12.11.2020 | 10:57

«КЫҺЫН ДЬОЛЛООХ ДЬОҤҤО ИЧИГЭС” ХААРТЫСКАНАН КҮРЭХХЭ КЫТТАРГА ТИЭТЭЙИҤ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күрэх балаһыанньата:

Тымныы кэмҥэ таһырдьа хаамыы пандемия кэмигэр саамай туһалааҕынан ааҕыллар. Саха дьоно таптаан ааҕар «Киин куорат» хаһыатын редакцията карантины сэргэхсэтэр сыалтан «Кыһын дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” диэн хаартысканан күрэҕи биллэрэр. Күрэххэ ким баҕалаах, сааһынан хааччаҕа суох кыттар.

Саамай сүрүнэ – эһиги тымныы кыһыҥҥа доруобуйаҕытын эрчийэн сүүрэ, хаалыыктаах хаама, сөтүөлүү, балыктыы, хайыһардыы, дрифтии сылдьаргытын, о.д.а. дьарыккытын көрдөрөргүт ирдэнэр.

Хаартыскаҕыт эриэккэһин, сэдэх көстүүлээҕин учуоттуубут.

Күрэх сүнньүнэн инстаграм социальнай ситимҥэ ааһыаҕа. Онно хаартыскаларгытын #КЫҺЫНДЬОЛЛООХДЬОҤҤО диэн хэштегинэн бэлиэтээтэххитинэ, биһирээбит хаартыскаларбытын хаһыаппытыгар таһаарыахпыт. 

Үлэ хайаан да бэйэ түһэриитэ буолуохтаах.

Дьүүллүүр сүбэ – «Киин куорат” хаһыат редакцията. Кыайыылаахтарга өйдөбүнньүк бириистэр туттарыллыахтара. Ураты, дьикти, алыптаах хаартыскаларгытын эрэнэ күүтэбит!

Бүгүҥҥү нүөмэргэ маҥнайгы кыттааччылары таһаарабыт.

Павел Ченянов, Саха Академическай театрын артыыһа:

-2018 сыллаахха Саха театрын бары үлэһиттэрэ сэтинньи ыйга, мин төрөөбүт дойдубар Мэҥэ Хаҥалас Маттатыгар Уһун эбэ диэн ааттаах киэҥ да киэҥ эбэҕэ муҥхалаабыппыт.

Мин биир кынакка анньыыһытынан сылдьыбытым, баҕар, онтон сылтаан буолуо, дэлби аҕылаан кырыаран хаалбытым.

Сахам сирин кыһына биһиэхэ күүс, сэниэ биэрэр.

Бу күһүн пандемияны лаппа сэргэхсэппит «Саха» НКИХ таһаарбыт «Хаһан сайын буоларый?»  сериалы бары көтүппэккэ көрдүбүт. Сүрүн оруолга биллэр артыыс Николай Софронеев ыал аҕата Семен Петрович Терентьеви оонньоото. Николай –  бары өттүнэн дэгиттэр киһи:

-Киһи эт-хаан өттүнэн сайдарыгар, чөл туруктаах сылдьарыгар биһиги кыһыммыт олус үчүгэй. Мин «Саха моржтара” уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта буолабын. Эти-хааны эрчийиинэн ахсыс кылаастан дьарыктанабын, отуттан тахса сыл анараа өттүгэр саҕалаабытым. Билигин күн ахсын 202-с микрооройуоҥҥа тиийэн, эбэҕэ киирэн умсан тахсабын. Эти-хааны тымныы уунан эрчийии биһиги иммуннай систиэмэбитин бөҕөргөтөр. Маннык дьарыктанар дьон ыалдьыбаттар. Куруук чэгиэн сылдьаллар, ыалдьар буоллахтарына түргэнник аһарыналлар.

Мин дьону бэйэм көрөн ыҥырабын. Баҕалаах кэлиҥҥи кэмҥэ олус элбээтэ.

Аграфена Яковлева, Майа олохтооҕо, олохтоох дьаһалтаҕа ыччат салаатыгар исписэлииһинэн үлэлиир. «Зожтандем” спорду, хаалыктаах хаамыыны көҕүлүүр кулууп салайааччыта:

Биһиги эти-хааны эрчийэн хаамыынан дьаркытанабыт. Сатыы  дэриэбинэлэри кэрийэбит. Хас өрөбүл ахсын нэдиэлэҕэ биирдэ 10-лыы килэмиэтири хаамабыт. Манчаары Баһылай сиэннэрэ буоламмыт кини  сылдьыбыт сирдэригэр, алаастарыгар тиийэбит.

Кулуупка эдэр да, аҕам саастаах да дьон бааллар. Саамай кырдьаҕаспыт 72 саастаах. Пандемия кэмигэр элбэх буолан хаамарбытын тохтотон турабыт, түөлбэлэринэн арахсан, 10-лыы киһи хаамар.

Биһиги өссө биир үтүө үгэспитинэн харыйа туоруорааһынын бэлиэтиэхпин баҕарабын.  Саҥа дьыл быдан инниттэн ыраах тиийэн, харыйаны симиибит, хоробуоттуубут, ыллыыбыт-туойабыт, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайан, өрө көтөҕүллэн кэлэбит.

Киһи хаамар буоллаҕына куруук эрчимнээхтик сылдьар эбит диэн түмүккэ кэллим.

Сардаана Заровняева, Майа оскуолата, физика учуутала:

-Хаамыынан дьарыктаммытым үһүс сылыгар барда. Кыһын хаамар буоламмын тыҥам сайдар эбит. Ыарыы ыалласпат буолла. Салыгыҥҥа сылдьан, этим-сииним кытта арыллар курдук. Онон барыгытыгар хаамыынан дьарыктанаргытыгар, чөл олоҕу тутуһаргытыгар сүбэлиибин.

Ольга Олесова, хаамыынан дьарыктанар:

-Биир сиргэ хам баттанан олорбот киһибин. Дьыл хайа да кэмэ буоллун, салгыҥҥа сылдьыы, хаамыы олус туһалаах. Мин ыттаахпын, ыппын сотору-сотору таһырдьа таһаарабын. Ол сылдьан чэбдик салгыҥҥа хаамарбын сөбүлээн барбытым. Билигин бэйэбит туспа бөлөхтөөхпүт. Аҕыйах да чаас салгыҥҥа сырыттахпына, күүс-сэниэ эбинэбин. Коронавирус кэмигэр төһө кыалларынан таһырдьа элбэхтэ сылдьа сатааҥ.

Айсен Шергин, Таатта улууһа:

-Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр сыбаарсыгынан үлэлиибин. Ытык Күөлгэ үлэбиттэн дьиэлээн иһэн түспүт хаартыскабын ыыттым. Былырыын ахсынньы ыйга түспүтүм, олус тоҥмутум. Кэлин Тааттаҕа хоту улуустардааҕар тымныйар буолла.

Егор Ильин, Үөһээ Бүлүү улууһун Д.С. Спиридонов аатынан орто  оскуолата, история, география учуутала:

Өрөбүл дьиэ кэргэҥҥэ, чугас дьоҥҥо ананар. Түөлбэм дьонунуун  Эбэбитигэр махтанан, алгыс, күүс эбинэн чэбдигирэн кэллибит. Үтүө үгэстэри умнумуоҕуҥ, үлэттэн үөрүөҕүҥ. Чөл туруктаныҥ!

 Юлиана Силигиянова түһэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....