03.02.2021 | 07:23

“КЫҺЫН ДЬОЛЛООХ ДЬОҤҤО ИЧИГЭС” ХААРТЫСКАНАН КҮРЭХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күрэх балаһыанньата:

«Киин куорат» хаһыат пандемияны сэргэхситэр аналлаах «Кыһын дьоллоох дьоҥҥо ичигэс” диэн хаартысканан күрэҕин салгыы ыытар. Ким баҕалаах, сааһынан хааччаҕа суох кыттар.

Саамай сүрүнэ – эһиги кыһыҥҥы дьарыккытын көрдөрүөхтээххит: таһырдьа сүүрэ, хаалыктаах хаама, сөтүөлүү, балыктыы, хайыһардыы, дрифтии сылдьаргытын, о.д.а.

Күрэх сүнньүнэн инстаграм социальнай ситимҥэ ааһыаҕа. Хаартыскаларгытын #КЫҺЫНДЬОЛЛООХДЬОҤҤО диэн хэштегинэн бэлиэтээтэххитинэ, биһирээбит хаартыскаларбытын хаһыаппытыгар таһаарыахпыт эбэтэр  8-967-624-61-68 бассаап нүөмэригэр ыытаҕыт.

Салгыы кыттааччыларбытын кытта билсиэҕиҥ.

Елизавета Терентьева, Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэ:

  • Күннээҕи түбүктэн сынньанабыт, таарыйа айылҕалыын алтыһабыт.

Афанасий Винокуров, Кэбээйи улууһа:

  • Тымныыны аахсыбакка, муус аннынан Ньидьили эбэҕэ кэргэммин кытта илимнээн кэллибит. Саха дьоно сылдьа үөрүйэхпит.

Оксана Игнатьева, Чурапчы улууһа:

  • Эти-сиини эрчийии – доруобуйа  төрдө. Быйыл хаалыктаах хаампыппыт  ахсыс сылыгар барда, нэдиэлэҕэ үстэ 8 км хаамабыт. Кэмиттэн кэмигэр “Сканди-трип” диэн сөбүлүүр тэрээһиннээхпит.  Атын күннээҕэр икки-үс төгүл ырааҕы барабыт.

Антонина Сметанина, Дьокуускай куорат:

  • Сардаана Ядреева салайааччылаах «Ыллык” бөлөх. Хаартыскаҕа: Баһылай Манчаары аатынан спорт национальнай көрүҥнэрин комплексын тренерэ Надежда Белолюбская хабылыкка маастар-кылааһа.

Чурапчы улууһун хаалыктаах хаамааччылара:

  • Чурапчы сэлиэнньэтигэр “Куоҕалы сканди” хаалыктаах хаамыы түмсүүтэ 2018 с. тэриллибитэ. Биһиэхэ аан маҥнай хаалыктаах хаамыыны В.Е. Александров саҕалаабыта.  Билигин түмсүү 16 чилиэннээх. Ханнык баҕарар кэмҥэ сайыннары-кыһыннары сибиэһэй салгыҥҥа хаамабыт, сэрээккэлиибит. Бары тутуспутунан сайынын сөтүөлүүбүт, күнү көрсөбүт, сир астыыбыт, араас кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьарбытын сөбүлүүбүт.

Вера Атласова, Абый улууһа:

  • Хоту дойду хоһуун дьоно дьыл ханнык да кэмин, тыйыс айылҕатын аахсыбаттар. Бэйэм 62 саастаахпын, хаалыктаах хааман турукпун тупсарабын.

Милана Стручкова, Үөһээ Дьааҥы улууһа:

  • Хоту дойду оҕолоро

Чаҕыйбаттар тымныыттан,

Халыҥ хаары хардыылаан

Ойуоккалыы сырсаллар.

Любовь Малькова, Үөһээ Дьааҥы улууһа:

  • Сибиэһэй салгыҥҥа көччүйэ көтүөххэ.

Маргарита Перевалова, үлэ бэтэрээнэ, чөл олох, «Чэгиэн” хаалыктаах хаамааччылар түмсүүлэрин салайааччыта, Мэҥэ Хаҥалас, Хаатылыма:

  • Биһиги бөһүөлэкпитигэр биир интэриэстээх чөл олоҕу тутуһар, хаалыктаах хаамыынан дьарыктанар түмсүүбүт тэриллибитэ  сэттис сылыгар барда. Дьыл кэмиттэн тутулуга суох, хаһан баҕарар хаамабыт. Бассаап ситимигэр түмсүүлээхпит, эти-хааны эрчийии араас көрүҥүн, дьарыгын барытын сэргээн көрөбүт, төһө кыалларынан бэйэбит дьарыктанабыт.

Биир санаалаахтарбытын кытта алтыһан элбэххэ үөрэнэбит. Дьокуускайтан Матвей Иванович Лыткины ыҥыран маастар-кылаас ыыппыппыт. Өссө элбэх киһи хаалык ылынна. Эдэрдиин-эмэнниин хаамыынан дьарыктанар буоллубут.

Елена Климовская:

  • Хаардаах кыһыммын таптыыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....