16.05.2024 | 10:00

Кыайыы күнэ — Дьокуускайга

Кыайыы күнэ — Дьокуускайга
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Улуу Кыайыы 79 сылын биэлиэтиир тэрээһиннэр Орджоникидзе, Кыайыы болуоссаттарыгар аастылар.

Кыайыы болуоссатыгар Кыайыы былааҕын көтөҕөр үрдүк чиэс Саха сирин байыаннай хамыһаара полковник Александр Авдониҥҥа уонна 14129-с байыаннай чаас измерительнэй пуунун начаалынньыга подполковник Владимир Леоненкоҕа тигистэ. Онтон Кыайыы былааҕын куоппуйатын Юнармия бастыҥ этэрээтигэр туттардылар. Быйыл бу чиэс Мархатааҕы 1№-дээх оскуола “Городской патруль” этэрээтигэр сүктэриллэн, былаах кэлэр сылга диэри кинилэргэ хараллыаҕа.

Орджоникидзе болуоссатыгар мустубут дьоҥҥо артыыстар, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара кэнсиэр көрдөрдүлэр, үгэс курдук итии чэйдээх саллаат хааһытынан күндүлээтилэр. Бу күн үгэс быһыытынан Ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин төлүү аармыйаҕа сулууспалыы барааччылары Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман кыттыылаах атаарыы буолла.

Оттон киэһэ Кыайыы болуоссатыгар 10 тыһыынчаттан тахса киһи Бүтүн Арассыыйатааҕы «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа кыттыыны ылла.

Аахсыйа кыттыылаахтара биир мүнүүтэ иһийэн турдулар, ол кэннэ чүмэчилэринэн «Помним» диэн тылы таһааран, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүттэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйдүлэр.

Ыам ыйын 9 күнүгэр бары тэрээһиннэр Кыайыы болуоссатыгар аастылар, сарсыардаттан дьон-сэргэ мустан, байыаннай параады кэтэстилэр. Уулусса биир өттүгэр атыы-эргиэн балааккалара тэриллэн, киһи чуҥкуйбат. Параакка байыаннай дьайыылар бэтэрээннэрэ, Афганистан, Чечня, Сирия сэриилэрин кыттыылаахтара, Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, баһаарынай-быыһыыр гарнизон байыастара, ХИФУ байыаннай үөрэх киинин курсааннара, полиция колледжын, уу тырааныспарын институтун устудьуоннара, Кадеттар оскуолаларын иитиллээччилэрэ, хаһаахтар о. д. а. кыттыыны ыллылар.

Сахаян Окороков, параад кыттыылааҕа:

— М.К. Аммосов аатынан ХИФУ байыаннай үөрэх киинин икки сыл үөрэнэн бүтэрэн эрэбин. Былырыын маннык параакка аан бастаан кыттыбытым, ол иһин быйыл соччо долгуйбатым. Бу сырыыга үс взводы холбоон бары бииргэ хаамтыбыт. Сорохтор бастакытын кыттар буолан, бэлэмнэнэргэ уустук соҕус этэ. Мин санаабар, быдан үчүгэйдик кыттыахпытын сөп этэ. Ол да буоллар параад кэмигэр туох да кыһалҕа үөскээбэтэ, сөптөөхтүк хаамтыбыт. Бары дьоллоох, эйэлээх буолуҥ диэн баҕарабын.

Параад кэннэ болуоссат арыллан, куорат олохтоохторо Оҕо искусствотын оскуолатын иитиллээччилэрин, С.А. Зверев – Кыыл Уолун аатынан үҥкүү национальнай тыйаатырын уо.д.а. бырааһынньыктааҕы кэнсиэрдэрин көрдүлэр. Ону кытары Кыайыы оһуохайыгар 20-чэ таһаарааччы кыттан, киэһээҥҥэ диэри ким баҕалаах үҥкүүлээн сомоҕолосто.

Александра Дьяконова, куорат олохтооҕо:

— Элбэх киһи дууһаларыттан үөрэн-көтөн кэлбитэ түмсүүлээхпитин көрдөрөр диэн сыаналыыбын. Бэҕэһээ “Өйдөбүнньүк чүмэчитэ” патриотическай аахсыйа эмиэ олус долгутуулаах этэ. Үгэс курдук параады көрдүм, ыччаттар тэбис-тэҥҥэ хааман, бэркэ кытыннылар. Сыл ахсын Улуу Кыайыы күнүн бу курдук үрдүк таһымнаахтык, тэрээһиннээхтик бэлиэтээн, өбүгэлэрбит кыайыыларын өссө чиҥэтэн биэриэхтээхпит, умнуо суохтаахпыт. Уонна, мин санаабар, маннык түгэннэри хас биирдии киһи дууһатын нөҥүө аһардыахтаах, ыччаттарбытын итинник тыыҥҥа ииттэхпитинэ, ис-испититтэн күүстээх буолуохпут.

“Өлбөт үйэлээх полк” сэлэлии хаамыы быйыл буолбатаҕын үрдүнэн, дьон дьоруой аймахтарын мөссүөннэрин тута сылдьан, кинилэр ааттарын үйэтитэргэ дьулуһаллар.

Любовь Апросимова, куорат олохтооҕо:

— Бэйэм Хаҥалас улууһуттан сылдьабын, куорат Кыайыы күнүн бырааһынньыгар бастакыбын сырыттым. Үчүгэй, киһи бөҕөтө баар, парад, кэнсиэр көрдүбүт. Бүгүҥҥү бырааһынньыкка аҕам, сэрии бэтэрээнэ, старшай сержант Трифонов Алексей Семенович мэтириэтин тута сылдьабын. Сэрии кэмигэр пулеметчик, санитар этэ. 1948 сылга дойдутугар бааһыран кэлбитэ. Оттон 1953 сыллаахха, мин иккилээхпэр, суох буолбута, онон, хомойуох иһин, аҕабын үчүгэйдик билбэппин. Баҕа санаабыт диэн Саха сирэ сайда турдун, сэрии буолбатын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...