05.02.2020 | 13:21

КЫАЙЫЫ КЫЫҺЫН ОЛОХХО КЫАЙЫЫЛАРА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыалдьыппар киирбитим, остуолга тиэстэ тэнитэн, бэрэски оҥоро олорор эбит. Бастаан утаа соһуйдум, икки хараҕынан көрбөт киһи астыырын саҥа көрүүм. Вера Николаевна тып-тап курдук барытын оҥорон-ситэрэн, духуопкатыгар уган кэбистэ, бириэмэтин туруорда уонна «20 мүнүүтэнэн амсайыахпыт, онуоха диэри кэпсэтиэххэ” диэтэ.

Вера Николаевна Лукина 1945 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр күн сирин көрбүтэ, хараҕынан 1 группалаах инбэлиит, 1967 сылтан Кисловодск куоракка массаас идэтин үөрэнэн бүтэрэн кэлиэҕиттэн күн бүгүнүгэр диэри дьоҥҥо көмөлөһө, сылаас илиитинэн, уйаҕас сүрэҕинэн эмтии-томтуу, сүбэлии-амалыы сылдьар үтүөкэннээх киһи.

ИЙЭМ ЫТЫНАН СҮКТЭ БАРБЫТ

Вера Николаевна 2013 сылтан олох көрбөт буолбут, онуоха диэри мөлтөхтүк көрөр эбит.

“1964 сыллаахха Өлүөхүмэ оройуонугар Токоҕо оскуола-интэринээти бүтэрбитим, 23 оҕо буолан наһаа иллээх этибит, билигин да билсэ турабыт.

Аҕам Өлүөхүмэ Токотуттан төрүттээх Николай Михайлович Дарамаев диэн. Кини Молбоҕо күн сирин көрбүт, 16 сааһыттан комсомол буолан, 7 кылааһы бүтэрэн баран куоракка кэлэн үөрэммит. Өлөөҥҥө, Өлүөхүмэҕэ, Токоҕо салайар үлэҕэ сылдьыбыт. Сэрии буолбутун кэннэ Усуйаанаҕа Хаһааччыйаҕа ыыппыттар, онно  райкомол иккис сэкирэтээринэн үлэлээбит, онтон 1944 с. 1-кы сэкирэтээр буолбут.

Ийэм Софья Матвеевна Охлопкова Уус Алдан Өлтөҕүттэн төрүттээх, эрдэ тулаайах хаалан, ыалга иитиллибит. Урут олоҕун кэпсии сатыырын эдэр буолан аахайбат этибит, билигин онтон кэмсинэбин. Онон ийэм өттүттэн төрдүн-ууһун билбэппин. Аҕата үстэ кэргэннэнэ сылдьыбыт, онтон 25 оҕоломмут, кини чороҥ соҕотох хаалбыт. Убайыгар иитиллэн, көмөлөһөн, оҕо көрсөн, сэттэ кылааһы бүтэрбит, онтон  куоракка педучилищеҕа үөрэххэ киирэр. Оччолорго да истипиэндьийэ төлүүллэр эбит. Онтуларын 1942 с. быһан кэбиспиттэр, онон олорор да, үөрэнэр да сирэ суох буолан ыалга дьиэ көрөөччүнэн олордоҕуна маҕаһыыҥҥа учуутала көрсөн: “Софушка, училищеҕар төнүн, истипиэндьийэ биэрэр буоллулар”, - диэбит.

1943 с. үөрэҕин бүтэрэн Усуйаанаҕа ананан барар. Үс кыыс буолан айаннаабыттар, иккитэ нуучча эбит. Тиксиигэ хаайтаран ый курдук олорбуттар. Баралларыгар куулунан аһылык эҥин биэрбиттэр, айаннарын төлөөбүттэр. Онон төһө да ыар сыллар буоллаллар, хааччыйбыттар эбит. Хаһааччыйаҕа муоранан устан, үс күн буурҕаҕа түбэһэн, эрэйдээхтик да буоллар сирдэрин булбуттар. Кардашевскай диэн оскуола дириэктэрэ көрсөн оскуолаҕа хос  биэрбит, үөрэхтэрин, хата, баттаспыттар.

Ийэм эбэҥкилэр олорор Силээннээх диэн нэһилиэккэ алын кылаас учууталынан анаммыт.

Аҕабынаан сэтинньи 7 күнүгэр билсибиттэр, 1944 сыллаахха ыал буолбуттар. Ийэм кэргэн тахсарыгар ытынан сүктэн барбыт. Оскуола дириэктэрэ Кардашевскай каюрдаан аҕалбыт. Арааһынайдаан ыттарын хамаандалыыр эбит, онуоха ийэм күлэр да күлэр үһү. Ийэм эдэригэр күндү күлүүк  этэ. Олохтоохтор хамаандалара олох атын буоллаҕа дии, кини сахалыы саҥарар, ол аайы сүктэ баран эрэр кыыс күлэ сытар үһү.

ЛИТВАТТАН КЭЛБИТ ГРАФИНЯ НЬЭЭНЬЭЛЭЭБИТ

Мин бастакы оҕобун. Кыайыы буолаары турдаҕына 1945 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр төрөөбүппүн. Ийэм миигин төрөтөн баран улаханнык ыалдьа сыппыт. Көрсөр киһитэ ким кэлиэҕэй, ону миигин биир литовка дьахтар көрбүтэ үһү. Сэрии саҕана Прибалтикаттан көскө кэлбит дьахтар. Кинилэргэ олохтоохтору чугаһаппат эбиттэр, “тугу да бэрсимэҥ, НКВД хараҕар түбэһиэххит” диэн сэрэтэллэр эбит. Аҕам, төттөрүтүн, “аа-дьуо киһи көрбөтүгэр олорор сирдэригэр бараҥҥыт аста бэрсиҥ, хоргуйбатыннар” диэн дьаһал биэрбит. Онон улахан хоргуйуу тахсыбатах.

Онон оҕо сылдьан литовка ньээньэлээх эбиппин, эбиитин графиня үһү. Бэйэтин наһаа көрүнэр, ыраас, чэбэр, таҥараҕа итэҕэйэр, бириэмэтэ кэллэ да, үҥэн тахсар үһү. Ийэбин уонна миигин наһаа үчүгэйдик көрбүт, бүөбэйдээбит. Дьонум Кыайыы буолбутун кэннэ куоракка көһөн кэлбиттэр, ону сайыһа, аһыйа, ытыы хаалаахтаабыта үһү.

Аҕам куоракка үрдүкү партийнай оскуолаҕа биир сыл үөрэммит. Ол кэмҥэ ийэм Мэҥэ Хаҥаласка  Хаптаҕайга детдомҥа учууталлаабыт. Ийэм таҥараттан ананан кэлбит учуутал этэ, төрөөбүт тылы үөрэтэрэ.

Дьэ ол кэннэ аҕабын Токо оройуонугар, билиҥҥинэн эттэххэ, баһылыгынан ыыталлар. Токо, Тээнэ, Кыыллаах, Бэс Күөл барыта эбэҥки бөһүөлэктэрэ бу улууска киирэллэрэ.

Аҕам үлэлиир кэмигэр сүрдээх элбэх дьиэни-уоту, тэрилтэни туттарбыт. Биир саамай улахан тутуунан аэропорт этэ. Онно, бастакы пассажирынан бэйэм буолуом диэбитэ дииллэрэ. Ол курдук үлэлии-хамныы сылдьан баара-суоҕа 36 сааһыгар куоракка кэлэн балыыһаҕа сытан сүрэҕинэн өлбүт. Онон дойдутугар көмөөрү сөмөлүөтүнэн тиэйэн илдьибиттэр, кырдьык бастакы пассажир буолаахтаабыт.

ДЬҮӨГЭМ ЭДЬИИЙЭ КӨМӨЛӨСПҮТЭ

Оскуола кэнниттэн оҕолор тутуспутунан куоракка кэлэн, ким училищеҕа, ким университекка туттарсан бардылар. Арай мин ханна үөрэнэрбин, барарбын-кэлэрбин мунаахсыйа сырыттым. Ол сылдьан биир үтүө күн дьүөгэбэр Макарова Светаҕа бардым. Эдьиийэ баара, кини этэр: “Вера, эн мөлтөхтүк көрөҕүн дии, Кисловодскайга медучилище баар, онно массажистары бэлэмнииллэр, инбэлииттэр уопсастыбаларыттан ыйыталас”, - диэн ыйан-кэрдэн ыытта. Мин иһиттим-истибэтим диэт, билигин кэлэн дьылҕам кинини көрүһүннэрбит дии саныыбын, Залогка Краснояров уулуссаҕа ойон тиийдим. Ити 1964 сыллаахха. Онно тиийэн көрбөт дьону наһаа дьиибэргии көрбүтүм. Хараҕа суохтар уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Егор Охлопков диэн баар этэ. “Тукаам, инбэлииттээххин дуо?”, - диэн ыйытта, “Баран хамыыһыйаны аас”, - диэн сүбэлээтэ. Поликлиникаҕа үһүс группаны туруордулар. Төннөн кэллим, ыспыраапкабын көрдөрөбүн. “Манныгынан эйигин үөрэххэ ылыахтара суоҕа, онон иккис группаҕа баран көннөттөр”, - диэтэ. Төттөрү бардым. Тиийэн эһиги миэхэ группабын сыыһа туруорбуккут диэтим. Иккис группа наада, оччоҕо эрэ үөрэххэ ылаллар үһү диибин. Уонча мүнүүтэнэн розовай ыспыраапкабар иккис группаны оҥорон таһаарда уонна “исправленному верить” диэн бэчээт туруорда. Ону ыллым да? үөрүүнү кытта Кисловодскайга көттүм. Дириэктэргэ киирбитим, үөрэххэ ылыы бүппүт, хойутаабыппын. Онуоха төннөр билиэппэр харчым суох, үөрэннэхпинэ табыллар диэн турдум. Аһыннылар дуу, хайдах дуу, хамыыһыйаны ааһаммын үөрэххэ киирдим.

Ол курдук 1967 сылга үөрэхпин бүтэрэн кэлиэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиибин.

МАССААС ИЛБИЙИИ ЭРЭ БУОЛБАТАХ

Үгүс ыарыыга, барытын да буолбатар, көмөлөһөбүн. Үлэлии сылдьан сотору-сотору идэбитин үрдэтэр куурустарга үөрэммитим. Кисловодскайга хаста да баран кэлбитим. Онно саҥа сүүрээни, саҥа билбиттэрин барытын үөрэтэн иһэллэр. Ханна үөрэх баар буолла да, баран босхо да, харчыга да үөрэнэрим. Билигин остеохондроз, сүнньүлэрэ, төбөлөрө ыалдьар, очоҕос үлэтигэр, тостууга, тымныйыы буоллун барытын массаас нөҥүө эмтиибин. Ол быыһыгар мануальнай терапия көрүҥнэрин туттабын, бааҥка да туруорар этим.

Бүгүн Клавдия  Николаевна Слепцова диэн 96 сааһын туолаары сылдьар кырдьаҕас эрийдэ, “мин быыһааччым буолаҕын” диир, массаастата ыҥырар.

Спецполиклиникаҕа стационарга үлэлээбитим. Биһиги урут инсуллаабыт дьону атахтарыгар туруорарбыт. Билигин хаампат, сытар дьону таһааран кэбиһэллэр. Өйө суох сытар дьон атахтарыгар бэйэлэрэ хааман тахсыахтарыгар диэри сытыарарбыт. Баҕар ыарыылара атыннык барара дуу, билбэппин, оннук гынар этибит. Дьон бөҕөнү быыһаабыппыт. Онно биир нуучча дьахтара киирдэ. Оччолорго эдэр, соҕурууттан кэлбит. Сэрии саҕана оҕо сылдьан оборонаҕа окуопа хаспыт, онно сыыстарбыта охсон, көхсө ыалдьан ыарыытыттан олох ытыы сылдьар этэ. Бырааспыт Маргарита  Петровна “Вытяжение” оҥоруохха диэтэ, ол аата тоноҕоһун гиирэнэн тардааһын. Бандаж эҥин тиктибит, бэлэмнэннибит. Кэргэнэ педучилищеҕа үлэ уруогун биэрэрэ, онно дуҕа оҥоттордум, кирпииччэ, кумах таһан, мөһөөччүк тигэн, барытын оҥорон баран эмтэниибитин саҕалаатыбыт. Аны онтубут олус кутталлаах, наһаа вытяжка оҥорон кэбистэххинэ, сибээскэлэрин тардан кэбиһиэххэ сөп. Бырааспыт кыра брошюра биэрбитэ, ону ааҕа-ааҕа оҥоробут. Гиирэбитин куукунаттан ылабыт. Аҕыйах хоно-хоно гиирэбитин грамынан улаатыннаран иһэбит. Хас күн таппыппын билбэппин, уонча сеанс оҥордубут быһыылаах, ол кэннэ тугу сатыырбынан массаас, гимнастика оҥоттордум, киһибит атаҕар турбута. Онтун билиҥээҥҥэ диэри махтанар, “мин быыһааччым” диэн ааттыыр, этэҥҥэ көбүс-көнөтүк туттан сылдьар.

ТАҺЫРДЬА КИҺИТЭ СУОХ СЫЛДЬЫБАППЫН

Икки-хас сыл буолла, таһырдьа бэйэм  сылдьыбат буоллум, күлүгү да көрбөппүн, сырдык арыый ыйдаҥардабын. Кулууптан массыына ыыттахтарына барабын, маҕаһыыҥҥа Варварам сиэтэ сылдьар. Тыйаатырга сылдьабын, симфоническай оркестры наһаа сөбүлүүбүн, билиэт биэрдилэр да, Саха театрыгар эбэһээт барабын, соторутааҕыта “Ийэ сир” испиктээҕи көрбүтүм. Илиим иминэн иистэнэбин, бу сыттыктары тикпитим. Тэлэбиисэргэ араас биэриилэри көрөбүн, элбэх кинигэни ааҕабын. Аһылыкпын бэйэм астанабын, дьиэбин сууйабын. Уолум аах, ыалдьыттар күннэтэ сылдьаллар, онон тэһийэбин.

2013 сылтан социальнай хааччыйыы өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр ылбыттара. Дириэктэр Наталья Николаевна Пахомова. Бары сүрдээх кыһамньылаах үлэһиттэр. Миигин социальнай үлэһит Варвара Егоровна Бурнашева көрөр, нэдиэлэҕэ иккитэ кэлэн барар, аспын-үөлбүн таһар, наадаларбар сылдьар. Онон кинилэргэ махтанарым муҥура суох. Кэлэн кэпсэтэн, сэргэхситэн да бараллара дьиэҕэ олорор дьоҥҥо олус наадалаах”.

Кэпсэтиибитигэр Варвара Егоровна кыттыһар: “Вера Николаевна наһаа минньигэстик астыыр. Сүрдээх киэҥ билиилээх, ханнык баҕарар тиэмэҕэ кимниин баҕарар биир тылы булар. Мин сүрэҕим ыалдьар этэ. Аритмия диэбиттэрэ. Сыттахпына искэр оҕо хамсыырын курдук сүрэҕим бүллүргүүр уонна эргийэр курдук буолар, утуйа сыттахпына эҥин моһуоктуур этэ. Вера Николаевнаҕа кэлэн көр диэн сытан биэрдим. Тугум ыалдьарын барытын диагностаан, хаһан эрэ атаҕым тосто сылдьыбытын эҥин эттэ. Испин баттаабыта, арай сүрэҕим онно пульс биэрдэ, сүрэҕин быата уһаабыт диэтэ, массаастаан кылгатан биэрдэ, онтон ыла этэҥҥэ, үлэлии-хамсыы сылдьабын. Киһини курдат көрөр, илиитэ сып-сылаас. Киһи этэ-сиинэ, туругун үчүгэйдик көрдөххө, бэйэтэ кэпсээн биэрэр диир. Маны таһынан кини психолог курдук, дьиэлэригэр, үлэлэригэр араас кыһалҕалаах дьон кэллэҕинэ, кэпсэтэн, чэйдэтэн ыытар, ол кэннэ бары чэпчээн бараллар”.

Вера Николаевна саамай махтанар киһитэ били Кисловодскайга үөрэх баарын ыйан ыыппыт дьүөгэтэ Света эдьиийэ. Тус бэйэтигэр кыайан эппэтэҕим да буоллар, мэлдьи махтана сылдьабын диир. “Кини билигин бу орто дойдуга суох, миигин сүбэлээн ыыппатаҕа буоллар, билигин  туох үлэһит буола сылдьарым биллибэт”.

Вера Николаевналыын киһи кэпсэттэр кэпсэтэн барыах курдук. Кини оҕолуу үөрэрэ, күлэн лэһигирэтэрэ, бүппэт кэпсээнэ, култуурата, таһыма барыта силис-мутук таппыт өбүгэлэриттэн, күн сиригэр көрдөрбүт төрөппүттэриттэн кэлэр дии санаатым. Оннооҕор кыһыл оҕону бүөбэйдээбит литовка графинята бэйэтин сылааһын, тапталын биэрбитэ, кини оҕолуу үөрүнньэҥ майгытыгар, чэпчэки, сымнаҕас илиитигэр кытта биллэр курдук.

Кини олоҕор көрсүбүт дьоно, алтыспыт киһитэ наһаа элбэх. Аҥаардас балыыһаҕа улуу дьоннору кытта алтыспытын кэпсээбитин суруйдахха балаһа тиийбэт. Ол курдук Суорун Омоллоон, Амма Аччыгыйа, Юрий Прокопьев, бырааттыы Сэмэн, Софрон Даниловтар, кинилэр ийэлэрэ, Аркадий Алексеев, үлэ дьоруойдара, араас бас-түс дьон, уо.д.а. кини сымнаҕас илиитин билэн, массаастатан, кэпсэтэн, хоһооннорун ааҕан, ырыаларын бэлэхтээн ааспыттарын сатаан кыбыппатым.

Дьоллоох буол, уһун үйэлэн күндү киһи, Кыайыы кыыһа Вера Николаевна!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...