30.01.2020 | 10:23

КЫАЙЫЫ 75 СЫЛЫГАР АНАЛЛААХ КҮРЭХТЭР

КЫАЙЫЫ 75 СЫЛЫГАР АНАЛЛААХ КҮРЭХТЭР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей быйыл Улуу Кыайыы 75 сылынан оскуола оҕолоругар икки улахан бырайыактаах: “Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола” уонна Фронтовиктар бэчээккэ тахсыбатах суруктара – история кэрэһиттэрэ».

Литературнай музей айар үлэһиттэрэ Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола выпускниктарын туһунан матырыйааллары хомуйан, экспертизалыыр үлэлэри саҕалаатылар. Бу бырайыакка музейы кытта СӨ Байыаннай комиссариата, историческай наука кандидаттара П.П. Петров, А.А. Павлов, суруналыыс Н.Н. Петров, СӨ Национальнай библиотеката, СӨ Национальнай архыыба, Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музей, Бойобуой килбиэн музейа онтон да атыттар кыттыһан үлэлииллэр. 

Литературнай музей билигин турар сирэ Ойуунускай ытык аатын уонна бүттүүн Саха сирин историятын кытта ыкса ситимнээх. Ону таһынан олбуорун таһыгар өйдөбүнньүк табличка ыйанан турар: “Манна Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола турбута. 1941-1945 сс. оскуола дьиэтигэр Саха сирин байыаннай комиссариата үлэлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин фронугар мантан 19 тыһыынчаттан тахса киһи барбыта, олортон  3 874 киһи дойдутугар эргиллибэтэҕэ».

БАЙЫАННАЙ ОСКУОЛА ИСТОРИЯТЫН ЧИНЧИЙИҤ

 “Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола” бырайыак 2019 сыл ахсынньытыттан саҕаланан баран 2020 с. ыам ыйыгар түмүктэнэр. Ким баҕалаах кыттыан сөп.

Ыспыраапка: 1926-1941 сс. литературнай музей сиригэр Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуола үлэлээбитэ. Бу оскуоланы арыйар этиини бастаан 1925 сыллаахха П.А.Ойуунускай көтөхпүтэ. 1926 сылга оскуоланы тэрийэн, олунньу ыйтан үөрэтэн барбыттара. Оскуола үөрүүлээх аһыллыыта олунньу 23 күнүгэр 1926 с. буолбут. Манна младшай хамандыырдары бэлэмнииллэрэ уонна Кыһыл Аармыйа саппааска сылдьар байыаннайдарын үөрэтэллэрэ. Бастакы выпускниктар 1927 с. бүтэрбиттэрэ., бүтэһик выпуск – 1941 с. этэ. 15 сыл устата байыаннай оскуола 900 младшай хамандыыры (билиҥҥинэн сержаннары) уонна байыастары бэлэмнээн таһаарбыта.

Ойуунускай былааннаабытын курдук, оскуола выпускниктара сэрии суох кэмигэр өрөспүүбүлүкэ араас тэрилтэлэригэр тутаах үлэһит буолбуттара. Бу оскуоланы бүтэрээччилэртэн 16 киһи Кыһыл Знамя уордьанынан, 4 киһи Ленин уордьанынан, хас эмэ уонунан киһи “Красная Звезда” уордьанынан, 1-кы уонна 2-ис истиэпэннээх Аҕа дойду сэриитин уордьаннарынан наҕараадаламмыттара. 19 киһи Кыһыл Аармыйа, ИДьМ, КГБ старшай офицердара буолбуттара.

Бу бырайыакка суруктаах хаартыскалары, ахтыылары, ыстатыйалары туталлар. Оҕолору чинчийэр үлэҕэ кыттыһыҥ, дьиэ кэргэн архыыбын үөрэтиҥ диэн тэрийээччилэр ыҥыраллар. Матырыйаалларынан Литературнай музейга бастайааннай турар экспозиция таҥыллыаҕа, электроннай кинигэ тахсыаҕа, үп көрүлүннэҕинэ документальнай киинэ уһуллуон сөп.

Матырыйаалларгытын электроннай почтаҕа “Военная школа” диэн ааттаан ыытаҕыт:   litmuzei@mail.ru

Аадырыстара: 677007, Дьокуускай к., Октябрьскай уул., 10 Т

Төл.: (4112) 42-89-12 

Билсэр төл.: 89142261107,  8914 829 0678

ДЬИЭ КЭРГЭН АРХЫЫБЫН ХАСЫҺЫҤ

 “Фронтовиктар бэчээккэ тахсыбатах суруктара – история кэрэһиттэрэ» бырайыакка сэриигэ сылдьыбыт саллааттар суруктарын тилиннэриэххит. Маныаха эмиэ оҕолор дьиэ кэргэн архыыбын кытта үлэлииллэрэ көдьүүстээх  буолуо диэн тэрийээччилэр этэллэр.

Сэриигэ үгүс айар талааннаах дьон ыҥырыллыбыттара, кинилэр айымньылара билигин баар дьонноругар хараллан сытар буолуохтарын сөп. Литературнай музей фронтовиктар күн сирин көрбөккө хаалбыт айымньыларын кэлэр көлүөнэлэргэ тиксэриэн баҕарар.

Бырайыак 2019 с. ахсынньытыттан саҕаланан баран 2020 с. ыам ыйыгар түмүктэнэр. Ким баҕалаах кыттар. Суруктары хайдах баарынан, нууччалыы уонна сахалыы тылынан туталлар. Ааптар хаартыската уонна биографията баар буолуохтаах. Фронтовиктар рукописьтара, аймахтара сөбүлэстэхтэринэ, музей пуондатыгар хараллыыга хаалаллар. Бастайааннай экспозиция оҥоһуллар, суруктар “Аҕа дойду Улуу сэриитэ. Норуот геройдуу быһыыта” летописька киириэхтэрэ.

Матырыйаалларгытын электроннай почтаҕа “Неопубликованные рукописи” диэн ааттаан ыытаҕыт: litmuzei@mail.ru

Аадырыстара: 677007, Дьокуускай к., Октябрьскай уул., 10 Т

Төл.: (4112) 42-89-12 

Билсэр төл.: 89142261107, 8914 829 0678

ӨЙТӨН СУРУЙУУ КҮРЭҔЭ

Дойду үрдүнэн биллэриллибит Өйдөбүнньүк уонна Албан аат сылынан “Без срока давности” бүтүн Арассыыйатааҕы өйтөн суруйуу күрэҕэ  биллэрилиннэ. Олунньу 28 күнүгэр диэри ыытыллар. 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар. Өйтөн суруйуу тиэмэлэрэ:

  • Аҕа дойду Улуу сэриитин түгэннэрэ;
  • Музей эбэтэр мемориал тэриллиитин историята;
  • Аҕа дойду Улуу сэриитэ мин дьиэ кэргэммэр;
  • Сэрии кыттыылаахтарын уонна тыыл бэтэрээннэрин биографиялара;
  • Фронтовик суруйааччылар, поэттар айар үлэлэрэ;
  • Сэрии саҕанааҕы музыкальнай айымньылар, кинигэлэр, документальнай уонна художественнай киинэлэр;
  • Чинчийэр, көрдүүр этэрээттэр үлэлэрэ, волонтердар хамсааһыннара, ыччат Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан өйдөбүлү үйэтитиигэ кылаата.

Күрэх бастакы түһүмэҕэ тохсунньу 31 күнүгэр диэри Саха сиригэр, онтон иккис Арассыыйатааҕы түһүмэх олунньу 28 күнүгэр диэри ыытыллар. Арассыыйатааҕы түһүмэххэ Саха сириттэн биир эрэ үлэ талыллар.

Куонкуруска 8 финалист кыайыылаах тахсар. Наҕараадалааһын Москва куоракка ыытыллар.

Сиһилии http://iroipk.ykt.ru/archives/542430 сайтка көрүҥ.

Билсэр төл.: 89679128010 – Аммосова В.В.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)