14.08.2021 | 11:02

Кыайыы-хотторуу араастаах

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Спорт курдук элбэх эмоциялаах эйгэ баара дуу. Манна кыайыы-хотторуу араастаах. Ону хас тустаах киһи эрэ буолбакка, киниэхэ дуу, кинилиин күрэхтэһээччилэр дуу эмиэ тус-туспатык ылыналлар. 

Аҥаардас кыттыы – бу номнуо улахан

Сахалар спортан туохтааҕар да көҥүл тустууну сөбүлүүр омукпут. Бу сырыыга Айаал Лазаревпыт кыттар буолбутунан күүтэрбит өссө күүһүрбүтэ. Сэрэбиэйэ кытаанах буолла: бастакы утары тахсааччыта: Гейбл Дин Стивсон 21 эрэ саастаах эмискэ ракеталыы үөһээ көтөн аатыран эрэрэ. Ону истэ сылдьан маннык санаалар кыламныыллара: буолан баран бу ыарахан ыйааһыҥҥа бухатыыр үөскээтэ да, хайа баҕарар омук номох оҥостор. Сахалар олоҥхоҕо оннооҕор кэрэ кыыстан чорботон,  онтон ордугу хоһуйбуппут суох. Американецтар кэпсиири-кэпсэнэри сатыыллар. Баҕар омуннара, психологическай кимиилэрэ буолаарай? Дьэ итинник биографиялаахтары өрө туталлар. Оҕолорго, эдэрдэргэ аан дойдуга бастаан баран, күүһүлээһиҥҥэ буруйданан  хаайыыга олорон тахсыбыт. Өр буолан баран АХШ, Панамерика чемпионаттарыгар быйыл күөрэс гынаат, кумахтаталаан номнуо тахсан эрэр сулус дэниллибит. Арбаммыт американецпыт дьэ кырдьык абытай киһи буолла. Айаалы (10:0), атын лидердэри, хас да сыл, ол иһигэр ааспыт олимпиадаҕа, тэҥнээҕин булбакка сылдьыбыт, турок Таха Акгулы (8:0) тулуппата. Финалга үс кэнники аан дойду чемпионатыгар иннин биэрбэтэх грузин Гено Петриашвилины хотторон иһэн бүтэһик сөкүүндэлэргэ 10:8 кыайан улахан сенсациялары бииртэн-биири оҥордо. Олимпийскай кыһыл көмүс мэтээли Америкаҕа илдьэ барда. Ити 21 саастаах бухатыыры үгүстэр дойдутугар да билбэт этилэр. Айаал иккис кыайтарааччыта, үөһээ ахтыллыбыт суон сурахтаах Таха Акгуль боруонса мэтээли кэттэ. Сорохтор иккитэ тустан хотторбутун мыыналлар. Мин туран, Айаал итиччэ улахан оһоллору, эчэйиилэри ыла сылдьан, манна сөптөөх спарринг-партнера суох, ыарахан ыйааһыҥҥа саҥардыы үлэлэһэн эрэр, баччааҥҥа диэри аллараа ыйааһыннардааҕар намтата көрөр өрөспүүбүлүкэтиттэн Лазарев үксүн соҕуруу, онно бэйэлэрин бухатыырдарын таһаараары  кистэнэр сирдэригэр эрчиллибитэ. Ол үрдүнэн Азия чемпионаттарыттан түөрт төгүл мэтээли Сахатын сиригэр аҕалбыта. 2020 сылга пандемиянан аан дойду чемпионата тохтотуллубута. Ол оннугар  Аан дойду кубогын хамаанда-хамаандалыын   матчтарынан  киирсиһиннэрии оннугар чемпионат курдук ыйааһын аайы ким-кимниин тустарын сэрэбиэйинэн оҥорбуттара.  Онон аан дойду чемпионатын курдук сыл саамай улахан түһүлгэтигэр кубулутуллубута. Онно дуоламмыт уонна икки лицензионнай турнирга, Москва Кубогар барыта барыта 4 боруонсаны ылбыта. Уонна Азия чемпионатыгар иккис буолта. Бу аҕыйах ый тустаат – 5 улахан түһүлгэҕэ барытыгар сахалартан кини эрэ миэстэлэспитэ. Олимпийскай лицензияны ылбыта да үчүгэй! Итинник улахан күрэхтэһиилэргэ  (олимпиадаттан атын түһүлгэлэрин эмиэ этэбин) кыра ыйааһыҥҥа да кыттар чиэс буоллаҕына? Ыарахан ыйааһыҥҥа көбүөртэн тэйэн, өр күрэхтэһиитэ суох, үс-түөрт сыл устата эрчиллиигэ-күрэххэ наар оһоллоох, ол  ыарыытын тулуйан, дьулуһуу – бэйэтэ хорсун быһыы. Токиоҕа көтөрүн чугаһыгар, тренерэ Иван Сивцевтыын  төлөпүөнүнэн кэпсэппитим. Туохтааҕар да сиһин оһоло бэргээбитин, ол улаханнык мэһэйдиириттэн сэрэхэдьийэрэ. Ол үрдүнэн сэрэбиэй табылыннар киирсиэ диэн эрэлин биллэрбитэ. Айаал аудионан киниэхэ отчуотун харахпар оҥорон көрдөхпүнэ,  хапсыһыыларга-эрчиллиигэ  дук гынаары гыннар эрэ сиһэ хам тутан илиитин-атаҕын  хамсаабат чууркалар курдук оҥортуур эбит. Ол үрдүнэн туох баарынан киирсээхтээбит. Оо, арай били Азияҕа бастыырыгар барыларын, финалга олимпийскай чемпион Комейл Глсемины кумалаталыыр таһымынан тиийбитэ буоллар ньии эрэ дииргэ тиийэбит.   

 

Уос хаана

Тустууга кыайыы туһугар харса суох киирсии. Венгрияттан кабардинец Исмаил Мусукаев боруонсаны былдьаһыыга мин көрдөхпүнэ Гаджимурад Рашидовка туох да мөккүөрэ суох баһыйтара туттарбыта. Тахсан баран уоһа быыкаатык хааннаммытын көрдөрдө. Утарсааччыта халҕааннаабытыттан, онтон атын кыайыа хаалбытын курдук кэпсээтэ. Тустуу – гладиатордар  көрүҥнэрэ. Араас утары түсүһүүгэ сирэй-харах баранар. Дьиҥ эр киһи  итиннээҕэр буолуоххха кыһаммат. Ол кэриэтэ: ”Кыайыы туһугар сымыһахпын быһа ытырарбын кэмсиммэтим”, диэбитэ буоллар...  дьулуурдааҕын сыаналыа этилэр. Манна Лебедевкэ кыайтаран, айдааран күрэхтэһиини ыспыта. Оннук гыннаҕына, ол дойдуга  оннун-олоҕун тута булларалларын өйдөөн  тутуннаҕа.

Ытыран туран...

Тывинец Артас Санаа Арассыыйаттан олимпиадаҕа тахсар ыараханын иһин атын дойдуттан гражданство ылар туһугар тугу да кэрэйбэтин биллэрбитэ. 2014 с. Актюбинскайга көһөн тиийбитэ. Икки сылынан ити дойдуга легионер дэтимээри, тувинецтар Буддаҕа, ойууннааһыҥҥа улаханнык сүгүрүйэллэрин үрдүнэн,   итэҕэлин кытта Исламҥҥа уларыттарбыта, Нурислам Санаев диэн ааты ылыммыта. Ол кэннэ РИО-2016 олимпиадаҕа 12 м. буолбута. 2018 с. – Азия чемпиона, аан дойду иккис призера.

Бу олимпиадаҕа 29 сааһыгар дьэ боруонса буолан күннээтэ. Финалга тахсар туһугар Рави Кумар кинини тиэрэ быраҕан баттыы сыттаҕына, испиэп баатыра индуһу илиититтэн ытыран, тириини балайда таҥастыы тиирэ  тарта.

ТВ, интернет ханааллара бөҕө көрдөрдүлэр. Ким да, оннооҕор ытыттарааччы да олох кыһамматылар. Оттон дьулуурун хайҕаан, Казахстаҥҥа тиийбитигэр 17 мөлүйүөн солкуобайдаах “ВМБ” массыынаны, 300000 доллардаах коттеһы  кытта 384000 доллары уу харчынан туттардылар. Аны дойдутугар тывынецтартан бастакы олимпийскай мэтээллэммитинэн төһө да дьадаҥы буоллаллар, туох баардарын куду анньан биэриэхтэрэ.

Үйэ матча

АХШ – ССРС спорка саамай бастыҥнара күрэс былдьасталлар эрэ “Үйэ матча” дэнэн эрдэттэн айдаан бөҕө буолара. Ол сиэрин бу түһүлгэ быдан инниттэн  аан дойду чемпионнара Кайл Дэйк уонна Заурбек Сидаков, олимпийскай чемпионнар  Абдулрашид СадулаевКайл Снайдер хайалара кыайыай диэн таайыы бөҕө.

Иккиэннэригэр арассыыйалар герой буоллулар. Кайл Дейк 79 кг. лидерэ 74 кг. түһэриниигэ  уһун сонноммото. Дагестантан Беларуссияҕа саҥа легионердыыр  Гадимагомедов “аара суолга булкуйда” (11-0). Ити сенсация оҥорбут кавказеһы осетин Заурбек Сидаков 7:0 эрэллээхтик кыайда.

Сидаков тустар ньыматын кэтииргэ анаан болҕомто уурабын. Ташкеҥҥа аан дойду чемпиона буоларыгар аттыгар сылдьан көрбүтүм. Киирэн-тахсан иһэн, киирсэ сылдьан тыынарын истибитим. Чахчы кыайан эрэ баран тэйэр киһи.  Американец Боррауз, Кубаттан Италияҕа олохсуйбут Чамизо  курдук суперсулустары да кыайтаран иһэн син биир кыайар. Бу сырыыга кини олоҕор улахан оҕустарыы ыла сылдьара. Былырыын күһүн уруутун кавказтар үгэстэринэн хас да хонук далааһыннаахтык бэлиэтиирдии саҕалаабыта. Ыраах – чугас регионнартан хас да сүүс киһи кэлбитэ.  Иккис күн ырыа-тойук, үҥкүү-битии, туос этиитэ эмискэ ыраас халлааннаах ыһыах ортото этиҥ эппитин курдук буолта. Аналлааҕым диэн олох аргыһа оҥосторго аҕалбыт   Мадинатын араас баай эр дьоннордуун сыгынньах чугас сыһыаҥҥа сылдьар хаартыскаларын остуолга олорооччу сүүһүнэн  киһи төлөпүөннэригэр ыыппыттар этэ. Аан дойдуга тута  тарҕаммыта биллибитэ.  Заурбек аттыгар олорооччутун соһон таһааран таһырдьа бырахпыта. Айдаан аана тэлиллэ түспүтэ. Атын киһи онтон очурга оҕустарыа да этэ.  Сидаков күүһүн түмүнэн сүрүн соругун бу толордо. Манна эмиэ бүтэһик сөкүүндэлэргэ кыайыа диэн эрэнэрим.

Хата, олох тулуталаабата.

Иккис Дейк сордоно сатаан кэбистэ да “нуучча танкатын” түҥнэрбэтэ.

Абдулрашид коронавирустаан, атаҕын оһоллоон күрэхтэһиилэри көтүттэр да, өрүттэн Токиоҕа  тиийбитэ. Американецтан, ити үлүгэрдээх эһэ курдук киһиттэн, ахсааны 6:0 оҥорон баран, тоҕо мээнэ киириэй? Кэтэниигэ барда. Чорбойуута үс баал хаалбытыгар да кыһаммата, наада түгэнигэр хамсаныа этэ.  Абдулрашидка иккис эппиэтинэһэ өссө сүүнэ – кыайдаххына, Токио-2020 сабыллыытыгар РОК былааҕын туттарары эйиэхэ итэҕэйэргэ быһаарбыттар диэн диэбиттэр.

Ону эппэтэхтэрэ буоллар, баҕар өссө элбэҕинэн хотуо этэ.  

 Былчыҥнаах уоланнар ытааһыннара

Эпос бухатыыра маннык буолуохтаах диэн уус чочуйан оҥорбут курдук быыппастар былчыҥнаах дуоланнарбыт гимнастикаҕа көтүөхтэрин кынаттара эрэ суоҕа. Таблоҕа очукуолара чаҕылыс гынарын кытта ону көрөөт, умса түһэн сотторунан сабынан, түөрт атах буолан сыттылар. Ити маккыраччы ытаабыттарын кистии сатаабыттар эбит. Тугуй? Кыаттардылар? Суох! Кинилэри аны утарсааччылара сиппэттэр. Атыттар эбиттэрэ буоллар, өрө ыстаҥалыы түһүөх этилэр. Уонна тоҕо ытаатылар? Эр дьон эрээри? Ол улаҕата элбэх. 

Биһиги гимнастарбыт эр дьоҥҥо хамаанданан бүтэһигин 1996 сыллаахха бастаабыттара. Ону хатылыыры бу 25 сыл күүппүттэрэ.

Аны ити Артур Далалоян манна киирбэтэҕэ буоллар кыаллыа суохтааҕа. Өссө кэлэн да улахан риск этэ. Сыыһа хамсанна да тэбиллиэ этилэр. Ити Тираспольга төрөөбүт, 21 эрэ сааһыгар диэри  Новосибирскайга олорон, номнуо эдэриттэн дьоҕурдааҕын биллэрбит уол  Москваҕа көһөн кэлээт, сотору 13 сааһыттан, РФ хамаандатыгар киирбитэ. Артур Дохаҕа (Катар) аан дойду чемпионатыгар 2018 сыллаахха брусьеҕа куруубай сыыһаны оҥорбута, онтон сылтаан хамаанда кыһыл көмүстэн маппыта. Гимнаст улахан охсууну  ылбыта. Ол үрдүнэн бэйэ бодотун тардынан сарсыныгар Артур Арассыыйаттан 21-с үйэҕэ бастакы аан дойду многоборьеҕа абсолютнай чемпионунан буолбута.

Эһиилигэр аан дойду  чемпионатыгар хамаанданан киирсиигэ бастааннар, Токиоҕа пьедесталга үрдүктэн-үрдүккэ тахсарга эрэллэрэ улааппыта. Онуоха... Абакка! 2021 сыл муус устарыгар Артур атаҕын оһоллообута.

Операция кэнниттэн эмчиттэр алта ый эмтэнэргэ түмүк таһаарбыттара. Гимнаст итини кытта сөбүлэспэтэҕэ, атаҕын сууккаҕа 16 чаас эрчийэн барбыта.

Дьэ, оннук дьулуһуунан ити – кыһыл көмүс кэллэ!

Чемпион буолбутун ...наһыылкаҕа сытан биллэ

Каратеҕа иранец наһыылкаҕа сытан нэһиилэ өйдөммүтэ. Төбөтө дыҥ курдуга. Финалга 4:0 хотторон испитэ. Кыайарга туох да эрэлэ суоҕа.  Онтон утарсааччыта охсубутугар дөйөн таҥас чуучула курдук охтон эрэрин өйдүүр. Бээ, бу ханна сытабын. Һуу хата, тилинним. Чэ, иккис да буолтум үчүгэй.

Саджад Ганджзадеҕа арай тренерэ кэлэн: “Бастаатыҥ!” диэбитигэр соһуйбута. “???”. Утарсааччыта быраабыланы кэһэн хабарҕаҕа охсубутунан кыайыыны киниэхэ биэрбиттэр... Бэйэҕит санааҥ. Соһуччу үөрүү хайдах буолуоҕун?

Ол гынан Тарег Хамеди  иккис да буолбутуттан муҥура суох үөрбүт.  Хата, дисквалификациялаабатылар. Саудовскай Аравия историятыгар бастакы кыһыл көмүс мэтээли ыларга чугаһатан баран, онно тириэрдиэхтээх охсуһуу бүтэрэ аҕыйах сөкүүндэ хаалбытыгар мүччү тутта. Кыһыы! Ол эрээри кини онтон улаханнык санаатын түһэрбэтэ, дойдутугар атын олимпиадаларга миэстэлэспит  аҕыйаҕынан уонна Токиоттан соҕотох кини эрэ мэтээллээх тиийэрин санаан уоскутунна.

Соҕотох каратист

Илиҥҥи көрүҥнэринэн үлүһүйээччи ханна да олус элбэх. Оннооҕор социализм дойдуларыгар, ССРС-ка эмиэ бобууну билиммэккэ онно-манна кистээн дьарыктаналлара. Ол үрдүнэн Арассыыйаттан олимпийскай лицензияҕа соҕотох  Анна Чернышёва тиксибитэ. Кини Токиоҕа коронавируска тестынан уһуллубута хомолтолоох.

 

ЦЮАНЬ ХУНЧЭН – Күн-Ый буолуута

14 сааһыгар кини бастакы күрэхтэһиитэ - Токиотааҕы  олимпиада. Бу сүүнэ спортивнай бырааһынньык саамай кыра  кыттааччыта. Уонна тута кыһыл көмүһү ылла. Муҥутуур кыайыы! Үтүө түмүк туох кистэлэҥнээҕий?

"Мин ийэм улаханнык ыалдьар. Туох ыарыы буоларын, иероглибынан хайдах сурулларын билбэппин. Элбэх харчы ирдэнэрин эрэ билэбин. Ол харчыны оҥоруом уонна  ийэбин эмтэтиэм. Онтон .... онтон...” (ытыыр). Кыысчаан олус дьаданы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Кини хаһан да Аквапаркаҕа, зоопаркаҕа сылдьыбатах. Кини ыра санаата – автоматтан оонньууру хостоон ылыы.   8 сааһыттан дьарыктаммыт. 13-гэр дойдутун сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирбит.  14  - гэр – Токио Олимпиадатыгар барбыт.  

Кыайбытын кэннэ Кытай олохтоохторо квартира, маҕаһыын бэлэхтээбиттэрэ. Төрөппүттэрин чулуу профессордарга эмтэппиттэрэ.  200000 юань   - (2 мөл.солк) харчылаах ВИП картаны туттарбыттара. Гуанчжоу балыыһата буор-босхо эмтиэҕэ. Массыына бэлэхтээтилэр, эбиитин биир ресторан үйэтин тухары аһатарга эрэннэрдэ.

Токио-2020 паралимпиадатыгар – үс саха кыыһа

Олимпиада түмүктэннэ. Аны атырдьах ыйын 24 күнүттэн балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри ыытылларга былааннанар паралимпиаданы кэтэһэбит. Японияҕа коронавируһунан ыалдьааччылар ахсааннара элбии турар. Онон ити түһүлгэни тохтоторго туруорсааччылар көҕүрээбэттэр. XVI–c  паралимпийскай оонньуулар доруобуйанан хааччахтаахтары эрэйдээбэккэ, мөккүөрүнэн моһуоктаабакка, этэҥҥэ ыытыллыахтарыгар баҕарабыт. Ол да иһин РФ спордун миниистирэ паралимпиецтарбыт хамаандаларыгар хас мэтээли ылалларыгар сорук-былаан туруорбаттарын биллэрдэ. Бу улахан түһүлгэҕэ 22 көрүҥҥэ күрэхтэһиэхтэрэ. Итинтэн 19-гар 241 спортсмен  Арассыыйа олимпийскай кэмитиэтин хамаандатын көмүскүү киирдэ. Кинилэр быыстарыгар Саха сириттэн үс кыыс аата суруллубут:

Степанида Артахинова (оҕунан ытыы)—аан дойду түөрт төгүллээх чемпиона, Лондон –12 паралимпиада боруонса призера;

Анастасия Диодорова - (харбааһын), Аан дойду, Европа иккилии төгүллээх чемпиона, Пекин-2008 паралимпиада үрүҥ көмүс призера; 

Алена Дмитриева (олорон эрэ волейбол)—аан дойду 2008 чемпионката, Европа икки төгүллээх чемпионката).

Өссө Балынец баар буолуон баҕарбыппыт. Ону кини көрүҥүн ыйааһыныгар  аан дойдутааҕы  паралимпийскай кэмитиэт ыыппыт күрэхтэһиилэригэр Арассыыйаттан ким да лицензия ылбатах.

Паралимпиецтарбыгар аргыс салгыны, сымнаҕас долгуну баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...