КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Тыатааҕыттан холдьоҕуллуу
Ити сыл күһүнүгэр улуус киинигэр Эдьигээҥҥэ көһөнкиирэн олохсуйдубут. Кытыы нэһилиэккэ тэҥнээх буолуо дуо – сайдыы бөҕө дойдута. Икки этээстээх мас дьиэлэр өрөбачыгыраһан кырыы-кырыыларынан, арыгы маҕаһыынын аана күн аайы аһаҕас, уочарата быһаҕас... Оччотоҕуга Эдьигээннээҕи 27 №-дээх профтехучилище дириэктэрэ, кэлин улуу өрүстэри харбаталаан туораабыт Ууһут Сэмэн диэнинэн биллэр, Семен Алексеев тута преподавателинэн ылла. 150-ча оҕо үөрэнэр дьоҕус училищетыгар табаһыт, булчут-балыксыт, норуот уус-уран оҥоһуктарын маастардара о.д.а. бөлөхтөргө оҕолору үөрэтэбит. Кэлин бу училищеҕа үс сыл кэриҥэ дириэктэринэн үлэлээтим.
Күһүн араас улуустартан кэлбит үөрэнээччилэрбитин производственнай практика диэн ааттаан, Эдьигээнтэн балачча тэйиччи сытар Хороҥку үрэх төрдүгэр, балаакканан хонноро сытан отонноттубут. Ол сыл уулаах отон чөҥөчөккө эрэ үүммэтэҕэ. Биһиги күн аайы куруолук хараҕыныы бөлтөркөй отону лоһугураччы үргүү-үргүү, хордуоҥка дьааһыгынан хайыллыбыт үрүссээктэргэ лөскөччү сүгэн, кытылга турар оҥочолорго киллэрэбит. Мин эдэр киһи быһыытынан, оҕолору кытта бииргэ сылдьан отонноһор, ол быыһыгар баҕар, кыыл араас кэлиэ диэн, саалаах сылдьыһан харабыллыыр эбээһинэстээхпин.Производственнай үөрэхтээһин маастардара – аҕамсыйа барбыт Куолаһап Оппуонньа уонна Ыстапаан Бубякин оҕонньор балыктаан аһаталлар. Аатырар били, уомулу, хатыыһы күннэтэ испит ыларынан кыанабыт. Биирдэ улахан хатыыс ыланнар, искэҕин нэлэгэр миискэҕэ хоточчу кутан,тууһаатыбыт. Оҕолор төһө эрэ сөбүлүүллэр диэбитим баара, дойду сирин кыргыттара, ордук мэҥэлэр, ыраахтааҕы аһын – хатыыс хара искэҕин амсайан баран, сирэн, мырдыҥнаспыттарыттан олус сөхтүм.
– Маннык деликатеһы эрэстэрээннэргэ эрэ бэрт ыарахан сыанаҕа, килиэп үрдүгэр чап-чараастык сыбаан биэриэхтэрэ. Кытаатыҥ, сибиэһэй искэҕи уобалаан иһиҥ. Мантан ордук иҥэмтэлээх ас ханна да суох. Өссө олимпиадаҕа Эдьигээн хоһууна Роман Дмитриевка биир дойдулаахтара искэҕинэн өйүөлээн ыыппыттара, мээнэҕэ буолбатах”, – диэн улахан хамыйаҕынан мотуйа-мотуйа, аҕытаассыйалыы сатыыбын.
Кыргыттарым барбах тылларын төбөтүнэн амсайаллар эрэ, туох да иһин кыайан сиэбэттэр. Били хаһааҥҥыта эрэ “Белое солнце пустыни” киинэҕэ таможник Верещагин искэхтэн аккаастанарынааҕар, өссө ордук атыыр аккаас. Бу санаатахха, алаас оҕолоро барахсаттар ол хаһан сиэбит хара искэхтэрин тута сүрэхтэринэн ылыныахтарай – атыҥыраатахтара. Онон кырдьаҕастар бэйэбит “аска киһи аҕыйаҕа ордук” дэстибит эрээри, “эн сиэ, мин сиэ” диэн,хас да хонугу быһа соһо сылдьан, чалбараҥнаатыбыт. Билиҥээҥҥэ диэри ону ахта-ахта, сыҥааҕым уута сүүрэр буоллаҕа үһү.
Балыксыттарбыт биирдэ эмиэ өлгөмнүк бултуйан кэллилэр. Ити күннэргэ тыал түһэн, бөһүөлэккэ барыы тохтоото. Онон тута үрүҥ балыктары буһаран уонна тууһаан сииргэ бириигэбэр таһааран баран, аҕыйах хатыыһы буорту буолбатын диэн кумахха тахсыбыт ууга ыытан кэбистибит. Үс хонук кэннэ хатыыстарбытын илдьэ бөһүөлэккэ бараары, балай эмэ кэҥээбит кумахпыт уутугар, дьэ, чомполонуу бөҕө буоллубут. Бүтэһик хаалбыт кээчэрэбит туох иһин таба туттарбакка, көр бөҕөнү көрүлээтибит. Ыксаан уутун аччатаары биэдэрэнэн баһа сатаатыбыт эрээри, уубут инчэҕэй кумахха төттөрү киирэ турар. Онтон өй булан, илиминэн муҥхалаан ыллыбыт.
Дьоммут ардыгар кустаах кэлэн, балыктан салгыбыт дойду оҕолоро эмис куһу астына хабыалыыллар. Айан куһа өрүс арыыларыгар дэлэй быһыылааҕа. Ол иһин биир күн Ыстапаан оҕонньору көрдөһөн, бэйэм оннугар хаалларан, испэр баҕар кус ытыам диэн бүччүм санаалаах илим көрсө барыстым. Ити күн илим үппүт хомобутугар, мотуордаах оҥочонон сүүрдэн киирбиппит доҕоор, туох да уу үрдэ биир кэм үрүҥүнэн-харанан туртаҥнаһар куоҕастарынан туолбут. Сааспар бачча элбэх куоҕас бииргэ түмсүбүтүн көрө илик киһи, сөрү диэн сөхтүм. Бука, арааһа туох да омуна суох сүүсчэкэ баар быһыылаах.
Уопуттаах сааһыт Куолаһап, тыалы утары көтөөрү даллаҥнаһан эрэр куоҕастары күөйээри, мотуорун гаазтаан бырылатта. Эрэһэ долгуннарынан көтө-көтө ойутан иһэн, ойоҕоспуттан туох да төтөлө суох тоҕо анньан кэлбит бөдөҥ бэйэлээх көтөрдөрү, арыый хойуулара буолаарай диэн туһаайа-туһаайа, ытыалаан түптэлээбитинэн бардым. Бастакы икки ытыым кэнниттэн тута саабын ииттэ сылдьан,хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, биэс-алта куоҕас таастыы сууллан, ууну ыһыахтаатылар. Хараана суох ааһар үөртэн, үһүс-төрдүс ытыыбар сууллар куоҕастары көрө-көрө, киһим астынан: “Оо, уол!” – диэн саҥа аллайарын истэн аастым. Кэмниэ-кэнэҕэс, бэһис-алтыс ытыыбар көтөрдөрбүт, дьэ, саа ылар сириттэн куота көттүлэр.
Бу күөрэтиигэ алтата ытан, куоҕас курдук төбөтүгэр эрэ таптардаҕына өлөр олус бөҕө көтөртөн, биэһэ тута барбытын хомуйдубут. Икки куоҕас бааһырбытын нэһиилэ эккирэтэ сылдьан, хастыыта эмэтэ ытан, сэриилээн ыллыбыт. Хас да бааһырбыт куоҕаһы куоттардыбыт, итиэннэ илиммитигэр иҥнэн, дэлби эрийэн кэбиспит биир куоҕаһы, Куолаһабым мөҕүттэ-мөҕүттэ, нэһиилэ арааран ылла. Ити орто хааска бэриллибэт бөдөҥ куоҕастар, тойон тарбах халыҥа тастаах кыһыл сыалаахтара сөхтөрбүтэ. Онон күһүн балыктаах хомолорго молооруччу уойан нэһиилэ көтөр, олус элбэхтик үөрдүһэр куоҕастарга,итинник түбэһэн, астына бултаатым.
Эмиэ биир күн дьонум балыктыы барбыттарыгар, оҕолору арыаллаан отонноон, киэһэлик сылайан-элэйэн,балааккабытыгар төнүннүбүт. Арай үрэх кумахтаах кытылыгар көрбүтүм, биһиги ааспыт суолбутун бата кэлбит,аарыма тыатааҕы суола бу ырылыйа сытар. Этим саласта, сүгэ сылдьар саабын илиибэр ылан, оҕолору сэрэтэн, кэннилэриттэн көрө истим. Саам да диэхтээн, куска эрэ хайҕанар доруоппар икки сүнньүөхтээхпин. Аны айанныыр сирбит ычык ойуур, хойуу талах. Ол истэхпитинэ кэннибитигэр мас-от тоһунна, харахпытыгар көстүбэт эрээри, хойуу ыккыйы тоҕута силэйэн, чахчы ким эрэ батыһан иһэр сибикитэ билиннэ. Бэйэлэрэ нэһиилэ иһэр оҕолор куттанан сарылаһа түстүлэр...
Ыксал буолла. Кырдьаҕаспыт тохтоотохпутуна тохтоон кэтэһэр, көстүбэккэ сытан киҥинэйэр, бардахпытына көхсө күрдьүгүнүү-күрдьүгүнүү батыһар... Биир кэмҥэ хайдах эрэ олус чугаһаата быһыылаах дии санаан, сүнньүөхпүн дарабыналаах ботуруоҥҥа уларыта охсон, талахтары үрдүлэринэн ытан саайдым. Эһэбит дэлби барбыт тыастан соһуйдаҕа, оту-маһы барчалаан, төттөрү ойор тыаһа иһилиннэ.
Биһиги тыын ылбычча, иннибит диэки түһүнэн кэбистибит. Ол эрээри үөрүүбүт уһаабата, кырдьаҕас киҥинэйэ-киҥинэйэ эмиэ чугаһаата. Хас хамсаныыбытын кыраҕытык кэтиирин көхсүбүтүнэн сэрэйэн, иэммит кэдэҥэлээн, кутуйах иинин кэҥэтэ-кэҥэтэ, санаабытыгар бытхаамыытынан иннибит диэки баран истибит. Кэмниэ-кэнэҕэс бары баттахпыт маҥхайа сыспытын кэннэ, Өлүөнэ эбэ күүтүүлээх кытылын кумаҕа нэлэс гынна. Биһиги, дьэ,өрө тыынныбыт. Сүүрэ-хаама балааккаларбыт диэки харбыалаһан иһэн кэннибитин хайыһан көрбүппүт – ыраах ойуур саҕатыгар сүүнэ эһэ тахсан, икки атаҕар тура-тура хантаарыҥныыр, хайдах эрэ атаарардыы баппаҕайдарынан далбаатанар курдук хамсана хаалла.
Хачыгыр таастаах, кумахтаах кытылынан балайда хааман, балааккаларбытыгар тиийбиппит, хаалбыт икки асчыт кыыспыт уолуйа куттанан тоһуйдулар. Биһиги отоннуу барбыппыт кэннэ, үөһэ мыраан үрдүгэр аарыма эһэ кэлэн, часкыйа-часкыйа оту-маһы тоҕута сыспыт. Кыргыттар куттанан, бастаан балааккаҕа куотан киирбиттэр. Онтон, дьэ, өйдөнөн кутааларын күөдьүппүттэр уонна кытылга турар оҥочолоругар киирэн, куотардыы бэлэм олорбуттар. Аһыҥастаах кыыл балачча боруоҕуран баран, сүтэн хаалбыт. Кыргыттар кытылга киириэ диэн дьулайан, хойукка диэри ас астаабакка, бэйэлэрэ да аһаабакка күнү быһа оҥочоҕо олорбуттар.
Биһиги кэлээт, тута кутаабытыгар уу аҕалбыт сылбаҕыттан дэлэччи быраҕан кытыаһыннардыбыт. Ити кэннэ, дьэ, нам-нум уоскуйан, саҥа астанаары сырыттахпытына, балыксыттарбыт кэллилэр. Дьоммутугар күө-дьаа өрүсүһэ-өрүсүһэ кэпсээтибит эрээри, дьоммут киэҥ холкулар, итэҕэйбэт курдук мүчүҥнэһэллэр. Ол эрээри сарсыныгар балыктарыгар барбакка, бииргэ отоннуурга быһаарыннылар. Мин куттаннарбын даҕаны, баҕар ускул-тэскил сылдьар тыатааҕы түбэһэ түһэн муокастаабытыгар холуйан, айылҕа кыыла боруоктаспакка ааһар ини диэн,туох да диэбэтим. Бачча саастарыгар диэри булт бөҕөнү бултаабыт-алтаабыт аксакалларбар эрэнэрим да бэрт.
Кутааҕа күөспүт өрө тэбэн күүгэнирэн эрдэҕинэ, үөһэмырааҥҥа кыйахаммыт кырдьаҕас саҥата биирдэ кырдьыгыныы түстэ. Көрбүппүт, эһэбит кэлэн, биһиги диэки олоотуу-олоотуу, сири-дойдуну сиҥнэрэрдии,амырыын часкыыры түһэрдэ, эмэҕирбит чөҥөчөгү тоҕута-хайыта сынньан күдээриттэ. Чахчы дьулаан хартыына...
Туран эрэ ииктиир үһүөйэх дьон саабыт үрдүгэр түстүбүт. Ол иһигэр тэрилтэҕэ саҥа ылбыт биир СКС буулдьа саалаахпыт быһыытынан, кэм эрэх-турах сананаахтыыбыт. Мыраан үрдүгэр диэри быһа холоон 300-чэкэ миэтэрэ ыраах эрээри, чуумпу киэһэ бу баардыы, ыраахтан доргуйа эҥсиллэн, өссө улаата дарбайан дуорайбытыгар саллан, куйахабыт күүрдэ, эппит саласта, тымныы көлөһүммүт сарт түстэ. Эбиитин күммүт мыраан кэтэҕэр саһан, күһүҥҥү халлаан көрдөрбүтүнэн хараҥаран барда.
Эһэбит барар санаата суоҕун биллэрэн, биир кэм өрө булугунайан, маһы охсуолаан доргутара, ырдьыгыныыра иһиллэр, им хатыыта хара күлүгэ күлүкүчүйэр. Бары харахпыт мыраан диэки көрбүтүнэн, кутаа тула үөмэхтэспитинэн, ыҥырыллыбатах ыалдьыппыт дуу, хаһаайыммыт дуу барарын кэтэстибит. Ыксаан буулдьа саабытынан үөһэнэн буолаарай диэн, үстэ ыттыбыт эрээри, кыылбыт кымаардаан көрбөтө. Аар тайҕа бу эргиннээҕи хаһаайына буоларын биллэрэн, тоҥ күөс быстыҥа орулаан-ырдьыгынаан, түүн ортото биирдэ саҥата симэлийдэ...
Оҕолор барахсаттар күнү быһа куттанан, сылайан, утуктаан тоҥхоҥностулар. Тула барыта хараҥаран, аны эһэ үөмэн кэлэн саба түһүө диэн сэрэхэдийэн, эр дьон бу түүн утуйбакка эрэ, харабыллыырга быһаарынныбыт. Оҕолору барыларын биир улахан балааккаҕа киллэрэн утуттубут. Ол тула түөрт сиринэн кутаа оттон тууспаннаатыбыт. Хата өрүс аҕалбыт сылбаҕа эрэ дэлэй. Ити уһун-синньигэс түүн кэтэһэн-манаһан утуйбатах дьоҥҥо, сарсыардааҥҥы чэмэлкэй күн имэ кыыһан тахсара кэрэтин баҕаһын. Түлүрбэх түрүлүөн түүнтэн босхолонон, саҥа күммүтүн уруйдаан, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ кутаабыт тула чэй иһэн сырылатабыт. Дьонум, бу үлүгэрдээх отонноох, быйаҥнаах дьыл олохтоох эһэ тоҕо сириттэн, дойдутуттан көҥөммүтүн быһаара сатаан, хаһан эрэ икки атахтаахха өстөммүт буолуон сөбүн уонна аны салгыы отоннуур олус сэрэхтээҕин эттилэр.
Ити кэпсэтэ олорон, Эдьигээҥҥэ эһэ туһунан үгүс дьулаан түбэлтэлэри сэһэргээтилэр. Биир саас аҕалаах уол төбүлэх быстарыытыгар көтөргө сыппыттар. Уола аҕатын утары уҥуор талаҕынан кыра хахха сыыһа туттан, мончууктарын быраҕан, хаастарын профилларын хаардаах кумахха анньан олорбут. Арай ол олордохторуна, уолун кэннигэр тыаттан эһэ тахсан кэлбит. Дурдаҕа чугаһаан иһэн, киһини көрөн турбахтаат, төннөөрү эргийбит. Онуоха саатын бэлэм тутан турар уола ытаары кыҥаабытыгар, аҕата: “Ытымаа! Сүдү кыылы моһуоктаһыма...” – диэн хаһыытаабыт. Уола ону истибэккэ, тыытыспакка төннөн бадьаалаан иһэр эһэни,кэнниттэн сүнньүөҕүнэн ытан саайбыт...
Кыыл таптаран, дьулааннык часкыйбыт, көрүөх бэтэрээ өттүгэр кулахачыс гынаат, уончалыы ыллар хаамыынан аҕыйахта ойуолаан, уолга ыстанан тиийбит. Ити икки ардыгар эдэр киһи быыс булан, иккис уоһунан ыппыт эрээри, адьырҕа тыын сирин булларбатах. Эһэ чыпчылыйыах түгэнэ дурда талаҕын барчалаабытынан, киһини күөнүнэн баттыы түспүт, тырыта-хайыта тыытан, тоҕута хадьырыйан, биликтээбитинэн барбыт. Аҕата ону көрөн, уйулҕата көтөн, доруоп саанан ытан түптэлээбит, ыһыытаабыт-хаһыытаабыт да, ырааҕа бэрт буолан, эһэтэ кыһамматах. Оҕонньор эрэйдээх уолун быыһаары,ытамньыйа-ытамньыйа тыытыгар олорон быстарыыны туоруор диэри, адьырҕа оҥоһуутун оҥорон, ытыалыы-ытыалыы устан иһэр киһиэхэ ырдьыгыныы-ырдьыгыныы,салгыы тыытыспакка, иэстэһиэхпин иэстэстим диирдии дьаадьайан биэрбит. Ити курдук быстах быһыыттан эдэр уол олоҕо быстыбыт.
Аны биирдэ, Дьардьаан диэн учаастакка нуучча булчута,оскуолаҕа үөрэнэр саастаах уолун кытта тыатааҕыга ииппит туһахтарын көрө барбыттар. Мотуордаах оҥочонон кытылга астаралларыгар аҕата сэрэхэдийдэҕэ, уолугар мотуорун умулларбакка кэтэһэригэр сорудахтыыр. Уола хамсалаах табах быстыҥа кэтэспитин кэннэ, саа тыаһыыр. Онтон эһэ орулуур саҥата иһиллэр да, өр-өтөр буолбат, аҕата кытылга сүүрэн маҕыйан киирэр. Кэнниттэн тилэх баттаһа, быстыбыт туһах торуоһун соспутунан, хара эһэ ойуолаан үллэҥэлиир. Киһи муҥ сүүрүүнэн оҥочоҕо чугаһаан истэҕинэ, кыыла ситэн, умса кэбэн түһэрэр. Аҕата ити кэмҥэ уолугар: “Куот, куот”, – диэн тиһэх кыланыытын кыланар. Саата-таймата суох оҕо аҕатыгар көмөлөһөр кыаҕын ылларан, өйүттэн тахсан сарылыы сатыыр уонна собуоттанан турар мотуорун кэлин ускуораһыгар холбоон, кытылтан тэйэн эрдэҕинэ, эһэ бу мордьойон кэлэн, ууга “бар” гынар, оҥочону сыыһа-халты харбаан хаалар...
Уол ытаан сыҥсыйа-сыҥсыйа кэлэн, хаһан дьоҥҥо тыллыар, булчуттар хомуллан барыахтарыгар диэри, бааһыран кыйахаммыт адьырҕа кыыл булчут этин-сиинин сэймэктээн, хол-буут арааран, көмөрүн көмөн, суола сойбут. Маны быһаарбыттара, булчут туһахха иҥнэн олорор эһэни түөскэ ытаары, туһаҕын хос быһа ыппыт, тыын сирин булларбаттыы бааһырдан, дьулааннаах өлөр өлүүнү оҕотун хараҕын ортотугар көрсүбүт.
Үһүс түгэҥҥэ, икки кырдьаҕас булчут үүтээннэриттэн чугас тус-туһунан бултуу сылдьан, арҕаҕар киирбэтэх торҕоннообут эһэҕэ түбэһэн, иччилэрин көмүскэһэн,тыыннарын толук уурбут ыттарын кытта, эр-биир баттаппыттар. Булчуттар өр кэмҥэ биллибэтэхтэригэр дьонноро тахсан, үүтээҥҥэ хорҕойо сытар, икки киһи тыыныгар турбут кыылы өлөрөллөр. Адьырҕа ити кэмҥэ булчуттары, ыттары сэймэктээн сиэбит, ыһыктарын тоҕута-хайыта тыытан үссэммит. Онон, модун күүстээх тыа кыыла кырыктаннаҕына, муҥур уһугар киирдэҕинэ аһары кутталлаах. Ыраата барбакка, 2013 сылга итинник биир кутталлаах, кыс ортото арҕаҕар киирбэккэ торҕоннообуттыатааҕыны Баахынай булчуттара өлөрөннөр, дьоҥҥо-сэргэҕэ иэдээн тахсыаҕын тохтоппуттара.
Бу эҥэр хагдаҥ эһэни сэргэ, үрүҥ эһэни бултаабыттара дьикти. Ол курдук, Кыстатыам ыстаадатын чуум үлэһитэ дьахтар, Хотугу Муустаах байҕал курдук ыраахтан торҕонноон кэлэн, тордох иннигэр сытырҕалаан сынтарыҥныы турар үрүҥ эһэни, биир ытыынан суулларан турар. Ыстаада үлэһиттэрэ ити сонун бултан буһаран сиэбиттэрин кэннэ, ыарыылаах эһэ диэннэр, барыларын балыыһаҕа аҕалан көрдөрбүттэр диэн кэпсээн баар.
Оттон эһэҕэ идэтийэн бултуур булчутунан, үгүстэр Кыстатыам хоһуунун Афанасий Шемяковы ааттыыллар. Кини ханнык баҕарар балаһыанньаҕа тыатааҕыттанкуттаммакка, харса суох бултуурун сөҕөллөр. Олус сылбырҕа туттуутунан уонна бэргэнник ытарынан чугас эргин тэҥнээҕэ суох. Ардыгар бэрт хойуу да талах быыһыгар толлубакка киирэн, аарыма эһэни бултуйарын кэпсииллэр. Дьиҥэр эһэ хойуу талахха саһа сытан, биэс да миэтэрэ чугастан ыттарар бокуой биэрбэккэ, чыпчылыйыах түгэнэ биирдэ саба түһүөн сөп. Онуоха хайдахтаах курдук түргэн, бэргэн туттуу ирдэниллэрий... Итиниэхэ Афанасий тыатааҕы майгытын-сигилитин билэрэ, барытын урутуур мындыр толкуйа эмиэ быһаарар оруолланнаҕа. Киһи киһиттэн таһыччы ордуга диэн маны этэн эрдэхтэрэ.
Ити санааны ситэрэн эттэххэ, биир уус кыыллар уратыһыылара эмиэ араас буолуон сөп. Холобура, сорох булчуттар мас табата диэн олус дэҥҥэ көстөр бөдөҥ, бэл тоннаҕа тиийэ ыйааһыннаах кыыл таба баар диэн этэллэр.Оннук кыыл табаны бултаабытын туһунан, Ленскэй Бэтинчэтин аатырбыт булчута Мария Колесова кэпсээн турар. Тыатааҕы эмиэ киһи курдук буолан эрдэҕэ. Сорох сэһэннэргэ, омуннаах соҕустук булчуттар эһэни кытта сутуругунан охсуһан кыайбыттара ахтыллар. Баҕар тыын былдьаһыгар буолуо эрээри, хайа да бэйэлээх киһи сиппит-хоппут аарыма адьырҕаны сыгынньах илитинэн кыайар кыаҕа суох. 1990-с сыллар эҥэр Сибиир биир куоратыгар, ыарахан ыйааһыҥҥа классическай тустуу биллэр улахан маастарын – зоопарка күкээрэн хаалбыт, мунна, баппаҕайа хам баайыылаах, ырыган эһэтин кытта киириһиннэрбиттэр.Онуоха кырдьаҕас киирэн иһэн, тута баппаҕайынан садьыйан, сүүстэн тахса киилэ ыйааһыннаах киһи чэчэгэйин үнтү охсон, өлөрөн түһэрбит. Бүттэхпит ол. Кыыл аата кыыл, айылҕа күүс өттүнэн байымнык хадаҕалаан, дэлэҕэ тыатааҕы диэн – ыраахтааҕылыы ааты ылан сырыттаҕа.
Оттон биһиги хайыахпытый – мөлтөх дьон аар тайҕа хаһаайыныттан холдьоҕуллан, баран эрдэхпит... Сарсыҥҥы күнүгэр сопхуос катера бөһүөлэктээн эрэрин, мотуорунан киирэн тохтотон, дьааһыктаах отоннорбутун, таһаҕастарбытын тиэнэн, этэҥҥэ Эдьигээни буллубут.
Салҕыыта тахсыаҕа.