КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Икки хабдьы толуга…
Түрбэ түүнү нөҥүөлүү
Тымныйбата хараҕым,
Чоҕул уоттаах сулуһум
Кыымын көрдөөн булбатым…
Баахынайга кыһын обургу айгыстан, адаҕыйан тиийэн кэлбитэ. Биир кэм инчэҕэй хаарынан илгистэр өксүөннээх күннэр кэннилэриттэн, тоһуттар тымныылар бачыгыраппытынан, үрэхтэри, күөллэри буомнуу тоҥорбутунан барбыттара. Хоту дойду күнэ күлэрэ-үөрэрэ аччаан, улам-улам умуллан, бадыа-бүдүө түлэй түүннэрэүүммүттэрэ…
Эрбэх үрдүгэр сэттэтэ эргийэр эдэр киһи быһыытынан туох да үлэттэн толлон турбакка, аҥар кырыытыттан ылсан барбытым. Аҕыс кылаастаах оскуолаҕа, гуманитарий үөрэхтээх киһи, хаһан да билбэт предмеппэр физикаҕа, физкультураҕа кытта чаас ылан, үөрэтэн бардым. Олохтоох уолаттарга киэһэ бокса, өрөбүллэргэ хайыһар куруһуоктарын ыытабын, быыспар оскуола хочуолунайыгар хачыгаардыыбын, тыраахтар сыарҕатыгар туора тиэллэн кэлбит, уһун долгучуоктары “Дружба” эрбиинэн эрбиибин.Киэһэ иллэҥсийдэхпинэ, Үөһэ Бүлүүттэн күтүөттээн кэлэн олохсуйбут, наҕыл, холку саҥалаах, учуутал идэлээх Валерий Обулаховтыын сэһэргэһэбит. Киһим тугу барытын билэрэ-көрөрө сүрдээх, хааһахтан хостоон эрэр курдук, налыччы кэпсээн сыыйар. Онон олохтоох быһыыны-майгыны, сиэри-туому элбэҕи биллим.
5-с кылаастарга физикаҕа Вова диэн уол мэниктээн, уруокпун сүгүн ыыттарбат. Туох кистэлэҥэ кэлиэй, хоту дойду оҕолоро биир хоско хаайтаран, тулуйан-тэһийэн үөрэммэттэр. Уолум перемена кэмигэр куругар мас быһаҕы иилинэ сылдьан, оонньоотоҕо аатыран, учительскайы өҥөйөн: “Кими быһахтыыбын?” – диэн соһутар. Оҕону оройго охсон “уоскутар” оччолорго да көҥүллэммэт. Хайа, уонна былыр былыргыттан аймахтарынан, аҕа уустарынан ыкса тутуһан олорор дьоҥҥо, ханнык эрэ кэлии киһи оҕолорун оройун аллардаҕына – ыҥырыа уйата тоҕо тардыллыа турдаҕа… Онон биир уруокка тулуйа сатаан баран, ыксаан, уолбун хонноҕун анныттан өрө көтөҕөн бачыгыратан таһааран, үрдүк шифоньер ыскаап үрдүгэр “лап” гына олордон кэбистим. Кылаас иһэ уу-чуумпу буолла. “Баһылык уол” үрдүк ыскаап үрдүттэн кыайан түһэр кыаҕа суох, уруок бүтүөр диэри олороругар эрэ тиийдэ. Итинтэн ыла сыыйа билсэн, айылҕа оҕолоругар уруогу ордук таһырдьа ыытар тоҕоостооҕун бэлиэтээтим. Ол иһин суһаллык нивелир диэн үрдүгү кээмэйдиири оҥоро охсон, хас күннэтэ сылдьар үрэхтэрин үрдүк кытылын кээмэйдэттим, өйүөлээх-таймалаах похуоттарга сылдьан аһаҕас халлаан анныгар уруоктары ыыттым.
Бу дойду кыһына үгүс тыаллаах-куустаах. Дьиктитэ диэн, тыалырдаҕына туруору тымныыта намырыйар. Ол иһин кыһыннары, тыаллаах күн хахха сирдэри булан, төһөбаҕарар хайыһардыахха сөп. Ити сыл “буранынан” хайыһар суола үктэтэн, хаһан да хайыһардаабатах уонтан тахса оҕону уонна улахан дьону дьарыктаатым. Кинилэр ортолоругар спорка бастакы хардыытын оҥорор, кэлин наартаны ойууга Саха сирин рекордсмена, 20-с үйэ бастыҥспортсмена аатын ылбыт Николай Софронов баар.Хайыһардьыттарбын оройуон күрэхтэһиитигэр Эдьигээҥҥэ киллэрэн, биэстии киһилээх икки хамаандам икки бастакы миэстэлэри ылан соһуттубут. Киин сир хайыһардьыттара сабырыйтаран: «Бай, бу хантан кэлбит дьонуй!», – дии-дии көрөллөр-истэллэр. Хоту дойду дьоно барахсаттар айылҕаттан кыахтаахтарын онно сөхпүтүм. Олох уустук түгэннэригэр булгуруйбат, чиккэ санаалаах тулуурдаах булчут, табаһыт, балыксыт удьуордара хааннарыгар баар. Онон сөптөөх дьарыкка спорка төһө баҕарар үрдүк ситиһиилэри дабайар кыахтаахтар.
Ити кэмҥэ Мэҥэттэн күтүөт буолан олохсуйбут, биэссэринэн үлэлиир, урут эмиэ хайыһарынандьарыктаммыт 1-кы разрядтаах Дьөгүөр Сотниковы булсан,тэҥҥэ дьарыктанан, иккиэн Муомаҕа Саха сирин спартакиадатыгар куһаҕана суох кытынныбыт. Онно аатырбыт тренер Пал Палыч Харитонов-Хара Байбал «Саха сирэ» хаһыакка: «Ыраах Эдьигээн Баахынайын хачыгаараА. Постников 30 км. дистанцияҕа биэс бастыҥнар истэригэр киирдэ…», – диэн, строкалар быыстарыгар нэһиилэ көрдөөн булар этиини кыбытан, нэһилиэкпэр биллиилээх – билиҥҥинэн «звезда» буола түстүм. Төһө да «туундараттан туус ыла кэлбит» хайыһардьыт курдук көһүннэрбин, салгыы өссө дьарыктаныахха сөп эбит диэн санааҕа кэллим.
Онон Бурятия Улан-Удэ куоратын араас күрэхтэһиилэригэр миэстэлэспит полупластик «Россия» диэн эргэ хайыһарбын уларытан, спартакиада чемпиона Алик Трофимовтан аатырбыт «белый харху» диэн финскэй, түү курдук чэпчэки, иирэ талах курдук имиллэҥнэс, улахан түһүлгэлэргэ кыттыбыт хайыһарын атыылаһан кэллим. Дьөгүөрүм ити күрэхтэһиигэ эмиэ куһаҕана суох көрдөрүүлэнэн 12-с миэстэни ылбыта. Кини хайыһарын сааһыран да баран бырахпакка сүүрбүтэ уонна хомойуох иһин, аҕыйах сыллааҕыта күрэхтэһии кэмигэр олоҕо хайыһар суолугар быстыбыта. Ити курдук спорка, хайыһарга тиһэҕэр тиийэ бэриниилээх спортсмен этэ, киһи быһыытынан сэргэх, амарах аҕа уонна биллиилээх биэссэр быһыытынан биллэрэ…
Баахынайга сопхуос саҕана тутуллубут, түөрт квартиралаах дьиэттэн биирдэһигэр Бэргэһэ Өндөрөй диэн, кадровай булчут дьиэтигэр олордубут. Хаһаайын кыһыны быһа бултуур, сыл баһыгар-атаҕар булдун туттара кэлэн барар,сытыары-сымнаҕас майгылаах булчут хоһууна. Кини хаалларбыт кэтит хайыһарын ылан, быыс булларбын эрэ үрэҕи кыйа кэрийэн, куобахха туһахтыыбын, саанан хабдьылары бултаһабын. Биир өрөбүл күн туруору тымныы сатыылаан, оҕолорбун хайыһардаппатым. Онон «харку»синньигэс спортивнай хайыһарым оннугар, булчут кэтит туут хайыһарын сүгэн, үрэххэ киирдим.
Үрэх устун барбахтаабытым кэннэ, иннибэр талахтарга хабдьылар туналыһан олороллоро көһүннэ. Мин куруутун бу үрүҥ аанньал курдук тунал маҥан көтөрдөрүкөрүстэхпинэ олус үөрэбин. Тыыннар-тыыннаах барыта иһийэр, үрүҥ күдэрик муус-хаар дойдутугар ис-истэриттэн сырдык, чэбэр көрүҥнээхтэр. Тымныыттан толлубакка,куруук үөрэ-көтө бэбээрэ, биир кэм тоҥуу хаарга сүүрэн лэбигирэтэллэрэ, тэһииркээн көтөн куһугураталлара көрүөхтэн кэрэ. Хайдах эрэ тас көрүҥнүүн үрүҥ хаары кытта силбэһэн, кырыа кыһын уһун уутугар утуйар айылҕаны иччилээн, тыыннаан көрдөрөр, мааны көтөрдөр. Бука хайа да бэйэлээх сааһыт сүрэҕин сылаанньытар барахсаттар.
Оччону көрөн баран туруом дуо, булчут хааным уһуктан,үөмэн бардым. Бастакыбар үрэх талахтарынан күлүктэтэн,балачча чугас киирдим. Элбэхтэрэ сүрдээх. Көрдөхпүнэ, биир кэм талах лабаатын аайы олорбуттар. Икки уостаах саабынан арыычча чугастарыттан соһуччу, утуу-субуу ытан иккини охтордум. Ол кэннэ дьэ, кытаанах тилигирэһии буолла. Хас эмэ уонунан хабдьы биирдэ көтөн бурҕатан тахсан, уҥуоргу кытылга түстэ. Онон бүттүбүт, араастаан чугаһыы сатаатым эрээри, көтөрдөрүм тэһииркээн, ыраахтан көтөн истилэр. Ол аайы өсөһөн, кыһыйа-кыһыйа эккирэтэбин.
Биир түгэҥҥэ көтөрдөрүм туора үрэххэ үргэн таҕыстылар. Дэриэбинэттэн ырааппыппын, күн арҕаалаабытын өйдүүр бокуойа суох, халыҥ хаары оймоон, эккирэтэн истим. Ол иһэн эмискэ хаарым “кур” гынна да, соһуйуом иһин,хайыһардары курданарбар диэри тыбыс-тымныы ууга ньимис гынным. Маннык үлүгэрдээх тымныыларга кыһыннары тоҥмокко сүүрүгүрдэр тарыҥтан, инчэҕэй хайыһардарбын бэрт эрэйинэн ороон таҕыстым. Хаар халыҥа бэрт, хайыһарбын этэрбэспиттэн устуохпун, тэбэнэ түһүөхпүн хайдах эрэ буолумматым. Этэрбэһим иһигэр уу өтөн илийдэ. Онон бултуур омунум-төлөнүм тута сойон, ыллым да дьиэм диэки түһүнэн кэбистим.
Хамсалаах табах быстыҥа кэнниттэн, хайыһарым уонна этэрбэһим хаардаах мууһунан мөчөкөлөнөн таҕыстылар, атахтарбын тымныы хаарыйда. Хас биирдии хардыым ыараан барда. Мууһурбут этэрбэспин, хайыһарбын хайдах да устар кыахпыттан таҕыстым. Ыт өлүүтүн өлөр буоллум диэн, куйахам күүрдэ, тута тэбэммэтэхпиттэн кэмсинии бөҕөтүн кэмсинним. Сотору дьиэбэр төннүөхтээх булчут элээмэтэ, быһах ылбатахпыттан бэйэбиттэн бэйэм кэлэйдим. Ыксаан, хаары кытта булкуһан болточчу мууһурбут хайыһарбын, тимир саппыкы курдук лаһыгыраччы тоҥмут этэрбэспин саа уоһунан, прикладынан охсуолуу сатаан, чуурбун биэрдим.
Тымныы обургу өссө сатыылаабыкка дылы. Онон хайдах да инним диэки айанныыр эрэ сорук турда. Муус кыаһаан хайыһарбын адаҕа курдук соһон, хаары тыраахтар курдук тоҕо солоон, көлөттө-көлөттө, эрэйи эҥэрбинэн тэлэн, сыра-сылба баранан, киэһээ лаппа хараҥарыыта, били нивелиринэн үрдүгүн кээмэйдээбит Баахынайым сыырыгар кэллим. Туруору сыыры хайдах да хааман тахсар кыах суох буолла. Ыксаан 50-ча миэтэрэ үрдүктээх сыырбын чаас аҥарыттан ордук сыыллан таҕыстым.
Этим-тириим баранан, эр сэнэҕим эстэн, туманынан бүрүллүбүт кураанах уулуссанан байааттаҥныы-байааттаҥныы, тоҥ күөс быстыҥа айаннаан дьиэбэр тиийдим. Аны кирилиэһи дабайан, аанынан кыайан киирэр аат суох. Хата өй булан, түннүгүнэн тиийэн тоҥсуйан тобугураппыппар, кэргэним соһуйан-өмүрэн таҕыста. Бэркэ ыксаабыт, чоҥкуйа кырыарбыт сирэйбин көрөөт, тута өйдөөтө... Хайыһардары баҕастары соһуспутунан барда. Сылаас дьиэҕэ таһыттан оргуйан бидилийэр туманы бүрүммүтүнэн, кырааскалаах муостабар кэтэҕим лүһүгүр гыныар диэри, биирдэ тыылла түстүм.
Эппин ыт сиэбэт буола илистэ сытан, хайыһарым уһулла да илигинэ, тута ас көрдөөн муҥнанным. Саахардаах итии чэйи иһэн, син хараҕым сырдаабытын кэннэ, сүгэ аҕалтаран, муустаах быаны өнчөҕүнэн үнтү сынньан төлөрүтэн, хайыһарбыттан кэмниэ-кэнэҕэс, дьэ,босхолоннум. Аны этэрбэстэрбин устарбар эмиэ моһуоҕурдум. Сүгэнэн охсор айакката бэрт буолсу диэн ириэрээри, муус-килиэ этэрбэстэрбин оттуллан турар оһоххо сырайан, холумтаныгар өрө тэбэн сытынан кэбистим. Сотору буруолаан тахсыбыт “адаҕаларбын” ньылбырыта тэбэн, атах сыгынньаҕын ийэ муостабар дьирэс гына түспүтүм үчүгэйин, чэпчэкитин баҕаһын.
Ити киэһэ сынньана-сынньана аһыы олорон, акаарыбар былаҕайга былдьана сыспыппын, дьэ, дьиҥнээхтик өйдөөтүм. Мантан түүн аймахтар хаһан хомуллан, көрдөөн булуохтарыгар диэри, олоҕум хараҥаччыта хайа диэки көтүө биллибэт этэ... Икки хабдьы толуга өссө тугунан дьааһыйыаҕын ким билээхтиэй... Ол күнтэн ыла сэрэхэдийэн, чугас эргин да бултуу барарбар быһахтаах, сиэппэр таҥсыкка хабан ылар астаах сылдьар уонна хайа диэки барарбын дьоммор этэр буолбутум.
Салҕыыта тахсыаҕа.