18.05.2023 | 21:35

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Хотойдор дойдуларыгар

(Эдьигээҥҥэ табаһытынан үлэлээбит Егор Винокуров олоҕуттан).

Каланча Коля хоту кэлэн, олохтоохтор соһуйуохтарын иһин, тута ыстаадаҕа тылланан тахсыбыта. Олохтоох эдэр дьону, ыарахан усулуобуйалаах, сылга биирдэ-иккитэ эрэ бөһүөлэккэ киирэр, аҕыйах хамнастаах табаһыт идэтэ интэриэһиргэппэт. Ол иһин үксүгэр буруйдаммыт, бэрээдэгэ мөлтөх, бөһүөлэккэ баппат дьону күһэйэн кэриэтэ, сыылкаҕа курдук тыаҕа ыыталлара. Онон сопхуос салалтата бэйэтэ тылламмыт дойду уолун үөрүүнү кытта тэрийэ охсон, тыаҕа төһө үөрүйэҕин, табаҕа сыстаҕаһын, туох уруулааҕын-аймахтааҕын токоолоһо барбакка, аны уһуну-киэҥи толкуйдаан аккаастанан кибиһиэ диэн, бастакы вертолетунан ыстаадаҕа таһаара охсорго дьулуспута. Лебедев диэн, хоту дойду тыалыгар хараара үрдэрбит сирэйдээх, сааһыра барбыт салайааччы,  иһигэр эдэр уол дьылҕатын бэрт кэбэҕэстик быһааран, эһэ-бөрө дойдутугар умса анньан эрэриттэн аһына санаабыта. Ол эрээри Дьааҥы тэллэҕэр баар ыстаадата табаһыт тиийбэтиттэн ыһыллан эрэрин санаан, өрө тыынан кэбиспитэ. Кини буруйун боруостаан, ыскылаатыттан уол таҥаһын-сабын үчүгэйдик тэрийэллэригэр сорудахтаабыта. 

Аҕыйах хоноот таба саҕынньахтаах, саҥа куруму этэрбэстээх Коляны вертолет Дьааҥы тэллэҕэр тэлэкэчитэн аҕалан түһэрбитэ. Эрдэттэн рациянан билсибит буолан, болдьоммут сиргэ икки ыстаада табаһыттара күүтэн тураллара. Табаһыттар вертолет салбахтара ситэ тохтуу да илигинэ, куттанан кэннинэн чугуруҥнаһар табаларыгар: “Ньох, ньох”, – дии-дии ньуоҕуларын күөрэҥнэппитинэн саба сүүрдэн кэлбиттэрэ. Сэҥийэтигэр аҕыйах ньуолах бытыктаах, кырыаран хаалбыт бар-түү таҥастаах киһи чомпой бэргэһэтин өрө анньына-анньына, туркутуттан сүр чэпчэкитик ыстанан түстэ. Таба тыһа үтүлүгүн устаат, Коляны өтөрү-батары көрө-көрө: “Аташкаан, дойду уола Ньукулай диэн эн дуо? Мин Тэрээ Шэмэн диэммин. Мин ыштаадабар баршаҕын. Кэшиигин умнубатыҥ ини”, – диэн муос-таас курдук этээт, хатырбыт илиитин уунна. Коля, тылларын былас түһэрэн, күүскэ-күүскэ тыынан курдурҕатар, адаархай муостарын илгистибинэн, сибилигин аҕай көтөн барыахтыы сэргэхтик туттан-хаптан турар табалары, сонурҕуу көрө-көрө нэһиилэ: “Ыых!” – эрэ диэн хаалла.

Вертолетунан көтүһэн кэлбит сопхуос зоотехнига, таба туругун ыйыталаһа-ыйыталаһа, кимиэхэ туох таһаҕас кэлбитин үллэрбитинэн барда. Табаһыттар аата-суола суруллубут, куул аайы кылыгырыыр тыастаах таһаҕастарын үөрэ-көтө туркуларыгар тиэйбитинэн бардылар. Сорохтор вертолетчиктар тула үмүөрүһэ-үмүөрүһэ тыстарын, түүлээхтэрин мэнэйдэстилэр. Убайдар дьааһыктаах арыгыларын харыстаабакка уҥа-хаҥас харса суох атастаспытынан бардылар.

Сотору буолаат, барыта бүппүтэ. Вертолет аана хап гына сабыллыбыта, салбахтара, бэрт ыараханнык дьигис гынаат, эргийэн кулахачыйбытынан барбыттара. Үрдүк арҕастарыгар сайыннары үрүҥ кырыатын уулларан, биирдэ да эйэҕэстик сылааһынан мичик аллайбатах, уһуктубакка халыҥ хаарынан үллүктэнэн сытар улуу дойду хаарын күөрчэх курдук өрө ытыйан, тимир көлө обургу дьаардаах тыынынан илгистэн, дьыбардаах салгыны тоҕо силэйэн, үөһэ кыырайан тахсаат, “аны эһиги хайдах да буолуҥ” диэбиттии, туохха да кыһамматтыы көтөн күпсүппүтүнэн барбыта.

Бүгүн бу дойду сонунун тоҕо-хоро тэбээн, бөһүөлэк сылаас кэһиитин хаалларан барбыт вертолет кэнниттэн, харах ыларын тухары халыҥ хаарынан бүрүллэн сытар улуу дьаалы дойду хаһаайыттарыгар – табаһыттарга сылга биирдэ буолар бырааһынньык саҕаланнаҕа диэн кэбис. Бу күн кинилэр күннэрэ. Бу киэһэ тимир оһохтор ханнык да музыкаттан итэҕэһэ суох үөрэ-көтө тачыгырыахтара, чүмэчи сырдыгар сүһүөхтээн ааҕыллыбыт оҕолорун суруктара дьыл-кэм түргэнник ааһарын санатыахтара, куруусканы томточчу кутуллар уоттаах уу итии хааннары хамсатыаҕа. Бу түүн кинилэргэ эрэ анаан, ким эрэ умнан саппатах балааккатын аанынан, сулустар бэтиэхэлээхтик дьиримнэһэ тыган, бөһүөлэк кулуубугар буола турар үҥкүүнү санатыахтара...

Хоту дойду барахсан киэҥ нэлэмэн, көҥүл дуола иэгэйэр икки атахтаах ибили тэпсэн киртиппэтэх, быртаҕырдыбатах буолан салгынныын ырааһа, дойду уолугар Коляҕа ис-иһиттэн чэбдик, сырдык күүһү биэрэр курдуга. Кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр, булка сыстаҕас уол бу дойдуга мааһа олох табыллыбыта. Онуоха эбии хоту дойду хоһуун дьоно бастакы көрүүгэ дьиппиэн курдук эрээри, билсэн бардахха элэккэйдэрэ, сайаҕастара  сөбүлэппитэ. Күн аайы таба көрүүтүн-истиитин быыһыгар баай бултаах-алтаах дойду романтиката уол кутун-сүрүн туппута. Ыстааданы батыһан саҥаттан саҥа тыытыллыбатах айылҕалаах үтүө сирдэр-дойдулар күнтэн-күн хотоҕос курдук бииртэн биир субуллан испиттэрэ. Кини сибиэһэй эттэн-астан, ыраас салгынтан, эрчимнээх хамсаныыттан кииллийбитэ. Ол сылдьан хотойдор бу да иһин хоту көҥүл олоххо тардыһаллар эбит дии санаан ылаттыыра...

Табаһыт бүгүн эрдэ турда. Бэҕэһээ киэһэ дьоһумсуйан олорон кураанах мастан кыһан бэлэмнээбит, уурбут-туппут курдук элбэх лабаалардаах харыйаны санатар чыыппааннарын (уот саҕаһатын) тимир оһоҕор уган, хардаҕастарын быыһыгар кыбытта. Кини бу дойдуга кэлиэҕиттэн хайа да бэйэлээх кыра маһы сыа-сым курдук кыһан үлүннэрэн, арбатан, аал уоту айхаллыы уһугуннарар көөбүл киһини оҥорон таһаарарын, олус сөбүлүүр. Ордук киэһэ, табаһыттар үлэлэрэ үмүрүйүүтэ, чүмэчи чуумпу сырдыгар сарсыҥҥы үлэтин былаанныы олорон, сытыы быһыччатын өнчөҕүн тобугар тирээн, хас биирдии уһаты тардыы аайы бэйэ бэйэтиттэн быстыбакка ситимнэнэн эриллэн иһэр, киһи сөҕөр, чараас сыыйыллаҕас сурааһыннары, талааннаах худуоһунньук нарын киистэтинэн суруйарын курдук, сырылатан таһаарарын туохтааҕар да астынар. 

Балаакка тимир оһоҕун имик-самык уотугар тэҥкэллибит уһун киһи төҥкөйөн олорон эрэ, киэҥ-куоҥ хамсаныыларынан сырдыгы, сылааһы биэриэхтээх, аал уотун күүдэпчилэтэ уматыахтаах саҕаһа оһуордарын кыһаллан-мүһэллэн кыһарыгар, хайдах эрэ хоту дойду олоҕун философията баар курдук. Хаар-муус хоннохтоох бу уһук хоту дойдуга ардах буоллун, хаар буоллун, итинник саҕаһаны сатаан кыспат киһи – киһи буолбат. Коля испиискэтин “сыр” гыннаран, чыыппааныгар даҕайаатын кытта, аал уота барахсан үөрэ-көтө умайан тигинээбитинэн барда. Тыа киһитин олоҕор өссө биир сэргэх күн үүннэҕэ диэн кэбис.

Коля бириһиэн буолаҕын арыйан, таһырдьа тахсыбытыгар дьыбардаах лыҥкынас ыраас салгын этин-сиинин уһугуннара кууста. Сааскы күн уота үрдүк мэҥэ халлааҥҥа харбаспыт хайалар муус-кыаһаан чыпчаалларыгар сааллан, тыһыынчанан умайар чаҕылыҥнас сырдык кыырпахтары тула ыспыта, уулаах харахтаах киһи кыайан утары көрбөт үлүгэрдээх күлүмэ буолбут. Арай кырыа кыһын, Хотугу Муустаах байҕалга күрэнэн иһэн тыыммыт, бурҕачыйар тымныы салгынын хайалар аппаларыгар, күлүктэригэр хаалларбыта, туман буола боруоран, үллэ олорор. Тула барыта сааскы күн уһуктарын кэтэспиттии иһийэн сытар. Хайа тэллэҕин саҥа харааран эрэр эниэтигэр туллуктар түһэн, аһаан туорахтана сылдьалларын көрөн, уол дойдутун ахтан кэллэ. Оо, дойду сирэ барахсан төһө эрэ тупсан, уһуктан, сэргэхсийэн эрэр... От-мас номнуо көҕөрөн эрдэҕэ. Бука арааһа, Аллан эбэ мууһа-хаара ууллан, эстэрэ чугаһаан, тыаһаан, дьалкылдьыйа ахан сыттаҕа. Манна үрдүк сир буолан, төһө да ыам ыйын күнэ чаҕылыччы тыктар, сир дойду ситэ уһуктубакка, инчэҕэй хаарынан  иһийбит.

Коля түөһүн муҥунан ыраас салгыны эҕирийэн, илиитин күн диэки өрө ууммахтыы, тыыллаҥныы туран, кыырай халлаанынан тус хоту көтөн иһэр хотойу көрө түстэ. Ноо, сүдү көтөр барахсан эмиэ кини курдук көҥүл, киэҥ-дуол олоххо тардыһаахтаан истэҕэ! Ыраах сиринэн ыырданан, этэҥҥэ быйыл төрөөбүт дойдутугар кэлээхтээбит... Манна кинини самнарар икки атахтаах өстөөҕө аны суох.

Коля алтан чаанньыгар, сааскы күн уотуттан уулла-уулла мууһуран кытааппыт хаары көйөн киллэрэн чэйин өрүннэ, ордубут күөһүн тобоҕун сылытынна. Итииргээн буолаҕын аанын тэлэччи аста. Бүгүн ордубут малы-салы хомуйан аллараа базаларыгар барыахтаах. Дьоно, мантан ыла хайаттан хаар сууллуо диэн сэрэхэдийэн, бэҕэһээ табаларын үүрэн илдьибиттэрэ. Бачча үрдүк хайалар арҕастарыттан кыһыны быһа мунньуллан, күүһүгэр күүс эбиллэн, дьигиһийэн түһэр хаар суолугар көрсүбүтүн барытын тугу да ордорбокко тоҕо солоон түһэр үһү.

Тэрээ кэпсээнинэн былырыын сүүрбэччэ табаларын мэлиппиттэр. Онно хас эмэ тыһыынчанан туонна халыҥ хаар суулларыгар, төһө эмэ бэйэлээх суон мастары сытыы кылыһынан быһа охсор курдук сотон ааспыт. Халыҥ хаар анныгар хаалбыт чубуку, араас кыыл-сүөл хойут сайыҥҥа диэри сытыйа-ымыйа сытар буолар дииллэр. Онтон бэл тыатааҕы кырдьаҕас уҥуоҕа кытта көстөр эбит. Сэрэх муҥутаан хайдах киирэн биэрээхтиирэ буолла. Хата бу кэмҥэ арҕаҕыттан торҕонноон тахсан, хаар сууллубут хотоолугар былырыыҥҥы собулҕатын тобоҕун көрдүөн сөп. Билигин ол кыылы көрсүбэтэр ханнык. Буулдьа саатыгар ботуруона суох буолан, дьонунан ыытан кэбиспитэ. Кыһын устата дьаныһан туран чубукуну, кыылы бултууругар элбэх ботуруонун бараата. Онтуката баара аныгы үйэҕэ сыаната ыарахан буолан, манна кэмчитийбит. Арай кыра булка диэн сүнньүөҕэ суох биир уостаах субуйааҥкы саалаах.

Күн ортото салгын биллэрдик итийдэ. Коля соҕотох табатыгар малын-салын ындан, табалар тэпсэн омоох суол оҥорбут кэдээллэринэн сэрэнэн, сыыйа аллараа түһэн иһэр. Түстэҕин аайы инчэҕэй хаара харааран барда. Тиритэн кэтэн иһэр сибиитэрэтэ, истээх ыстаана этигэр сыһынна. Устан кэбиһиэҕин, инчэҕэй хаардаах бадараантан ураты, аны табыгастаах олорор сирэ да суох курдук. Ууччаҕа барахсан икки өттүнэн ыарахан ындыыны сүгэн ньахчайан иһэн, “пуус” гына тыына-тыына, туруору түһүүлэргэ халтарыйан, икки кэлин атаҕар олорон, туормастаан сордоноохтуур.

Коляҕа бу саастаах, сымнаҕас майгылаах иччимсэх табаны көлүнэ, миинэ үөрэннин диэн биэрбиттэрэ.  Кыһын туркунан сылдьарга дөбөҥнүк үөрэммитэ. Оттон аны миинэн боруобалыырыгар атаҕа сиргэ тиийэ сылдьарыттан эбитэ дуу, табыллыбакка кыккыраччы аккаастаан кэбиспитэ. Акка холоотоххо, хайдах эрэ түөрэккэйэ, эрэлэ да суоҕа бэрт. Онон мантан сайын турку сырыыта бүтэн, аргыый аҕай сатыы сылдьарыгар тиийэр. Дьоно биир үксүн ол да иһин, бэҕэһээ айаҥҥа тардыллыахпыт, наҕылыччы хонон, малы-салы дьаһайан бараар диэн  ойдордохторо.

Аллараа хотоолго тиийиитэ от-мас хойдон, көтөр-сүүрэр саҥата элбээтэ. Мантан базалара биир таба көһүн кэриҥэ эрэ хаалбыт буолуохтаах. Маннааҕы таба көһө дойду көһүттэн кылгас дииллэр, онон дьонугар тиийэрэ чугаһаата. Коля табатын сиэппитинэн, бадарааны кэһэн, кэнниттэн үрэр сөрүүн тыалга көмөлөһүннэрэн, иннин диэки дьүккүйэн истэ. Таас үрэх эмпэрэ сыырын үрдүгэр кэлиитэ, ууччаҕа эмискэ өҥүргэһинэн көрөөт, кэннинэн чугуруҥнаабытыгар, уол соһуйан олоро түһэ сыста.

Сэтии быатыттан тардыалыы-тардыалыы, туох буолбутун ситэ өйдөөбөккө турдаҕына, сыыр хааһыттан эмискэ сир ньиргийиэр диэри ырдьыгынаабытынан, көхсүн тыаһа күрдьүгүнээбитинэн, кытархай түүлээх аарыма эһэ сирэйэ бу мардьас гынна. Аҕыйахта ыстанан, киһи иннигэр баар буола түһээт, икки кэлин атаҕар турда уонна киһи кута-сүрэ ыстаныар диэри ынырыктык часкыйда. Уол атыны саныы испит санаалара чыпчылыйыах түгэнэ быһа ыстанна, маннык аарыма кыылга анамматах, ындыытыгар укпут кыра саата туһата суоҕун тута өйдөөтө. Алдьархай ааҥнаабытын билэн, киһи-хара буолар көмүскэнэр суолум бу эрэ хаалла диирдии, сэтии быатын ыһыктан, төбөтүн саба туттубутунан, хараҕын симээт тымныы бадарааҥҥа умса баран түстэ. Уһунунан аатырар бэйэтэ, халаачык курдук кумуйуоҕунан кумуйан, аан дойдутуттан арахсар кэбин туона, тыыммакка да өлбүт киһилии кирийэн сытта...

Тыатааҕы бастаан охтон түспүт киһиттэн соһуйда. Түөрт атах буола түһээт, таба кэнниттэн ойон иһэн, киһи үрдүгэр хоруйа түстэ. Саба барыйан быһах курдук тыҥырахтардаах баараҕай баппаҕайынан уол истээх ыстааннаах буутуттан бобо харбаан ылан, соҕотохто, түүтэх от курдук чэпчэкитик өрө бырахта. Коля сымыһаҕын быһа ытырбытынан, салгыҥҥа өрө эһиллээт, хаста да эргийбитинэн, дириҥ аҥхай чалбаҕар күөдэллэнэн түстэ. Эһэ дьаар сыттаах тыына кэтэҕэр биллибитигэр, ынырык ыарыыттан туймаара сытан: “Хамсаабатах эрэ киһи!” – диэн кылам гына санаан ааста.

Ханна эрэ үөдэн түгэҕэр тимирэн иһэн, төбөтүн уҥуоҕа кырдыргыырын, ойоҕосторо тостон хачыгырыылларын истэн ааста уонна: “Ыалдьыбата тоҕо дьиктитэй? Арааһа өллүм быһыылаах! Хоту өлө кэлээхтээбит эбиппин...” – диэн эмиэ да дьиктиргии, эмиэ да быстахха былдьанан, олох үчүгэйин билбэккэ, дьабыныгар көтөн эрэриттэн бэйэтин аһына санаата...

Кыыла турбут сүүнэ эһэ бадарааҥҥа буккуллан, сирэйэ-хараҕа көстүбэт буолан сытар киһини, баппаҕайдарынан төкүнүтэ сылдьан охсуолаан, таҥас бүтэй хадьырыйталаан баран, хамсаабатын билэн, ыарахан ындыыларыттан мас икки ардыгар иҥнэн турар таба диэки түөһүллэҥнээтэ...

Оо, киһи барахсан! Олоҕуҥ тухары элбэх да дэҥ-оһол, былаҕайга былдьатыы күүтээхтиир... Күөгэйэр күҥҥэр сылдьан аһыҥастаах айылҕа адьырҕатыгар түбэһэн, быстахха былдьаннаҕыҥ тоҕо баҕас абатай! Дьылҕа Хаан кырыы хараҕынан көрөрө тоҕо баҕас тыйыһай?! Ама бу уйаара-кэйээрэ биллибэт улуу киэҥ дуолга биир уол оҕо олоҕо баппатаҕа тоҕо сүрэй?!

Каланча Коля төһө өр сыппытын билбэтэ, өйдөнөн хараҕын аһан, тулатын көрөн: “Хайа, тыыннаах эбиппин дуу?” – диэн эмиэ да итэҕэйбэккэ дьиктиргээн, эмиэ да олох олорорго эрэл үөскээбититтэн үөрэ санаата. Онтон хамсанан иһэн ынырык ыарыыттан эмиэ өйүн сүтэрдэ. Иккистээн өйдөнөн кэлиитигэр күнэ арҕаалаабыт бадахтаах. Хоту дойдуга сааскы күн түүннэри киирбэккэ үөһэнэн эргийэ сылдьар. Онон сабаҕалаатахха, лаппа киэһэрбит быһыылаах, халлаан да сөрүүдүйбүтэ сүрдээх.

Кыыла ыарахан таһаҕастаах ууччаҕын тэйиччи ситэн охторбут быһыылаах. Көстүбэт. Этэ-сиинэ быһытталанан бүттэтэ суох сааллан ыалдьар. “Бэйи эрэ, илиим-атаҕым бүтүн быһыылаахтар. Тыыннаах буоллахха дьонум диэки айаннаан көрдөххө эрэ табыллар”, – диэн бэйэтин бөҕөхсүтээри нэһиилэ саҥа таһаарда. Спортивнай бэргэһэтин кэтэ сылдьар эбит даҕаны, төбөтүн оройо уотунан умайар, ойоҕосторо кэйэн ыалдьаллар. Уҥа атаҕын буутугар ыстаана хайдыбытынан кыа хаан бөлүөстэ тоҥмут. Нүөлүйэн ыалдьар атаҕын тарбахтарын кыратык хамсатаары гыммыта, сүүһүнэн иннэлэр буутуттан атаҕын төбөтүгэр тиийэ батары киирэргэ дылы буоллулар. Эмиэ өйүн сүтэрэ сыһан: “Маннык сыттахпына хааным тохтон, эбэтэр тоҥон өлөбүн”, – диэн санааттан өйдөнөргө дылы буолла.

Дойду уола туох баар күүһүн мунньунан, хаан, бадараан буккуспут кирдээх чалбаҕар хам сыста тоҥмут таҥаһын арааран, арыый кураанах сиргэ тоҕус сорунан сыыллан таҕыста: “Ыччыы, ычча! Тымныытыан”, – бабыгырыы-бабыгырыы саҥа аллайда. Ити эрэн тымныыттан хаана тоҥон, элбэхтик тохтубатаҕын сэрэйдэ. Хамсаммытыгар биирдэ уҥа буута инчэйэн, хаана өттө. Онуоха амырыын ыарыыттан ынчыктыы-ынчыктыы, сиэбиттэн быа булан, хаан оҕуолуур сирин үрдүнэн ыга баанна. Сотору хаана тохтуурга дылы буолла. Эчи тохтон-тохтон аччаабыт да быһыылаах.

Бэлэһэ хатан утаппыта сүр. Ыксаан мууһурбут кирдээх хаары уобалаабытыгар хараҕа кэм сырдыырга дылы гынна. Ок-сиэ, маннык сыыллан айаннаатаҕына дьонугар хаһан тиийэрий... Атаҕым, төбөм, ойоҕоһум улаханнык эмсэҕэлээбиттэр быһыылаах. Балыыһаҕа киирдэххэ эрэ киһи-хара буолсу. Ону баара дьонугар тиийдэҕинэ даҕаны, аныгы үйэҕэ кини аайы сыаналаах вертолет кэлэн быстыа дуо? Киһи аҥара буолан тыыннаах хааллаҕына даҕаны, киниэхэ кыһаллыах чугас аймаҕа бу орто дойдуга суох! Эрэйэ суох маннык сытан өлбүтэ ордук буолаарай?!

Коля өлбөөрөн эрэр хараҕынан күөх халлааны одуулуу сытан, киэҥник-куоҥнук дайбаан, кыраҕа ымыттыбакка, эмиэ баарыан сарсыарда көрбүтүн курдук, тус хоту көтөн иһэр хотойу көрө түстэ. Оҕо эрдэҕиттэн сөбүлүүр көтөрө кини оһоллонон сытарын көрөр курдук уонна: “Пахай даҕаны, ити аайы санааҥ түһэн сытар дуо? Эт-сиин быстыытааҕар санаа түһүүтэ ынырык. Орто дойдуга ким күүстээх санаалаах, ол тыыннаах хаалар. Олоҕуҥ утаҕын быһыма. Инниҥ диэки дьүккүйэн ис!” – диирдии, улуутуйа көтөн ааста. Каланча оҕо сылдьан сөбүлээн аахпыт Джек Лондон “Олоххо таптал” диэн кэпсээнин санаан кэллэ. Суох, Коля! Эн хайаан даҕаны олох иһин тиһэҕэр тиийэ охсуһуохтааххын. Сытан биэрии, бэриниигэ, бэйэни өлөрүнүүгэ тэҥнээх... Сахаларга былыр былыргыттан бэйэҕэ тиийинии, ыар буруй быһыытынан биллэр...

Эмискэ суор кыланна. Уол дьигис гынна уонна: “Сытан биэрэн бэриниэм суоҕа”, – дии санаат, ыарыытыттан сымыһаҕын быһа ытыран, уһун, унньуктаах суолга турунна. Ким даҕаны маннык ынырык, ыарахан суолу тутуһан айаннаабатаҕа... Онтон кини – Каланча диэн ааттаах алаас уола айанныыр... Суох – кини тыын былдьаһыгар эрэ сыыллан иһэр көҥдөй Каланча буолбатах... Кини – олох утаҕын салгыахтаах, хотойдор дойдуларын модун санаалаах Хотойо!

​********************************************************************

Каланча Коляны табаһыт доҕотторо булан, суһал көмөвертолету ыҥыттаран,  улуус киинигэр Эдьигээҥҥэ киирэн тыыннаах хаалбыта. Манна киин балыыһа хирургическай отделениетыгар икки ыйтан ордук эмтэнэн, аматыйан  тахсыбыта. Миэхэ биир дойдулааҕар аҕыйах күн хоммута-өрөөбүтэ. Онно спортивнай бэргэһэтин устан төбөтүн чэрин, кумаламмыт ойоҕосторун уонна ордук тыатааҕы өрөбыраҕарыгар буутуттан ытарчалыы бобо туппут суолун көрдөрбүтэ дьулаан этэ…

Халыҥ истээх ыстааны курдары харбаабыт дэгиэ тыҥырахтарын суола, төһө да эмчиттэр тикпиттэрин үрдүнэн, быһыччаларынан хайа соппуттуу тэллэччи баран, эргиччи аһаҕас баас буолан оспокко аппайа сылдьара… Билэр булчуттар тыатааҕы тыҥыраҕа сүлүһүннээҕин, хайа тартаҕына оһон биэрбэтин этэр буолаллара. Онон Коля бааһа оһон биэрбэккэ уһуннук эрэйдээбитин үрдүнэн, ахтылҕаннаах  ыстаадатыгар ыксалынан төннүбүтэ. Айылҕа, тыа оҕото аҕыйах хоноору, сыллааҕы хамнаһын ылбычча, уоттаах утаҕы балачча испэхтээбитэ.

Икки киэһэ доҕотторун табаһыттары ыҥыран, миигиттэн көҥүллэтэн дьиэбэр аһатта. Бастакы күн хаһаайын быһыытынан, үчүгэй сокуускалаах остуолга буоккачааннарын куруускаларга култуурнайдык кыра-кыралаан кута олорон, бэрт сэргэх сэһэн бөҕөнү иһиттим. Ол иһигэр Кэбээйи уонна Эдьигээн улуустарын икки ардыгар Үҥкээбил диэн, сайын икки атахтаах сатыы кыайан сылдьыбат күөлүгэр, таҥас сууйар тааска баппакка, икки өттүнэн сабырыйа сытар улахан соболооҕун сөхтүм. Аны онно суол тура илигинэ, тойоттор балыксыттары вертолетунан бырахтаран, киһи сөҕөр бэлэҕин-туһаҕын оҥороору балыктаталларын кэпсээтилэр. Балыксыттар төннөллөрүгэр содуохтаан хаайбыт соболорун баһаннар, кыстык хаарынан буран сыарҕатыгар  үллэччи тиэнэн кэлэллэр эбит. Ол адаҕа саҕа соболор үрүҥ дьиэлэр үрдүк өһүөлээхтэрин ылсар-бэрсэр, дьыаланы хамсатар күндүвалюталара, ыалдьыттарга бискэччи буһарыллан сандалыга сандаарар, бастыҥ-мааны астара диэн тоһоҕолоон бэлиэтээһиннээх…

Аны Дьааҥы хайатын анныгар сытар Сиэгэмдэ диэн ааттаах дьикти күөлү  кэпсээтилэр. Бу эбэ биир дьиктитинэн, уутугар кэлэн түспүт кустар, арыт хаастар тута  тимирэн хаалаллар эбит. Ону көхсүлэригэр муох үүнүөр диэри сааһырбыт, аарыма улахан сордоҥнор ыйысталлар дииллэр. Табаһыттар, бу эбэ  кытыытыгар соторутааҥыга диэри, табалаах киһи холкутук иһинэн ааһар, аарыма балык сыҥааҕын уҥуоҕа баарын кэпсииллэр. Ол балык уулуу киирбит буур табаны муннуттан ытарчалыы хаппытын, биирдэрэ кытыыга соһон таһааран, өлөр охтуутун охтубут. Оттон лаһыйар лапчааннаах үөрбэ тиистэринэн ытырбытын ыыппакка, кытылга хамсаабакка сытан хаалбыт. Онон сүүрэр атахтаах уонна күөх далай улуу аарымаларын күөн көрсүһүүлэригэр хайалара да кыайыы өрөгөйүн билбэккэ, өлөр аатыгар барбыттар…

Эбэ иккис дьиктитинэн, салгына аһаҕаһа дуу, бэриэччиттээҕэ дуу эбит. Ол курдук кыһын табаһыттар базаларыттан көрдөхтөрүнэ, күөл уҥуоргу өттүттэн тыыннара бурҕайбытынан, эҥээннэрэ лачыгыраабытынан тыһыынчанан кыыл таба иһэр буолара үһү. Уолаттар сааларын-сэптэрин үрдүгэр түһэн, бураннарынан утары типтэрэн тиийиилэригэр, барыта улам-улам симэлийэ сүтэр, хаарга дьөрү туох да суол-иис  хаалбата үһү. Аны сайын отууларыгар олордохторуна, эбэ уҥуорунан чуорааннаах табалара чугдаарбытынан, былыргылыы тирии таҥастаах-саптаах дьон иһэр буолаллара үһү. Чэйдэрин өрө тардан, кэтэһэ олордохторуна, дьонноро чугаһыахча чугаһаабакка, кэлиэхчэ кэлбэккэ, тыаһаан-ууһаан уҥуоргу кытылынанааһан хаалаллар эбит. Оттон ыалдьыт кэлэрин, бу эбэ хайаан да эмиэ эрдэттэн чопчу биллэрэр эбит.

Дойду сириттэн тиийбит киһиэхэ, үйэтин тухары айылҕаҕа олорор табаһыт олоҕо-дьаһаҕа, тыла-өһө, майгыта-сигилитэ, аһа-үөлэ, таҥаһа-саба, айылҕа дьиктилэрэ – көрүөхтэн эриэккэс остуоруйа дойдутугар аҕалбыттара. Аны ол быыһыгар, бөрө отунан хайдах бырааска оҥостоллорун, сүүрүктээх таас үрэх талаҕар канистраларын баайан, аҕыйах хонугунан «астара» буһарын туһунан кырдьык-хордьук кэпсээн өрүкүнэстилэр. Биир да тылы түһэрбэккэ, айахпын атан олорон, сүрдээҕин кэрэхсээн иһиттим. 

Онтон иккис күн бэрт уһуннук олорбуппут кэннэ, дьонум кыыһырдылар: «Бу дойду уола кутара тоҕо кыратай! Иккис түүммүтүн олордубут да, итирбэтибит!» – диэн турдулар. Онон хайыахпыный, ордубут аспытын курууска аҥардыытынан куппуппар, тута «аут» бардыбыт. Лаппа халыачык дьонтон кэпсээн истэ олоруоҥ баара дуо – холдьохсуу аҥардаах тарҕаһыы буолла. Сарсыҥҥы күнүгэр хоноһом аны «хамнас харчыбын сүтэрдим» диэн ууга-уокка түһэрдэ. Төбөбүт ыалдьыар диэри дьиэни биир гына көрдөөн булбакка, куһаҕан балаһыанньаҕа киирдим.

Онтон киһим атаҕын таҥаһын кэтэ олорон, тиэриллибит хаатыҥкатын иһиттэн, бэрт кичэллээхтик наскыга эриллибит харчытын булан, үөрдэ-көттө уонна тута абырах көрдөнө маҕаһыыҥҥа ыстанна. Хайыахпытый, оҕолоох ыалга эрэйдэнииһибит диэн, хоноһобутун аһыы аһы аһыыр буоллаҕына, аны табаарыстарыгар хоноругар эттибит… Ол кэннэ эһиилигэр уонча тыс кэһиилээх кэлэн үөрдэн-көтүтэн, кэпсээн-ипсээн ааспыттаах. Хомойуох иһин, ити кэннэ бөһүөлэккэ кэлбэтэҕэ уонна аҕыйах сылынан быстахха былдьанан, дьабыныгар көппүтүн истибитим…

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....