29.08.2024 | 18:00

ХИФУ «НАУКА 0+» бэстибээлгэ 60-тан тахса балаһаакканы бэлэмниэҕэ

ХИФУ «НАУКА 0+» бэстибээлгэ 60-тан тахса балаһаакканы бэлэмниэҕэ
Ааптар: ХИФУ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 300-чэ үлэһитэ уонна устудьуона үгэс буолбут билим бэстибээлигэр кыттыыны ылыахтара. Тэрээһин быйыл саҥа көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Дьокуускай куорат «НАУКА 0+» региональнай киининэн, оттон ХИФУ тэрийээччинэн талылынна.

Бэстибээл аан бастакытын түөрт күн устата – балаҕан ыйын 4-7 күннэригэр ыытыллыаҕа. Сүрүн быыстапка «Дохсун» спорт комплексыгар ыытыллыаҕа. ХИФУ 60-ча балаһаакканы бэлэмниэҕэ: лиэксийэлэри, маастар-кылаастары, оҕолорго анаан киинэ көрдөрүүтүн уонна эксперименнэри. Ону тэҥэ интерактивнай оонньуулар уонна викториналар, нейросеть кыаҕын көрдөрөр, университет чинчийэр лабораторияларын быыстапкалара баар буолуохтара. Бэстибээл чэрчитинэн барыта 150-тан тахса тэрээһини  СӨ Наукаларын академията, «Север» наука-үөрэх киинэ, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи киинэ, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет, Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай института уо.а. ыытыахтара.

 “Үгэс быһыытынан, бэстибээлгэ ХИФУ үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, устудьуоннар эмиэ көхтөөх кыттыыны ылыахтара. Оҕолор наукаҕа интэриэстэрин көрдөрөллөрө, лабораториялар ситиһиилэрин киэн тутта билиһиннэрэллэрэ, тэрийэр үлэҕэ кыттыһаллара биһиэхэ улахан суолталаах. “НАУКА 0+” араас балаһааккалары тэрийэн, хас биирдии киһи бэйэтин интэриэһинэн тугу эрэ булуоҕа”, — диэн ХИФУ наукаҕа уонна инновацияҕа проректора Евгений Соловьев бэлиэтээтэ.

Холобура, ХИФУ мэдиссиинэ института бэстибээл кэмигэр “Мэдиссиинэ лааппыта” балаһаакканы арыйан, бэйэтэ оҥорон таһаарбыт БАДтарын, спортивнай аһылыгы уонна тус гигиена бородууксуйатын көрдөрүөҕэ. Оттон ХИФУ сурук-бичик түмэлин “Алпаабыт таабырыннара” истиэндэтигэр ыалдьыттар Новгородов алпаабытын үөрэтэн, былыргы хаһыаттар быһа тардыыларын ааҕыахтарын сөп.

Үүнээйилэри олордор дьон ХИФУ Ботаническай саадыгар Саха сирин флоратын туһунан экскурсиялары сэргиэхтэрэ. Ону биология билимин хандьыдаата Саргылана Захарова иилээн-саҕалаан ыытыаҕа.

ХИФУ инфраструктурнай технологияларын колледжа көмпүүтэр оонньууларын уонна 3D-моделлары оҥорорго саҥа технологиялары уонна тэриллэри билиһиннэриэҕэ, ону тэҥэ устудьуоннар дипломнай үлэлэрин презентациятын ыытыаҕа. Маны таһынан “Молекулярнай мэдиссиинэ уонна киһи генетиката” научнай-чинчийэр лаборатория “Генетика 0+” диэн интерактивнай демо-лабораторияны көрдөрүөҕэ, бу оҕолорго эрэ буолбакка, улахан дьоҥҥо эмиэ интэриэһинэй буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....