КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Арыыттан 17 куобаҕы
Күһүн санаам мунуута
Көппөх, көмнөх түһүүтэ...
Күнүм сарыал кыыһыыта
Көтөр көҥүл көтүүтэ...
Тоҕо куруук тардыстабын –
Торҕо күөхтүүн арахсар
Кэри-куру аларбар,
Дойдум чуумпу олоҕор…
Хаһан эрэ күөрэгэй
Манна эрэ дьырылыыра,
Сардааналаах хочоҕо
Күҥҥэ тиийэ күөрэйэрэ.
Элбэх күһүн ааспыт эбит
Орой мэник оҕо саастан,
Аллан эбэ суккуйбут
Ороһуоллаах ууларын…
Талба Тааттам талаҕа
Тамалҕана элбээтэҕэ,
Тоҕой, тумул аайытын
Тохтобула үксээтэҕэ…
Таптал тыала иирэҕэ
Суугунуура оргууйдук,
Түөрэҥэлиир оҥочону
Уһаарара мэник сүүрүк…
Кэрэ-килбик кыысчааным
Далбар хотун буоллаҕа,
Дьэдьэн сыттаах уостарын
Кимҥэ эрэ тоһуйдаҕа…
Манна миигин кэтэспэт –
Маҥан мааны хатыҥым,
Манна миигин ыҥырбат –
Нарын-кэрэ тэтиҥим…
Остуоруйа олоҕор
Туран хаалта оҕо саас,
Толугуруур сүрэҕэр
Оттомурбут отох саас…
Онтон мэник мэнигийээн
Оройунан көрөн бүппүт,
Чанчыктара кырыаран
Оҕо сааһын аймаабыт…
Күнүм сарыал кыыһыыта
Көтөр көҥүл көтүүтэ,
Күһүн санаам мунуута
Көппөх, көмнөх түһүүтэ…
Ыраах, дойдутуттан тэлэһийэн сылдьар киһиэхэ, кый үөһэнэн кылыкынаһан ааһар үөр хаастар аймалҕаннара хараастыылаахтык да иһиллэр. Ол курдук, хоту дойдуга кырыа кыһын адаҕыйан кэлиитэ, киһи кутугар хатанар ураты хаҕыс тыыннаах, тула барыта бороҥ, хара өҥнөрүнэн туолбут курус хартыыналаах. Хараҕы үөрдүбүт алтан араҕас, кытархай кырааскалаах ойуур тыа аҕыйах хонук иһигэр өҥүн-дьүһүнүн сүтэрэр, бастакы тоҥорууларга хаарыйтаран, сарсыарданан – былаатын устубут, аастыйбыт баттахтаах кырдьаҕас эмээхсин курдук чоҥкуйа кырыаран иһийэр. Күлүм гынан ааспыт сайын, күрэннэҕэ ити...
Эмиэ күһүн…
Тула өттүм
Кый ыраах
кыйданар,
Туруйа хаһыытын
сайыһан,
Саһархай
санньыар санаа
Сарыалыгар
куустарар…
Сырдык күлүм…
Хатыҥ чараҥ
Күөхтүүр хампа
суугунуттан арахсар,
Алтан араҕас
арахсыы суһуоҕун
Кытыл тардыы
талахтарыгар
Субуйа быраҕан
соҥуорар…
Баахынайга саҥа билсибит атаһым, кулууп дириэктэрэ Александр Ивановтуун, норуокка Бадыах диэн аатынан биллэр атаспынаан сиргэ тахсарга быһаарынныбыт. Киһим уруккута тустуук, спортротаҕа сулууспалаабыт сытыы-хотуу, сири-уоту билэр, кыайыгас-хотугас, сиэгэн бөҕөкурдук биир кэм сулдьугулдьуйа сылдьар. Эбиитин мелодист, ырыаһыт. Кулууп сценатыгар тахсан, уоһун тэллэччи быраҕан, баянын эрчимнээхтик тарда-тарда,ыллаан эйээртэҕинэ, киһи эрэ уйулҕатын хамсатар эр бэрдэ.Итинник, нэһилиэк тумус туттар киһитин кытта, балаҕан ыйын бүтүүтэ айан көтөрүгэр, табылыннаҕына тайахха түбэһиэхпит диэн уонна эбиитин балыктыыр санаалаах,айаҥҥа туруннубут. Оччолорго Баахынайга арыгы диэн атыыламмат, онон ордук хос санаата суох «тэп» курдук тэринэ охсон, оҥочобутугар киирэн, кытылтан анньынан кэбистибит.
Эбэҕэ киирэн хомолору, чүөмпэлэри кэрийэн, илим үттүбүт уонна өрүс арыыларыгар баар күөллэринэн, быстарыыларынан кустаатыбыт. Мин биир уостаах 16-лаах саабын туох да кыбыстыыта суох, дьоһуннук илдьэ сылдьабын. Манна кэлтэйдии күөрэтиигэ, ньолотууга эрэ ытар буоланнар, дойдубар хаһан үгүстэ ыппытым баарай, бастаан утаа үксүгэр кураанаҕы уоптарабын. Кустар көтөн таҕыстахтарына, омун-төлөн бэйэм харахпын бүлтэччи көрбүтүнэн, өрүсүһэн, кыҥаабакка-хайаабакка соҕотохто ытан «дор» гыннарабын уонна, ыраатан эрэр кустарбын сайыспыттыы, туран хаалабын. Онуоха киһим: “Хайа, доо, итиччэ чугастан саатар түүтэ да хаалбата дуу!” – диэн үрүт үөһэ лэбийэн, кыһытыы бөҕөнү кыһытар. Абарбытым иһин хайыаҥ баарай?!
Итинтэн, куруук тиэтэллээх бэйэм, дьэ, өйдөнөн, саам биир уостааҕын уонна биирдэ эрэ ытарын эппинэн-хааммынан билэн, ордук-хоһу хамсанан булумахтаммакка, налыччы кыҥаан, аска ытар буоллум. Онон үөрүөм иһин, сыыһарым сыыйа-баайы аччаата. Манна урутаан эттэххэ, иккис сылбар бу саабынан үчүгэй саалаах дьонтон итэҕэһэ суох ытарга үөрэммитим. Биирдэ алта көҕөнтөн үһүн күөрэтэн түһэрбиппэр, киһим: «Чэ, кэбис, ытар буолбуккун! Иккис уостааҕыҥ буоллар алтыаннарын да ылыа эбиккин. Үчүгэй саа ылыныыһыккын», – диэн мүчүйбүтэ. Итинтэн кынаттанан, кыһын Дьокуускайга киирэ сылдьан, ИЖ-27Е диэн 16 калибрдаах, икки уостаах вертикалка сааны атыыластым.
Онтукайбын биир кэмҥэ саа уларсан абырыы сылдьыбыт,дойду киһитэ Сэмэн Бөтүкүөпкэ сууйтараары, икки бытыылка пиибэ аҕалбытым. Киһим саас биирдэ бултаан кэллэ. Онно көрдөрө олорон, хаһаас астарбын астына-астына хостоон, саам уоһунан, иһинэн-таһынан кутан сууйан, кырдьык-хордьук сиэрин-туомун толордубут. Ол кэннэ бэйэбит амсайан көрбүппүт, барахсаныҥ баара,итиччэ өр кэмҥэ хайа аанньа буолуой – уоҕа тахсыбыт, тар уутунуу аһыйбыт. Ону ол диэбэккэ, испит аһыйыа да буоллар – күндү аспытын сүрдээх үчүгэйдик, саҥа сааны хайгыы-хайгыы, сыа-сым курдук тутан, куртах диэки атааран кэбистибит. Ити саабар кэлин олус табыллыбытым, мэктиэтигэр көтөн иһэр кустартан талбыппын хоһулатан түһэртиирим. Оттон биир уостаах саам барахсанынан, күһүн инчэҕэй хаардаах силбик күн, хабдьылары ытарбар санным уот аһыйа, мэктиэтигэр тиэрэ бэрдэрэн, инчэҕэй кумахха олоро түспүтүм. Туох алдьархайыгар түбэстим дии санаан, саабын көрбүтүм, уоһа боччоох оҕо сутуругун саҕа үллэн тахсыбыт. Уоһугар уу-хаар, кумах киирэн, хара тыабар кыайыылаахтык хаамтарбыт, көччөх куһу оччойорбор олук уурбут, баар суох саабыттан мэлийдэҕим ол...
Салгыы кэпсээммитигэр төнүннэххэ, ити киэһэ биир арыы кутуругар нэлэһийбит кыракый көлүччэҕэ олордубут. Дугда эҥин туттан айгыстыы суох, аһаҕас сиргэ дулҕа үрдүгэр чугас чугас олорунан кэбистибит. Тула уу-чуумпу. Мин маннык кыракый ууга хайдах эрэ кус кэлиэн, соччо итэҕэйбэппин эрээри, доҕорум айан көтөрө табар диир. Тула уу-чуумпу. Күһүҥҥү күн Араппыана хайатын кэтэҕэр түһүүтэ, халлааммыт тута хараҥаран киирэн барда. Арай ити кэмҥэ кынаттар тыастара суһугураспытынан бардылар. Аттынааҕы арыылартан кус үөрэ, маахта тыйаах икки,моонньоҕон икки харыыта суох төттөрү-таары көппүтүнэн барда. Биһиги күөлбүтүгэр түһэрэн ытыах буолбуппут, хараҥаран сүгүн көстүбэт эбит, онон халлаан суһумугар кыһарыйан, эмиэ ньолоппутунан бардыбыт.
Баара-суоҕа отучча мүнүүтэни кыайбат кэм иһигэр,быыстала суох ыттыбыт бадахтаах. Мин үгэспинэн, төбөм сиигинэн быһа көтөн ааһар кустары дэлби сыыһан, халлааны таһыйа олордум. Ол быыһыгар, биир тыйаах утары сабардаан кэлбитин, тирээн туран тоҕу ытан, хата сирэйбин быһа түһэн эрдэҕинэ, дулҕаттан иҥнэ-иҥнэ нэһиилэ аһаран биэрдим. Онуоха киһим күлэн быара суох. Итинтэн санаам көтөҕүллэн, нэһиилэ биэс кустанным, киһим – отучча кустаах.
Аҕыйах мүнүүтэнэн халлааммыт хараара өһөн, тулабытын им-балай кууста. Биһиги оҥочобутугар киирэн, аспытын-үөлбүтүн таһаарынныбыт. Кытылга кутаа уотугар чэй өрүнэн, икки эмис бэйэлээх куһу итиилии үргээн астаан, быргыччы буһардыбыт. Дойду сиригэр кусчуттар үгэс курдук бэйэтэ да аҕыйах кустарыттан айахтарыгар сиэччилэрэ суох. Онтон хоту тугу бултаабыттарын тута астанан аһыыр, үтүө үгэстээхтэр.
Хойукка диэри сэлэһэ-сэлэһэ, тото-хана астына аһаан, ылтаһын оҥочобутугар таба тэллэҕин тэлгэнэн, утуйар мөһөөччүктэрбит үрдүнэн бириһиэн балааккабытын эбии саптан, утуйдубут. Кытылга эйэргээн чалымныыр, оҥочобутун биэтэҥнэтэр эрэһэ долгуннарга бигэтэн, лыҥкынас ыраас салгыҥҥа кытаанах бэйэлээхтик утуйан бырылаттыбыт.
Түүн ортото түүлүм быыһынан иһиттэхпинэ, бириһиэнсабыыбытыгар ардах табыгыратар тыаһа сүрдээх. Оҥочобут биллиргэччи сааллар долгуннартан биэтэҥниирэ улааппыт. Хайдах эрэ дьааххана санаатым эрээри, “аксакалым” онно эрэ кыһаммакка, муннун тыаһа муораҕа тиийбититтэн уоскуйан, салгыы түлэй уубар түстүм.
Сарсыарда иккиэн оҥочоҕо балкыллар күүстээх долгунтан уһукта биэрдибит. Бириһиэммит сабыытын арыйбыппыт, арыыбыт барыта тунал хаарынан үллүктэммит. Халлааммыт өссө да сөп буолбакка, инчэҕэй хаарынан ыһыахтанар, төһөда хахха сиргэ олордорбут, сытыы кылыс тыалынан силбиэтэнэр. Улуу Эбэ үөһүгэр үрүҥ сүүмэхтээх сылгылар үөмэхтэһэ сырсан, кытылга тиийэ кыыралдьытан, барылыы охсуллаллар.
– Оксиэ, бүгүн бу арыыга хаайтарбыппыт. Хотуттан иэдээннээх тыал түспүт, ханна да ыытыа суох, – кыттыгаһым саллыбыттыы саҥа аллайар. Дьагдьайан бабыгыраһа-бабыгыраһа туран, кутаабытыгар бэҕэһээ бырахпыт уккунньахпытын хамсатан, үрэн, эбии мас быраҕан күөдьүттүбүт, чэй оргутуннубут. Тыал арыычча сэллээрэй диэн кэтэһэ таарыйа, налыччы чэйдээтибит.
– Маннык тыалга арыт кыратык да сэллиирин кэтэһэ олорон, долгуну кырыыбалыы кыйдаран, уҥуор туорааччыбыт. Ол эрээри, олус сэрэхтээх. Мотуоруҥумулуннаҕына, долгун ойоҕолуу саайдаҕына, былаҕайга былдьатаҕын. Ылбычча киһи санаммат. Бэйи эрэ, күнү быһа силбиккэ, инчэҕэйгэ кураанах арыыга олорбокко, арыы кутуругунан үөмтэрэн, анараа улахан арыыга тахсарбыт дуу. Онно үүтээн баар буолуохтаах. Чэ, ханныгын да иһин эр дьон элээмэлэрэ, хоһууттар буоллахпыт дии, – сирдьитим дьаһайда.
Тыл барда – ох барда. Этиллибит толоруллар. “Вихрь-30” мотуорбутун төлө тардан, бэрт эрэйинэн арыыны эргийэүөмтэрэн, долгуҥҥа оҕустаран, таҥас-сап инчэйэн, улахан арыы быстарыытыгар киирэбит. Манна олох чуумпу дойду эбит. Кимнээх эрэ мотуордара турар. Биһиги оҥочобутун кытылга өрө тардан, баайан, ыллык устун үрдүк сыыры дабайан таҕыстыбыт. Кутааҕа быраҕыллыбыт улахан уккунньах умайар, үүтээн таһыгар мал-сал быраҕыллыбыт, аҕыйах кус тэлгэммит. Үүтээҥҥэ киирбиппит, остуолга үс лиитэрэлээх, сугуҥҥа көөнньөрүллүбүт бырааска дыргыйан турар.
–Оо, доо, бу Эдьигээн убайдара обургулар бырааската суох сылдьыбаттар. Сугунунан бэркэ оҥороллор. Амсайыахха! Аа-м, хайа доо, астык дуу? – киһим, күлтэйбит бааҥканы ымсыырбыттыы көрөр уонна күлэ-күлэ. – Ылан баран куотабыт дуо?! Кинилэргэ маннааҕар буолуох баара буолуо. Мин аллара киирэн мотуорбун собуоттуом, – диэн турда.
–Кэбиис, бырааска аайы онно-манна түбэһээри. Хаһаайыттары кэтэһиэххэ.
Өр буолбата, сэбирийбит бытыктаах бар түү дьон бу тиийэн кэллилэр. Кустуу сылдьан, мотуор тыаһын истибиттэр. Дорооболоһон, сиэр быһыытынан сэлэһэ түһэн баран, оҥочоттон аспытын таһааран, кутаа иннигэр оҥоһуллубут остуолга бииргэ аһыырдыы тэриннибит. Дьоммут судургу дьон буолан биэрдилэр, бырааскаларыттан куруускаларбытыгар кутан иһэллэр. Дьэлтэччи көрбүтүнэн, үөрэ-көтө кэлбит иккис бааҥка аһыллыыта, кэпсээн-ипсээн тимэҕэ сөллөр. Хаһаайыттар хантан эрэ дэлэччи астаан, кутааҕа аҕалан уура охсубут күөстэрэ оргуйан, кустарын этин хотороллор. Өрөһөлүү кыстаммыт көтөр этиттэн хабыах курдук иһэн, төһө да боруҥуйга түөрт атахтаахтар адаарыһа сыталларын өйдөөн көрөн, атыҥыраатым, харса суох уобалыы турар доҕорбор:
–Хайа доо, кустарбыт түөрт атахтаахтар дуу, хайдах? – диэн имнэнним. Киһим дьабадьытынан тохтубут хоргунун сотто-сотто, биир куһуоҕу харбаан ылан сирийэн көрдөуонна хаһыытыы түстэ:
–Это что за мясо, крыса, даа!? – диэт өлөрүнэн хаһыырда, ыстаан ыллаҥалатар аһын төттөрү тибиирдэ, туора сүүрэн тахсан, өҕүйэ сатаата. Дьоммут хата холкулар: “Утка, утка”, – диэнтэн атыны билбэттэр. Ити киэһэ хаһаайыттар кыыһырбыт Бадыаҕы уоскутаары үһүс бааҥкаларын таһаарбыттарын үрдүнэн испэккэ, улахан арыы атын өттүгэр тиийэн хоннубут.
Сарсыҥҥы күнүгэр тыал астан, илимнэрбититтэн балык бөҕөнү ыллыбыт. Ол иһигэр биир аарыма хатыыс иҥнибит. Күнүс кумахха тахсан, тылбытын быһа ыйыста сыһа-сыһа,минньигэс бэйэлээх кээчэрэлэри үтэн, сүүрүҥүйдүү сиэтибит. Киһим: “Төрөөбүт аспыт ханнык эрэ күтэр, маттаҕа буолбатах. Дьэ, дьиҥнээҕэ бу баар”, – дии-дии,хааннаах симэһинэ тохто сылдьар, үөрэҕэстэммит кээчэрэни итиилии-буһуулуу, күллэри уобалыыр, хараарбыт айаҕа оҥоҥнуур. Мөккүөр суох – хатыыс, кээчэрэ – ыраахтааҕы аһа!
Эбиэттэн киэһээ биир арыыны көрө тахса сылдьан, куобахтарга түбэстибит. Өрүс иирэ талаҕын быыһынан маҥхаҥнаһыы бөҕө. Киһибэр тараахтыы хааман, кутурукка хаайарга эттим. Дьэ, манна аны мин күнүм-ыйым таҕыста. Акаарыларыгар ыраахтан маҥхайан көстөллөрүн сэрэйбэккэ, сылбах быыһыгар саһаахтыыр куобахтарга,бириигэбэрдэрин таһаарар муҥур тойон буоллум. Ыттаҕым аайы табабын. Киһим оту-маһы тоҕо барчалаан, ыраахтан үргүтэр, хайдах эрэ мүлчү-хаччы туттан, дэлби сыыһан, үс эрэ куобахтаах, оттон мин 17 куобаҕы бултаатым. Кыттыгаһым: “Ыраахтааҕы куобахчыта эбиккин”, – диэн сөҕөр да сөҕөр. Кинилэр куобаҕы анаан бултаабаттар эбит. Онон соччолоох булт курдук санаабат. Хата, мин үөрүүм муҥура суох.
Ити киэһэ бары бултан барытыттан сөбүгэр бултуйбут дьон, сэргэхтик туттан, дьиэлээтибит. Аны күһүҥҥү күммүт эрдэ киирэн, айаммытыгар ытыс таһынар хараҥаҕа ыллардыбыт. Кэлин даҕаны, олохтоохтор маннык харах тэстэр хараҥаҕа,мотуордаах оҥочонон харса суох айанныылларыттан саллыбытым. Бу күн хата уу чуумпу түүн туран биэрбитэ. Онон Бадыах дойдутун билэрэ бэрт буолан, сэрэйэн быһа холоон, бу диэкинэн диэн, оҥочотун дьулурҕатык салайан испитэ. Олох ыксаатахпытына тохтоон, киһи сөҕүөх испиискэ уотунан тулабытын барыгылдьытан көрөбүт. Ол курдук этэҥҥэ үрэххэ киирээт, киһим төрөөбүт үрэҕин хас биирдии тоҕойун, эргиирин билэрэ бэрт буолан, мотуорун өссө гаазтаан биэрдэ. Дьэ, хабыллар хараҥаҕа көтүү диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Ханна эрэ сааллабыт диэн, олох иэним кэдэҥэлии олордо…
Дойдубутун этэҥҥэ булан, төһө да киэһэрбитин иһин, дэриэбинэҕэ дьоммут-сэргэбит, аймахтарбыт үгэс курдук үөрэ-көтө көрүстүлэр, бары саба түһэн фонарь уотугар таһаҕаспытын таһыстылар, булпутун тута үллэстэн кэбистилэр. Бадыаҕым куобахтарын ыһаарылаан, бэркэ астына амсайан, кэлин хаста да хаайан, өссө эбии хамаанда булунан, анаан куобахтаабыппыт. Ол дьыл арыыларга, өрүс кытылыгар бэркэ табыллан бултуйан, куобаҕы тоҥоро-тоҥоро, кыһыннары мотуйан, абыраммыппыт.
Салҕыыта тахсыаҕа.