06.05.2023 | 20:11

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Долгун арҕаһынан айан

Ити күһүн биир тэрилтэҕэ үлэлиир Ыстапааннаах Оппуонньабын кытта бэркэ тапсан, хас өрөбүл аайы эбэ арыыларыгар киирэн балыктыыбыт, көтөрү да ытабыт. Аҕа киһибит Ыстапаан Бубякин Эдьигээҥҥэ Орто Халыматтан кэлэн олохсуйбут. Ньолоҕор сирэйин өссө ньолботон, кыараҕас хараҕын симириктии-симириктии кэпсээн сыыйдаҕына – киниттэн ордук ис-киирбэх, кыра бэйэтэ улаатан көстөр, бэртээхэй киһини бу  орто дойдуга булуоҥсуоҕа. Ол курдук истээччи ис дууһатыттан ылынарын курдук дьоһуннаахтык, уус-ураннык кэпсиирин оҕоккото.

Оттон Оппуонньа Куолаһап олохтоох Кыстатыам хоһууна. Эдэр сылдьан буккулла, аһыы утахха үлүһүйэ сылдьыбыт кэмнэрдээҕин мэлдьэспэт. Сытыы-хотуу булчут уонна балыксыт бэрийэр бэрдэ, ону таһынан худуоһунньук, уус-уран оҥоһукка уран тарбахтаах бастыҥа, олоххо бэрт мындыр көрүүлэрдээх. Маны сэргэ, эмиэ кэпсээн баран кэлээр диэбит киһилэрэ. Онон бэрт сэргэх убайдары кытта булсан, илии-атах, туппай-иппэй, кулгаах-харах, иннилэригэр-кэннилэригэр түһэр ылгын уоллара буолан сырыттым. Убайдарым бултуур тэриллэрэ, техникалара да баардыҥы, хайа уонна сири-уоту билэллэрэ да сыттаҕа.

Ити сырыыларбытыгар биирдэ да кураанах төннүбэппит. Кыттыгастарым кэпсэл-ипсэл эрэ буолбакка, дьаһал бөҕө дьон. Булт соноругар уонна балык абылаҥар итинник дьаһаллаах, кэмигэр төтөлө суох сэһэннээх, көрү-күлүүнү өйдүүр дьону кытта сылдьартан үчүгэй туох да суох... Ордук улуу балыксыттар уу кэлиититтэн, сүүрүгүттэн көрөн-истэн, сыныктаан, илимнэрин хомолорунан, бурууларынан үттэхтэринэ, ууну буллардахтарына – иллэҥсийэн тойон оҕото буола түһэҕин. Оччоҕо айылҕа барахсан анаан айбыт кэрэ киэлитигэр оҥостон олорон, балыксыт кутаатын сыламыгар итии чэйи иһэн сырылата-сырылата, сэһэн-сэппэн тимэҕэ сөллөр. Манна өссө уот аһатарга кыра буоккачаан баар буоллаҕына, хара харах кылапачыйар, бииртэн биир нарыламмыт Байанайдаах сэһэн тохтоло суох суккуллар, суор холото тастаах эмис кус бултанар, сэттэ ыллар хаамыылаах балык соһуллар, оччотооҕу халлаан үрдүгэ кытта ахтыллар... Ити буоллаҕа – эр киһи соргулаах олоҕун туохха да бэриллибэт дьоллоох түгэнэ...

Ол эрээри, балык булда үөһэ этиллибитин курдук куруук астаах-үөллээх кутаа иннигэр олорон, кэтэһии эрэ буолбатах. Табыллыбатаххына, үгүс сыраны-сылбаны эрэйэр, мотуоруҥ уматыгыттан саҕалаан, илимҥэр тиийэ үгүс ороскуоту ирдиир. Итиэннэ биир саамай кутталлааҕа, тыал хотуттан сүүрүгү утары саайдаҕына, долгуҥҥа былдьатыаххын сөп. Өлүөнэ эбэ бу эҥэригэр ыкса күһүн, чопчу балык кэмигэр сотору-сотору балысхан бааллаах эҥсиллэр долгуннар, үөмэхтэһэ түллэҥнииллэр. Улахан тыал түстэҕинэ, бэл, аарыма уу ааллара: танкердар, самоходкалар, теплоходтар айанныыр кыахтарыттан тахсан, хахха сиргэ тохтуурга күһэллэллэр. Оттон кыра оҥочолоох балыксыттар хастыы эмэ хонукка арыыга  хаайтарар, ардыгар быстахха да былдьанар түбэлтэлэрэ сылын ахсын тахсыталыыр.

Биһиги эмиэ биирдэ ыкса күһүн, кыдьымах киириэн аҕай иннинэ, арыыга сыттахпытына, өрүс талахтарын куугуната имиллэҥнэтэр, үлүгэрдээх тыал түстэ. Өлүөнэ эбэ талыыта киирэн, балысханнык түллэҥэлээтэ, харах ыларын тухары үрүҥ күүгэнинэн алла эппэҥнээтэ, атыйахтаах уулуу күөгэҥнээтэ, кытылга охсуллан, тыаһаан-ууһаан барылаата, биир-кэм өрө ньиргийэ, ньирилии сытта. Оо, арах-арах, чахчы улуу Айвазовскай киистэтиттэн тахсыбыт “Тохсус баал” сүдү көстүүтэ...

Тыал хаһыс да күнүн сэллээбэккэ иһиирэ үрэн, илимнэрбитин көрдөрбөккө, мэлийии буолла. Аны өрөбүл күннэрбит бүтэн, үлэҕэ хойутуур ыксала ыкта. Мин тура-олоро сатаан, дэлби эрэйдэнним. Хата күүтэ таарыйа, хомолорго бүкпүт биирдиилээн кустары бултаһан, арыыбын кэрийэн кэлэбин. Дьонум холкулара сүрдээх: “Маннык үлүгэргэ быстахха былдьаммаппыт, үлэ күүтүөҕэ”, – дэһэн,кутааларын күөдьүтэн, чаанньыктарын үөскэ тардаллар. Сотору-сотору киирэн, оҥочолорбутун кытылга балкыллар долгунтан харыстаан, үөһэ тардабыт, үлүгэрдээх элбэҕи кыаммыт чэйбитин, тыалы таҥнары туран, көҕүрэттэбит...

Ити олордохпутуна, киэһэлик тыал арыый аҕырамныырга дылы гыммытыгар, оҥочолоох мотуор тыаһа быста-быста ньирилээн иһэрэ иһилиннэ. Кырдьаҕастарым: “Ити туох сатамматах, харса-хабыра суох киһитэ иһэрий!?” – диэн соһуйдулар.  Өр-өтөр буолбата, үллэҥнэһэр долгуннар быыстарынан, күөх куорпус тимирэ-тимирэ күөрэйэн, оҕустаран, уунан ыһыахтана-ыһыахтана, тигинээн кэлэн кытылга тигистэ. Биһиги уһатыылаах куруму саппыкылаах кэтэһэн туран, саба түһэн, куорпуһун кытылга өрө тардан ыллыбыт.

Бу Сокольников диэн киһи эмиэ бултуу сиргэ сылдьан, арыыга хаайтаран, сарсын Дьокуускайга самолетунан көтөр билиэтэ хаалаары, ыксаан иһэр эбит.

Чэйдии олорон, мин дьонум маннык үлүгэргэ барбатыгар, кэтэһэригэр сүбэлээтилэр. Киһибит онно кыһаллыбата. Тас көрүҥнүүн бөдөҥ-садаҥ хара бэкир, туохтан да толлубат чолбоодуйбут уоттаах харахтаах, уола хаан бэрийэр бэрдэ.

– Икки отуттаах “вихрь” мотуор тэҥинэн анньар,“казанка-5” куорпустаахпын. Онон төһө да улахан долгуҥҥа барабын. Бүгүн-сарсын кыдьымах киирдэҕинэ, муус тоҥуор диэри, манна хаайтарыахха да сөп. Хата, ким доҕор буолан барсарый? Илдьэбин... – дии-дии күлэн күһүгүрэтэр. Мин өссө уһуннук хаайтарар бэрэспэктиибэни истэн, эбиитин үлэбэр ыктарбыт, дьиэ-кэргэммин ахтыбыт киһи, хайдах эрэ сайыһан, – Барсабын, – диэбиппин, кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьонум соһуйан өрө көрө түстүлэр, мөҕүөхчэлэр...

Ону ол диэбэккэ, халлаан хараҥара илигинэ, тыал арыый намыраабытынан туһанан, уҥуоргу кытылы була охсоору, сып-сап хомунан, төттөрү охсо турар долгуннары утары анньынан кэбистибит. Мин үөс диэки харса суох эрдэрим быыһыгар, киһим оҥочотун иннигэр өссө ытын олордо сылдьарын көрөн аһардым. Онтукайа быгыалаары гынарын мөҕө-мөҕө, икки мотуордарын утуу-субуу собуоттаан барылатта уонна ускуораһын холбоон, үөмэхтэһэр долгуннар үөстэригэр түһүнэн кэбистибит. 

Ааттыын үс үөстээх Өлүөнэ эбэ орто үөһүгэр киирэн истэх аайы, долгуннарбыт улаатан, арыый ойоҕолуу туттаххына,куорпуһу тиэрэ биэриэхчэ саайбытынан, уҥуоргу кытылга ыытымаары, хаайбытынан бардылар. Биһиги түллэр долгуннары кырыыбалыы тутан, уҥуору былдьаһа сатыыбыт да, сыҕарыйбакка төттөрү охсуллар, сүүрүгү эрэ өксөйөр курдукпут. Ити кэмҥэ халлааммыт номнуо хараҥаран барда. Тыалбыт өссө күүһүрэн иһэр бадахтаах, хайа саҕа долгуннар өрүтэ түллэҥнээн, икки отуттаах мотуорбут орулуу-орулуу өрө дабайар уонна биирдэ аллара куугунаан түһэн, тумсунан тимирэн ылар. Бука арааһа самолет аллара суулларыттан итэҕэһэ суох, иһиҥ-үөһүҥ барыта өрө үтэр, кычыгыланар.

Ол аайы куорпус икки өттүнэн муустаах уунан тоҕута ыһыахтаан, таҥас-сап бүттэтэ суох илийдэ. Ууга-уокка былдьанаары таҥараттан, күнтэн-ыйтан, Үрүҥ Айыылартан үҥэн-сүктэн көрдөһөн, буһа олорор киһи, ити аайы тоҥуо баара дуо... Аны туран, аллара куугунаатахпыт аайы, ыппыт ыйылыы-ыйылыы ууга ыстанаары хаайар. Киһим урууллуу олорорун иһин, ыты сабырҕаҕыттан тутан, хам баттыы сатыыбын.

Сол курдук, аад айаҕынан өлөр-тиллэр икки ардынан өр да өр айаннаабыппыт кэннэ, уҥуоргу кытылга син чугаһаатыбыт эрээри, долгуна өссө улахан. Хараҥаҕа былыт быыһынан ый тыгар уотугар кыһарыйан көрдөххө, долгуннар туох да омуна суох эбэни кыйа турар, хайалары кытта тэҥнэһэн ылар үрдүктэр. Туруору сыырдаах эмпэрэ кытылга хайдах да тиксэр кыах суох. Иннибитигэр барыгылдьыйар тумуһаҕы аастахпытына эрэ –  киһи, эбэтэр кии буоларбытын бигэтик өйдөөтүбүт. Онон сүүрүгү өксөйө, кэннибититтэн үрэр тыалга баарыстанан, тимирэ-тимирэ күөрэйэн, тумуһахпыт кэннигэр, дьэ, кэллибит. Манна үрдүк сирэй хайа хаххалаан, тыала кэм арыый курдук уонна оо, бу дьолу, кытылга кулуһун уота көһүннэ...

Сокольников кытылга тоҕо сүүрдэн тахсан икки мотуорун саба тутаатын кытта, аарыма долгун оҥочобутун арҕаһыгар олордон, таастаах кытылга бырахта, үрдүбүтүнэн тымныы ууну саба кутта. Биһиги ыһыытаспытынан оҥочоттон ойон түстүбүт. Долгун эҕирийиитигэр нэһиилэ төттөрү сүүрэн киирэн, ыппыт быатын төлө тардан таһаардыбыт уонна куорпуспутун өссө күүстээх түллэр долгун көтөҕөн тиэрэ саайбытыгар, хайдах да быыһыыр кыаҕа суох көрөн эрэ турарга күһэлиннибит.

Ити киэһэ балыксыттар тимир оһохтоох балааккаларыгар таҥаспытын-саппытын куурдунан хоннубут. Сарсыныгар тугу барытын мэлдьэһэрдии чэмэлкэй күннээх үүт-тураан күн үүннэ. Биһиги, бэҕэһээҥҥи дьулаан күнү санатан, аҥарынан кумахха көмүллэ сытар, мотуордаах куорпуспут таһыгар кэтэхпитин эрэ тарбана турдубут. Остуол ньуурунуу көммүт эбэнэн, кыдьымахтар кылыгыраһа усталлар...  

Эдьигээҥҥэ кэлэн үс хоммутум кэннэ, кыдьымах(олохтоохтор цуга диэн ааттыыллар) көмүөл мууһунуу тоҕо анньан киллэрдэ. Онно дьоммутун Куолаһаптааҕы сүтүктээн айманан эрдэхпитинэ, “саҥа кэллилэр” диэн буолла. Мин барар түүммэр тыал күүһүрэн, балысхан долгун төһө эмэ өрө тарда сатаабыт оҥочолорун, муустаах уунан чэҥэриччи саба ыспыт, кумаҕынан көмпүт, туох да ааттаах кыайбат гына муус килиэ оҥорбут. Онон кырдьаҕастар эмиэ моһуокка ылларан олордохторуна, кинилэр дьоллоругар ити уу сезонугар бүтэһигин ааһан иһэр буксир, түбэһэ кэлэн көмөлөспүт. Оҥочолорун, малларын кыраанынан үөһэ быраҕан, тиэнэн кэлбиттэр. Көр, Хоту дойду балыксыттара сыллата итинник сэрэхтээх быһылааннарга түбэһэллэрэ, былаҕайга былдьаталларакэмнээх буолуо дуо... Онон кинилэргэ, этэҥҥэ итинник быстах быһылааннарга түбэспэккэ, куруук астына балыктаан, балыксыт кутаатын иннигэр үөрэ-көтө сэһэргэһэ олороллоругар баҕарабын.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....