19.11.2023 | 14:00

Кыһын Саха сириттэн саҕаланар!

Билигин өрөспүүбүлүкэбит хайа баҕарар олохтооҕуттан кыһын хантан саҕаланарый диэн ыйыттахха, бары – Саха сириттэн диэн киэн тутта этиэхтэрэ! Чахчыта да оннук. «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл сыл аайы бэйэтин тула мунньар дьоно элбээн иһэр.
Кыһын Саха сириттэн саҕаланар!
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Бэстибээл биир сүрүн сабыытыйата – Улуу Устюгтан кэлэр Тымныы оҕонньор кыттыылаах дойду биир сүрүн харыйатын уотун уматыы уонна Чысхаан илиититтэн тымныы бэлиэтин тутуу. Маны таһынан бэстибээл чэрчитинэн “Саха сирин амтана” ас-үөл бэстибээлэ, “Саха сирин бриллианнара” хаар уонна муус оҥоһуктар  куонкурустара, “Тоҥ балык” бырааһынньык, “Бриллиант нуоталар” оҕо айар дьоҕурун күрэһэ, “Хотугу норуоттар оонньуулара” многоборьеҕа спортивнай күрэхтэһиилэр о.д.а. ыытыллаллар.

Бүгүн биһиги бэстибээл кэмигэр ханнык куонкурустар буолалларын билиһиннэриэхпит.

 

«Сылаас тыыннаах өбүгэ таҥаһа» күрэс

Тэрийээччилэр: Дьокуускай куорат култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета;

Дьокуускай куорат “Уокуруктааҕы норуот айымньытын киинэ” МБТ;

Дьокуускайдааҕы “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ.

Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ, Чернышевскай уул., 24

Ыытыллар күнэ-дьыла: Ахсынньы 2 күнэ

Бэлиэтэнии: 10.00 ч.

Саҕаланар: 11.00 ч.

Күрэс сыала-соруга:

– Төрүт үгэстэри харыстааһын уонна сайыннарыы;

– Саха кыһыҥҥы таҥаһын төрүт ииһин тарҕатыы;

– Төрүт үгэскэ олоҕуран тигиллибит эр киһи кыһыҥҥы таҥаһын тарҕатыы;

– Айар дьоҕуру сайыннарыы;

– Төрүт иис ньыматын ыччакка тириэрдии.

Күрэскэ кыттыы:

Күрэс 3 анал бөлөҕүнэн ыытыллар (дьүүллүүр сүбэ кыттааччылары арааран сыаналыаҕа):

1 бөлөх – уран тарбахтаах оҕолор;

2 бөлөх – иис эйгэтигэр саҥа ылсан эрээччилэр икки ардыларыгар;

3 бөлөх – норуот маастардарын икки ардыгар.

 

Кыттааччы сэтинньи 28 күнүгэр диэри сайаапканы түһэриэхтээх.

Күрэскэ кыттыы сааһынан хааччахтаммат.

Күрэс ирдэбилэ:

Күрэс 3 көрүҥүнэн ыытыллар. Кыттааччы күрэх көрүҥүн бэйэтэ талар.

1 көрүҥ – эр киһи үгэс буолбут кыһыҥҥы таҥаһа (бэйэ тикпит сахалыы соно, бэргэһэтэ, этэрбэһэ, үтүлүгэ, моойторуга, сылгыһыт таҥаһа, күннээҕи олоххо кэтиллэр таҥас);

2 көрүҥ – аныгылыы тигиллибит күннэтэ кэтиллэр саха кыһыҥҥы  таҥаһа (бэйэ тикпит соно, бэргэһэтэ, этэрбэһэ, үтүлүгэ, моойторуга);

3 көрүҥ – хаттык таҥастар (бэлэпчи, сис таҥаһа (бааччы), түһүлүк, моойторук, үтүлүк уо.д.а.);

Кыттааччы күрэс хайысхаларыттан биири эбэтэр хаһы да талан  кыттара көҥүллэнэр.

 

Кыттааччы сайаапкаҕа кыттар хайысхатын, таҥаһын толору ырытан суруйан, толору аатын, сааһын, хантан сылдьарын 8914-2-719-343 бассаап нүөмэригэр сэтинньи 28 күнүгэр диэри ыытар.

 

Биир хайысхаҕа кыттыы төлөбүрэ: 300 солк.

Дьүүллүүр сүбэ:

Дьүүллүүр сүбэҕэ норуот маастардара, идэтийбит иистэнньэҥнэр киирэллэр.

Бастыҥ үлэлээхтэргэ Кылаан Чыпчаал, 1,2,3-с Үрдэл, анал ааттар ананыахтара, кыайыылаахтар анал бириистэринэн наҕараадаланыахтара. Хас биирдии кыттааччыга Туоһу сурук туттарыллар.

 

Сайаапка биэрии холобура:

Күрэххэ кыттыыга ирдэнэр:              Сахалыы толороргут булгуччулаах

1. Кыттааччы (-лар) ААА

2. Салайааччы (-лар) ААА

3. Кыттааччы кыттар көрүҥэ

4. Кыттар бөлөҕө

5. Кыттар таҥаһын ис хоһооно (аннотацията, туох матырыйаалтан оҥоһуллубута, оҥоһуллубут сыла, салайааччытын толору аата баар буолара ирдэнэр);

6. Хантан сылдьара, улуус, нэһилиэк, бөһүөлэк толору аата;

7. Төлөпүөнүн нүөмэрэ.

 

Бу ыйыллыбыт бэрээдэгинэн толорон сэтинньи 28 күнүгэр диэри 89142719343 whatsapp нүөмэргэ 10:00-18.00 ч. диэри ыытаргыт ирдэнэр.

Саха сирин кыһынын туһунан бэстибээл-куонкурус

Хатас сэлиэнньэтигэр «Тускул» култуура киинигэр «Многогранность якутской зимы» өрөспүүбүлүкэтээҕи сирэй уонна кэтэхтэн бэстибээл-куонкурус ыытыллар.

Бэстибээл-куонкуруска Саха сирин бары улуустарыттан уонна куораттарыттан көннөрү толорооччулар (непрофессионалы), уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара, айар кэлэктииптэр, хаартыскаҕа түһэрээччилэр, айар, оҥорон таһаарар самодеятельнай маастардар кыттыыны ылыахтарын сөп.

Бэстибээл-куонкурус анал ааттарынан (классификация), жанрдарынан уонна сааһынан ыытыллар. Куонкуруска кыттыыга «Многогранность якутской зимы» бэстибээл-куонкурус тиэмэтэ тутуһуллуохтаах.

Бастакы анал аат – «Хаартыска». Куонкурус кэтэхтэн ыытыллар. 14-тэн уонна онтон үөһэ саастаахтар «Кыһыҥҥы пейзаж», «Мэтириэт», «Кыһын дьээбэлэрэ» хайысханан 3 хаартысканы ыыталлар. Үлэлэри naristruchkova@mail.ru. электроннай почтаҕа күүтэллэр.

Иккис анал аат – «Илиинэн оҥоһук». Куонкурус эмиэ кэтэхтэн ыытыллар. Бу анал аакка 7 уонна онтон үөһэ саастаахтар кытталлар. Ханнык баҕарар тиэхиньикэнэн хайа баҕарар матырыйаалтан үлэлэр ылыллаллар. Бу аадырыска ыытаҕыт: vilenamila_1212@mail.ru.

«Ырыа» үһүс анал аакка бэстибээл тиэмэтинэн биир ырыанан ансаамбыллар уонна кэлэктииптэр кытталлар. Сайаапканы бу электроннай почтаҕа ыытаҕыт: оkorokofftan87@mail.ru.

«Үҥкүү» куонкурус эмиэ ис форматынан ыытыллар. Кыттааччылар – ансаамбыллар уонна кэлэктииптэр бэстибээл тиэмэтинэн үҥкүүлүүллэр. Сайаапканы ыытар аадырыс: dayaanai@inbox.ru.

Ис форматынан ыытыллар куонкурустар 2023 сыл ахсынньы 1-2 күннэригэр Хатас сэлиэнньэтигэр «Тускул» култуура киинигэр ыытыллаллар.

Түмүктэр уонна наҕараадалааһын бары анал ааттарга тус-туһунан, сааһынан хааччах учуоттанар, айар кэлэктииптэргэ уонна солистарга маннык анал бэлиэлэр иҥэриллэллэр:

– I, II, III истиэпэннээх лауреат;

– I, II, III истиэпэннээх дипломант;

– бэстибээл кыттааччытын диплома.

Маны таһынан педагогическай үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин уонна бэстибээлгэ кыттааччыны бэлэмнээбитин иһин “Бастыҥ маастар-уһуйааччыга” анал диплом туттарыллар.

«Кыһыҥҥы Дьокуускай» уруһуй куонкуруһа

Сэтинньи 1 – 24 күннэригэр “Кыһыҥҥы Дьокуускай” оҕо уруһуйун онлайн-куонкуруһугар сайаапкалары ылаллар.  
Куонкуруска 5-15 саастаах оҕолор кыттыахтарын сөп. Кыттааччылары саастарынан маннык араараллар: 5-6 саас, 7-12 саас, 13-15 саас.
Куонкурус тиэмэтэ – Дьокуускай куорат. Сүрүн хайысхалар:
– «Мин уулуссам, тиэргэним кыһын»;
– «Кыһыҥҥы оонньуулар»;
– «Кыһыҥҥы куорат»;
– «Мин куоратым остуоруйалара, үһүйээннэрэ».
Үлэлэр сэтинньи 1 күнүттэн сэтинньи 24 күнүгэр диэри маннык аадырыска ылыллаллар:  konkursmuzeya@mail.ru  «Конкурс рисунков «Мой Якутск зимой» диэн бэлиэтиигит.
Интэриниэт-куоластааһын VK vk.com/public211960983 страницаҕа сэтинньи 26 күнүттэн 09. 00 ч. сэтинньи 30 күнүн 17. 00 ч. диэри ыытыллар. 
Түмүк 2023 сыл ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускай куорат историятын Музейыгар VK уонна Telegram ханаалга уонна Култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын сайтыгар (vk.com/public211960983t.me/museumofhistoryYakutskcitycultura14.ru) тахсар.

«Тоҥ балык-2023» өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас куонкурус

Ахсынньы 3 күнүгэр “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл биир сэргэх, элбэх дьону-сэргэни мунньар куонкуруһа “Тоҥ балык-2023” Кыайыы 50 сыла спорт дыбарыаһыгар ыытыллар. Тэрийээччинэн Олохтоох дьаһалта буолар. “Саха” НКИХ быһа эпииргэ көрдөрөр.

Куонкуруска 16 хамаанда кыттар. Хас биирдии хамаанда икки киһиттэн туруохтаах: эр киһи – балыгы кыһар, дьахтар – тоҥ балыгы өрөһөлүү дьаарыстыыр.

Куонкурус 3 түһүмэҕинэн ыытыллар: дьиэтээҕи сорудах (тоҥ балыктан ханнык баҕарар тиэмэҕэ бүлүүдэ), сүүмэрдиир түһүмэх уонна суперфинал.

Күрэхтэһии кэмигэр дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар уратыларын, дьоҕурдарын, композицияны ситэриилэрин, түргэнник кыһалларын сыаналыыр. Сүүмэрдиир түһүмэх түмүгүнэн суперфиналга 6 хамаанда тахсар. Манна тоҥ балыгы кыһыы хаачыстыбата сыаналанар.

Муҥутуур кыайыылаах уопсай бааллынан быһаарыллар. Кыайыылаахтар маннык анал ааттарга тиксэллэр: «Дьиэтээҕи сорудах», «Түргэн кыһааччы», «Хаачыстыбалаах кыһааччы», «Гран-при».

Сайаапкалары 2023 сыл ахсыньы 1 күнүгэр диэри тэрийэр кэмитиэккэ маннык аадырыска ыытаҕыт: Ленин проспега, 15, кабинет 104. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 40-80-53, сот. 8 924 860-98-43, cultura521@mail.ru.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....