10.03.2021 | 13:24

«КЫҺЫН ДЬОЛЛООХ ДЬОҤҤО ИЧИГЭС” ХААРТЫСКАНАН КҮРЭХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тымныы кэмҥэ таһырдьа хаамыы биһиги доруобуйабытыгар олус туһалааҕынан биллэр. Саха дьоно таптаан ааҕар «Киин куорат» хаһыатын редакцията пандемия, хааччахтааһын кэмин сэргэхситэр аналлаах «Кыһын дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” диэн хаартысканан күрэҕин салгыы ыытар. Күрэххэ ким баҕалаах, сааһынан хааччаҕа суох кыттар.

Сүрүн ирдэбил – эһиги тымныы кыһыҥҥа доруобуйаҕытын эрчийэн сүүрэ, хаалыктаах хаама, сөтүөлүү, балыктыы, хайыһардыы, дрифтии сылдьаргытын, о.д.а. дьарыккытын көрдөрөҕүт.

Күрэх сүнньүнэн инстаграм социальнай ситимҥэ ааһыаҕа. Онно хаартыскаларгытын #КЫҺЫНДЬОЛЛООХДЬОҤҤО диэн хэштегинэн бэлиэтиигит эбэтэр  8-967-624-61-68 бассаап нүөмэргэ ыытаҕыт. Биһирээбит хаартыскаларбытын хаһыакка таһаарыахпыт.

Бүгүҥҥү кыттааччыларбытын үөрэ-көтө билиһиннэрэбит.

Екатерина Мекюрдянова, Дьокуускай куорат:

  • Сарсыарда аайы сибиэһэй салгыҥҥа хаамыҥ диэн киин куорат олохтоохторун ыҥырабын.

Александра Чемпосова, Хаҥалас улууһа:

- Сахам сирэ тымныынан аатырар.

Александра Константинова уонна Матрена Петрова, Амма улууһун Өнньүөс нэһилиэгин “Дуораанчык” уһуйаан бэтэрээн үлэһиттэрэ:

- Тымныыны аахсыбакка, туманнаах диэн толлубакка, күн аайы  4 км хаалыктаах хаамабыт, доруобуйабытын тупсарабыт.

Кристина Неустроева, Өймөкөөн улууһа, Томтор нэһилиэгэ:

- -51°С тымныыттан саха оҕото чаҕыйбат. Хата, ол оннугар: “Һуу, бүгүн туох ааттаах сылыйбытый!” – диэн саҥа аллайыаҕа.

Аля Егорова, Дьокуускай куорат:

“Киин куорат” хаһыакка сөбүлүүр хаартыскаларбын ыытабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....