КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Чөккөөкү тойоно
Саас барахсан хоту дойдуга өр күүттэрбэккэ, биирдэ балысханнык тигинээн кэллэ. Дьиэлэр сарайдарыттан күн уотуттан тиллибит таммахтар, чопчулана таммалаатылар, бөһүөлэк иһигэр хочуолунай хараардыбыт хаара ирэн, кырачаан чалбахтар үөрэ-көтө чаҕылыстылар. Кыырай үрдүк халлаанынан кубалар, хаастар, арыт кыталыктар да быһыылаах – кылыкынаһан, айманан хотоҕостуу субуһаллара элбээтэ. Биһиги оскуолабыт дириэктэрэ Кирилэ Пинигинниин саҥа ырбыыланан эрэр үрэх мууһунан дабдыгыраччы хааман, уҥуоргу сайылыкка таҕыстыбыт. Бу дойдуга ааспыт күһүн аҕыйах хонук устата, чугастааҕы күөллэртэн, үрэхтэртэн киирэн мустар кустарга түбэһэн, наар ньолотууга табыллан ытан турабыт.
Оо, онно халлаан хараҥарыан аҕай иннинэ, бука арааһа баара-суоҕа отучча мүнүүтэ устата буолуо, кус үөрэ халҕаһалыы көтөрүн ытан түптэлээбиппит. Киэһээ аайы биллэҕим уола оскуолаҕа үөрэнэр Саабынап Баанньаны уонна дириэктэрбитин кытта, молооруччу уойбут сүүрбэччэлии тыйааҕы уонна моонньоҕону сүгэн кэлэн,дьоммутун үөрдүбүппүт аҕай. Онон хоточчу “аһаппыт” дойдубутугар, төһө да кус кэлиэ эрдэтин иһин, ампаардаах астаах курдук сананан, үөрэ-көтө таҕыстыбыт.
Сайылыкпытыгар чугаһаан истэхпитинэ, биир атыыр көҕөн уун-утары көтөн моройон кэллэ. Хап-сабар саабытын хаба тардан ылан, иккиэн тэбис-тэҥҥэ түҥнэри ытан түһэрдибит. Көрдөхпүнэ, мин ытыыбар табыллыбыт курдуга да, Кириилим: “Мин таптым”, – диэн турда. Хаһан да тупсубатаҕын тупсубут куспутун, имэрийэн-томоруйан көрбүппүтүн кэннэ, ымсыырбыт санаабар аһары улахан бастакы көҕөнү, сааһынан да аҕа салайааччым, үрүссээҕэр сыа-сым курдук тутан уктубутун, сайыһа көрөн эрэ хааллым. Хомолтобун дириҥэтэн, бу күн илии соттон,булпут итинэн бүппүтэ. Арай сайылык аннынааҕы ууга олордохпуна, соҕотох аарыма куба кэннибиттэн кэлэн,кылыкыныы хаһыытаан, соһутан ааста. Ону аттынааҕы ууга олорор дириэктэрим көрөн: “Доҕорун сүтэрбит соҕотох кубаны ытыахха сөп, тоҕо ыппаккын...” – диэн турда.
Дойду сиргэ кубаны хаһан да ыппаттар. Оттон бу эҥэр, уруккуттан бултуулларын, бэл иитиэх кырсаҕа, саһылга анаан нуорма биэрэн бултаталларын кэпсииллэрэ. Куба тириититтэн дьахталлар бэртээхэй үчүгэй бэргэһэ тиктэллэр үһү. Кэлин кубаны бултааһын бобуллубута, онон ахсаана эмиэ эбиллибит курдук. Аҕыйах хонукка тохтоло суох, хас эмэ сүүһүнэн үөрдээх кубалар бииртэн биир тохтоло суох субуллан ааһаллара – көрүөхтэн эриэккэс хартыына, этэргэ дылы, Васнецов оҕонньор «Хаастара кубалара» сынньаналлар… Ол эрээри, сорохтор ити кэрэ көстүү кэтэх өттүн бэлиэтээн – куба элбээтэҕинэ, кус-хаас төрүүрүн-ууһуурун эһэр дииллэр.
Оттон саха алаастарын маанылаах куһунан аатырар – көҕөн туһунан этэн аһардахха, Хотугу эргимтэ кыраныыссатынан аатырар, Араппыана хайатын нөҥүө өттүн диэки соччо-бачча биллибэт курдук. Бэл аҕыйах көс хоту сытар,аттынааҕы Эдьигээҥҥэ хойуутук үөскээбэт. Онон сабаҕалаатахха, көҕөн Хотугу эргимтэттэн өссө хоту таласпат, дэлэччи үөскээбэт, ордук Саха сирин киин өттүн сөбүлээн төрүүр-ууһуур бадахтаах. Маныаха Кэбээйи аата-ахса суох киэҥ-куоҥ күөллэригэр түбэлээн, сөбүлээн төрүүр-ууһуур. Мукучуга Танара орто оскуолатыгар үөрэнэр эрдэхтэн, Ханчалыга сүөһү уотуутугар үлэлиэхтэн, аҕыйахта да буоллар, бу эҥэр көтөргө саалана сылдьыбыттаахпын. Онно көрдөххө, күһүнүн көҕөнөбаһыйар элбэх курдуга.
Онон көҕөн барахсан оттонор алаастардаах эбэлэргэ төрүүрүнэн-ууһуурунан, аһары хоту таласпатынан, бастаан көтөн кэлэринэн – саха майгытыгар-сигилитигэр олус чугас, «Бастакы көҕөн» диэн аатырыан аатырбыт, мааны куспут буолаахтаатаҕа. Оттон уонна кураанах кустарга бөдөҥүнэн, күһүн эмиһинэн – муҥур ыраахтааҕы курдук сырыттаҕа эбээт.
Аҕыйах хонугунан чаҕылыҥнас сыккыстар Баахынай үрэҕэр үөрэ-көтө, чарылыы кутуллан түспүттэрэ, түллэн-түллэн баран, үрэх мууһун өрө көтөҕөн кычыгыраппыттара, тоҕой-тоҕой аайы тоҕута-хайыта анньан, үнтү кумалаан бачыгыраппыттара уонна Өлүөнэ эбэҕэ тоҕо сүүрдэн киллэрбиттэрэ. ¥рэх аҕыйах хонугунан мууһуттан ыраастанан, хара уута таһынан таһымныахча, билгиччи уста сыппыта. Кус-хаас үгэннээн көтөр, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ тылбыйар кынаттааҕы ымсыыра көрөр, көмүс хатырыктаахха дураһыйар, үөрүүлээх күргүөм күннэрэ үүммүттэрэ.
Сааһыттар сүүрүү-көтүү, оҥостуу бөҕө. Биһиги,биллэхпинээн Баһылай Саабынаптыын, Уйбаан Антоновтыын бээтинсэҕэ эмиэ тэринэн, улахан эбэҕэ киирдибит. Үрэхпититтэн тахса да иликпитинэ кытыы талахтартан, тумуһахтартан көтөр кустары сэриилээбитинэн бардыбыт. Саҥа саабар 16 калибрдаах ботуруону булумуна, аҕам бэлэхтээбит эргэ аптамаат саатын илдьэ бардым. Барахсаныҥ баара син үлэлии сатаахтыыр да, үһүс-төрдүс ботуруоннарыгар үксүн харан сордуур. Дьонум ыталларынан маастардар. Онон соччо-бачча сыыспакка, отучча кустаах үрэхпит төрдүгэр кэллибит.
Улахан эбэ муус кыаһаанынан илгистэн, харах ыларын тухары, хойуу муус халҕаһатын Хотугу Муустаах муораҕа суккуйар. Арыт-арыт хайа саҕа муустар кыра муустары кыһарыйан, көөрөтөн кырылаталлар. Көмүөл тыаһа-ууһа сүрдээх: биир кэм курулуур-харылыыр, бидилийэр-быдылыйар, эргичийэр-урбачыйар. Өрүскэ киирэр айахпытыгар муус халҕаһата аччыырын кэтэһэ таарыйа,кытылга кутаа оттон, мотуордаах куорпуспутугар киирэн, сааскы сыламҥа таҥаспытын, саппыкыбытын устан олорон,налыччы чэйдээтибит. Ол олордохпутуна, бэрт намыһаҕынан хоҥор хаастар халыкынаһан кэллилэр. Чыпчылыйыах икки ардыгар, кытаанах хамсаныы диэн манна буолла...
Мин санаабар ыксыырым сүрдээх даҕаны, солуута суох булумахтанабын эрэ быһыылаах. Кэмниэ-кэнэҕэс аптамааппын саҥа ылан эрдэхпинэ, дьонум сааларын тыаһа биирдэ түптэ саалынна. Хараҕым кырыытынан икки хаас төбөтүн оройунан хойуостан эрэрин көрөн хааллым. Булчут ааттааҕа киһи, дьэ, ох курдук оҥостон, халлаан диэки хаастары кыҥыахтыы оччойбутум, номнуо ырааппыттар. Ону ол диэбэккэ, бачча улахан булка көххө диэн, үгэспинэн иккитэ ытан хааллым. Туох кэлиэй, биир да хаас таммалаабата, улуу дьаалы көтөрдөр көппүттэрин курдук көтөн, харахтан сүтэ, Өлүөнэни кырыйа халлыгыраһа-халлыгыраһа, даллаҥнаһа турдулар. Биһиги маат-муут буолан, ытан баран, өйдөөн көрбүппүт, чэйдээх хочулуохпут иҥнэри түһэн сытар, ким эрэ арыылаах килиэбин үрдүттэн үктээбит, ким эрэ барыанньалаах иһити тоҕо көтөн атаҕа кытарбыт. Мин иһэ олорбут итии чэйдээх нэлэгэр миискэбэр, наскылаах атахпынан дыраччы үктэнэн турабын. Онно эрэ атаҕым атыйан, итиилии-буһуулуу бургучуйар наскыбын устан, “һуу” гынным. Итиччэни бултаабыт дьон кыраҕа кыһаллыахпыт баара дуо, бэйэ бэйэбитин суустаһа-суустаһа, кытылга охтубут хаастарбытын хомуйдубут.
Ити барыыбытыгар мууһу быыһынан этэҥҥэ айаннаан, өрүс арыытын быстарыытыгар киирэн икки күн сыппыппыт. Биирдии бэйэбит отуччалыы кустаах, биирдии хаастаах, бары үлэлиир буоламмыт, өрөбүлгэ эбиэттэн киэһэ дьиэбитигэр аттаммыппыт. Кэлэн иһэн үрэхпит төрдүгэр эмиэ тохтоон, сынньана таарыйа, киэһэ дьиэбитигэр сиэхтээх кустарбытын үргээн бурҕаҥнаттыбыт. Ол олордохпутуна, биир чыркымай сүр түргэнник иннибитинэн көтөн суһугуратан ааста. Хантан ылбыт хапсаҕайым буолла,эбэтэр чуккуйу баҕас диэн сэнээбитим оччо дуу, чөллөркөй чыыбыстаах сааһыт буоллум… Аптамааппын сулбу таһыйан ылан, кэнниттэн ытыалаан куһуйдум. Куһум төрдүс ытыыбар диэри көппүтүн курдук көтөн иһэн, олох ырааппытын кэннэ, бэһис ытыыбар биирдэ кытылга талахтар быыстарыгар ньимис гынна.
Мин мэлийдим дии олордохпуна дьонум: “Куһуҥ оҕунна, баран ыл”, – диэтилэр. Соччо эрэммэтэрбин да, куһум түспүт сирин бэлиэтии көрбүтүнэн, сүүстэн тахса миэтэрэни хааман тиийэн, хойуу талахтар быыстарыгар киирдим. “Бу үлүгэр ыккыйтан хайдах буларбыный”, – диэн саарыы-саарыы, от-мас төрдүгэр көрдөөн мэлийдим. Онтон төттөрү тахсан иһэн, ыы-муннубунан, ачаахтаах талахха төбөтүттэн кыбыллан, ыйанан турар куспун булан ыллым. Арааһа сүрэхтэтэн, итиччэ ыраах көтөн тиийэн быстыбыт диэн быһаардыбыт. Кырдьык, көхсүн диэки биир эрэ дарабына суола баара. Дьонум эмиэ да сөҕөллөр уонна: “Дойду уола хаастарга итинник хапсаҕайдык хамсаммытыҥбуоллар, быһыыта чөккөөкү эрэ тойооскутаҕын дуу...” – диэн эмиэ суустаан айахтара кытарда.
Салҕыыта тахсыаҕа.