ситиһиилээхтик аастаҕына, систиэмэ бэйэтэ үөрэххэ киллэрэр. Онон билиҥҥи туругунан университет бүддьүөт бары миэстэлэригэр устудьуоннары ылла. Ол эрээри сайын бүтүүтүгэр эбии хомууру ыыппыттар:

—Бүддьүөт миэстэлэрэ хаалар түгэнигэр, үөрэҕирии министиэристибэтэ эбии хомууру ыытар быраабы биэрэр. Ааспыт сылга оннук 200-тэн тахса миэстэ хаалбыт буоллаҕына, быйыл 175 миэстэҕэ эбии туттарсыыны оҥорбуппут. Сорох “иллэҥ” хайысхаларга куонкурус үрдүү сырытта, онон быйылгы хампаанньа атырдьах ыйын 21 күнүгэр бэркэ түмүктэннэ,—диэтэ Анатолий Николаев.

 

Тус сыаллаах үөрэххэ туттарсар саҥа ньыма туһунан

Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, быйыл тус сыаллаах туттарсыыга улахан уларыйыылар тахсыбыттар. Онон ааспыт сылга 360-ча киһи тус сыаллаах үөрэххэ киирбит буоллаҕына, быйыл 260 “целевик” баар.

—Ааспыт сылга абитуриент тэрилтэни кытта  дуогабар түһэрсэн баран, атын “целевиктэри” кытта күрэхтэһэрэ. Быйыл барыта “Работа в России” (Работа.ру) федеральнай систиэмэ нөҥүө ааста. Бу систиэмэни Үлэ уонна Үөрэҕирии министиэристибэлэрэ быйыл үлэҕэ саҥа киллэрдилэр, онон сороҕор сөп түбэһиспэт түгэннэр үөскээбиттэрэ, сорох дааннайдары бэйэбит бэчээттээн биэрбиппит. Ону кытта дуогабардаһар тэрилтэлэр Работа.ру систиэмэҕэ абитуриены киллэрэллэригэр бириэмэ баранар, эбэтэр оҕо атын хайысхаҕа көһүөн баҕардаҕына, хаттаан талар кыаҕы биэрбэт уонна да атын уустуктар үөскээбиттэрэ. Ол да буоллар бу хайысханан биһиги син биир атын үөрэх кыһаларыттан үрдүк таһымҥа сылдьабыт,—диир Анатолий Николаевич. “Тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсии 100% үөрэххэ киирии диэн буолбатах. “Целевиктэр” бэйэлэрэ туспа куонкурустаахтар, холобур, 2 миэстэ баар, онно 5 киһи туттарсар. Онно 2  бастыҥ туттарсааччы үөрэххэ хапсар, оттон хаалбыт 3 киһи уопсай куонкуруска барар”.

Саамай үрдүк куонкурустаах хайысхаларынан уруккутун курдук мэдиссиинэ үөрэхтэрэ буоллулар, ону таһынан бүтэһик сылларга ИЗФиР кытай тылын үөрэҕэ рекордары куоһарар. Ол курдук, институт быйылгы туттарсааччыларын орто бааллара: 96,32.

—Хомойуох иһин, педагогическай хайысхаларга орто баал кыччаабыта көстөр. Онно үксүн обществознаниены туттаран киирэллэр, оттон быйыл Саха сиригэр бу предмеккэ БКЭ бааллара намыһах. Ону кытта хаттаан туттарыыга бастакы эксээмэн түмүктэрэ сотуллан хааларын билбэккэ, өссө намыһах баалы ылбыт оҕолор эмиэ бааллар.

Ону таһынан инженернэй хайысхаларга туттарсыы улахан үтүрүһүүтэ суох ааста. Тоҕо диэтэххэ физикаҕа БКЭ-ни туттарбыт оҕо ахсаана аҕыйах. Икки сыл анараа өттүгэр 900 оҕо буоллаҕына, быйыл 650 эрэ, итинтэн 150-та туттарбатах. Кэлэр сылга педагогика хайысхаларыгар туттарсыы уларыйыаҕа. Сүрүнэ диэн—абитуриеннар учуутал быһыытынан үөрэтэр предметтэринэн БКЭ-ни туттараллара ирдэниллиэҕэ. Холобур, физика учуутала буолуон баҕалаах хайаан да бу предмеккэ эксээмэни туттарыаҕа. Билигин биһиги үчүгэй аналитиканы оҥорон, оскуолалары кытта үлэлэһэн, оҕолор профильнай предметтэри талалларын үрдэтэр үлэни саҕалыахпытын наада,—диэтэ Анатолий Николаев.

ХИФУ саҥа үөрэх бырагыраамаларын туһунан суруналыыстар ыйытыыларыгар: “Мин, биллэн турар, саҥа хайысхалар киирэллэрин өйүүбүн, ол эрээри саамай сүрүнэ – бу саҥа исписэлиистэр ирдэнэр буолаллара. Саҥа бырагырааманы арыйан, устудьуоннары үөрэтиэхпит, онтон ханна үлэлии барыахтарай? Онон куруук этэбин: бастаан бу исписэлиистэргэ наадыйалларын-суоҕун үлэ ырыынагын ырытан көрөн баран, ол эрэ кэнниттэн үөрэҕи саҕалыахха наада», – диэтэ.

Университеттар икки ардыларынааҕы кампус туһунан ыйытыыга ректор бырайыак офиһа тэриллибитин уонна сотору кэминэн “Аныгы үөрэх кыһаларын ситимин оҥоруу” («Создание сети современных кампусов») федеральнай бырайыак чэрчитинэн куонкуруска бырайыагы ыытыыга бэлэмнэнии бара турар диэн хоруйдаата.

Санатан эттэххэ, Университеттар икки ардыларынааҕы кампус (Межвузовский кампус) Саха сирин үс үрдүк үөрэх кыһаларын —ХИФУ, АГАТУ, АГИКИ уонна атын научнай тэрилтэлэрин холбуохтаах.

“Биһиги естественнэй наукалары университеттар икки ардыларынааҕы кампус сүрүн хайысхатынан көрөбүт”, — диир Анатолий Николаевич. —Физиктэр, химиктэр, биологтар уонна медиктэр наука саҥа хайысхаларын сайыннарыахтара. Кампус Дьокуускайга 68-с кыбаарталга тутуллуоҕа, уопсай иэнэ 120 — 130 тыһ. кв.м. Билигин 68-с кыбаарталы сайыннарар ыстаап тэрилиннэ, тоҕо диэтэххэ онно биһиги университеттар икки ардыларынааҕы кампуспутун кытары атын өрөспүүбүлүкэҕэ суолталаах эбийиэктэр эмиэ тутуллуохтара”.

 

Уопсайдарга ирдэбил кытаанах

—Быйыл буолан ааспыт “Азия оҕолоро” оонньууларынан сибээстээн, уопсайдары эрдэ бэлэмнээн түмүктээтибит. Олорор хостор туруктарын ЫДьМ-тан, Роспотребнадзортан, баһаарынайдартан саҕалаан, прокуратураҕа тиийэ кытаанах бэрэбиэркэ ыытыллыбыта. Миэбэли уларыттыбыт, матараастары химическэй ньыманан ыраастаабыппыт. Быйыл бастакы кууруска үөрэнэр устудьуоннарга 1600 миэстэни таһаарыахпыт.

 

Арассыыйа Дьоруойа—ХИФУ устудьуона

Быйыл БКЭ-ни 100 баалга туттарбыт түөрт устудьуон уонна киирии эксээмэнэ суох 20-чэ киһи үөрэнэ киирдилэр — бу олимпиадалар, күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара уонна призердара буолаллар. Маны таһынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ (140-ча киһи) ХИФУ устудьуоннара буоллулар. Ол курдук, Арассыыйа Дьоруойа, «Алеша» тааҥка экипаһын чилиэнэ Филипп Евсеев уонна көҥүл тустууга Европа чөмпүйүөнэ Андрей Мидловец Физическэй култуура уонна спорт институтугар киирбиттэр. Ону таһынан өссө биир Арассыыйа Дьоруойа, «Алеша» тааҥка экипаһын чилиэнэ Алексей Неустроев РФ Бырабыыталыстыбатын Үпкэ-харчыга университетын устудьуона буолбут.

—АБДьга сыһыаннаах дьоҥҥо барыларыгар ураты сыһыан көрүллэр. Кинилэр туспа куонкурустаахтар, оттон оҕо төлөбүрдээх үөрэххэ киирдэҕинэ, бүддьүөт миэстэтигэр түргэнник көһүөҕэ,—диэн кэпсээтэ университет ректора.

Анатолий Николаев көрсүһүүнү: “Биһиги устудьуоннарбыт талбыт хайысхаларынан олус үчүгэй, дьоһуннаах билиини ылан, онтон баҕарбыт тэрилтэлэригэр үлэ булуохтарын, туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһиэхтэрин баҕарабын”, – диэн тылларынан түмүктээтэ.

 

Ааптар түһэриитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....