«Кыһын дьоллоох дьоҥҥо ичигэс» хаартысканан күрэх түмүктэннэ
Күндү ааҕааччыларбыт!
«Киин куорат» хаһыат пандемияны сэргэхситэр аналлаах «Кыһын дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” диэн хаартысканан күрэҕэр элбэх киһи кытынна. Бу ааҕааччыларбыт, Сахабыт сирин дьоно кыһыҥҥы спорт көрүҥнэринэн дьарыктаналларын, доруобуйаларын чэбдигирдэллэрин кэрэһилиир.
Күрэхпит түмүктэнэрин үгүс ааҕааччы долгуйа күүттэ. Кыайыылаахтарбытын үөрэ-көтө билиһиннэрэбит. Өссө биирдэ кинилэр хаартыскаларын, тиэкистэрин таһаарабыт.
I бочуоттаах миэстэ - Аграфена Яковлева, Майа олохтооҕо, олохтоох дьаһалтаҕа ыччат салаатыгар исписэлииһинэн үлэлиир. «Зожтандем” спорду, хаалыктаах хаамыыны көҕүлүүр кулууп салайааччыта:
Биһиги эти-хааны эрчийэн хаамыынан дьарыктанабыт. Сатыы дэриэбинэлэри кэрийэбит. Хас өрөбүл ахсын нэдиэлэҕэ биирдэ 10-лыы килэмиэтири хаамабыт. Манчаары Баһылай сиэннэрэ буоламмыт кини сылдьыбыт сирдэригэр, алаастарыгар тиийэбит.
Кулуупка эдэр да, аҕам саастаах да дьон бааллар. Саамай кырдьаҕаспыт 72 саастаах. Пандемия кэмигэр элбэх буолан хаамарбытын тохтотон турабыт, түөлбэлэринэн арахсан, 10-лыы киһи хаамар.
Биһиги өссө биир үтүө үгэспитинэн харыйа туруорааһынын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Саҥа дьыл быдан инниттэн ыраах тиийэн харыйаны симиибит, хоробуоттуубут, ыллыыбыт-туойабыт, сибиэһэй салгыҥҥа дьаарбайан, сүргэбит өрө көтөҕүллэн кэлэбит.
Киһи хаамар буоллаҕына, куруук эрчимнээхтик сылдьар эбит диэн түмүккэ кэллим.
II миэстэ - Августина уонна Гаврил Дягилевтар, Дьокуускай куорат олохтоохторо, үлэ бэтэрээннэрэ:
— Турабыт чуумпуга уоскуйан,
Үрүн күн утары манньыйан,
Тулалыыр бу хаарга уйдаран,
Тумуулуур олохтон санньыйан.
Биһиги ыал чөл олоҕу тутуһабыт. Хас сарсыарда ахсын эти-сиини эрчийэр сэрээккэ оҥоробут, хаалыктаах хаамабыт. Сайын кучу оту хомуйабыт, кыһыны этэҥҥэ туоруубут.
III миэстэ - Милана Стручкова, Дьааҥы улууһа:
— Хоту дойду оҕолоро
Чаҕыйбаттар тымныыттан,
Халыҥ хаары хардыылаан
Ойуоккалыы сырсаллар.
Көхтөөх кыттааччыларбытыгар махтанабыт! Сандал саас кэлбитинэн эҕэрдэлиибит. Бары үтүөнү, кэрэни, ситиһиини баҕарабыт.