22.04.2022 | 11:30 | Просмотров: 1031

Кыаммат ыалга өссө биир көмө

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Муус устар 1 күнүттэн кыра дохуоттаах уонна 8-тан 17-гэр диэри саастаах оҕолордоох дьиэ кэргэн саҥа босуобуйа ылар кыахтанар.

 

Саха сиригэр бу көмөнөн, барыллаан ааҕыынан, 41 000 оҕо туһаныахтаах.

Саҥа босуобуйа базовай суумата – олох таһымын алын кээмэйин аҥаарыгар тэҥнэһэр.

 

Босуобуйаны дьиэ кэргэн дохуота биир киһиэхэ үллэһиллэн олох таһымын алын кээмээйиттэн кыра буоллаҕына эрэ ылар бырааптаах. Ыал дохуотуттан, олорор зонатыттан көрөн, оҕоҕо 9 728 солк. саҕалаан 23 229 солк. тиийэ ылыахха сөп буолуоҕа.

Сайабылыанньаны 3-7 саастаах оҕоҕо босуобуйа ыларгытыгар толорбуккут курдук оҥороҕут. Ыам ыйын 1-кы күнүттэн Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар уонна МФЦ-га тиийэн толоруохха сөп. Босуобуйа ыларгыт бигэргэннэҕинэ, икки ыйдааҕыны – муус устар уонна ыам ыйын харчытын холбоон бэриллэр.

Эмиэ 3-7 саастаах оҕолорго көрүллэр босуобуйа курдук, дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн, олох таһымын алын кээмэйин 50-75-100 бырыһыана диэн суоттанар.

2022 сылга саҥа босуобуйа кээмэйэ эргимтэлэринэн:

1-гы эргимтэ – Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн-Бытантай, Айхал уонна  Удачнай бөһүөлэктэрэ:

- 50% – 11 614 солк. 50 харчы;

- 75% – 17 421 солк. 75 харчы;

- 100% – 23 229 солк.

 

2-с эргимтэ – Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы уонна Дьокуускай:

- 50% – 9 728 солк. 50 харчы;

- 75% – 14 592 солк. 75 харчы;

- 100% – 19 457 солк.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аан Дархан тапталлаах доҕоро
Дьон | 04.08.2026 | 20:00
Аан Дархан тапталлаах доҕоро
Бүгүн, атырдьах ыйын 4 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев бу олохтон туораабыта үһүс сыла. Бүгүн Дьокуускай куорат Автодорожнай уулуссата уонна 40 №-дээх оскуола кини аатын сүгэллэр. Олорбут дьиэтигэр өйдөбүнньүк дуосканы ыйыахтара.
Дьааҥыларга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөһөр
Сонуннар | 07.08.2026 | 19:00
Дьааҥыларга өрөспүүбүлүкэ бүттүүнэ көмөлөһөр
Халаан уутуттан улаханнык эмсэҕэлээбит Дьааҥы улууһугар билигин Саха сирин бары улуустара, ону тэҥэ Дьокуускай куорат үгүс тэрилтэлэрэ көмөлөһөн эрэллэр.
ЭРЭҺИИНЭ САППЫКЫ. Хайдах талабыт, төһөҕө булабыт?
Тускар туһан | 04.08.2026 | 15:30
ЭРЭҺИИНЭ САППЫКЫ. Хайдах талабыт, төһөҕө булабыт?
Ардах, самыыр кэмэ саҕаланна. Эрэһиинэ саппыкыны таларбытыгар хас да өрүтүн көрүөхтээхпит: оҥоһуллубут матырыйаалын, уллуҥун, кээмэйин, биэтэһин, моһуонун.
«Анкл Бэнс» салаат
Тускар туһан | 05.08.2026 | 18:00
«Анкл Бэнс» салаат
Оҕуруот аһыттан саамай хаппырыыһа суох уонна өлгөмнүк үүнэллэрэ – кабачок. Оттон сатабыллаах хаһаайкалар кабачоктан сибиэһэйдии сиэниллэр салаат арааһыттан, кыһын сииргэ анаан лечоттан, аджикаттан саҕалаан, тортка, бөрүөккэ тиийэ астыыллар.