КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Куонараҕа
1990-с сылларга Эдьигээҥҥэ «Саха омук» обществотын тэрийэн салайбытым. Оччолорго национальнай өй-санаа уһуктар кэмигэр улууска тэҥ ахсааннаах үс омук: эбэҥкилэр, сахалар, нууччалар олороллоро. Олохтоох омуктар төрүт үгэстэрин тилиннэрэллэригэр, духуобунаһы өрө туталларыгар, бэйэ омугунан киэн тутталларыгар улахан аартык арыллыбыта, кэскиллээх хамсааһыннар саҕаламмыттара. Эбэҥки уонна саха обществолара араас культурнай уонна спортивнай тэрээһиннэри бииргэ сүбэлэһэн ыыппыппыт. Ол кэмҥэ Дьокуускайтан «Саха омук» общество биир лидерэ Владимир Тимофеевич Николаев кэлэн сүбэлээн-амалаан, кыра да буоллар счеппутугар харчы уган көмөлөһөн барбыта. Оччолорго ыытыллыбыт Саха омук I-кы конгреһыгар Бэстээхтэн Елена Быскасованы кытта талыллан кыттыбыппыт. Ол улахан сугулааҥҥа көрдөһөн тыл эппитим. Онно бастакы Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев дойдутугар Эдьигээҥҥэ спортивнай саала суоҕуттан саҕалаан, саха тыла, тимир суол, итэҕэл тустарынан санааларбын эппитим.
Ити кэмнэргэ улуустааҕы ыччат уонна спорт сэбиэтин салайааччыта Лидия Атласованы кытта сүбэлэһэн, тоҕус көс ыраах сытар Куонараҕа сатыы баран кэлэрибылааннаатыбыт. Оччолорго училищеҕа Саха сирин историятын үөрэтэрим уонна СГУ историко-юридическай факультетыгар дипломнай үлэм «Образование Жиганского улуса и становление его как административно-хозяйственного и культурного центра на нижней Лене (1924-1945)» диэн буоларынан, Куонараҕа туох эмэ туһалаах матырыйаал булар баҕалаахпын. Урутаан эттэххэ, ити дипломнайбар тутар комиссия чилиэнэ профессор Анатолий Игнатьевич Гоголев туйгун сыананы туруорбута уонна кинигэ таһааттарарбар сүбэлээбитэ. Ол эрээри кэмиссия бэрэссэдээтэлэ Иванова дипломнай үлэҥ салайааччыта кэлбэтэх эҥин диэн тутуһан, түөрдү туруорбутугар үөрбүтүм эрэ.
Дьэ, Куонараҕа сулбуччу соҕус тэринэн, бүтэһик күҥҥэ диэри барсыахтаах сорох ыччаттарбыт аккаастанан, бэһиэ буолан: айылҕаҕа сылдьа үөрүйэх, эр киһини баһыйар сытыы-хотуу Лидия Атласова, дьаһалтаҕа үлэлиир, үөрэнэ сылдьан геологическай экспедицияларга сылдьыспыт Венера Петрова, үгүс көр-күлүү тыллаах-өстөөх Тэрэнтэй Федотов, эдэр булчут, табаһыт Григорий Афанасьев уонна миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы буолан бардыбыт.
Көмүс күһүн сарсыардата барахсан күтүөтү көрсөр кыыстыы киэргэнэн, күлүмүрдээн, күөгэйэн, тупсан-наҕаран, алтан араҕас сайбарыын былаачыйатын кэтэн, күөгэҥнэс үрүҥ солко туман былаатынан суулана көрүстэ.
Үрүҥ туман түһүүтэ
Үрүҥ күммүт көтүүтэ,
Кэрэкэтиэн көстүүтэ –
Кэрэ, күлүм хартыына.
Киэһээ солко суорҕаҥҥа
Кыыһар имэ сүтүүтэ,
Сырдык санаа ымыыта
Сардаҥатын ыһара.
Күммүт ыйдыын таптаһа
Кууһар кыһыл сарыала,
Көлүччэҕэ кутулла
Көөчүктэнэ саһара.
Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа
Үрүҥ Айыы үөрэрэ,
Күнү, ыйы хаамтара
Киһи дьоло күлэрэ.
Үрүҥ туман түһүүтэ
Үрүҥ күммүт көтүүтэ,
Кэрэкэтиэн көстүүтэ –
Кэрэ, күлүм айылҕа.
Сүһүөх үрдүгэр үстэ эргийэр эрчим сааспытыгар уйдаран, Куонаралыыр аартыгынан иннибит диэки түһүнэн кэбистибит. Бу эҥэринэн кыһын буранынан сылдьан, кэм кыратык эмэ удумаҕалатабын. Үөнэ-көйүүрэ суох бэртээхэй да күннэр. Арай киэһэлик кыымаайыта өрө кыынньан турара буолуо. Биһиги күн ортотугар диэри бэрт үчүгэйдик хааман дабдыгыраттыбыт. Эбиэккэ кутаа оттон налыччы күөстэнэн аһаатыбыт. Хойутаары гыннахпытына, сирбит ортотугар баар үүтээҥҥэ хонуохпут диэн холкубут.
Эбиэттэн киэһэ айаммыт бытаарда. Хороҥку үрэҕэр кэлэн, уһун остоох саппыкыларбытын тардынан, кыргыттарбытын сүгэн туораппыппыт кэннэ, маардары, уулаах-хаардаах алыылары туоруурбутугар сырабыт-сылбабыт баранна. Аны суолбутун быһа оҕолоох эһэ туораата уонна тэйиччи алыы саҕатыгар биһигини сонурҕаан, тура-тура олоотуурун көрдүбүт. Сотору суолбут кытыытыгар чугас от-мас тостор тыаһын иһиттибит. Уолаттар сэрэхэдийэн, сааларбытыгар сүнньүөх уктан, кырдьык-хордьук сэрии дьонун курдук субу ытарга бэлэмнэнэн, суос бэринэн обургутук кэпсэтэ-ипсэтэ инники хаамсан иһэбит.
Ыраахха диэри нэлэһийэр кумахтаах тукулааннарга тахсыыбытыгар, халлааммыт чаҕыл күнү ыйыстыбыт хара былыттарынан ыаһыра бүрүллэн, сыыйа самыырдаан иһэн,инчэҕэй хаарынан илгистэн турда. Кэлин олох даҕаны көмнөх хаарынан намылытан, сири-дойдуну маҥхата бүрүйдэ. Дьэ, эбээт, саҥа түспүт хаарга кыыл-сүөл суола-ииһэ элбэҕиттэн сөрү диэн сөхтүбүт. Тыатааҕыттан саҕалаан кыыл табаларыгар, күүдээҕиттэн кырынааһыгар тиийэ биһиги кэпсэтэн дабдыгыраһа иһэрбититтэн күрэнэн, суолбутун быһа охсубут суоллара баһаам. Кыыл табалар обургулар харахпытыгар көстүөхтэрэ баара дуо, эрдэттэн быыратта ойбуттар.
Суолбут ортолотуута, Венерабыт атаҕын аалларан, сылайан, эбиитин тымныйан температураланан, быстардык бытаардыбыт. Олорон сынньанарбыт элбээн барда. Эмиэ чэй өрүнэн аһаатыбыт, барбах инчэҕэй таҥаспытын куурдуммута буоллубут. Ити курдук бытааран, суолбут ортотугар турар үүтээҥҥэ хараҥаҕа тиийбиппит, тиһиликтээх танкетка багдаллан турар. Бу үлүгэрдээх чиэски дойдуга хантан, кимнээх кэллэхтэрэй диэн соһуйдубут. Хараҥа үүтээҥҥэ киирэн, фонарь уотунан сырдатынан остуол үрдүгэр турар чүмэчини уматтыбыт. Чүмэчи имик-самык уотугар көрбүппүт, наараны тилэри дьон бөҕө утуйа сытар…
Биһигини көрөн кытыыга сытар киһи туран кэпсэттэ. Көрдөхпүтүнэ кини соҕотох саха уонна улахан тойонбыһыылаах, дуоспуруннаах баҕайытык кэпсэтэр-ипсэтэр. Кимнээхтэрин, туохтарын чопчу эппэт эрээри, Дьокуускайтан кыахтаах тэрилтэ дьоно бултуу сылдьаллар диэн өйдөөтүбүт. Маннык үлүгэрдээх техниканан ханан баҕарар тэһитэ сүүрдэ сылдьан, кыылы-сүөлүталбыттарынан айбардыыр дьон диэн бу буоллахтара… Биһиги туох да боломуочуйата суох дьон, эбиитин итиччэ элбэх, биһититтэн аҕа саастаах эр дьону хайыыр да кыахпыт суох буолан саҥарбатыбыт.
Киһибит остуол хотойорунан тардыллан турар астан аһыырбытыгар ыҥырда, эбиитин «Амаретта» диэн күндүарыгыттан кутан биэрдэ. Оччолорго 90-с сылларга тыа сиригэр дэбигис көстүбэт халбаһыыны, омук кэнсиэрбэлэммит астарын, тууһаммыт сыаны мотуйбахтыы олордохпутуна, киһибит наара аҥарыгар сытар дьоннорун туруоран, таһырдьа танкеткаҕа утуйалларыгар дьаһайда. Онон босхоломмут кэтит наара орон аҥарын баһылаан, кыргыттарбытын улаҕа сытыаран, сылайбыт дьон быккыта суох утуйан бырылаттыбыт. Сарсыарданан имик-самыкка уум быыһынан көрдөхпүнэ, дьоммут туран саҥата-иҥэтэ суох суһаллык хомуннулар уонна танкеткаларын собуоттаан, куугуната турдулар. Биһиги ол тыастан сыыйа уһуктан, суунан-тараанан, дьоммут хаалларбыт астарыттан налыччы аһаан, салгыы айаннаатыбыт.
Ол күн киэһэриитэ, сөпкө Куонараҕа тиийдибит. Хонук балаҕаммытын булан үссэнэн баран, уолаттар эбэҕэ кус ыта киирдибит. Туох да сүрдээх киэҥ, ньолбуһах быһыылаах эбэ элбэх быттыктарыгар, хоннохторугар кус дэлэй. Онон кытыыттан сылдьан аска ытыалаан, күһүҥҥү эмис куһухонукпутугар дэлэччи күөстэнэн аһаатыбыт. Сарсыныгар дьон олохсуйбут сирдэрин, балаҕаннарын көрдүбүт-иһиттибит, хаартыскаҕа түһэрдибит. Биир быраҕыллыбыт ампаар таһыттан Кириисэ дьэбинирбит батыйаны, былыргы уус оҥорбут тимир тоһоҕотун (костыль) булла. Батыйаны аньыыргыах курдук буолбуппар, Кириисэбит: «Бачча бэйэтинэн көстүбүтүн кэннэ, ылабыт», –диэтэ. Урутаан эттэххэ, ити тэриллэри аҕыйах күн училищеҕа үөрэтэрбэр туһаммытым уонна музейга туттараары сырыттахпына, Кириисэ дэлби хаайан төттөрү көрдөөн ылбыта. Ону олохтоох киһи бэйэтэ билэн эрдэҕэ диэн биэрбитим.
Иккис күммүтүгэр Кириисэни кытта олохтоох тыыны үүйэн-хаайан, сири-дойдуну көрө диэн Куонара эбэни туораатыбыт. Тыыбыт ууну киллэрэр, ол иһин эрдэн истэхпинэ, киһим миэхэ кохсүнэн сыста олорон, тохтоло суох ууну баһан чалымнатар. Эбэбит ортотугар кэлиибитигэр, күөлбүт уута томтойон көстөр, кытыллара ыраах дьураалана сыталлар. Манна төрөөбүт-ууһаабыт көҕүллээхтэр күөл ортотугар халҕаһа курдук усталлар, үөрдүспүт кураанах кустар көтөр тыастара куугунуур.Биһиги умсаахтарга үөмтэрэн көрдүбүт эрээри, чугаһаппатылар. Онон уҥуоргу кытылы көрбүтүнэн бардыбыт.
Кэмниэ-кэнэҕэс анараа кытылга чугаһаан эрдэхпитинэ, уонча хаас түһэрдии бэрт намыһаҕынан даллаҥнаһан кэлэн, тыа кэтэҕэр сүттүлэр. Олохтоох киһи Кириисэм: «Оо, итиннэ күөл кыра бэрэтэ баар, онно түстүлэр, ытар буоллубут», – диэн үөрдэ. Кытылга тыыбытын тардаат, ол диэки ыстанныбыт. Уолум анараа өттүттэн эргийэ, мин бэтэрээнэн киирэргэ сүбэлэстибит. Бэрэбит диэн ойуурга бүкпүт хара тыа эргимтэлээх, буспатах дьордьума курдук туртаччы көрбүт күөхтүҥү уулаах харах курдук күөл эбит. Улахан эбэни кытта силбэһэ сытар айааннаах.
Маһы-оту тоһутумаары үөмэр-чүөмэр үктээн, хаастарга диэн иккилээх бөдөҥ дарабыналаах ботуруоннарынан иитиллибит аптамаат саабын бобо туппутунан, ойуур быыһыттан мэндээрэн көстөр кыччыгый күөлгэ чохчоҥнообутунан киирдим. Күөлүм иһэ кус-хаас саҥатынан моргуйа олорор, өтөр-өтөр көтө-көтө түһэр тыастара, биир кэм үөр сылгы ууну кэһэрин курдук барылыыр, куугунуур. Төбөбүн өрө көтөхпөххө, бэрэҕэ олох ыкса киирэн, бэрт сэрэҕинэн хараҕым кырыытынан кылатан көрбүтүм, доҕоор, уу үрдэ көстүбэт гына толору, маахта моонньоҕоттор кырыы кырыыларынан симиллэн, биир кэм өрө даллаахтаһыы, күөгэҥнэһии, аһаан чалымнаһыы, «куйук-хайык» саҥа-иҥэ бөҕө… Кытыыга олорооччулар киһи тутан ылыах айылаах чугастар,миигиттэн сэрэхэдийэн моойдоро күөгэһэн, мэктиэтигэрхарахтара бу чөҥөрүһэн олороллор. Бу эҥэр саас ити куһу сорохтор акыйа сытыйан көтөх, быттаах кус диэн сирэллэр. Онтон мин көрөр моонньоҕотторум хаас курдук бөдөҥнөрөсөхтөрдө. Ол эрээри кытылынан чугас сыыллан иһэн, син биир хаастарбын көрдөөн сотору-сотору чолоҥнуубун…Маннык хойуу кус баһаарын үйэтигэр көрө илик, эбиитин бөдөҥүн талан хаастары ытаары үөмэн иһэр кусчут сүрэҕим, айахпар тахсыахча биир кэм бип-битиргэс...
Ити сынан иһэн, суолбун туора охтубут тиити үрдүнэнбараары өндөйбүппэр, кулгааҕым куугунуор диэри көтөрдөрүм көттүлээ-эр… Хайыам баарай, хаастар эрэ үөдэн – айахпын аппытынан ойон туран, халлааныхараҥарда куһугуруур моонньоҕоттору ортолорун диэки көрө-көрө, ытыалаан куһуйдум. Куһуйдум диэн ити кыһыыбар кыбыттым, баара суоҕа иккитэ «дор-дор»ытааппын кытта, маа бэйэлээх аптамаат саам үгэс курдук харан хаалла. Ол эрээри, быыһа суох көппүт кустары ытыыбар, оҥос гыммыт сирдэринэн тэллэх курдук тэлгэнэн түстүлэр. Саам затворун тардыалаһа туран көрдөхпүнэ, таптарбыт кустарым быыһыттан – бааһырбыттара күөлгэ киирэр айаанынан дайара дайан, устара устан ахан эрэллэр.Хаастар бааллара көстүбэт.
Онно эрэ уолум Кириисэ сүүрэн кэлэн, айааны бата устар кустары эккирэттэ. Төһө эмэ өр ынчыктаһан, тардыалаһан,харбыт ботуруоммун ылыахпар диэри, уолум иккитэ ытан икки эрэ кустаах кэллэ. Кустара улахан күөлгэ куоппуттар. Саабын мөҕүттэ-мөҕүттэ, уһун остоох курумубун тардынан киирэн кустарбын хомуйдум. Уута буордаах курдук будулуйбут уонна дьикти баҕайы от күөхтүҥү дьүһүннээх, сүрдээх чычаас, туох эрэ сытыгаҥҥа майгынныыр сыттаах, уу оттоох күөл эбит. Көтөр манныкка сөбүлээн аһыыр-сиир, мустар да буолар эбит...
Барыта 14 моонньоҕону ааҕа-ааҕа хомуйан, иккитэ киирэныадалытан таһаардым. Барахсаттарыҥ бу бөдөҥнөрүн, эмистэрин. Хас биирдиитэ көтөх хааска бэриллибэт, молооруччу уойбут күһүҥҥү моонньоҕоттор. Олох омуна суох тарбахтан ордук хаһалаахтар бадахтаах. Кэлин мииннээн астанарбытыгар, киһи сүрэҕэр түһэр диэн хойуу хоргунун халбыйа-халбыйа аһаабыппыт. Ити курдук, үйэм тухары икки ытыынан биирдэ 14 куһу хаһан да күөрэппэтэҕим. Сөрү диэн сөхтүм, бэри диэн бэркиһээтим. Оннооҕор олохтоох булчут Кириисэм сөҕөн бөҕө. Саабын мөҥүттэ туран, аны икки ытыынан сөптөөхтүк бултуйан, хайгыыртан соло булбатым. Байанай бэристэҕинэ, көр, ардыгар итинник соһуччу бойомнук хадаҕалыыр…
Куонараҕа икки хонон, сири-дойдуну астына көрөн, сынньанан төнүннүбүт. Аара сааһыттар ситэннэр, хата кыргыттары кытта бултаабыт куспутун, сорох малбытынтехниканан ыыттыбыт. Онон үһүөйэх бэйэбит бэрт дьулурҕатык айаннаан, киэһэриитэ Хороҥку үрэҕэр иҥнэ биэрдибит. Инчэҕэй хаардаах ардахтар кэннилэриттэн, үрэхпит уута эбиллэн, курулуу-харылыы сытар. Болуот оҥосторбут дуу, хайдах дуу диэн олорбохтоон баран, уһун остоох саппыкыбытын тардынан, дьара сирэ буолаарай диэн кэһэн киирдибит. Сэрэйбит сэрэх, уу саппыкыбытын таһынан таһымнаабытыгар, синэ биир диэн түһүнэн кэбистибит уонна түөспүтүгэр диэри тымныы ууну кэһэн таҕыстыбыт. Хата хас биирдиибит укта сылдьар испиискэбитин халтаҥ соммутугар суулаан, өрө тутан сиигирпэтибит.
Нөҥүө кытылга күлсэ-күлсэ тоҥон батыаккаласпытынан, чоккураспытынан тахсан уот оттор түбүгэр түстүбүт. Маннык силбиккэ уот отто үөрүйэх уолаттар, быһахтарын үрдүгэр түһэн, уот саҕаһатын кыһа охсон, кутааны өрөкүлүбүрэтэн таһаардылар. Кутаабыт таһыгар таҥаспытын устан окко-маска тэниччи ыйаан, бэйэбит эргийэ сылдьан сыраллан буруолаабытынан, буруолаппытынан бардыбыт. Хойуу чэй өрүнэн иһэн, тоҥмуппут ааһа быһыытыйда. Ити кэмҥэ халлааммыт боруоран, хайдах да салгыы айанныыр кыахпытын ыллардыбыт. Онон кутаа иннигэр хонордуу тэриннибит. Болбукта лабаатын тоһутан аҕалан олбох оҥоһуннубут, кэннибититтэн хаар-самыыр түспэтин, тыал курдары үрбэтин диэн санааҕа отунан-маһынан хаххаланныбыт.
Кыра өйүө дуомнаахпытын хостоон, уоппутугар бэрсэн, аһаан бардыбыт. Өйүөбүт диэн аҕыйах быһыы курсуйбут арыылаах килиэп, биир буспут кус уонна саахардаах итиичэй. Күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, куспутун уос-тиис үллэстэ олорон, хайдах эрэ эмискэ этим «атый» гынна, ким эрэ уоттаах хараҕынан супту одуулуурун сэрэйбиттии, кутаа нөҥүө көрө биэрбитим – боруҥуйга кыччыгый болбукта үрдүнэн, хара төбө лэкээриҥниир, харахтара тымныынан чаҕылыһаллар. Киһи турар диэҕи эмиэ да түүлээх курдук, эһэ диэҕи эмиэ да киһи курдук моһуоннаах. Биһигиттэн баара суоҕа сүүрбэччэ эрэ миэтэрэ бадахтаах, онон олус чуолкайдык көстөр. Кыра болбукта икки өттүнэн барыгылдьыйар, илиилэрэ, атахтара элэҥнэһэллэр. Этим сааһа аһыллан «дьар» гынна, куйахам күүрбэхтээтэ…
Саабын көрдөнөөрү харбыалаһан иһэн, дьоммун элэс көрөн аһарбытым: Кириисэ итии чэйэ илиитигэр таһынантохторугар кымаардаабакка, били харамайы хараҕын муҥунан көрбүт; Тэрэнтэй толору килиэптээх айаҕын аппытынан дөйөн олорор… Оо, ити аата мин хараҕым иирбэтэх, кырдьык буоллаҕа диэн санааттан уйулҕам өссөхамсаата. Саабын харбаан ылан, кууспутунан олордум. Дьонум эмиэ сааларын ыланнар, кэм көмүскэллээх курдук чочумча саҥата суох көрө олордубут…
Харамайбыт көрбүтүн кубулуппакка барыгылдьыйар, болбукта кэнниттэн тахсыбакка, туохтан эрэ куттанан саараабыттыы чугуруҥнуур.
– Эһэттэн атын дуу, – диэн дьоммор ботугуруубун.
– Атын, атын, киһи курдук дии…
– Уҥуоҕа кыра баҕайы уонна түүлээх курдук, киһи буолбатах…
– Эс киһи эбитэ буоллар, итиччэ утары көрөн туран саатар тугу эмэ саҥарыа этэ.
– Кырдьык даҕаны туох буолбут харамайый… саҥарбат, кэлбэт-барбат даҕаны. Хата үчүгэй аҕайдык саанан ытабыт дуо!!!
– Кэбиис, иэдээн… Аны тугу эрэ дьууктаан алдьархай тахсыа… Хата мин киһилии саҥаран баран үөһэ ытыам, – диэтим уонна арыый саастаахтарын быһыытынан, туох баар хорсуммун киллэрэн, кэһиэҕирэн хаалбыт куоласпынан:
– Айыы киһитэ буоллаххына бэттэх кэл, атын күтүр буоллаххына сүт, билигин саанан ытыам, – диэн баран, харамайбыт турарын курдук турарын иһин, үөһэ салгыҥҥа ытан саайдым. Ол кэннэ көрөн турдахпытына, били харамайбыт ханна барбыта биллибэккэ мэлис гынан хаалла.Биһиги кэтэспэхтээтибит эрээри, туох да биллибэтэ. Харамайбыт турбут болбуктатыгар туох да баара биллибэт. Итиччэ харамай туох суолу-ииһи хаалларбытын көрөөрү, чугуруҥнаһа-чугуруҥнаһа тиийэн хайбыппыт, отой туох дасылдьыбыт сибикитэ суох. Саҥа кыраһалыыр хаар, суруллубатах кумааҕы лииһин курдук ырааһынан ырылыйасытар…
Ити түүн куттанан субуруһа сылдьан маспытын бэлэмнээн, кутаабытын түүннэри оттон тууспаннаатыбыт уонна саабытын кууспутунан хороччу олорон эрэ хоннубут. Сарсыарданан барбах нуктаан ылаат, дьиэбитин быстыбыт. Кэлин ити түгэни куруук ырыта саныыбын даҕаны, күн бүгүнүгэр диэри туох харамайы көрбүппүтүн кыайан быһаарбаппын. Ким билиэ баарай, баҕар түбэлтэтэ буолуо, ити кэнниттэн өр буолбакка, бэрт сытыары сымнаҕас майгылаах Кириисэ быстахха былдьанан күн сириттэн күрэммитэ… Ону ардыгар, ол түүн биллибэт харамай дуу, фантом дуу баҕар батыйаны иэстээн кэлэн, чугуруҥнуу туран хаалбыта дуу, диэн санаан аһарабын. Оттон батыйаны ити түгэҥҥэ киниэхэ хайдах да биэрэр кыахпыт суоҕа, барытын кыргыттары кытта эрдэ ыыппыт этибит…
Салҕыыта тахсыаҕа.