07.05.2023 | 19:32

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Киһи муҥутуур кыаҕын тургута…

Икки атах киһи – улуу киһи…

Эдьигээҥҥэ кэлээт, тута сөбүлүүр дьарыкпынан – хайыһарынан дьаныардаахтык дьарыктанан бардым. Онуоха биир сүрүн хамсатар куруһунанан, билиҥҥинэн мотивация диэххэ сөп, «киһи дьарыктаннаҕына муҥутуур кыаҕа төһөбуолуой» диэн ыйытык миигин куруук үүйэ-хаайа тутара. Биирдэ кэлбит олоххо, кыах көстөрүн мүлчү туппакка дьарыктанар санаа спортивнай сааһым ааһыыта, отуччалаахпар ордук  күүскэ киирбитэ. Бу иннинэ дойдубар Тааттаҕа, Кэбээйигэ, онтон Улан Удэ куоракка литературнай факультекка үөрэнэр кэммэр, хайыһарынан сүүрүүгэылларан туран дьарыктаммытым, сэмэй соҕус да буоллар ситиһиилэрдээҕим.

Саамай сөбүлээбитим диэн, икки тыһыынчаттан тахса киһи 10 биэрэстэни сүүрбүт маассабай стардыгар, финишкэдуховой оркестрынан көрсөллөрө. Онно 50 бастакы кэлбит бастыҥ хайыһардьыт, улахан дьааһыктан бирииһин таланылара. Оннук икки төгүл – бастакытыгар хартыынаны, иккиһигэр радиоланы ылан, атаҕым сири билбэт буола үөрэн турабын. Оччотооҕуга күрэхтэһии кыайыылаахтарыгар кумааҕы грамота эрэ биэрэр кэмнэригэр, улуу бириистэри ылбыттыы санаммытым… Уонна онтон, итиччэ үлүгэр элбэх дьон иннигэр түһэн, халҕаһа курдук устар дьону бииртэн биир ситэн, бастакылар кэккэлэригэр кэлии – оччотооҕу уолан санаабар бэйэ кыаҕар эрэнии үктэлэ этэ.

Киһи да күлэр, биирдэ тыл үөрэҕэр үөрэнэр студент,физкультурнай факультет хайыһардьыттарын кытта, тимир суол үлэһиттэрэ Дальнай Востокка бастыыр күрэхтэһиилэрин эстафетатыгар чемпионнаан, манньатын босхо тото аһаабыппыт. Бастаабыт грамотабытыгар атын ааттар суруллубуттара, төрдүс этапка мин Степанов аатыттан сүүрбүтүм. Мэтээллээх этэ да, бука музейдарыгар хааллардахтара. Ол кэмнэргэ хайыһарга улуу Гунде Сван хаҥкылыы тэбэн сүүрэр ньымата саҥа киирбитэ. Ити туора тэбэн сүүрүүгэ, сахаҕа соччо барсыбат быыппастыгас, быһыттаҕас былчыҥ үлэлиир, туспа тыыныы ирдэниллэр буолан, бастаан олус ыарырҕаппытым. Ол эрээри кэнники, классиканан тэбэн сүүрэрдээҕэр быдан сынньалаҥын, барыстааҕын, түргэнин билбитим.

Бурятияҕа Жаргал Жамбалов диэн хаҥкылыы тэбэн сүүрүүгэ, буряттартан бастакынан ССРС спордун маастарын нуорматын толорбут уолу кытта, биир базаҕа дьарыктаммытым, Улан Удэ куорат үрдүк уонна орто үөрэх тэрилтэлэрин күрэхтэһиилэригэр миэстэлэспитим, Саха сирин араас таһымнаах күрэхтэһиилэригэр кыттан, спорт маастарыгар кандидат нуорматын толорбутум. Онон сэмэй да буоллар, урукку спортивнай ситиһиилэрбэр тирэҕирэн уонна марафонскай дистанцияларга сааһын сиппит киһи ордук тулуурдаах буоларыгар олоҕуран, дьарыктаммытым.

Оттон оччолорго Улан Удэҕэ сайынын ролик хайыһарынан, эбэтэр сатыы 20-30 км. сүүрэбин. Кыһынын күнүкөтүппэккэ куорат кытыытыгар «Сосновый бор» базаҕа, ардыгар сопкаларынан эрийэ-буруйа тыргыллар суоллары батан, быһа холоон 30-40 км. сүүрэбин. Анаан дьарыктыыр Галкин уонна Немеров диэн тренердэр физкультурнай институкка көһөрөр баҕалара баһаам этэ эрээри, улахан спорка кыаҕым уонна тыһым кыратын билинэн – аккаастанабын. Биир күн эмиэ сопкаттан тыргыллар«буран» суолунан халыта түһэн истэхпинэ, арай суолум ойоҕоһугар аарыма бөрө маска сөрүөстэн олорор… Суох, суох, ити алҕас эппэтим… Итэҕэйиҥ, итэҕэйимэҥ – ыт буолбатах, сур бөрө илэ бэйэтинэн уоттаах хараҕын супту көрбүтүнэн, аһыыларын килэппитинэн…

Кыайан тохтуур кыаҕа суох түһэн истэхпинэ, аһардан баран,кэннибиттэн ыстанан бадаҥхалаата. Эмискэччитэ бэрдиттэн тымныы уунан саба ыстарбыттыы дьигис гынным, куйахам үмүрүтэ тарта, сүһүөҕүм хамсаан, бүдүрүйэн охтон иһэн,нэһиилэ өрүһүннүм. Ити кэннэ, бэйэм да соһуйуом иһин, олохпор быһаарыылаах түгэн үүммүтүн сэрэйбиттии, кыл түгэнэ холкутаан хааллым... Этим-сииним чаачар саа курдук иэҕиллээт, соҕотохто төлө биэрдэ – анньынан иһэр тайаҕым маһынан туох баар күүспүнэн туора саайдым. Охсубутилиим кытаанахха түбэһэн «дьыр» гынна, муннун төбөтүн уһуктаах тайахха быһа оҕустарбыт бөрөм, бэрт куһаҕаннык кырдьыгынаат, ойоҕоспор туора ыстаммытын, элэс көрөн аастым. Бэйэтэ да бэрт  түргэнник халыйан иһэр хайыһардарбын өссө тиэтэтэн, хаптайа-хаптайа анньынан биэрдим. Суостаах кыылтан мүлчү түһэн чэпчээн хааллым, бэйэбэр эрэлим күүһүрэргэ дылы гынна…

Бу түгэни студент доҕотторбор кэпсээбиппэр – итэҕэйэрэ итэҕэйбитэ, күлэрэ күлбүтэ. Эһиги, күндү ааҕааччыларым эмиэ итэҕэйэргит итэҕэйбэккит бэйэҕит көҥүлгүт эрээри, мин күн бүгүнүгэр диэри ол кыл түгэнэ утары көрбүт бөрөуоттаах хараҕын, килэппит аһыыларын уонна муннуга бэрдэрэн туора ыстаммытын умнубаппын… Айылҕа сокуона тыйыс – баҕар оччолорго  сылайан-элэйэн, мөлтөөн-ахсаан иһэрим буоллар – ким билиэ баарай, бүгүнэһиэхэ маннык чаҕаара кэпсиэм суох этэ… Онон уол оҕо Дьылҕа Хаан ыйааҕынан ат арҕаһыгар олорор кэмигэр, сур бөрөҕө ситтэрбэт, хагдаҥ эһэҕэ баттаппат, дьоллоох дьолуо маҥан күннэрдээх эбит диэн күүскэ итэҕэйэбин…

Эдьигээҥҥэ сорох күн алта уруок кэнниттэн дьиэбэр аһыы охсон, сырдык былдьаһыытыгар, үксүгэр тыаллаах күннэргэ Стрекаловка үрэҕэр Маабыра хайатыгар  хаххалатан, сороҕор стадиоҥҥа хайыһардыы ыстанабын. Биир эмэ олус тымныы күҥҥэ сүүрбэтэхпинэ, тугум эрэ итэҕэс курдук сананабын. Күнтэн күн турукпуттан көрөн дьарыгым ноҕоруускатын улаатыннаран иһэбин. Кэлин 50 биэрэстэҕэ тиийэ биир да көлөһүн бычыгыраабакка сүүрэр буоллум. Сүрэҕим тэбиитин хайдах баҕарар хонтуруолланар турукка киирдим. Олорон эрэ мүнүүтэҕэ 30-ча тэбиигэ тиийэ түһэрэбин, сөптөөх таһымҥа таһаарабын.

Ити кэмҥэ сыта-тура толкуйдаан, саас халлаан сылыйдаҕына, аттынааҕы 12 көстөөх Баахынайга, эбэтэр 9көстөөх Кыстатыамҥа «буран» суолунан хаҥкылыы тэбэн,икки-үс чааһынан тиийиэххэ сөп эбит диэн модун санааҕакэлбитим. Оччолорго Кыстатыамҥа тибии типпит суолунан, Урал массыынанан анаан-минээн оҥостон, тоҥуу хаарга батары түһэ-түһэ, уонча чааһы быһа айаннаабыппытын санаатахха, кырдьык да быһымах санаа этэ. Биир күн боруобалыырдыы оҥостон, Кыстатыамҥа олох чугаһаан иһэн, холкутук төнүннүм. Онон бэйэм кыахпар эрэлим улаатта.

Дириэктэрбит Семен Петрович Алексеев бэйэтэ экстремал-спортсмен буолан, хайыһардыыры сүрдээҕин өйүүр. Ити курдук саас, ыам ыйын бырааһынньыктарын кэмигэр, “Саха омук” диэн тэрийбит обществобын түмэн, улуустааҕы спорт салайааччытынан саҥа үлэлии кэлбит, атах оонньуутун рекордсмена Василий Николаев көмөтүнэн Эдьигээн – Кыстатыам диэн, 9 көстөөх  супер-марафону тэрийдибит. Барыта 8 киһи кытынна. Ол иһигэр олохтоох аҕамсыйбыт хайыһардьыттар Владимир Васильев, Виктор Элляев, Семен Васильев бааллар. Алгысчыт Матрена Куличкина аал уотуоттон алҕаата. Биһигини буранынан арыаллыыр, хас көс аайы бириэмэбитин этиэхтээх Василий Николаев уонна физкультура учуутала, наартаны ойууга спорт маастара, дэгиттэр спортсмен Алексей Шадрин спидометрынан көрөн, бастакы уон биэрэстэбин 25 мүнүүтэнэн ааспыппын эттилэр. Онон бэйэм да соһуйан, арыый туттуна сүүрдүм.

Хаар үрдэ муус бүрүөһүннэнэн, уһун тайахпынан анньыннаҕым аайы хайыһарым барар да барар. Ити тайаҕым стандартнай хаҥкылыы тэбиигэ аналлаах тайахтан өссө уһун, үрдүгэ бэйэбин сабырыйар. Онон маннык халтархай суолга, -2-3 эрэ кыраадыс тымныыга анньынарга амплитудата улахан, барыстаах. Эбиитин анньыныым бүтэһигэр, илиим киистэтин күүскэ бырахтахпына, өссөтүргэтиибин. Халтархайа бэрт буолан, үксүн тохтоло суох, атахпын да хамсаппакка анньына эрэ иһэбин. Омуна суох биир анньыныыга 30-ча миэтэрэни барабын быһыылаах. Тахсыы сыырдарга эрэ атахпын сылатымаары, хардары-таары тэбинэн, кыра сыырдары туруору анньынан тахсабын. Үчүгэйэ диэн, Кыстатыамҥа диэри суол Өлүөнэ эбэ көнө ньуурунан барар, арыыларга, быстарыыларга киирии-тахсыы кыра түһүүлээх-тахсыылаах. 

Тула иһийбит курдук уу-чуумпу, арай хайыһарым сырылыыра, тайаҕынан анньыныыга биир тэҥник хаар кычыргыыра эрэ иһиллэр. Этим-сииним, хас биирдии былчыҥнарым куруһуна курдук имиллэҥнии күүрэн, уһун синньигэс хамсаныыларга кэмигэр холкутаан, сынньана иһэллэрин хонтуруолланабын. Хайа эмэ былчыҥым кыратык да күүрэн, сылайан бардаҕына, ол былчыҥ утаҕын сынньатаары хамсаныыбын уларыта сатыыбын. Бу барыта кэпсииргэ судургу эрээри, туох да диэбит иһин, сындылҕаннаах суолга күүскэ хамсаннаххына эрэ, инниҥдиэки сырылыаҥ турдаҕа. Бастатан туран, маннык эрчимнээхтик дайарга, ханнык баҕарар орто баайыылаах киһи күүстээх дьарыгы тулуйдаҕына, холкутук ситиһэр кыахтаах. Чэй, эрэ – саха ньургун уолаттара, дойдубут ыраас салгынын түөс муҥунан тыына, сындыыстанар хайыһар соноҕоспутун сылайбакка сырылатыаҕыҥ, хоту дойду булчут хоһууннарын муҥурун булларбат сындааһыннарын көрдөрүөҕүҥ!  

Икки көс кэнниттэн, баҕар сэниэм эстиэ диэн эрдэттэн хайынан, сүүрэрбин тохтоппокко эрэ сок иһэбин, кыра куһуохтарынан бэлэмнээбит халадьыаспыттан(дырыһааҥкабыттан) сиибин. Туругум үчүгэй, сылайбатым эрээри, син биир арыый туттуна сүүрэбин. Иннибэр өссө да 70 биэрэстэ баар.

Өр сылларга сүүрбүт уопуппар олоҕурдахха, итиччэ ырааҕынан эҥсэн сүүрэр киһи, элбэх энергияны биэрэр аһылыкка наадыйар, баһырхай аппачыыттанар. Онуоха аһылыктартан ордуктара дырыһааҥка эбит диэн  түмүккэ кэлбитим. Бу аска уҥуох силиитэ, сыа, иҥиир, уҥуох кальцийа о.д.а. туһалаах барыта баар. Дэлэҕэ, Чыҥыс Хаан кэмин биир ыраахтааҕыта этэ сулуллубут сото уҥуохтарын үнтү сынньан, ньуоска турар курдук хойуу буолуор диэри буһаттаран аһыыр уонна түүн устата тус туһунан олорор сэттэ ойоҕун кэрийэн сүгүн утуппатын туһунан номох баар. Чэ, ол утуппата туһунан кэпсээн, онтон күүһү-уоҕу биэрэрэ чуолкай. Атын, бөрүкүтэ суох аһы куртах ыалдьыар диэри да кыаннаххына, кыайан чөлгөр түспэккин, сылааҥтахсыбат, сарсыҥҥытыгар улук буолаҕын. Дырыһааҥкы барахсаны сиэтэххинэ – тута «дьыр» гына түһэҕин…Чахчыта спорка, күүстээх үлэҕэ эрэ анаммыт ас быһыылаах, аһаан баран, хамсанан таһаарбатаххына, организм ыараханнык ылынар. 

50 биэрэстэлээх бэлиэҕэ уолаттарбыт күүтэн, тиэрмэстэн сылаас кофе иһэрпиттэрин кэннэ, тута хараҕым сырдаан, иккис тыыным киирэн: «Марафон, дьэ, саҕаланна», – диэттүһүнэн кэбистим. Бииргэ сүүрэр дьонум кэннибэр чугаһынан көстүбэттэр. Кыстатыам үрэҕэр киириибэр соччо сылайбыппын билбэтим. Онон тэтиммин өссө эбэн, кылгас дистанцияҕа сүүрэрдии хаптайа-хаптайа анньынабын. Ол иһэн, арыый эрдэттэн түргэтээминэ, аһары туттуммуппун диэн кэмсинэ санаатым. Дьиҥнээх күүһүн биэрбит спортсмен финиш кэнниттэн охтон түһүөхтээҕэ буолуо, биһиэхэ саха уолаттарыгар ол кыаллыбат. Өйбүтүгэр-санаабытыгар ханнык баҕарар балаһыанньаҕа тура сылдьыахтааххын, охтуу мөлтөөһүнү көрдөрөр диэн санаа,дириҥник сөҥө сырыттаҕа. 

Бөһүөлэккэ 5 биэрэстэ иннинэ Кыстатыам хайыһардьыттара ураатыы көрсөллөр, арыаллыы сырсан иһэн, хаалан хаалаллар. Бөһүөлэккэ киириигэ дьон бөҕө тоҕуоруспут, бураннаах уолаттарбыт кэлэн кээмэйдиир чаһыларын тутан тураллар эбит. Ити сүүрүүгэ 3 чаас 50 мүнүүтэнэн Кыстатыамҥа урут тиийдим. Ол аата, буран спидометрынан кээмэйдэммит 8,5 көһү, хас биирдии көһүн тохтоло суох ортотунан 26-27  мүнүүтэнэн кэллим. Бииргэ сүүрбүт уолаттарым биир-икки чааһынан хойутаан кэллилэр. Ити күн кэлэн аһаат, олохтоохтору кытта волейболга, остуолтенниһигэр табаарыстыы көрсүһүү диэн күрэхтэстибит, киэһэ торжественнай чааска «Кыстатыам» сопхуос салалтата, парткома грамоталары, бэлэхтэри туттарда, кэнсиэр уонна доҕордоһуу киэһэтэ, үҥкүү хойукка диэри буолла. Тоҕус көстөөх сүүрүү кэннэ, кэлин санаатахха,сылайбат сындааһын эбит. Туруу саас уонна күүстээх дьарык тугу кыайбатаҕай… 

Эһиилигэр ити дистанцияны 3 чаас 48 мүнүүтэнэн кэлэн өссө тупсарбыппын, бүгүҥҥү күннээххэ диэри ким да куоһара илик. Биир сыл, бу күрэхтэһии хайыһар сезонун ыам ыйыгар диэри уһатар диэн, республикатааҕы таһымнаах ыыппыппыт. Онно Саха сирин биллэр маастардара Вячеслав Тимофеев, Матвей Лыткин оҥостон кэлэ сылдьан, ити рекордка 20-тэн тахса  мүнүүтэнэн тиийбэтэхтэрэ. Бука арааһа онно күн-дьыл туруга кинилэри утары үлэлээтэ быһыылааҕа: утары тыал, сорох сиринэн хараарбыт суол. Итиннэ мин эмиэ тэҥҥэ сүүрэн иһэн, саҥа хайыһар бачыыҥка ылыммытым атахпын аалан, туораан хаалбытым. Онно бииргэ үлэлиир коллегам, оччоттон да бэрт сытыы-хотуу Бүөккэ Дабыыдап, билигин Россия үтүөлээх тренерэ: «Доо, Саша, онтон биһиги ити дьону истэрэ ыалдьар курдук аһаппаппыт дуо?» – диэн күллэрэн турар.

Рекорд олохтуур сүүрүүм иннинэ, Дьокуускайга Чочур Мырааҥҥа 30 км. дистанцияҕа хотугу улуустарга, хотугу многоборьеҕа ураҕастаах сүүрүүгэ, комбинированнай эстафетаҕа республикаҕа бастаабытым – бука балачча үчүгэй спортивнай туруктаах сылдьарбын туоһулаабыта.Онон аны ааҕан-суоттаан баран, табаны да кытта сырсыахха сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Айылҕа оҕото биир көһү муҥойуунан 15 мүнүүтэ кэриҥинэн кэлэр эрээри, ол кэнниттэн тылын былас түһэрэн, тыын ыла турунан кэбиһэр. Онон 9көһү хайдах да биир тыынынан, хас биирдии көһү биир тэҥтүргэнник сүүрбэт эбит.

Манна биллэн турар, киһи киһиттэн уратытын курдук, таба табаттан ордуктааҕын аахсыбакка, бэйэм курдук орто табаны ыллахха. Холобурун эттэххэ, саамай улахан сылгы 2,6 тонналаах Бельгияҕа баар буолаҕына, саамай кыра сылгы 26 киилэ ыйааһыннаах диэн буолар. Көстөрүн курдук сүүс төгүл,  сирдээх халлаан курдук араастаһыы, кыах уонна күүс да ол сиэринэн буолан эрдэҕэ. Табаһыт уолаттарга табаны кытта сырсарга бэлэммин диэбиппэр, бастаан утаа туох киһиргэс киһитэй диэх курдук көрөөт, «факт – упрямая вещь» дииллэринии, суоттаан баран, тугу да саҥарбатахтара. Бука ат баайыытын курдук, табаҕа эмиэ ити уһун дистанцияҕа анал дьарык ирдэниллэн эрдэҕэ. Ити курдук, ханнык баҕарар киһи ис кыаҕар эрэннэҕинэ, мотивациялаах буоллаҕына, төһөлөөх да уустуктары туоруур кыахтааҕын билэбин. Биирдэ баран эттэххэ, бүгүҥҥү күннээххэ наука космос куйаары уонна муҥурун булларбатах киһи кыаҕын эрэ толору үөрэтэ, билэ илик. Онон киһиэхэ эрэниэххэ, биирдэ бэриллэр олоххо чыпчаалтан чыпчаалга талаһыахха…  

Өссө спорка махталым диэн, миигин ыарахан ыарыыттан өрө тардан, атахпар турарбар көмөлөспүтэ диир толору кыахтаахпын. Ол курдук 2002 сыллаахха массыына саахалыгар түбэһэн сиһим биэс тоноҕоһун, тааһым уҥуохтарын үнтү кумалатан, сыл кэриҥэ турбакка сыппытым, инбэлииккэ тахсыбытым. Онуоха былчыҥнарым син сайдыылаах буолан, биир кэм сытыыга атропиябуолбатахтара уонна кэмигэр хамсанан-имсэнэн барбыппар, били көрсүбүт бөрөм курдук олох уустуктарыгар тииспин килэппитинэн тута туран кэлбитим, инбэлииппиттэн уһуллубутум. Ким билиэй, баҕар онно уҥуохтарым кумаламматахтара буоллар, салгыы өссө дьарыктаныам хааллаҕа. Ол эрээри билигин мин ситиспэтэх ситиһиибин кыра уолум Федор, көҥүл тустууга кадеттарга Россия чемпиона, Европаҕа бастыыр иһин күрэхтэһии кыттыылааҕа, 2013 сылга Саха Республикатын уон бастыҥспортсменынан ааттаммыт «бастыҥ айымньым» салгыырыттан үөрэбин.

Эдьигээҥҥэ олорор кэммэр хайыһары уонна спорду кытта ыкса алтыһарбар бэртээхэй спортсмен уолаттардыындоҕордоспутум, алтыспытым, спорка уһуйбутум эмиэ үтүөэрэ өйдөбүлү хаалларбыта. Кинилэртэн үгүстэрэ ити супер-марафоҥҥа кыттыбыттара. Ол курдук наартаны ойууга СР спордун маастардара, дэгиттэр спортсменнар Алексей Шадрины, Алексей Степановы, Петр Давыдовы (билигин пауэрлифтиҥҥэ Россия үтүөлээх тренерэ), СР уонна РФ спордун маастардара Василий Сорокины (Эдьигээн нэһилиэгин баһылыга), Вячеслав Филипповы, Николай Софроновы, чөл олох пропагандиһа, хайыһардьыт Семен Васильевы, мас тардыһыыга СР спордун маастара Лаврентий Кычкины, көҥүл тустууга ССРС спордунмаастара Афанасий Павловы, спорт маастарыгар кандидаттар Николай Филипповы, Александр Петровы, хайыһардьыттар Виктор Элляевы, Владимир Васильевы, Афанасий Павловы, Егор Романовы о.д.а. доҕордоспутум, алтыспытым.

Спорт салайааччылара СР үтүөлээх тренерэ Николай Алексеев, атах оонньуутугар РФ спордун маастара, СР рекордсмена Василий Николаев уонна спорт сайдыытыгар дьоһуннаах кылаатын киллэрсибит Лидия Атласова хайыһарынан сүүрүүнү куруук өйүүр этилэр. Киһи сөҕөрөдиэн хайыһарга  улууска бастыыр иһин күрэхтэһиигэ 20, 30 км. уһун дистанцияларга биир буол, биэс буол хайаан да сүүрдэллэрэ, улуус тас өттүгэр күрэхтэһиилэргэ ыыталлара. Холобурун эттэххэ, Таатта курдук Эдьигээнтэн түөрт төгүл элбэх нэһилиэнньэлээх улууска улахан дьоҥҥо хайыһарынан сүүрүүгэ күрэхтэһии ыытыллыбатаҕа быданнаата. Оттон оҕолору уһун дистанцияларга сүүрдэртэн туттуналлар.Уопсайынан Эдьигээҥҥэ спорт үрдүктүк тутуллар. Мин олорор сылларбар улуус спортсменнара спартакиадаҕа, спортивнай оонньууларга хотугу улуустарга икки төгүл хамаанданан бастаабыттара. Онно Чурапчыга 1992 сыллаахха буолбут 4-с спартакиадаҕа 10 км. дистанцияҕа сүүрүүгэ кыттыбытым уонна биирдиилээн бастаабыттарга өрө күүрүүлээх оданы суруйан улуус хаһыатыгар бэчээттэппитим:

Саха сирин 4-с спартакиадатын чемпионнарыгар, призердарыгар Гавриил Татариновка, Валерий Винокуровка, Александр Петровка, Александр Ильиновка, Лаврентий Кычкиҥҥа, волейболистарга аныыбын.

Бэс ыйын умайар уот кураан сайына

Чурапчы ол тоҕус томторун үрдүнэн

Өҥүрүк куйааһын ыһыахтыы,

Өрүтэ эппэҥнии сыппыта.

Торҕо күөх отунан симэммит стадион

Дьэрэкээн таҥастаах дьонунан туолбута,

Бу манна дуулаҕа бухатыыр уоланнар

Киэҥ Саха сириттэн күөн көрсө мусталлар.

Уон бууттаах сымара таас сиргэ сытарын

Эдьигээн эрчимнээх илиитэ көтөҕөр,

Киэҥ алаас иҥиэттиэр диэритин

Мөҥүрүөн түөһүгэр көтөҕөр.

Биир ньыгыл сомоҕо таас буолан

Быччыҥа быыппаста Ганя уол хардыылыыр,

Сир дойду ньиргийиэр диэритин

Ол тоҕус былаһы нөҥүөлүү быраҕар.

Төгүрүк түһүлгэ түөлбэтин тулалаан

Олоҥхо дойдутун дьонноро сөҕөллөр,

Хапсаҕай оонньууга тэҥнээҕин булбатах

Валерий диэн Ньургун Боотуру.

Эдьигээн инники кэскилэ Бөтүрүөп

Убайын суолуттан хаалсыбат,

Аатырбыт Чурапчы тэлгэппит көбүөрүн

Сүһүөхтээх бэйэтэ билиммэт,

Кыстатыам хоодуота Ылдьыынап

Маамыкта бырахпыт илиитэ хамсаабат,

Туундара бу дьикти идэтин баһылаан,

Өрөгөй ырыатын ыллатар.

Хахай кыыл хаһыытын кэриэтэ

Хабараан хапсыһыы салҕанар,

Лаабыр уол Тыгыны саната,

Киэҥ көхсө күлүктүү сабардыыр.

Имигэс табалыы Баһылай

Наартаны үрдүнэн кыырайар,

Маастары толорор ол түһүү

Эрчимнээх һээдьэни санатар.

Кыргыттар волейбол оонньууга

Хотугу хоптолуу дайаллар,

Эргийэр мээчиги тэйитэ

Өрүтэ күөрэйэн охсоллор.

Уо, кэрэ да этэ ол түгэн

Эдьигээн эрчимнээх ыччата

Бастакы кыайыытын ситиһэн,

Хотойдуу тус хоту көппүтэ.

Баҕарыам этэ мин бу түгэн

Аны да эргийэн кэлиэҕин,

Улууспут иҥиирдээх ыччатын

Куруутун ыҥыра туруохтун!

(«Эдьигээн сонуннара» 1992 с. Ахсынньы 30 күнэ.)

Спортсмен уолаттартан булка-алка көхтөөҕүнэн, көрү-күлүүнү өйдүүрүнэн ордук биир саастыылааҕым Алексей Шадринныын өр сылларга ыкса бодоруһан, күн бүгүнүгэр диэри хаадьылаһан, кытыйаҕынан-хамыйаҕынан бырахсан кэллибит. Онтон ыаллыы олорбут, хомойуох иһин кэлин былаҕайга былдьаммыт, аатырбыт тустуук Афанасий Павловтыын бэркэ бодоруһан иһэн хаалбыппыт. Опуоҥка оччолорго 90-ча киилэлээх киһи, кыһын тоҥуу хаарга тулууптаах, хаатыҥкалаах кэннинэн сальто оҥорбутун олус сөхпүтүм. Уолаттар: Опуоҥка, Алексей Шадрин, Петр Давыдов, Александр Петров биир сыл Таатта, Чурапчы ыһыахтарынан хапсаҕайга турне оҥорон, иннилэрин кимиэхэ да биэрбэтэхтэрэ. Чычымахтан үбүлүөйдээх ыһыахтан кэлэн иһэн, өҥүрүк куйааска мүһэлэрин кыайан илдьэр кыахтара суох буолан, миэхэ Ытык Күөлгэ хаалларбыттара. Көр, эдэр сааһым доҕотторо барахсаттар аакка-суолга биирдэ оннук мүһэ бөҕөнү дэлэччи аһатан турардаахтар.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....