КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Табаһыттарга
Таһырдьа тоһуттар тымныыттан
Бэппиирэй буолаҕар киирбитэ,
Бөҕүөрбүт тарбаҕын саратан
Тыһыргыыр оһоҕор түспүтэ…
Табаһыт түбүгүн үксэтэн
Бөрөлөр түүн кэлэн ааспыттар,
Буурдары буурҕалыы күөйэннэр
Табалар ыраата барбыттар…
Түүннэри-күннэри субуллар
Табаһыт үлэтэ сылаалаах,
Тоҥууну-хатыыны тулуйар
Томороон тойуга олохтоох…
Эдьигээннээҕи 27№-дээх профтехучилище улуус олоҕор-дьаһаҕар улахан суолталаах, биллэр-көстөр миэстэни ылар тэрилтэ. Сүүһүнэн оҕо Эдьигээни таһынан Саха сирин араас муннуктарыттан кэлэн, олохтоох Хоту сиргэ аналлаах табаһыт, булчут, иистэнньэҥ, норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара, бухгалтер о. д.а. идэлэргэ үөрэнэллэр. Училище үөрэнээччилэрэ улуус общественнай, культурнай, спортивнай олоҕор актыыбынайдык кытталлар, умнуллубат суолу-ииһи хааллараллар. Кинилэртэн үгүстэрэ Эдьигээҥҥэ хаалан үлэлиир, эдэр эдэр курдук дьоллорун холбоон ыал буолаллара, олохсуйаллара эмиэ элбэх.
Училище педколлектива сылын аайы былааннаммыт наборутолороору, ханнык суолу-ииһи тобуларга төбөтүн сынньара. Оннук биир кэмҥэ мотодельтопланынан көтөөччүлэри үөрэтэргэ холоно сылдьыбыппыт. Директорбыт Семен Алексеев таба бырааһынньыгар хантан эрэ аҕалбыт, «бураҥҥа» олордуллар мотуордаах ол тэрилинэн Эдьигээни үрдүнэн көтөн бирилэтэн, эбиитин баҕалаахтары хатааһылатан дьон бөҕөнү сөхтөрбүтэ. Пилот нууччатынаан иккиэн хара ачыкылаахтар, тирии сонноохтор – чахчы бастакы лүөччүктэр курдук туттуу-хаптыы, дьон «ураа» хаһыы бөҕө.
Дьэ, тайахтыырга, кыыллыырга уонна табаһыттарга бэртээхэй сэп эбит диэн көрүү-истии, сэргэҕэлээһин мааныта. 180 киилэ уйуктаах, икки киһини олордор, бэрт кыра сиртэн көтөр уонна түһэр кыахтаах. Эһиил маннык сэбинэн көтөөччүлэри үөрэтэбит диэн, Петр Давыдовы Санкт-Петербург куоракка ыытан үөрэттэрэ сылдьыбыппыт. Хомойуох иһин, ол кэмҥэ мотодельтопланеристар күрэхтэһиилэригэр суулланнар, оҕолору үөрэтэри бобон кэбистилэр. Онтон атын, Эдьигээнтэн саҕалаан Саха сиригэр аччыгый авиация сайдыытыгар революционнай хамсааһын буолара хаалбыта – өскөтө тыалга-кууска оҕустарбатахпытына, быраабыланы кэһэн «абыраллаах» аспытын хабан үнтү түспэтэхпитинэ…
Семен Петрович Эдьигээҥҥэ өссө телевидение сайдыытыгар киллэрбит өҥөлөөх. Ол курдук кини салайар кэмигэр телевидеоаппаратура бөҕөтө кэлэн, олохтоох ханаалынан училище үөрэнээччилэрин түмэн бүтүн испэктээхтэри туруорбуппут, оҕоҕо уонна спорка аналлаахбиэриилэри, аныгылыы шоулары, диспуттары ыыппыппыт. Онно «Саха омук» общество көҕүлүүр күүһүнэн буолан, сороҕор үлүһүйэн түүннэри да устарбыт. Кэлин мин«хитачи» диэн устар видеокамераны доҕор оҥостон, Эдьигээн телестудиятыгар общественнай корреспондент быһыытынан, Дьокуускайтан тиийэ видеосюжеттары устан, көрдөрөн барбытым. Ол иһигэр «Старый город», «Ледовые фантазии» диэн дьүһүйүүлэри, саха театрыттан, спортивнай күрэхтэһиилэртэн, балыктааһынтан репортажтары, анонимнай кабинет бырааһыттан интервьюны устан көрдөрбүтүм.
Дьокуускайга норуот эмчитэ Үрүҥ ойуун Владимир Кондаковы кытта Сайсарыга дьиэтигэр чааһы быһа олорон кэпсэппиппин, бииргэ үөрэнэр уолум Абыйтан Александр Новиков устубутун умнубаппын. Онно оҕонньор: «Бу аан бастакы интервьюбун биэрдим, буолаары буолан дьиэбэр. Ылбычча дьону кытта кэпсэтээччим суох. Эн табан кэпсэтэр уол эбиккин. Суруналыыс буолсугун. Бу устубуккун кимиэхэ да мээнэ биэримээр», – диэн алгыс аҥардаах эппитэ, бэлэспэр силлээбитэ. Кини этиититтэн туораабакка, кэлин ыйытан «Таатта» телевидениетыгар эмиэ көрдөрөн турабын. Эдьигээҥҥэ да, Тааттаҕа да көрөөччүлэр сүрдээҕин биһирээбиттэрэ. Оччолорго норуот эмчиттэрин, ойууттары, биллибэт күүһү саҥа хараҕынан көрүү кэмэ буолан, барыта сонун, сэргэҕэлээһин этэ. Онон суруналыыстыкаҕа суолбун ити курдук Эдьигээн телевидениетиттэн саҕалаабытым…
Училище биир бастакы дириэктэрэ Байбал Алексеевы, мин иннибинэ директордаабыт Семен Алексеевы, Людмила Козлованы, онтон кэнники үлэлээбит Петр Давыдовы, билигин үлэлиир Александр Сергееви уонна алтыспыт коллективпын куруук үчүгэй эрэ өттүнэн күлэ-үөрэ ахтабын. Бука оччолорго, буолаары буолан 90-с торулуур ыарахан сылларыгар үлэ сүнньүнэн араас өйдөспөт түгэннэр бааллара буолуо эрээри, тоҕо эрэ онтон биир даҕаны түгэн өйбөр хатанан хаалбатах. Баҕар өйдөттөхтөрүнэ саныырым дуу, суоҕа дуу. Ханныгын да иһин, киһи барахсан куһаҕан-иһэҕэн, сыыс өйдөбүллэри барытын умнубататаҕына, бэйэтэ да саллаҕар баспыт кыракый мэйиичээнэ сатала суох үллэн, сор хааммытын сордуо этэ… Онон эмиэ да үчүгэй курдук.
Ол сыл дуоһунаска тардыспат киһини коллективым мөрөйдөөн дириэктэринэн талан кэбистэ. Ис дьиҥэр бэйэм айылгыбынан салайар үлэни ылыммаппын, дьону дьаһайарбын сөбүлээбэппин. Ону дэлби хаайбыттарыгар, тугу кыыска дылы чымаадыстаан диэн сөбүлэстим. Манна диэн эттэххэ, Сэбиэскэй кэми баттаһа үөскээбит, оччотооҕуга күөгэйэр күммүтүгэр сылдьар биһиги көлүөнэ дьоно үгүспүт карьерист диэн тылы өлөрдүү абааһы көрөулааппыппыт. Ол да иһин дуоһунаска тарбачыһыыны сааттаах быһыы курдук көрөрбүт. Онтукайбыт билигин атын үйэ, атын кэм… Карьера оҥоруу – уйгулаах, дьоллоох олох төрдө буолла. Биһиги пионер, хомсомуол ииппит оҕолоро ону, аатырбыт режиссер Леонид Гайдай киинэтигэр артыыс Георгий Вицин: «Жестокий век – жестокие нравы», – диэбитин курдук саныыбыт бадахтаах.
Ити санааны сайыннаран эттэххэ, кырдьыга да, билиҥҥи үйэҕэ үгүс салайааччы кимиэхэ эрэ сөп түбэһэр винтик-шпунтик буоллаҕына эрэ үөһэттэн былааска, үрдүк дуоһунаска таһаарыллара баар суол. Хомойуох иһин, онуоха бастатан туран киһи дьоҕура, талаана болҕомтоҕо турбакка, кини үрдүкү салалтаҕа төһө табыгастааҕа – сатаан хаптаҥныыра, ньылаҥныыра, бэрт буола сатыыра, тугу эрэ ас таһаарара улахан суолталаах. «Бездарный век, бездарные чинуши»… Онон Россияҕа бүтүн систиэмэ буолбут «аймахтаһыыны», «кылааннарынан арахсыыны», атыннык эттэххэ «мафияны» кыайар өтөрүнэн кыаллыбат туруктанна. Мин санаабар, ити көстүү сылын аайы дириҥээн иһэр чинчилээх…
Дьэ, онон 1994 сылтан Сойуус үрэллибитэ үһүс сылыгар дириэктэрдиирбэр, Кириэмилтэн аартыктаммыт айдааннаах дирбиэн-дарбаан долгун үллэ-балла күүһүрэн, кытыы сытар Хоту сир дьонугар алдьатыылаахтык охсубута. Ас-үөл ыараханын таһынан, оннооҕор 50 солкуобайдаах купюраны уларытыыга үгүс дьиэ кэргэн хаарыйтарбыта. Табаһыт ыаллар уонунан сылларга сыттыктарыгар муспут баайдара биир күнүнэн кураанах кумааҕыга кубулуйбута кытта баара…
Оннооҕор мин биэс сылы быһа икки-үс мөһөөххамнаспыттан сордоһон, отуччалыы солкуобайынан страховкаҕа мунньубут, 1800 солкуобайбын ыла тиийбиппэр, индексация оҥоһуллубат диэтилэр. Онтукайбар биир эрэ ыстыыр эрэһиинэ атыылаһыахха сөп. Сиргэ силлээн кэбистим. Ити курдук судаарыстыба араас ваучер эҥин диэнинэн киирэн норуоту албыннаан, оччотооҕуга туттумахтаан хаалбыт сытайа байбыт миллиардердары төрөппүтүн үчүгэйдик билэбит. Хамнаспыт хас эмэ сүүһүнэн тыһыынчанан тысхайар да, астан-үөлтэн саҕалаан сыана үрдэ суох үрдүү турар. 500 000 солкуобайдаах купюра харчы кэлбитигэр, дьэ, бүттүбүт дии санаатыбыт…
Ол уһуу кэмҥэ, училищеҕа көмө хаһаайыстыбаны тэринии, материальнай базаны бөҕөргөтүү соруга күүскэ турда. Училище үлэһиттэригэр анаммыт 18 квартиралаах дьиэ ыһыллыы кэмигэр үбүлээһинэ кыайтарбакка, уһун кутуруктаах тутууга кубулуйан тохтотуллубутун иһин, тутааччылары кытта аҥардаһарга кэпсэтэн үлэ саҕаланна. Оҕолор үөрэнэллэригэр тириинэн, тыһынан, остолобуойбутун этинэн хааччыйарга диэн, «дьиикэй ырыынак» кэмигэр араастан эргинэн, ол быыһыгар сэлээркэҕэ тиийэ атастаһан кырса, таба булуннубут. Бэл диэтэр, оҕолору таас кырыылыырга үөрэтээри икки тонна чароит булан, ыкса күһүн самоходканан аҕалтардым. Онтукайбытын биллэҕим Баасканы көрдөһөн, «буран» сыарҕатыгар хаста эмэ тиэйэн таһааран, маҕаһыын ыйааһыныгар бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии тэрилтэ хоспоҕор укпуппут.
– Бэйэ киһитэҕин, училищеҕа тута сылдьар харчыбыт суох», – диэн ааны хатыы туран, биллэхпэр таспытын иһин биир да солкуобайы төлөөбөт чунуобунньук буоллум. Оччолорго кырдьыга да үп-харчы кэмчи кэмэ. Киһим бука кыһыйдаҕа:
– Оччоҕо саатар ити туһата суох таастаргыттан биир тааһы аҕал, – диэн оонньуу-күлэ эппитигэр, – Тыый, ол күндүтааһы хайдах биэриэмий, барыта суот-учуот, – диэн дьиэк биэрбэтим. Ити кэннэ, тааһы кырыылыыр станоктары ылар туһунан кэпсэтэн баран, дойдубар тардыһан уурайбытым.Кэлин кырдьык тааһы төһө туһаммыттарын истибэппин.
Онтон табаларбар Ылдьыынап уонна Бэппиирэй Христофоров диэн табаһыттары кэпсэтэн, бириһиэн буолаҕы тиктэрэн, тимир оһохтоон, кыаллары-кыаллыбаты тэрийэн Хороҥку эҥэр таһаарбытым. Табаһыт штата суоҕунан, кыра да буоллар сантехник уонна электрик хамнаһын көрбүтүм. Дьонум училище табаларын кытта кэтэх табалаахтар, онон таба көрүүтүгэр интэриэстээхтэр. Оччолорго улуус үрдүнэн таба ыстаадалара быстар мөлтөх туруктаах этилэр. Барытыгар ыһыллыы-тоҕуллуу, хамнас суох… Ол эрээри инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, хотугу норуоттар бу тыын суолталаах салааны төһө да ыарахан кэмнэргэ эспэккэ, күн бүгүн табаларын ахсаанын элбэтэн иһэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Биирдэ баран эттэххэ, таба ахсаана элбэх эрэ буоллаҕына барыстаах уонна биллэн турар, таба – хоту дойду киһитин ымыыта, миинэр миҥэтэ, көлүнэр көлөтө, ас амтаннааҕын уонна таҥас талбатын таһаарар көмүс туйахтаах далбарайа… Тыйыс тыыннаах, чысхаан тыаллаах бу улуу-дьаалы дойду быттыгар-хонноҕор бүгүйэн үөскүүр, бытарыйар быта диэн кини буоллаҕа…
Эһиилигэр табаһыттарбын кытта сүбэлэһэн төрүөҕүбиэрбэт, ыстаада ахсаана элбииригэр улаханы оонньообот табалары туттарга быһаарынныбыт. Онон кинилэр үлэх быһыытынан Эдьигээнтэн чугас Хороҥку эҥэр тохтуохтаахтар. Дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы, өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар салайар үлэлэргэ сылдьыбыт уопуттаах сүбэһитим, астык толуу көрүҥнээх Ионарий Поповы уонна «бураннаах» доҕорум Опуоҥканы көрдөһөн, онно эбии кини доҕоро Бииктэр Ивановы кытта төрдүөн икки «буранынан» бардыбыт.Сэтинньи ый сэргэх күнэ сэгэйэн аҕай турар. Иннибитигэр иһэр Опуоҥка «бураныгар» ойон тура-тура соһуччу гаазтаан бырылатар, ол аайы сыарҕатыгар олорсон иһэр Бииктэрин атахтара өрө адаарыйан охтон иһэн, нэһиилэ өрүһүнэн сыарҕатыттан тутуһан хаалар уонна киһитигэр сутуругун чочоҥнотор. Ол аайы күлсүү бөҕөбүт.
Ити истэхпитинэ суолбутун ойоҕолото хара киис субуруҥнаан соһутта. «Бураннарбыт» хоолдьуктарын эрийэ баттаан, саба сүүрдэн маска таһаараары эккирэтэн ыһылыннардыбыт. Саарбабытын ситиэхчэ буолбуппут баара, хойуу ыккый ойуурга дьылыс гынан хаалла. Ыта суох дьон хайыахпытый, көрбүтүнэн туран эрэ хааллыбыт. Айан дьоно салгыы баран иһэн, аны хара улардарга түбэһэн, Опуоҥка биири түҥнэри ытан түһэрдэ. Хара улар Байанай улахан булдугар тэҥнэһэр диэн ааттыыллар, онон үөрэн-көтөн уот отто охсон аһаттыбыт, бэйэбитин да умнубатыбыт.
Аҕыйах көс сири өр гыммакка өрө быыгынатан тиийдибит. Дьоммут табаларын аҕалан, элэ-сала түһэн уруйдуу көрүстүлэр. Өйүөбүтүн-тайаабытын таһааран үссэнэн, куртахпытын итиилии-буһуулуу охсон, сырдыгы былдьаһа таһырдьа идэһэлэрбитин көрө баадаҥхалаһан таҕыстыбыт.Табалар барахсаттар хоҕурҕаһа-хоҕурҕаһа чигдини тиҥсирийэллэр, илиигиттэн тууһу ылан салыыллар, бэл чэпчэтинэ турар киһи убаҕаһын саһарбыт хаардары-баҕастары хабыалыыллар, мууһурбутун сытыы туйахтарынан тоҕута сынньан хардырҕаччы сииллэр. Ити минеральнай туустара тиийбэтиттэн туустааҕы, аһыыны барытын хабыалыыллар. Бэл диэтэр белоктаах аһылыкка тууһуран тэллэйи, кутуйаҕы кытта сииллэр эбит. Табаһыттар миинэр уучахтарыттан саҕалаан, табаларындьиэтитээри куруук ыҥыра-ыҥыра тууһунан аһаталлар. Ону харахтарын бүлтэччи көрбүтүнэн кэлэн, хатыылаах сылаас тылларынан сүрдээх минньигэстик илиигиттэн салаан ньэлбээрдэллэр. Ардыгар эдэр буурдар харсан хачыгыратыһаллар, киһи сөҕүөх сылгылар курдук кэлин атахтарыгар тура-тура илин туйахтарынан табыйсааччылларкытта бааллар.
Кыраҕа холуочуйа охсубут оҕонньоттор үөрэн-көтөн,илиигэ үөрэппит сымнаҕас уучахтарын имэрийэ-имэрийэ, киһи курдук майгытын-сигилитин, күүһүн-уоҕун хайҕаан ньамыгыраталлар, быйыл ханнык табаларын тутталларын кэпсииллэр. Итиэннэ биһиги аҕалбыт комбикормабытынбэрт кэмчитик кутан табыгыраттылар уонна миэхэ маамыктаны туттаран, чөмөхтөһөн аһыы турар табалар диэки ыйан: «Ол аабылахааны, ити кэйиик бууру тут», – диэн баран, салгыы убаҕас кэһииттэн көтөҕө охсоорубуолахха киирэн хааллылар.
Быстыам дуо, ойдуом дуо маамыктабын суулуу тутан, кэйиик диэн ыйбыт табаларыгар ыкса чугаһаан, муоһугар иилэ кэриэтэ бырахтым. Табам барахсан ыстанна ээ… Бастакы ойуутугар, илиибэр маамыктабын эрийэ тутан туран, умса бара сыстым. Тирэхпин булбакка чигди хаарынан соһуллан иһэн, балачча сонос титириккэ оҕуурбунэрийэ тутан, табабын тохтотон холоруктаттым. Буурум муоһун утары тоһуйбутунан өсөһөн турар. Оҕуурум быатыннэмийэн, сыыйа чугаһаан истим.
Ыкса кэлэн муоһуттан харбаан, булгутан охторуохча буолбутум баара, табам хараҕын хааннааҕынан бүлтэччи көрбүтүнэн утары ыстанан кэбистэ. Мин соһуйан муоһуттан туппутунан, атахтарбын маамыктабыттан кыаһылатан тиэрэ баран түстүм. Буур икки муоһун икки ардыгар кыбыллан кэйдэрэ, эбиитин сытыы туйаҕынан охсуолууруттан, үрдүбүнэн тэпсэриттэн сирэйбин-харахпын көмүскэнэ, айа-дьойо буолан мөхсө сытан, күүһүм-күдэҕим эһиннэ. Түбэспэтэхпэр түбэһэн ийэ-хара көлөһүнүм сарт түстэ. Маамыктабар атаҕым эриллэн көлөттөн, эбиитин истээх таҥастаах киһи тоҥуу хаартан хайдах да орҕостон турар аат суох. Кыылым да сымсата, хамсанара түргэнэ сүрдээх. Биир кэм үрдүбэр холоруктана үҥкүүлүүр. Ол сытан дьоммун ыҥыран ыһыы-хаһыы кытаанаҕа.
Кэмниэ-кэнэҕэс буолахтан солбуйааччым Ионарий таҕыста уонна сулбу хааман кэлэн, бука муоһуттан ылларбыт табанысэнээтэҕэ: «Маны субугурдук гынар баҕайыта», – диэтэ даҕаны, «сэрэн, быаҕа сөрөнүөҥ» диэм икки ардыгар, харса суох муоһуттан тутан хаалдьыгын эрийэн мөҕүһүннэрбитинэн барда. Ол сылдьан сэрэйбит сэрэх, оҕуурга сөрүөстэн мин үрдүбэр сууллан «кур» гынна.
Тутуһар муостарбытын мүччү тутан кэбиһэн, балаһыанньабыт, дьэ, өссө ыараата. Улахан баҕайы киһи тыыммын-быарбын хаайан үрдүбэр түөһүллэн сыппыта туох аанньа буолуой… Хата куһаҕан үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, хайа эрэ кэмҥэ кыылбыт сытыы муоһа-туйаҕа Ионарий үскэл этигэр туһаайыллан мин арыый «сынньанным». Ол сытан кыылбыт биирдэ ойоҕоспун муоһунан кибилиннэрбитигэр, харбаан ыллым. Ыксалга лаппыйан, туох баар күүспүнэн икки муоһуттан кытаҕастыы харбаабыппар, куһаҕан тыас «хар» гынаатын кытта, илиим соҕотохто чэпчээн хаалла. Табабыт «сус» гыммыт, оттон биһиги маамыкта эриллибит муос эмтэркэйин эрэ тутан хаалбыппытыгар үөрүү буолла…
Табыллыбатах табаһыт ити кэннэ эмиэ оҕуурдуу сатаан, атын табаны атаҕыттан туттум. Оҕонньотторум кэмниэ кэнэҕэс тахсан, күлэ-күлэ табаларын атаҕыттан маамыктаны араардылар уонна үгүс таба быыһыттан чопчутуттуохтаах табаларын бэрт судургутук оҕуурдаатылар.Тутуллубут таба барахсан киһи аһыныах атахтарын чырбаччы тэбинэн, хараҕын бүлтэччи көрөн турдаҕына, сүнньүгэр быһаҕы тирии тутан, өнчөҕүн ытыстарын тилэҕинэн «кирк» гыннара батары оҕустулар. Таба эрэйдээх «мыык» да диэбэккэ сууллан кур гынна…
Ити киэһэ биэс табаны тутан астаатыбыт. Онтон бүтэһик, били муоһун тоһуппут кэйиик буурбут туох иһин туттарбакка, ырааҕынан куота сылдьар. Дьоҕус уҥуохтаах, табаһыт ыппыт күөйэн аҕалар эрээри, бугуһуйбут кыылбыт оҕуур быраҕыытыгар чугаһаабат. Манна эбэн эттэххэ, итинник идэтийбит табаһыт ыт ыстаадаҕа туохха да солбуллубат, сыаналаммат күндү доҕор. Өйүн оҕоккотун көрүөҥ, хаһаайына туох диирин тута өйдөөн, биир да табаны бычыгыраппакка күөйэн-хаайан аҕалбыта эрэ баар. Ардай аһыылаахтары эрдэттэн сибикилээн биллэрэр, атын кыыллары үрэн чугаһаппат. Итинник табаһыт ыттаах ыстаада үгэс курдук көрдөрүүтэ үчүгэй, туруктаах буолар.
Ол эккирэтэ сырыттахпытына табаларбыт устунан тарҕаһан, ыраата куоттулар. Кыһыҥҥы халлааммыт хараҥаран барда. Онон кыайтарбатах кэйиик табабытын кытта сарсын быһаарсыахпыт диэн, табаларбытын астаан, умса тардан тоҥорон, истэрин-үөстэрин дьаһайан, тэбэнэн-сахсынан буолахпытыгар киирдибит. Киирбиппит Бэппиирэй баттаҕа өрүкүйбүтүнэн, сибиэһэй эти дэлэччи күөстээн, сүүрүҥүйдүү хоторон буруолата-тараалатасылдьар. Аччыктаабыт дьон олохпутун булаат быһахтарбыт үрдүгэр түһэн, симэһинэ чээлийэр кытархай эти быста-быста уобалаатыбыт. Сибиэһэй таба этэ барахсан сүүрүҥүйдүү сииргэ олус да минньигэс. Онуоха эбии,уопуттаах табаһыт чэрдээх илиитинэн сыа-сым курдук тутан-хабан буһарбыта – туохха тэҥнэһиэй. Үйэтин тухары үтүмэннээхтэ астаабыт төрөөбүт аһа буоллаҕа.
Биллэҕим Куочук иитиэх аҕата Бэппиирэй олоҕун тухары табаһытынан үлэлээбитэ. Тыалга-кууска үрдэрбит, күн уотугар харааччы сиэппит сирэйдээҕэ, хатыҥыр кыра уҥуохтааҕа, өһөспүттүү өрө турбут кыл курдук кытаанах ыас хара баттаҕа, кэҕиҥнии-кэҕиҥнии кыыкынаан саҥардаҕына илир да гыммата. Сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ дэриэбинэҕэ кэллэҕинэ, буолуохтаах буоларын курдук, аһыы астан балачча туттумахтыы түһэрэ. Ол кэмҥэ кэпсээнэ-ипсээнэ дэлэйэрэ, политикаҕа тиийэ ырытара: «Ойуунускай, Өксөкүлээх саха автономиятын турууласпыт улахан убайдарбыт. Оо, Сааса, оччолорго улуу убайдарбыт иэдээннээх да олоҕу олорон ааспыттар», – диэн хараҕын быһа симэ-симэ төбөтүн булкуйара. Ити кэпсэтиилэри үстээх уолум Айдаар истэн, уулуссаҕа ааһан иһэр дьоҥҥоөрө хантайан тоотоллон туран: «Доо, биһиги бары аймахтыыларбыт ээ», – диэн соһутара. Онуоха дьонноро дьиктиргээн: «Тоҕо?» – диэтэхтэринэ, – Ойуунускай, Өксөкүлээх Өлөксөй биһиги бары убайдарбыт ээ, – диэн чаҕааран күллэрэрэ.
Бэппиирэй аҕыйах хонук иһигэр өссө харааран, мөлтөөн-ахсаан, аймахтарыттан көйгөтүйүөх курдук буолан, ахтылҕаннаах тыатыгар дьулуһара. Тыаҕа таҕыстаҕына тута сирэйдиин-харахтыын уларыйара, туттара-хаптара эрчимирэрэ, кини саҕа кыайыылаах-хотуулаах, сырыылаах киһи суох буола түһэрэ. Сүрдээх боростуой, көнөмайгылааҕа, дьиҥ-чахчы айылҕа оҕото этэ. Рак ыарыы буулаан Дьокуускайга көрдөрө кэлэ сылдьыбыта. Доҕорум Алексей Шадринныын такси тутан, куорат устун хатааһылаппыппыт, кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрдөрбүппүт. Онуоха оҕонньор аҕыйах сыл иһигэр дьэндэйбит таас тутуулары көрөн олус сөхпүтэ-махтайбыта: «Сахабыт куората чахчы сайдыбыт да эбит. Үчүгэй үйэ дьоллоох да дьоноҕут», – диэхтээбитэ. Ити кини олоҕун тиһэх күннэрэ эбит этэ. Боростуой тыа киһитэ, табаһыт, бүгүрү үлэһит, төһө да түҥ ойуур быыһыгар үйэтин моҥоотор, олох хаамыытын араадьыйатынан истэ-билэ олорон, олорбут олоҕуттан кэмсиммэккэ бараахтаабыта…
Сарсыҥҥы күнүгэр табаһыттарбыт тыҥ хатыыта туран, чэҥкээйилээх ырааппакка сылдьар уучахтарын тутан,табаларыгар ойуттулар. Бүгүн кэйиик, майгыта мөлтөх бууру тутабыт диэбиттэрин мүччүрүппэккэ толорор санаалаахтар. Ити көрдөххө эрэ судургу дьыала курдугун иһин, таба хаанын тупсарар олус суолталаах үлэ. Киһи илиитин билиммэт ордуос кыылы кэмигэр уодьуганнаабатахха үөрү ыһар, удьуордаабыт кэнэҕэскилэрэ эмиэ табаһыкка бэриммэккэ, үгүс сыраны-сылбаныэрэйиэхтэрэ турдаҕа. Бөөлүүн хойукка диэри кэпсэтиигэ табаһыттар, кыыл иннин ылбатахха киһини сэниир, бэриммэт, истибэт диэбиттэрэ. Онон хайаан да өсөһөн туран, таба иннин ыллаххына эрэ истигэн буоларын бэлиэтээбиттэрэ. Табаһыт олоҕо диэн итинник икки хараҥаны ыпсарар түбүктээх үлэ. Күн аайы табалар ханна хаһан аһыылларын билэ-көрө сылдьан көһүү, кыыл аҥардаах тэһии буураттары сыһытыы, ардай аһыылаахтарыкэтэһии-манаһыы, тордох таһынааҕы хаһан да бүппэт түбүк-садьык…
Буолахха ирэ-хоро чэйдээн бурулата олордохпутуна, таһырдьа ыт үрдэ, табалар сүүрэн тигинэтэллэрэ, көхсүлэрэ күрдүргүүрэ иһилиннэ. Тачыгырыы умайар тимир оһох суоһуттан таһырдьа түптэлэс тымныыга ойон таҕыстыбыт. Кыһыҥҥы күммүт күөхтүүр тумарык быыһынан барбах эрэ кытара кылахачыйан, үрэх хаарынан бурҕатан иһэр табалар адаарыҥнас муостарыгар олорсубут. Кыыллар хордурҕаһа-хордурҕаһа тоҥуу хаарынан чэпчэки бэйэлээхтик тамайа сиэлэллэр, көхсүлэрэ курдургуу-курдургуу хаары хаачырҕаччы кэһэн быыратталлар, дохсун долгун курдук саба халыйан, тыыннара үрүҥ күүгэн үллэн күнү күлүктүүкөтөр. Оо, маннык кэрэ көстүүнү киһи эрэ көрөндьолломмот…
Били баппатах буурбут туох иһин дьон олоҕор чугаһаабакка, ырааҕынан куота көтө сылдьар. Күөйэ-хаайа эккирэтэ сатаан чуурбутун биэрэн, буулдьа саанан ытан ыллыбыт. Кыылбытын астаан-үөллээн, бэҕэһээҥҥи табаларбыт эттэрин икки бураҥҥа тиэнэн, дьоммутун кытта илии тутуһан дойдубутун быстыбыт. Оттон ыстаада аҕыйах хонугунан саҥа мэччирэҥнээх сиргэ көһөн, тыһыынчанан сыллар тухары Хоту дойду олоҕун тулхадыйбат эргиирэ эмиэ саҥаттан саҕаламмыта…
Салҕыыта тахсыаҕа.