28.10.2022 | 07:00

Кыһыны көрсөргө бэлэмҥит дуо?

Кыһыммыт барахсан тиийэн кэллэ. Дьыл уларыйыыта киһи доруобуйатыгар, ис туругар эмиэ сабыдыаллыыр. Кыыдааннаах кыһыны киһи барыта сөбүлүүр буолбатах, куораппыт туманынан бүрүллүө, күммүт барахсан дэҥҥэ көстөн ааһыа.
Кыһыны көрсөргө бэлэмҥит дуо?
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Ис турукпутун, доруобуйабытын бөҕөргөтөр, санаабытын көтөҕөр ньыма булан, кыһыны көрсөргө бэлэмнэниэхпитин наада. Бастаан уйулҕа үлэһиттэрэ тугу сүбэлииллэрин көрүөҕүҥ.

 

Дьаарбайабыт

Сылаас күннэри баттаһа сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик дьаарбайабыт. Ордук күн чаҕылыччы тыган турдаҕына айылҕаҕа, пааркаҕа дьаарбайыы – үчүгэй настарыанньа, чэгиэн турук төрдө. Күнтэн организмҥа олус наадалаах, иммунитеппытын бөҕөргөтөр D битэмиин үөскүүр. Дьаарбайыы үтүө түмүгэ – ньиэрбэ систиэмэтэ бөҕөргүүр, уоскуйар, хааҥҥа кислород киирэр, турук тупсар, сүргэ көтөҕүллэр.

 

Сынньанабыт, утуйабыт

Төһө да түбүктээх үлэлээх буолларбыт, доруобуйабыт туругуттан көрөн, сэттэ-тоҕус чаас утуйа сатыахтаахпыт. Оччоҕо сынньанан, күүспүт-уохпут чөлүгэр түһэн турар, саҥа күнү чэбдик туруктаах көрсөбүт. Күн кылгыыр, онон арыый эрдэ утуйар буолуохха сөп. Үчүгэйдик, налыччы утуйуу психическэй доруобуйаҕа эмиэ туһалааҕын умнубаппыт.

 

Аспытын-үөлбүтүн көрүнэбит

Кыһын устата чөл туруктаах, мунчаарбакка, ыалдьыбакка сылдьар курдук, исписэлиистэр күннээҕи аскытын көрүнүҥ диэн сүбэлииллэр. Доруобуйабытын бөҕөргөтөр элбэх битэмииннээх аһылыгы аһыахпытын наада – эти, балыгы, оҕуруот аһын, тэллэйи. Цитрусовайдары умнубаппыт  – апельсины, мандарины, лимону чэйбитигэр, аспытыгар кутабыт. Саһархай өҥнөөх фрукталар, цитрусовайдар С битэмиининэн баайдар, ону таһынан сүргэни көтөҕөр уратылаахтар.

 

Сорук туруорунабыт, былаанныыбыт

Сааһыланар эбэтэр уустук кэмҥэ аралдьыйар туһуттан, сыаллаах буолуохтаахпыт. Ити биһигини бэрээдэктиир, олоххо тардыһыыбытын күүһүрдэр. Былааннарбытын уонна оҥоһуллуохтаах, ситиһиллиэхтээх соруктарбытын сурунарбыт ордук: күннээҕини эрэ буолбакка, инники сыалбытын, сайыҥҥы сынньалаҥмытын, тугу атыылаһыахтаахпытын.

 

Бэйэ бодобутун тардынабыт

Ол курдук, ис турукпутун сааһыланабыт, болҕомтолоох уонна дьиссипилиинэлээх буолабыт. Ити – сыалбытын ситиһэр кыаҕы биэрэр сүдү күүс. Дьиэбитин хомунабыт, кыра да буоллар сөбүлүү көрбүт тэрилбитин атыылаһабыт, дьиэбит көрүҥүн тупсарабыт. Итинник дьаһаннахха, үлэ да, сынньалаҥ да таһаарыылаах буолар, сүргэ да көтөҕүллэр.

 

 

Саҥа дьарык

Аралдьыйыы биир көрүҥэ – туох эрэ саҥа, сонун дьарыгынан үлүһүйүү. Кыраттан саҕалыахха эбэтэр уруккуну да сөргүтэн саҥалыы тыынныахха сөп. Холобур, долбуурга сыппыта ырааппыт кинигэбитин ылан ааҕыахха. Фитнеһинэн, йоганан, үҥкүүнэн дьарыктанар бөлөххө суруйтарыахха, омук тылын үөрэтиэххэ, урут саҕалаан иһэн бырахпыт дьарыкпытын сөргүтүөххэ эбэтэр кинигэ суруйуутун саҕалыахха. Дьарыктаах киһиэхэ күн-дьыл биллибэккэ ааһар.

 

Хамсанабыт

Эт-хаан өттүнэн дьарык үлэ таһаарыылаах буоларыгар, чэгиэн-чэбдик сылдьарга, сүргэ көтөҕүллэригэр олус туһалааҕын учуонайдар дакаастаан тураллар. Сорох дьон, ордук кэрэ аҥаардар, холобура, бүгүүрэбит туһунан сайын кэлиитэ, сынньанар, сөтүөлүүр кэмҥэ дьэ саныыбыт. Дьиҥэр, кыһыҥҥы өттүгэр кэлии-барыы аҕыйаан уойар куттала баар. Ол тас көрүҥҥэ эрэ буолбакка,  доруобуйабытыгар охсуулааҕын умнуо суохтаахпыт. Учуонайдар этэллэринэн, стреһи уонна санаа түһүүтүн кытта охсуһарга спорт – биир бастыҥ ньыма. Саатар сарсыардааҥҥы сэрээккэттэн саҕалыахха, элбэхтик сатыы хаама сатыахха.

 

 

Үтүөнү, сырдыгы ыралыыбыт

Түннүк нөҥүө көстөр тумарык тумаҥҥа, чуҥкук халлааҥҥа  наадыйбакка, болҕомтобутун олох сырдык, үөрүүлээх түгэннэригэр уурабыт, кыраттан да  үөрэбит-көтөбүт. Баҕа санааларбытын, махталбытын суруна сылдьабыт. Сатанар буоллаҕына, медитациялыыбыт, сарсыарда тураат, санааны бөҕөргөтөр аффирмациялары ааҕыахха эбэтэр хайдах сатыырбытынан алҕаныахха сөп. Ити барыта санаабытын көтөҕөр, бэйэҕэ эрэли күүһүрдэр. Муусукаттан серотонин үөскүүр үһү, онон сөбүлүүр ырыаларбытын истиэххэ, тэҥҥэ ыллаһыахха.

 

Сөпкө тыынабыт

Сөпкө тыыныы тиэхиньикэтин депрессияны кытта охсуһарга ситиһиилээхтик туһаналлар. Ити ньыманы тыһыынчанан сыллар тухары аймалҕаны, стреһи, кутталы, сылайыыны суох гынарга туттубуттар. Сөпкө тыынарга үөрэнэргэ анал литератураны ааҕыахха, Ютуб-ханаалга көрөн йога тренердэриттэн да үөрэниэххэ сөп. Саамай судургу тиэхиньикэ –"4-7-8". 4 сөкүүндэ иһигэр салгыны эҕирийэбит, 7 сөкүүндэ тыыммаппыт, онтон 8 сөкүүндэ устата тыыммытын таһаарабыт.

Аны быраастар сүбэлэрин көрүөҕүҥ.

 

 

Доруобуйабытын көрүнэбит

Кыһын саҕаланна даҕаны тымныйан ыалдьыы, ОРВИ, ОРЗ, грипп үгэнниир. Биллэн турар, билигин да нэһилиэнньэҕэ вакцинация ыыталлар, быһыы туруораллар. Ити төһө туһалаах миэрэний? Ыарыыны уодьуганныырга саамай көдьүүстээх – ыарыыны эрдэттэн сэрэтии. Онтон онно саамай туһалаах миэрэлэртэн биирдэстэрэ вакцинация буоллаҕа. Быһыыны туруоруу араас эми, битэмиини, БАДтары эҥин иһэрдээҕэр көдьүүһэ улахан диэххэ сөп.

Вирустаах ыарыылартан аскорбиновай кислоталаах, С битэмииннээх астар, утахтар барыта туһалаахтар – киһи иммуннай систиэмэтин бөҕөргөтөллөр. Ыарыы үгэннээн турар кэмигэр ыалдьыбатах даҕаны киһи, ыйааһыныттан көрөн, күн аайы 1,5-2 г диэри аскорбиновай кислотаны сиэн наада. С битэмиин ордук уулаах отоҥҥо, дөлүһүөҥҥэ, оҕуруот аһыгар баар.

Имбирдээх, мүөттээх, лимоннаах чэй, чосунуок олус үчүгэй. Бырааһы кытта сүбэлэһэн баран иммуномодулятордары иһиэххэ сөп. Элеутерококк, “золотой корень”, женьшень эҥин диэн былыр-былыргыттан күүстээх эмтээх үүнээйилэргэ болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Итилэри сарсыарда иһэр ордук.

БАД-тар тустарынан этэр буоллахха, бэстэн оҥоһуллубут “Сосновая пыльца” иммунитекка үчүгэйэ бэлиэтэнэр. БАД-тары лицензиялаах тэрилтэлэртэн атыылаһар ордук.

Аспытыгар-үөлбүтүгэр улахан болҕомтону уурарбыт наада. Күннээҕи рациоҥҥа эт, балык, үрүҥ ас, биир тылынан эттэххэ, дьиҥнээх айылҕа бэлэҕиттэн (натуральнай) бородуукта баара наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...