03.05.2023 | 20:34

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Балтараа сүүстүү умсаах

Баахынайга эһиилги сыл күһүнүгэр нэһилиэк баһылыга Александр Саввинов салайааччылаах оттоотубут. Нэһилиэк үрдүнэн баар бэрт аҕыйах ыанар ынахпытыгар кыстыыр отторун кыайан булбатахтар. Онно оттуур ходуһа көстүбэккэ эрэй бөҕө. Сэлиэнньэттэн тэйиччи соҕус хас да мотуорунан айаннаан, обургу күөлгэ олохпутун оҥоһуннубут. Күөлбүтүгэр кус-хаас бөҕөтө төрөөбүт. Ол быыһыгар кубалар кытта бааллар. Бу күөлү эргийэ икки эрэ хотуур  суолугар сөптөөх от үүммүт. Эбиитин эмэһэҕэ тэп диэбиккэ дылы, аны үөнэ-көйүүрэ, бырдаҕа, кыымаайыта – туох да былыт курдук көтөр. Кэнникинэн сирэйим-хараҕым холлон, дарбаччы иһэн таҕыста. Олохтоох уолаттар: “Ээ, биһиги сирэйбитин бырдах да сиэбэт гына муоҕурбута ыраатта,” – диэн күлсэллэр. Кырдьык, ымсыырбыт санааҕа күн уотугар харааччы сиэппит сирэйдэрин үөн-көйүүр буулаабат, кыра аайы ымыттыбат,  бырдахтанан бадьыыстаммат, сапсыммат да курдуктар.

Анды төрүүр-ууһуур улахан күөлбүт тула абына-табына ыраах-ыраах турар бугулларбытын, бэрт эрэйинэн наһыылканан таһан, хаһыс да хонукпутугар  икки оту ылан үөрүү буолла. Салайааччыбыт Саабынап Сааска: “Дьэ, уолаттар, үлэ бүттэ. Аны кустуоҕуҥ. Мин бүгүн мотуорканан бөһүөлэктиибин. Биирдии киһи кырата сүүстүү ботуруону аҕалтарыан наада”, – диэн дьаһайда. Сарсыҥҥы күнүгэр киһибит дьоммутугар сылдьан сааларбытын уонна кимиэхэ төһө ботуруон баарынан барытын сотон аҕалбыт. Тэринэн, сахсынан, олохтоох икки тыыны хайан, абырахтаан, бөһүөлэктэн эбии кэлбит уолаттары кытта холбоон уон бэһиэ буолан, оттообут күөлбүтүттэн булпутун саҕалаатыбыт.

Икки тыынан күөлү ортотунан айаннаан, атыттар күөлүкыйа хааман, атахтарын-куртахтарын кэрийэн, халҕаһа курдук устар маахта умсаахтары күөл атаҕар хаайан ытыалаан түптэлээтибит. Дьэ, манна көһүннэ, ким хайдах ытара: биэстии-алталыы куһу тиэрэ тэптэрии, көтөн тахсыбыттары хастыыны эмэ биирдэ күөрэтии... Күлсүү-үөрүү, сэргэхсийии бөҕө буоллубут. Хаһан да икки атахтааҕы харахтаабатах, молооруччу уойан сараабыт барахсаттар чугаһаталлара да сүрдээх, бирээмэ харахтара бу чөҥөрүһэн олороллор. Ол эрэн хаайбыт кустаргын син биир барытын кыайан ылбат эбиккин. Умсаах обургу аатын ааттатар гына умсан, ыраах кэннигэр биирдэ күөрэйэр. Онон көтөрө көтөн, саһара саһан бүппүтүн кэннэ, бултаабыт кустарбытын чөмөхтөөн салгыы бардыбыт.

Бииртэн биир билиилэринэн силбэһэ кэриэтэ сытар күөллэргэ сороҕор устан,  сороҕор тыыларбытын сүгэн тахсабыт уонна эмиэ халҕаһа курдук устар умсаахтары,күөл атаҕар хаайан ытыалыыбыт. Арыттатан тыйаах, моонньоҕон, көҕөн, балыксыт о. д.а. кустар түбэһэллэр. Ботуруоммут аччаан, “аны хайаан да хоһулатан ытыҥ, соҕотох куһу ытымаҥ” диэн кытаанах бирикээс кэллэ. Мин ботуруоммун эрдэ тэбээн, бүтэһик хаалбыт сүнньүөхпүнэн,биир көҕөнү бөдөҥө бэрдин иһин ымсыыран, төбөтүн быһа ытан ыллым уонна чугас баар дьоммуттан ботуруон умналыы сүүрдүм.

Ити курдук мучумааннанан, бары ботуруоммут бүттэ. Салгыы сылдьыбатах күөллэрбит кус-хаас саҥатынан оргуйа хааллылар. Төннөрбүтүгэр күөл ахсын чөмөхтөөбүт кустарбытын, тыылаах дьоммутугар хастыыта эмэтэ  кырынан, аҕалан истибит. Ол гынан киэһэ хонуохтаах сирбитин, үрэх кытыытыгар турар булчуттар үүтээннэрин бэркэ сылайан-элэйэн буллубут. Хайа курдук өрөһөлөнөсытар куспутун, уон биэс киһиэхэ үллэрбиттэрэ, биирдии бэйэбитигэр балтараалыы сүүстэн таҕыста. Ол эбэтэр, ити күн биһиги аҕыйах күөлтэн икки тыһыынчаттан тахса куһу кыайбыппыт. Маны сорохтор бэркиһиэхтэрэ, кыдыйыы курдук көрүөхтэрин сөп эрээри, оччотооҕуга бу эргин икки атахтаах кыайан үктэммэтэх, аата-ахса суох күөллэригэр төһө эмэ үтүмэннээх кус-хаас төрөөн-ууһаан эрдэҕэ. Онтонаҕыйах күөл ботуччу куһа, бүтүн нэһилиэк олохтоохторугар кыһыннары сиир, айахтарыгар эрэ бултуур төрөөбүт астара эбит этэ.

Бу иннинэ өссө кус элбэҕэр, иһин оруу-оруу  буочуканан тууһуулларын туһунан этэллэрэ. Ол саҕана билиҥҥи курдук киһи аайы саа-сэп суох уонна дьон сэргэ да аҕыйах буолан эрдэҕэ, онон көтөр син биир аһары кыдыйыллыбат. Арай киһи сөҕөрө, Бэстээххэ  кырсаны иитэр ферма тэриллибитигэр, сопхуос анал сааһыттары тутан, саанан-сэбинэн хааччыйан, хастыы эмэ сүүһүнэн хааһы, кубаны сууһаран, кыылларын аһата сылдьыбыт. Ону өйдүүр аҕам саастаахтар, элбэх да айыы көтөрдөрө бултаммытарын дьулайа кэпсииллэрэ. Сокуонунан көҥүллэммит, киэҥдалааһыннаах судаарыстыба быраканьыарыстыбата диэн итини ааттыахха сөп буолуо…

Киэһэ кэлээт, сылайары аахсыбакка, үүтээҥҥэ баппатахтар балаакка туруордулар, сорохтор кутаа отто охсон, булуустан тайах этин таһааран буһардылар. Хоһуун өттүлэрэ им-балайга күөлгэ илим быраҕаат, тута көрөн, биэдэрэнэн лэһигирэс бөдөҥ соболору таһааран күөстээтилэр. Онон күһүҥҥү халлааны хара суор кыната сабардыыта, үүтээҥҥэ чүмэчи уотугар тиритэ-хорута, бүгүҥҥү күннээххэ ким хайдах ыппытын ахтыһа-ахтыһа, астына аһаан утуйдубут.

Мин балааккаҕа утуйа сытан, халлаан суһуктуйуута хабаҕыран, таһырдьаны былдьастым. Күһүҥҥү чэбдик салгыҥҥа тыыллаҥныы туран көрбүтүм, балаакканы эргиччи синньигэс маҥан быа тардыллыбыт. Тугун муокаһай дии саныы-саныы, быаны илиибинэн бэрт кэбэҕэстик “тирк” гына быһа тардан, чэпчэтинэ турдум. Ол туран өйдөөн-болҕойон көрбүтүм, били доҕорум Бадыах: «Тиит Арыыттан биэс мөһөөххө атыыластым. Эриллибит кутуруктаах, чөрөйбүт кулгаахтаах, дьиҥнээх  үчүгэй булчут ыт», – диэн уу иһэ-иһэ  хайгыыр боруода ыта чохчойон турар. Кэнниттэн били уһун “быам барахсан” субуллан тахсан, окко-маска биһиллэн, туома уонча киһи утуйар балааккатын эргийэ сыспыт. Онно биирдэ ыт илиистигин илиибинэн туппуппун өйдөөн, аҕынньым төллө сыста! Сиргэнэн уһуутуу-уһуутуу илиибин сииктээх окко сотуннум, эбиитин сүүрэн тиийэн, суунар сиргэ мыыла булан ньылбы сууннум.

Балааккаҕа саҥа уһуктан эрэр дьоммор: “Дьэ, доҕоттоор, уһун да буолар эбит. Сэрэниҥ, быһа тардаайаҕыт”, – диэн күлэ-күлэ көбдьөөрбүтүнэн киирдим. Дьонум соһуйдулар. Балааккаттан тахсан көрөөт, салыннылар уонна Бадыаҕы: “Ыккын киэр гын, аска-үөлгэ чугаһатыма”, – дэстилэр. Ити иннинэ булчут боруода диэн, бары таптаан имэрийэр бэйэлэрэ, аны ыттара чугаһаары гыннаҕына, тэбиэлэнэ сылдьаллар. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, ити кэнниттэн өрүскэ кустуу сылдьан, Бадыахтыын биирдии куһу кутааҕа үөллүбүт. Кустарбыт буһууларын саҕана арай ыппыт туох да бэрээдэгэ суох кэлэн, хаһыытаппытынан биир куһу хабан ылла. Биһиги илиистик сыстыа диэн сиргэнэн, ол куһу “эн сиэ, мин сиэ” дэһэн баран, ыппытыгар   төттөрү бырахпыппытын, киһи кыһыйыах сиэбэтэ. Аны туран, ыппыт түүн тоҥон, уккунньах таһыгар сытаары,самыытын түүтүн уокка сиэтэн, кэриэрдэн кэбиспит. Онон ыппыт аптарытыата олох түһэн, хаһаайына кэлин биир да хайгыыр тылы булан эппэтэҕэ.

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....