26.11.2021 | 11:00

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл саҕаланна

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» куорат таһымнаах бырааһынньыктан саҕалаан киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ кубулуйбут бэстибээл быйыл онус төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх сыла. Сарсыҥҥыттан, сэтинньи 26 күнүттэн, киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын кыһыны көрсүү бырааһынньыгар ыҥырабыт. Быйылгы тэрээһиннэр, биллэн турар, онлайн уонна оффлайн ыытыллаллар.

«Бэстибээл аан бастаан 2011 сыллаахха Айсен Николаев көҕүлээһининэн, кини Дьокуускай куорат баһылыгынан үлэлиир кэмигэр ыытыллыбыта. 10 сыл иһигэр тэрээһин аан дойдуга Сахабыт сирин туризмын, култууратын, спордун уонна бизнеһин билиһиннэрэр бэстибээл буола үүннэ. Тымныы кыһыммытыттан чаҕыйбакка, Саха сирин норуоттарын үгэстэрин кытта билсиһэ, Арассыыйа регионнарыттан уонна тас дойдулартан дьиэ кэргэнинэн уонна улахан иллээх хампаанньанан кэлбит ыалдьыттарга, туристарга өрөспүүбүлүкэ визитнай карточкатынан буолар», — диэтэ Саха сирин предпринимательствоҕа, атыыга уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Высоких.

Бэстибээл регион иһинээҕи туризм кыаҕын, көхтөөх сынньалаҥы, ыалдьытымсах буолууну сайыннарыыга туһуламмыт. 

Быйыл өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун уонна ыалдьыттарын элбэх тэрээһин күүтэр. Ол курдук, аан бастаан «The Snow Queen in Yakutia» арт-шоу, «Охота на северное сияние» хаартыска уонна видео күрэхтэрэ, «Саха Моржи» диэн чөл олох кулуубун, саха норуотун остуоруйаларынан «Кыһыҥҥы остуоруйа» бырайыактара («Арассыыйа – мин историям»), маастар-кылаастар, виртуальнай уонна хаартыска быыстапкалара уо.д.а. ыытыллыахтара. Элбэх тэрээһин онлайн-форматынан ыытыллыаҕа, оччотугар аан дойду хайа баҕарар муннугар олорон, ким баҕалаах Саха сирин кытта билсиһэр кыахтанар. 

Бэстибээл киэргэтиитинэн «Arctic fashion show» муода көрдөрүүтэ буолар. Быйыл үһүс төгүлүн ыытыллар тэрээһин өрөспүүбүлүкэ муодаҕа индустриятын драйвера буола үүннэ. «Сыл ахсын бырайыак киэҥник биллэр буолан иһэр, саха дизайнердарыгар интэриэһи үөскэтэр, саҥа ааттары арыйар уонна анал бырайыактар чэрчилэринэн суолталаах тиэмэлэри көтөҕөр курдук тэрийээччилэр улахан үлэни оҥороллор. Ити ордук саҥа саҕалыыр дизайнердарга туһалаах, кинилэр муода эйгэтигэр бэйэлэрин билиһиннэрэллэр, коллекцияларын киэҥ дьүүлгэ таһаараллар. Быйыл муода көрдөрүүтэ ахсынньы 2 күнүгэр «Триумф» спортивнай бэлэмнэнии Киинигэр буолуоҕа. Уустук эпидемиологическай быһыынан-майгынан сибээстээн муода көрдөрүүтэ аһаҕас буолар кыаҕа суох, онон «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа эфиргэ көстүөҕэ, итини сэргэ  Instagram социальнай ситим официальнай сирэйигэр», — диэн бэлиэтээтэ Ирина Высоких.

«Вкус Якутии» гастрономическай бэстибээл чэрчитинэн киин куорат бастыҥ рестораннара саха национальнай астарын аныгылыы көрдөрүөхтэрэ. Туспа былаанынан шеф-повардар маастар-кылаастара ыытыллыаҕа, национальнай бүлүүдэлэри амсатыы буолуоҕа.

Тэрээһин чэрчитинэн киин куоракка үс сиринэн «муус куораттар» оҥоһуллуохтара: Атласовтар уһаайбаларыгар, «Үрдэл» көхтөөх сынньалаҥ пааркатыгар уонна үгэс буолбут сиригэр — 202-с дьоҕус оройуоҥҥа. 

Саамай чаҕылхай түгэнинэн, үгэс быһыытынан, Дьокуускай сүрүн болуоссаттарыгар саҥа дьыллааҕы харыйалар уоттарын уматыы буолуоҕа. Өр сыллааҕы үгэһинэн, Арассыыйа бастакы харыйата Саха сиригэр «уматыллар». Ити ахсынньы 1 күнүгэр буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....