Кыайыы эстафетатыгар күлүбүрэс сүүрүүлэр
Үтүө үгэскэ кубулуйбут Кыайыы эстафетата икки сыллаах пандемия тохтобулун кэнниттэн уонна быйыл Дьокуускай куорат киин уулуссалара өрөмүөннэнэ туралларынан, Н.Н. Тарскай аатынан “Туймаада” стадиоҥҥа буолан ааста. Куорат үлэҕэ кэлэктииптэрин сэттэ хамаандата илин-кэлин түһүстэ.
Маҥнайгы эстафета Аҕа дойду сэриитэ буола турдаҕына, 1944 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр, тэриллибитэ. Ол историяҕа киирбит эстафетаҕа “Учууталлар”, “Димамо” уонна финансовай-экономическай техникум хамаандалара кыайбыттара. Ити кэмтэн ыла элбэх сыл-хонук ааста. Кыайыы эстафеталарын үгүс геройдара баар буоллулар.
Быйылгы эстафета кыттыылаахтарын “Якутия” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Елена Карпова, Бойобуой дьайыылар Саха сиринээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ, бойобуой уордьан кавалера Иван Черкашин эҕэрдэлээтилэр. Сүрүн судьуйанан 1 №-дээх оҕо спортоскуолатын тренерэ Сергей Гуляев үлэлээтэ. Тымныы, киһини курдаттыы үрэр хаҕыс тыаллаах, былыттаах күн күрэхтэһээччилэри салыннарбата. Үөрэ-көтө бырааһынньыктыы, күрэхтэһэ кэлбит быһыйдар эрчиллэн-хамсанан, эттэрин-хааннарын сылытан, стадиону тула сүүрэн тэйдилэр, өрүтэ ыстаҥалаатылар. Кинилэр ортолоругар биллиилээх сүүрүктэр, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ уонна призердара Наталья Леонтьева, Диана Адасько, Александр Нечаев, Арассыыйа, Европа, аан дойду рингэлэрин кикбоксиҥҥа кыайыылааҕа Вадим Колтовской уо.д.а. бааллар.
Маҥнайгы сүрүн түһүмэх ыһыылаах-хаһыылаах күлүмэх сүүрүүтүгэр Ньурба Мэгэдьэгин быһыйа, Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтун бүтэрбит, билигин Дьокуускайга оҕо уһуйааныгар инструктордыыр Кэскил Николаев бастаата. Хамаанданан түмүккэ Олимпийскай солбук оҕо спортоскуолаларыттан – Н.С. Тимофеев аатынан Нам спортоскуолатын тренердэрэ Эдуард Дьяконов, Диана Тартакынова, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортоскуола инструктор-методиһа Марианна Макарова (Иванова), Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир киин сиэстэрэтэ Людмила Узорова, тренер Вадим Колтовской, Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэргэ киинин тренердэрэ Ким Иванов, Василий Чичахов, Олимпийскай солбугу бэлэмниир киин аналитик-методиһа Наталья Чиряева быһыйдардаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтин хамаандата бастаата. Дьокуускай куораттааҕы Үөрэх управлениета – иккис, куорат Физическэй култуураҕа уонна спорка управлениета үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр. Өйдөбүнньүк мэтээллэр, кубоктар, дипломнар уонна туһааннааҕынан 30, 20, 10 тыһыынчалаах харчынан сертификаттар туттарылыннылар.
Эстафетаны тэрийээччилэр саамай сөпкө бэлиэтээбиттэринэн, күрэхтэһиигэ кыттыыны ылбыттар – спордунан дьарыктаналларынан, физкультураны, спорду пропагандалыылларынан, чөл олоҕу тутуһалларынан бука бары кыайыыны ситистилэр!