Кыһыны тулуйар албастар
«Хаппыысталыы» таҥнарга тиийэбит
Илии тоҥмотун туһугар икки хос үтүлүк кэтиэххэ наада: сылаас буолуо. Төбө нөҥүө организм 30% итиитин сүтэрэр, онон бэргэһэ кыһыҥҥы гардеробка булгуччулаах. Билигин маҕаһыыҥҥа талбыт баккы атыыланар, ону атыннык «термобелье» диэн ааттыыллар. Термобелье үрдүнэн чэпчэки таҥаһы кэтэр оруннаах, тоҕо диэтэр термобелье тымныынан хаарыйбат. Уопсайынан, үөһээҥҥи таҥас тыалтан харыстыыр аналлаах буолуохтаах. Наһаа ыйааһыннаах буолбакка, кытаанах уонна хаачыстыбалаах матырыйаалтан тигиллибит буолуохтаах. Унтуута суох киһи кыһыны бачыыҥканан туоруурга күһэллэр. Онуоха бачыыҥка уллуҥаҕа халыҥ, үрдүк буолара табыгастаах.
Саарпыктаах сылдьыбыт ордук
Кыһыҥҥы тымныыга киһи муннунан тыыныахтаах. Онон күөмэйбитин уонна түөспүтүн ыга саарпыктанабыт. Бу маннык гынан күөмэйгитин уонна тыҥаҕытын харыстыыгыт.
Таһырдьа тахсыах 20 мүнүүтэ иннинэ кириэмнэ бистиҥ
Сирэйи тымныыттан харыстыыр кириэм арааһа элбэх. Кинилэр састааптарыгар «серин” эбэтэр “NMF” киирэр.
Антигистаминнай сириэстибэлэри илдьэ сылдьыҥ
Эппиппит курдук, киһи эрэ барыта тымныыны тулуйбат. Сорох киһи тымныыттан аллергиялыыр, этэ барыта кыһыл ымынах буолуон сөп. Ону антигистаминнай сириэстибэ быһаарыан сөп.
Оттон тумуулаабат туһуттан муруну оксолиновай мааһынан сотор ордук, бу маас чахчы туһалыыр курдук. Оттон мурун хааппылатын таһырдьа тахсыах иннинэ куттумаҥ, иммунитет үлэтэ кэһиллэр кутталлаах.
Итиини иһимэҥ
Тымныыга быраастар элбэх уута иһиҥ, сыалаах, иҥэмтэлээх аһылыгы аһааҥ диэн сүбэлииллэр. Оттон уулуссаҕа уһуннук сылдьарга былааннаннаххына, элбэх углеводтаах аһы аһааҥ. Субу таһырдьа тахсаары туран итии утаҕы иһэр наадата суох: сылаас утах тымыры кэҥэтэн, эт-сиин сылааһын түргэнник сүтэрэр.
Арыгыттан, табахтан аккаастаныҥ
Намыһах температураларга арыгыны иһии уонна табаҕы тардыы кутталлаах. Арыгы тымыры кэҥэтэр, сылааһы түргэнник таһаарар уонна оттон кутталлаах даҕаны, ол-бу буолан хаалыан сөп. Никотинтан тымныыга киһи төбөтө ыалдьар, оннооҕор «тымныы мигреньҥа» тиийэ баар. Бу кэннэ орон-тэллэх киһитэ буолар да ырааҕа суох. Доруобай буолуҥ!
Хаһаайкаҕа сүбэлэр
• Халбаһы түүнүгүрбэтин наадатыгар кырбаһы аһыы соҕус туустаах ууга уган ылаҕын.
• Салапаан мөһөөччүктэригэр хайаҕастары оҥордоххо, килиэп түүнүгүрбэт.
• Халбаһы быһыллыбыт өттүн арыынан эбэтэр сымыыт белогунан соттоххо, сибиэһэй сылдьыа.
• Кэтилиэти, шницели буһараргытыгар уксус уонна үүнээйи арыытын булкадаһыгынан соттоххо, сымнаҕас буолар.
• Иннэни, булавканы, испииссэни дьэбинирдэҕинэ хаһаайыстыбаннай мыылаҕа батары ас. Оччоҕо ырааһырыа.
• Сыппах быһаҕы чаас аҥаара туустаах ууга (1 ост. нь. 1 л ууга ) туттахха, түргэнник сытыыланар.
• Сосисканы оргуйа турар ууга уктахха хайа ыстанар. Ол иһин ыһаарыылыыр эбэтэр паарга сылытар ордук.
• Эриллэр хаппахтаах өстүөкүлэ бааҥка кыайан арыллыбатаҕына, оргуйа турар ууга уган ыл, түргэнник арыллыа.
Хаан кутуутугар сүбэлэр
Ынах уонна сылгы хаанын оһоҕоско кутан бэлэмнээһин ордук тэнийбит ньыманан буолар. Былыр былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри хааны икки көрүҥҥэ араараллар: субайга уонна хара хааҥҥа.
Субайы сылгы, ынах хааннарыттан ылыллар. Хааны кутуох иннинэ туттар тэрили үчүгэйдик бэлэмнииллэр. Кутуллубут хааны угарга анал нэлэгэр миискэ, 250 мм уһуннаах хатыллыбыт сап, 120 мм уһуннаах кураанах тиит мастан эбэтэр хатыҥтан оҥоһуллубут үтэһэ баар буолуохтаах. Сылгы хаанын эмалированнай иһиккэ кутан, быыстаах гына хаппахтаан баран, биир эбэтэр балтараа суукка сөрүүн сиргэ сөҥөрдө туруоруллар. Хаан булкуллуо, хамсатыллыа суохтаах. Итинник туруоруллубут хааны нэлэгэр хамыйаҕынан үрдүгэр тахсыбыт дьэҥкир хаанын холбуйаллар. Холбуйуллубут 5 ыстакаан хааҥҥа 4 ыстакаан үүт кутуллар уонна бэйэ сөбүлүүрүнэн туус эбиллэр. Үчүгэйдик ыраастаммыт, сууйуллубут оһоҕоһу үрэн, бэрэбиэркэлээн, сыалаах өртүн ис өртүгэр тиэрэн баран ити бэлэмнэниллибит хааны кутуллар. Ылыллыбыт оһоҕос биэс гыммыт үһүгэр сөп түбэһэр гына кутуллуохтаах. Оһоҕостоох хааны илиинэн оргууй имэрийэн салгынын таһаарыллар уонна эрийэ тутан баран үтэһэни анньан туттарыллар, сабынан баайыллар. Бэлэм кутуллубут хааны оргуйа турар ууга угуллар, уот наһаа күүстээх буолуо суохтаах. Ууну туустуур ордук. Хаан буспутун-буспатаҕын илиинэн тутан билиллэр. Буспут хаан баттаатахха бэрдийбит курдук ыарыыр, оччоҕуна биилкэ уһугунан сэрэнэн тэһиллэр. Буспут хаантан дьэҥкир сүмэһин тахсар.
Буһарыллыбыт хааны ууттан таһаараат, кыратык сойутаҕын. Ити кэнниттэн үтэһэтин уонна баайыытын быһан быраҕыллар. Хааны улахан бүлүүдэҕэ ууран баран төгүрүк эбэтэр ньолбуһах гына халбаһылыы быһыллар. Үчүгэйдик оҥоһуллубут субай сырдык өҥнөөх ньалҕаархай буолар. Хааны сылаастыы остуолга биэрэр ордук табыгастаах. Дьиэ кэргэҥҥэ улахан гына бысталаан анал тэриэлкэлэргэ ууран өлүүлүү-өлүүлүү биэрэр ордук. Ити хаан сылааһын уһуннук тутарыгар көмөлөһөр. Субайы ынах хааныттан ылыы эмиэ итинник оҥоһуллар.
Хара хааны субайдаабакка аҕыйах чаас туруора түһээт, сиидэҕэ эбэтэр маарылаҕа кутан убаҕаһын ылыллар, 5 ыстакаан хааҥҥа 4,5 ыстакаан үүт кутуллар. Хара хааҥҥа күөх луугу эбэтэр чесногу эбиллэр. Минньигэс буоларын наадатыгар ынах ис сыатын кырбаан кутуллар. Кыһыҥҥы бириэмэҕэ оһоҕоско кутуллубут хааны тус-туспа ууран тоҥоруллар. Тоҥорууну салапаан мөһөөччүккэ оҥорор ордук. Тоҥмут хаан сүрдээх кэбирэх буолар, ол иһин мөһөөччүк алдьамматыгар көмөлөһөр.
Лавр сэбирдэҕин туһата
Айаҕыҥ сыттанар эбэтэр стоматиттаан эрэйдэнэр буоллаххына, күнҥэ хаста да лавр сэбирдэҕин ыстаа. Ол кэнниттэн хайаан да чаас кэриҥэ уу иһэртэн, аһыыртан туттунарыҥ ордук.
Оҕо кыраттан өрүкүнүйэр, утуйан быстыбат идэлэннэҕинэ, сыттыгар лавр сэбирдэҕин тигэргэ сүбэлииллэр. Ол сэбирдэхтэн илгийэр сыт ханнык да валериана силиһинээҕэр бэркэ холкутатар дьиктилээх.
Дьаҥ-дьаһах турбут кэмигэр лавр сэбирдэҕин оргуйа турар ууга ук. Ол кэннэ 15 мүнүүтэ көйөрөн баран, нэлэгэр тэриэлкэҕэ кутан остуолга уур. Дьиэ иһэ бэрт сотору лавр сытынан туолуо, ону кытта салгынҥа тарҕаммыт ыарыы бактыарыйата өлбүтүнэн барыа.
Атах сыттанар түгэнигэр сүбэ. 30 устуука лавр сэбирдэҕин ылан ыстакаан оргуйбут ууга уган бардарыллар. Үс чаас оннук турар. Ол кэнниттэн ууну таастаах ууга кутан баран, атаххын онно уган, 10 мүнүүтэ олоруллар. Оччотугар атах ууланара, сыттанара быдан аматыйар.