02.10.2020 | 11:18

“Кыайыы 75” быыстапка үлэтин саҕалыыр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтынньы 1 күнүттэн “Арассыыйа – Мин историям” история пааркатыгар Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар аналлаах “Кыайыы 75” быыстапка аһыллыыта буолуоҕа.

Манна саха бэргэн ытааччыта Иван Кульбертинов тус маллара, фронтан кэлбит суруктар уонна телеграммалар, ону таһынан Улуу Кыайыыны кэрэһилиир предметтэр дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыаҕа.

Паарка ыалдьыттарыгар быыстапка мультимедийнай чааһыгар сэрии кэмин хаартыскалара “тиллэн” көстүөхтэрэ, маны сэргэ, аныгы технологиялар көмөлөрүнэн Саха сирэ дойдуну фашистартан босхолооһуҥҥа кылаатын билиэхтэрэ.

“Быыстапкаҕа Арассыыйа Сэбилэниилээх күүстэрин музейын уонна бииргэ үлэлиир музейдарбыт матырыйаалларын туһанныбыт”, – диэн паарка пресс-сулууспата иһитиннэрэр.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....