09.12.2023 | 16:00

Кыһын Саха сириттэн саҕаланар!

Кыһын Саха сириттэн саҕаланар!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Үгэскэ кубулуйбут “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» дойду биир саамай кыһыҥҥы күүтүүлээх бэстибээлэ сэтинньи 27 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр диэри буолан ааста. 
Быйылгы бэстибээл чэрчитинэн үгүс интэриэһинэй тэрээһин ыытылынна. Ол курдук, «Тоҥ балык-2023», «Саха сирин амтана» — ас бэстибээллэрэ, бриллиант баал, хаар-муус оҥоһуктарга күрэс, күүтүүлээх харыйа уотун уматыы уо.д.а. 
Санатар буоллахха, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстиибэл Дьокуускай куоракка 2011 сылтан тэриллэр.
Дойду таһымыгар ыытыллар бэстибээл чаҕылхай түгэннэриттэн кэпсиибит.

Күүтүүлээх харыйа уота умайда

Ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускай куорат  харыйатын уотун уматыы буолла. Бу күн Орджоникидзе болуоссатыгар тымныыны тымныы диэбэккэ тыһыынчанан киһи оҕолоругар Саҥа дьыл алыптаах түгэнин көрдөрөөрү муһунна.

Киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ.

«Бүгүн “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн биһиги киин куораппыт сүрүн харыйатын уотун бииргэ уматыахпыт. Күндү куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара! Быйылгы былааннаммыт дьыалаларгыт барыта ситиһиилээхтик түмүктэнэллэригэр, оттон оҕолорго үөрэх чиэппэрин үчүгэй сыаналардаах бүтэрэллэригэр баҕарабын!» - диэн эҕэрдэлээтэ Евгений Григорьев.

Бу күн Саха сирин бары улуустарыгар, оройуоннарыгар харыйалар уоттара сандаардылар.

«Кока Кола» киэргэтиллибит массыыналара айаннаатылар

Оҕо сылдьан саҥа дьылбыт чугаһаан иһэрин аатырбыт “Кока Кола” хампаанньа рекламатын көрөн билэр буоларбыт. Күн ахсын бу угуйук хас эмэ ханаалынан тэҥҥэ көрдөрүллэн, саҥа дьыллааҕы тыыны биэрэрэ. Дьэ, быйыл күүтүүлээх харыйа уотун уматыы кэнниттэн Дьокуускайга маннык массыыналар колонналара айаннаата!

Кустук араас өҥүнэн кылабачыйар, уоттаах-күөстээх массыыналар Ленин проспегын айаннаатылар. Колоннаҕа «Якутия» ФАПК, Дьокуускайдааҕы килиэп, үүт собуоттарын, көтөр фабрикатын массыыналара кыттыыны ыллылар.

Өбүгэлэрбит кэппит кыһыҥҥы сонноро

СӨ Национальнай библиотекатыгар «Олоҥхо таҥаһын алыптаах дьиктитэ» диэн төрүт өбүгэлэрбит кэппит кыһыҥҥы соннорун көрдөрдүлэр. Тэрээһин Олоҥхо декадатын уонна «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытылынна.

Бу күн Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Сунтаартан саха мааны таҥаһын тигиитинэн утумнаахтык уонна ситиһиилээхтик дьарыктар иистэнньэҥнэр кытыннылар.

Тэрээһини «Уран иис» түмсүү салайааччыта, история билимин хандьыдаата, ХИФУ доцена Светлана Петрова уонна «Өбүгэ суола» билим-сырдатар түмсүү салайааччыта Александра Прокопьева иилээн-саҕалаан ыыттылар.

«Бу күрэх кыттааччылара сотору Чурапчыттан Наамайар Огдооччуйа уонна Уус Ылдьаана, Сунтаартан Уар кыыһа Маарыйа уонна Бортунуой Хабырылла курдук уос номоҕор киириэхтэрэ диэн эрэнэбин. Саха таҥаһынан утумнаахтык дьарыктанар маастардар үлэлэрэ соторутааҕыта Африка курдук ыраах сиргэ быыстапкаҕа туран кэлбиттэрэ ону туоһулуур», - диэтэ Светлана Петрова.

Тэрээһиҥҥэ 19-20-с үйэ саҥатыгар кэппит эр киһи, дьахтар кыһыҥҥы мааны соннорун, бэргэһэлэрин, дьабакаларын, сутуруолаах этэрбэстэрин, тирии үтүлүктэрин көрдөрдүлэр. Ол кэннэ сон иһинэн тугу кэтиэххэ сөбүн кэпсээтилэр. Биллэн турар, маанылаах халадаай уонна кэһиэччик, оноолоох сон умнуллубатылар.

Аан бастакытын алмаас таас баала буолла

Бу күннэргэ Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха судаарыстыбаннай бриллиант циркэтин уораҕайыгар «Бриллиант баал» аһымал тэрээһин буолан ааста. Оттон хомуллубут үбү «Харысхал» пуондаҕа ыыттылар.

«Бриллиант баал – ураты тэрээһин. Быйыл аан бастактын кыһын ыытылынна. Оттон саха алмааһа аан дойдуга кэрэтинэн, кытаанаҕынан, ырааһынан биллэр. Бу тэрээһин Саха сиригэр туризм сайдыытыгар тирэх буоларын сэргэ саха алмааһыгар аан дойду болҕомтотун тардар аналлаах», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков.

Оттон урбаан миниистирэ Тимур Ханды саха алмааһын туһунан эмиэ бэйэтин ураты көрүүтүн үллэһиннэ: «Салгыы даҕаны Саха сирин туһунан кэпсии, тарҕата туруохпут буоллаҕа. Алмаас диэн күндү таас эрэ буолбатах, дьиҥнээх алмаастар биһиги бэйэбит, тыйыс усулуобуйаҕа олоҕу олорор дьон буолабыт».

«Тоҥ балык-2023» күрэххэ кимнээх кыайдылар?

Ахсынньы 3 күнүгэр бэстибээл чэрчитинэн «Тоҥ балык-2023» аһаҕас өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолла. Саха сирин араас улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат уокуруктарыттан 16 хамаанда Ю.А. Гагарин аатынан култуура уонна аныгы искусство киинигэр күрэхтэстилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгы күрэх өрөспүүбүлүкэ таһымыгар аан бастакытын буолла.

Күрэх үс түһүмэҕинэн ааста – бастакы түһүмэххэ хас биирдии хамаанда дьиэлэригэр астаан аҕалбыт ураты бүлүүдэлэрин көрдөрдүлэр. Иккис түһүмэххэ бириэмэҕэ эр дьон балыгы кыстылар, оттон дьахталлар кыһыллыбыт балыгы кыраһыабайдык өрөһөлүү уурдулар. Түмүккэ кыттааччылар тоҥ балыгы хаачыстыбаҕа кыһан көрдөрдүлэр.

Дьүүллүүр сүбэ бэрт тыҥааһыннаах киирсии кэннэ 4 номинациянан  кыайыылаахтары быһааран, харчынан бириистэри туттарда. Ол курдук, «Дьиэ кэргэн сорудаҕа» номинацияҕа Гагарин уокуругуттан Андрей Симонов уонна Аэлита Жиркова састааптаах хамаанда кыайда. «Хаачыстыбалаахтык кыһыы» анал аакка Сайсары уокуругуттан Александр Винокуров уонна Елена Винокурова тигистилэр. «Түргэнник кыһыы» анал ааты Усуйаана улууһун хамаандата ылла – Иннокентий Колесов уонна Александра Колесова бастаатылар.

Түмүккэ «Тоҥ балык-2023» күрэх муҥутуур кыайыылаахтарынан Булуҥ улууһуттан кэлбит Эдуард Заровняев уонна Екатерина Алексеева буоллулар.

Куонкурус кыайыылаахтарын Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ:

«Тоҥ балык» күрэххэ маннык элбэх көрөөччү кэлбитин өйдөөбөппүн, быйыл хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэх киһи тоҕо анньан кэлбитэ биһигини үөрдэр. Ол аата күрэх барыбытын интэриэһиргэтэр эбит диэн өйдүүбүт», - диэтэ Евгений Григорьев.

«Cаха сирин амтана» бэстибээлгэ «Аврора» ресторан кыайда

Быйылгы үбүлүөйдээх 10-c «Cаха сирин амтана» бэстибээлгэ уопсайа алта ресторан биир нэдиэлэ устата күөн көрүстүлэр. Ону сэргэ дойду атын  регионнарыттан шеф-повардар бэйэлэрин астарын-үөллэрин билиһиннэрдилэр.

Ол курдук, Владивостоктан, Кемеровоттан, Мурманскайтан асчыттар кэлэннэр, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл иитинэн гастроужин биэчэрдэри ыыттылар, куораппыт биир бастыҥ рестораннарын шеф-повардарыгар маастар-кылаастары көрдөрдүлэр.

Уопсай түмүккэ «Cаха сирин амтана» бэстибээл Гран-при хаһаайынын аатын ылан, 50 тыһыынча солкуобайдаах сертификатынан «Аврора» ресторан бэлиэтэннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....