15.05.2023 | 20:29

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Кэбээйи соботунан – Эдьигээн күндүөбэйинэн…

Кылыы сырбай кутурук

Кырыа маҥан кылбаанай,

Күлүм-чаҕыл хатырык

Күндү балык күндүөбэй…

Күөхтүүр далай түгэҕэр

Кыллыыр илим хараҕар

Хайыытыттан хаптаран

Хатыйыллан тахсыбыт…

Бастыҥ далбар остуолга

Бааралааҕын булбатах,

Балык бэрдэ аатыра

Байылыаттык астаммыт…

Үгүс сылга үлэ дьонун

Үгүөрүтүк аһаппыт,

Үөрүү далбар үлэскэнин

Үлүмнэһэн бэрсибит.

Күндү балык күндүөбэй

Күөгэй-нусхай күлүмнэй,

Хоту дойду бэлэҕэ

Хоодуот хоһуун номоҕо…

Дьэ, доҕоттоор! Аан дойду үрдүнэн да буолуо, күндү балык күндүөбэйгэ (ряпушка) мэҥэ өйдөбүлү Эдьигээҥҥэ эрэ 2012 сыллаахха туруорбуттара ылбычча буолбатах. Онон кэлбит ыалдьыттар авиапортан тахсааттарын кытта, ньыгыл тимир утаһыннарыттан оҥоһуллубут күндүөбэй эҕэрдэлии көрсүөҕэ, балыгынан аатырбыт дойдуга кэлбиттэрин санатыаҕа. Кэбээйи соботунан аатырар буоллаҕына – Эдьигээн күндүөбэйинэн аатырыан аатырар. Ол курдук күндүөбэй былыр былыргыттан улуус олохтоохторун аһаппытын-таҥыннарбытын таһынан, республиканы балыгынан хааччыйыыга дьоһуннаах миэстэни ылар. Сылын аайы хас эмэ сүүһүнэн туонна күндүөбэй бултанан Саха сиригэр тарҕанар. Онон Эдьигээн экономикатыгарбиллэр-көстөр суолталаах балык. Маны барытын өйдөөн, ылынан, улуус олохтоохторун этиилэрин өйөөн, «Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуона» МТ саҥа талыллыбыт баһылыга Алексей Мандаров мэҥэ өйдөбүнньүгү олоххо киллэрдэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, ити өйдөбүнньүк үбүлээһинин Эдьигээн олохтоохторо бэйэлэрэ хомуйбуттар. 

Эдьигээннэр биир дойдулаахтара, Саха Республикатын бастакы Президенэ Михаил Николаев көҕүлээһининэн, күндүөбэйгэ аналлаах "Хотугу эргимтэ" диэн республикатааҕы муус аннынан балыктааһыны 2003 сыллаахтан киэҥ далааһыннаахтык тэрийэллэр. Михаил Ефимович 1950-1960-с сылларга оскуолаҕа үөрэнэ, хомсомуолга үлэлии сылдьан күндүөбэйгэ балыктааһынытэрийсибит киһинэн биллэр. Ол да иһин бу муус аннынан балыктааһын суолтатын дириҥник өйдөөн, маннык күрэхтэри тэрийдэҕэ, өйөөтөҕө. Ити бастакы муус аннынан балыктааһын сэтинньи 6-8 күннэригэр ыытыллыбыта. Онно 24 хамаандаҕа 72 балыксыт Намтан, Бүлүүттэн, Дьокуускай куораттан тиийэ кэлэн кыттыбыттара. Ити күрэххэ ордук элбэх күндүөбэйи ылбыт бырааттыы Александр, Роберт уонна Мурат Петровтар бастааннар «УАЗ» массыынанан наҕараадаламмыттара. 2004 сыллааҕы иккис күрэххэ Москваттан, Мирнэйтэн, Нерюнгриттан, Дьокуускайтан о. д.а. тиийэ 30 хамаанда кыттыбыта. Бу икки күннээх үгүс түһүмэхтээх күрэххэ олохтоох «Заполярье» диэн Алексей Шадрин, Афанасий Павлов, Константин Васильев курдук дэгиттэр спортсменнардаах хамаанда кыайыы өрөгөйүн билбитэ уонна «УАЗ»-охотник массыына бирииһи ылбыта.

Оттон 2005 сыллааҕы күрэххэ кыттыбытым туһунан «Таатта» хаһыакка маннык суруйбутум:

Күндү балык күндүөбэй күрэҕэр

Быйыл сэтинньи 10-12 күннэригэр Эдьигээҥҥэ үһүс төгүлүн республикатааҕы балык күрэҕэ ыытылынна. Өлүөнэ эбэ киэҥник нэлэһийэр, муораттан тиийэ балысханнык балыгын өрө анньар сиригэр уон улуус, Дьокуускай уонна Мирнэй куораттар ааттаах-суоллаах балыксыттарын 41 хамаандата кытынна. Былырыын уопсайа 28 хамаанда кыттыбыт. Биһиги улууспут территориятын улахан аҥара алаас эҥэрдээҕин да иһин, икки өрүстээхпит быһыытынан кыттарга быһаарынныбыт. Этэргэ дылы "көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйар". Онон кыыс Амма уутун ыймахтаабыт Алексей Кулаковскай, Аллан эбэ балыгын амсайбыт бу строкалар ааптардара уонна алаас эҥэрдээх Чурапчыттан төрүттээх, сүгэһэрдьиккэ ананан төрөөбүт киппэ көрүҥнээх Дмитрий Керемясов хамаандаҕа киирдибит. Биһиги иннибитинэ барыахтаах балыксыттар аҕыйах хонук иннинэ аккаастанан кэбиһэннэр, саҥа хамаанда быыс булан тэрил, сэп-сэбиргэл тэриммэккэ хаалла. Ол эрэн иккис дойдум кэриэтэ саныыр Эдьигээммиттэн тугу эмэ булан кыттыахпыт диэн, эрэл санаалаах айаҥҥа аттанныбыт.

Күрэхтэһииини алмааһы хостуур "Нижнеленскэй" АО курдук кыахтаах тэрилтэ уонна Эдьигээн улууһун дьаһалтата тэрийэн ыыталлар. Сүрүн бириистэргэ УАЗ массыына, 100-тэн тахса тыһ. солк. сыаналаах "Буран" уонна улахан кыамталаах "Меркурий" омук уу мотуора туруоруллан интэриэс улахан. Онтон араас тэрилтэлэр уу мотуора "Нептунтан" саҕалаан иһэрдэр аппарааттарга тиийэ үгүс сыаналаах бириистэри туруорбуттара аахсыллыбат даҕаны. Маныаха эбии көтөр аалынан кэлии-барыы ороскуота босхо. Аҥардас айана кэлэ-бара биир киһиэхэ 11000 солк. сыаналааҕын санаттахха, кырдьык дьоһуннаах тэрээһини эрэйэр хампаанньа. Тэрийээччилэр 40 миэстэлээх толору икки самолету таһынан вертолеттары көтүттүлэр. Саха бастакы Президенэ М.Е. Николаев тэрийбит бу улахан күрэҕин быйылгы фондата 3 мөл. солк. тахса дэһэллэр.

Быйыл былырыыҥҥыттан уратыта диэн күрэхтэһии балаһыанньатыгар хомуур хапсаҕайы киллэрбэтэхтэр. Күндүөбэй балыкка бастаабыт хамаанда – 100, дуобакка уонна ытыыга бастаабыттар – 60-нуу очукуолары ылаллар. Интэриэһинэйэ диэн 20 иһигэр эрэ киирдэххинэ очукуоҥааҕыллар. Онон барытыгар биир тэҥ көрдөрүү эрэйиллэр. Маны таһынан улахан балыктарга туһунан номинациялар киирбиттэр. Былырыын бастаан массыына ылбыт хапсаҕай маастара, дуобакка үчүгэйдик оонньуур Константин Васильев – Үөһээ Бүлүүттэн, Алексей Шадрин – Эдьигээнтэн туспа хамаанда тэринэн киирбиттэр. Мирнэй хамаандатыттан кыттар дуобакка гроссмейстер, аан дойду биэс төгүллээх чемпиона Гаврил Колесовы сэргэ тоҕус спорт маастара, аҕыс маастарга кандидат, тоҕус 1-кы спортивнай разрядтаахтар бааллар. Өссө ытыыга спорт маастарыгар кандидаттар, истибэттэр ортолоругар Россия чемпионнара, призердара бааллара билиннэ.

Онтон балыкка үтүөлээх маастардары да баһыйар олохтоохтор бааллара чуолкай. Бастакы күн илиммитин булан кытаанах хонтуруолу аастыбыт. Күндүөбэйгэ 30 мм харахтаах, 4 м. иэннээх, 25 м. усталаах – 3, уомулга 50 мм. эмиэ – 3 илим көҥүллэнэр. Ону таһынан үс ойбоҥҥо үстүүкүрүчүөк көҥүллэнэр. Сүрүн очукуону күндүөбэй илимнэрэ биэриэхтээхтэр. Күндүөбэй хойуутук анньа турар кэмигэр, баара суоҕа үс-түөрт хонук кэмигэр олохтоохтор бары үлүмнэһэн бултууллар. Онон үс күндүөбэй, биир уомул илимин булан биэрбит биллэхпэр Василий Саввиновка махталбыт улахан. Аны туран олохтоохтор кирпииччэ дьаакырдарыттан ойбоҥҥо угуллар кириэс мастарыгар, үтүмэхтэригэр тиийэ харчыга атыылаан, туһугар кыра бизнес оҥостубуттар. Уһук хоту утуйа сытар дойдуга сылга биирдэ ыытыллар улахан тэрээһинтэн кыра да буоллар үбүкиллэрэргэ сөпкө суоттаммыттар дии санаатыбыт.

Үөрүүлээхтик аһыллыбыт параад кэнниттэн балыктааһын саҕаланар. Балыксыттар тэриллэрин сүкпүтүнэн, сэрэбиэй быһыытынан Өлүөнэ эбэни туора 60 м. усталаах быһыллыбыт туоналарыгар киирэллэр. Биһиги 21-с нүөмэри ыламмыт ортоку киирдибит. Маннык балыктааһыҥҥа кылаабынайа, кыдьымах быыһыттан иҥнигэһэ суох ырааһыйаны булар, балык ааһар сирин таба тайаныы соруга турар. Саҥа бастакы илиммитин түһэрээри сырыттахпытына, аттынааҕы Дьокуускай лесхоһун хамаандата кэлэн, сирбитин былдьаһан барда. Талаҕынан бэлиэтэммит биһиги туонабыт буоларын быһаарса сатаан баран, биир санааҕа кэлбэтибит. Онон эйэнэн, бириэмэни ыыппакка, сүбэнэн биир туонаҕа түһэриэҕиҥ диэн этии киллэрэбин. Ол эрээри дьоммут биһиги алларбыт ойбоммутун туора илимнэрин түһэрээри оҥостон бардылар. Сатаныа суохпутун билэн, хамаандалар икки хапытааннара кыдьымах быыһынан бэрт өр хааман, судьуйаларга тиийэбит.

Кылаабынай судьуйанан үлэлиир Иннокентий Андросов биһигини истэн баран: "Биирдэскит табаарыһым, биирдэскит биир дойдулааҕым. Онон объективнай быһаарыыны Дмитрий Шарин миэстэтигэр көрөн ылыаҕа", – диэн этэр. Дмитрий Иннокентьевич миэстэтигэр балаһыанньаны көрөөт тута: 'Таатта хамаандатын сиригэр киирбиккит", – диэн анараа дьону атын сиргэ ыытар. Саҕалыахпыт иннинэ чаһыбытын көрбүппүт 12 чааһы ааспыт. Туһата суох үс чааспытын сүтэрбиппит. Хата анараа дьоммут туора үтээри бэлэмнээбит ойбоннорунан биир илиммитин түһэрэ охсобут. Сирэр-талар бириэмэ ордубата. Ол эрэн аҕа киһибитигэр, ытык киһи ыччата, "Байанай алгыһынан" саха литературатын төрүттээбит Өксөкүлээх сиэнэ Алексей Кулаковскайга ойбоммутун алҕатан аһаттыбыт.

Ити курдук илимнэрбитин үтэн, салгын сиэн хараарбыт дьон дуобат күрэҕэр хойутуу сыһан, сирэлиһэн-буралыһан тиийдибит. Өлөксөй дуобакка үчүгэйдик оонньуубун диэбитин иһин 1-кы, эдэр уолбутун 2-с, бэйэм мөлтөхпүн диэн 3-с дуоскаҕа оонньоотубут. Көрсүһүүгэ уоннуу эрэ мүнүүтэ бэриллэр. Санаабар уһуннук толкуйдуур кыаҕа суох киһиэхэ ол өссө ордук курдук. Бастакы көрсүһүүлэргэ "Поколение", "Дьулуур" диэн Эдьигээн хамаандаларын кытта көрсүһүүгэ Өлөксөйбүт хоттортоон кэбиһэр. Хата биһиги хотоммут 2:1 ахсаанынан хамаандабыт кыайар. Ол эрэн кыайбыт хамаандалар үөһэ күүстээхтэр бөлөхтөрүгэр тахсан биэрэллэрэ бэйэбитигэр охсуулаах буолла. Тута дуобат күрэҕин биир лидерэ, урутаан эттэххэ гроссмейстердээх Мирнэй кэнниттэн эрэллээхтик иккис миэстэни ылбыт Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар түбэһэбит. Уолаттарым хоттороллор.

Хата мин, утарылаһааччым хаамарын үтүктэ, чаһыбын түргэн түргэнник баттыырбын эрэ хонтуруоллуу олорон, киһим тэҥнэһэргэ илиитин биэрбитигэр соһуйан эрэ хаалабын: «Маастарга кандидаккын дуо? Ити комбинацияттан үчүгэйдик куоттуҥ», – диэбитигэр биирдэ куттана санаатым. Салгыы "Модун" диэн үһүс миэстэни ылбыт Дьокуускай хамаандатынаан оонньуубут. Мин дуоскабар аатырбыт Николай Колодко киириэхтээҕин кэтэһэбин. Дуобакка баҕас сүнньүн эрийэр инибин диэн эрэх-турах сананабын. Ол эрэн, хомойуох иһин Николай дуобатыгар мөлтөҕүн билэн, хамаандаҕа атын киһини киллэрбиттэр. Онон кыһыылаах хотторуу кэнниттэн, кэбиһиилээх от курдук багдаллан турар киһини саннын таптайа-таптайа: «Николай, я бы вас в шашки побил, почему сбежал», – диэн хаадьылыыбын. Киһим киэҥ холку, күлэн эрэ кэбиһэр.

Аны биир көрсүһүүгэ биллэҕим Баһылайы, түспүт ыалбыт хаһаайынын утары оонньуубун. Кыайар түбэлтэбитигэр баҕар "дипломатическай" сыһыаммыт уустугуруо диэн тута тэҥнэһэргэ этии киллэрэбин. Онуоха киһим буолумматаҕаркыһыйан туран оонньоон, өлүү болдьохтоох кыайан кэбистим. Уопсайга эмиэ 2:1 ахсаанынан кыайан таҕыстыбыт. Дьоммут кыһыы-аба бөҕөтө. Биһигини кыайар түбэлтэлэригэр бэһис миэстэттэн иккис миэстэҕэ тахсар кыахтаахтара хаалбыт. Ити курдук тоҕус партияҕа оонньоон, 13 очколаах 21-с миэстэҕэ таҕыстыбыт. Онно холоотоххо ыалларбыт чурапчылар олох даҕаны 40 кэннигэр хааллылар. Дуобат-саахымат киинин толорор директора Вячеслав Карпов: «Оо, дьэ! Кэм биһи чурапчылар буолан иһиэхпит. Аатырбыт дуобатчыттардаах улуус диэтэххэ...» – диэн саҥа аллайар. Мин эмиэ манна кэлэрбэр Таатта маастардара бары аккаастаммыттарын санаан аһарабын. Биллэн турар, хартыына уларыйыа хаалла.

Сарсыҥҥы күнүгэр илиммититтэн 45 күндүөбэйи, биир уомулу ылан, киһи тэҥэ суох сананан аан бастакынан кэлэн ыйатабыт. Ыйааһын кэмигэр судьуйаларга: «Бастакы кэлбит хамаандаҕа анал бириис», – диэн тылланан көрдүбүт. Дьоммут: «Сөпкө этэҕит», – эрэ дэһэллэр. Балыкпыт ыйааһына 11 киилэни көрдөрөр. Өр-өтөр буолбакка, атын хамаандалар утуу-субуу кэлитэлээн бараллар. Дуобакка иккис миэстэлээх Үөһээ Бүлүү хамаандата 4 эрэ киилэ бултаах. Уолаттар санаалара түспүт көрүҥнээх. Олохтоохтор күннэрэ-ыйдара, дьэ, тахсар. Бастыҥ хамаанда 80 киилэттэн ордугу ылар. Биһиги ортоһуор көрдөрүүлээхпит. Киэһэ аны ытыыга күрэхтэһии саҕаланар. Германскай салгын саата 60 тыһ. солк. сыаналаах, деептрическэй кыҥыырдаах. 10 м. ыраахтан ытабыт. Көрөөччүлэр табыллыбыт сыалы улахан экраннаах мониторынан көрө олороллор.

Эдьигээннэр маннык саанан ыта үөрэммиттэрэ ырааппыт. Чыыбыһа аһары төлөркөй буолан, билбэт киһи мүлчү-хаччы туттара баһаам. Биирдиилээн ыллахха Алексей – 28, биһиги Дмитрийы кытта 42-лии очукуону ылан, хамаанданан орто көрдөрүүлэнэбит. Бастаабыт Валерий Христофоров диэн Эдьигээн уола 47 очукону ылар. Манна этэн аһардахха, Дьокуускайтан комдрагмет хамаандатыттан кыттыбыт Хара Алдан уола Александр Слепцов 46 очукуолаах 2-4-с миэстэлэри үллэстэр. Күрэхтэһиигэ туттуллубут алта винтовка үөрүүлээх быһыыга-майгыга Эдьигээҥҥэ хаалар. Олохтоохтор көҥүл тустууга Роман Дмитриев курдук аны ытыыга олимпийскай чемпионы иитиэхпит дэһэллэр уонна республика үрдүнэн үсүһүнэн ытыыга кулууп, федерация тэринэллэр. Бу улууска Мичил Кочетков, Алеша Степанов уонна Сергей Аргунов диэн спорт маастарыгар кандидаттар бааллар.

Иккис күн 55 күндүөбэйи туттаран, уопсайа 23 киилэ көрдөрүүлэнэбит. Былырыын балык мөлтөх эбит буоллаҕына, быйыл Баай Барыылаах көмүс хатырыктааҕыттан лаппа бэристэ. Олохтоох бастакы миэстэлээх хамаанда көрдөрүүтэ 180-ча киилэ. Уопсай түмүккэ бастакы миэстэни «НВА-64» диэн ааттаах Валерий Христофоров, Николай Филиппов, Александр Григорьев састааптаах Эдьигээн хамаандата бастаата. Иккис-үһүс миэстэлэри "Сахаэнерго" (Дьокуускай), "Чолбон" (Эдьигээн) хамаандалара ыллылар. Атын анал номинацияларга үксүгэр олохтоохтор тигистилэр. Саамай аҕам уонна эдэр балыксыттарынан 70 сааһыттан тахсыбыт Наталья Охлопкова сиэнинээн Даша Петрованы кытта анал бириискэ тиксибиттэрин сөҕө бэлиэтиэххэ сөп. Уопсайынан бу аймахтар улахан балык номинациятыгар тиийэ үгүс бирииһи ыллылар. Горнайтан аан дойду үс чемпионун аҕата Степан Контоев хамаандата бастыҥ тэриллээх номинацияны ылла.

Күрэҕи сэргэ икки күн тилэри Аркадий Алексеев, Раиса Захарова, Бурнашевтар дьиэ-кэргэттэрэ о. д.а. концерт көрдөрдүлэр, араас культурнай тэрээһиннэр, быыстапкалар бэрт сэргэхтик бардылар. Олохтоохтор күндүөбэйтэн 45 суол араас бүлүүдэни астаабыттара, норуот маастардара бэл балык тириититтэн сэлээппэҕэ, хаалтыска, бэрчээккэҕэ тиийэ тикпиттэрэ сөхтөрдө. Саҥа технологиялар быыстапкалыгар балыксыттарга аналлаах аныгы сэп-сэбиргэл атыыланна. Олохтоох "Эдьигээн сонуннара" хаһыакка Амматтан Алексей Матвеев кэргэнэ Сардааналыын кэлэн дуогабарынан үлэлээн эрэллэр эбит. Эдэр дьон хаһыат аатын-суолун өрө тутар, улууһу республикаҕа сырдатар сыаллаахтар. Сүүстэн тахса сыллааҕыта саха литературата Өксөкүлээх "Байанай алгыһынан" саҕаламмытын, оттон бүгүн кини сиэнэ Таатта хамаандатыттан алгыстаах санаанан кытта кэлбитин туһунан интервью биэрбиппин, ол күн анал сыһыарыыга таһаара оҕустулар.

Таатта хамаандатын биир дойдулаахпыт Матрена Харбаева (Рахлеева) салайар сбербаанын коллектива ытыс үрдүгэр илдьэ сырытта. Матрена Михайловна бэйэтэ Харбалаахтан төрүттээх. Олохтоох суоппар уолга И.И. Харбаевка кэргэн тахсан олохсуйбута ырааппыт.  Таатта дьоно-сэргэтэ ханна да тиийдэҕинэ ытык ааттаах дойдутун куруук өрө тутар үтүө үгэстээх. Холобура, райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Тимофей Постниковы, Эдьигээн гимнын суруйбут суруналыыс Федот Находкины, бастакы капитан Афанасий Богатыревы о. д.а. Эдьигээҥҥэ үтүө тылынан ахталларын истэн, киэн туттуу долгуна кууста. 

Балык күрэҕин телевидениеҕэ устаары, ОРТ ханаал "Искатели" авторскай программатын салайааччыта Андрей И кэлэ сырытта. Муус аннынан устар былааннааҕа кыайтарбатах. Сибииргэ төрөөбүт, манчжур омук буолан сүрдээх боростуой, кэпсэтинньэҥ киһи. Хайаан да аныгыскы сырыыга уста кэлэр санаалаах. Үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үгэстэрбит сүппэттэригэр, дьиэ-кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ улахан болҕомтотун уурар эбит. Ол иһин бэйэтин анал бирииһин Петровтар дьиэ-кэргэттэригэр туттарда.

Самолет Эдьигээнтэн өрө ньирилээн тахсан, Дьокуускай туһаайыытын тутуспутун кэннэ, балыксыттар Вячеслав Карпов салалтатынан туран эрэ, «Үрүҥ эһэ арҕаҕыттан, үллэр бааллаах хоту дойду..» ырыаны ньиргиччи тардан кэбиһэллэр. Онуоха Андрей И сөҕөн: «Сахалар патриот да дьоҥҥут,» – диэн саҥа аллайар. Ити курдук, Эдьигээн улууһа Саха сирин балыксыттарын биир туонаҕа, биир сомоҕо түмэн, дьоһуннаах тэрээһини ыытта. «Балыксыт былыксыты ыраахтан көрөр» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, бу күрэхтэһии ыыра кэҥээн, өссө атын судаарыстыба омуктара кыттыылаах ыытыллара былааннанар. Онон балык күрэҕэ дьиҥ-чахчы норуоттар икки ардыларынааҕы доҕордоһуу бырааһынньыгар кубулуйан эрэрэ үөрдэр.

2005 с. сэтинньи. «Таатта» хаһыат.

Күндү ааҕааччым, ити ыстатыйаттан күндүөбэйи балыктааһын, онуоха улахан болҕомто уурулларын балачча билистиҥ. Салгыы балык күрэҕэ 2007 сыллаахха улуус таһымыгар ыытыллыбыта. Манна 8 хамаанда кыттыбытыттан кыайыылааҕынан «Баахынай» диэн Антоновтар дьиэ кэргэн – аҕалара Иван Михайлович, уолаттара Степан уонна Николай састааптаах хамаанда бастаабыта. Бу «Хотугу эргимтэ» диэн аатынан ыытыллыбыт күрэх кыайыылаахтара 120 тыһ. солкуобайынан наҕараадаламмыттара.

Онтон биэс сыл ааспытын кэннэ 2012 сыллаахха 5-с күрэх Эдьигээн төрүттэммитэ 380 сылыгар ананан, саҥа баһылык Алексей Мандаров салалтатынан киэҥ далааһыннаахтык ыытыллыбыта. Итиннэ Дьокуускайдааҕы «Санефтегазсбыт» филиалын хамаандата бастаан «Буранынан» наҕараадаламмыта. Маны таһынан бу хамаанда 153 киилэ күндүөбэйи хостоон эмиэ анал бирииһи ылбыта. Былырыын 2013 сылга «Путина Заполярье» диэн эрдэ атырдьах ыйыгар уомулга анаан ыытыллыбыта. Ити курдук муораттан тахсар күндүөбэйгэ уонна уомулга аналлаах балык күрэхтэрэ кэлэр да өттүгэр тохтооботторугар, суолта бэриллэригэр эрэл баар…

Бу балтараа эрэ харыстаах, күлүмүрдэс хатырыктаах, уурбут-туппут курдук нарын балыкка бүтүн роман да суруйуохха сөптөөх. Ол курдук Хоту дойду дьоно бу балыгы өлгөмнүк бултаан, хаһан баҕарар олоро түстэхтэринэ тоҥнуу да, араастаан астанар да бастыҥ-мааныаһылыктара. Дьиктитэ диэн, күндүөбэй муораттан ыы тахсарыгар Хотугу эргимтэ кыраныыссатынан ааттанар Араппыана хайатыттан маассабайдык төннөр, салгыы өксөйбөт. Оттон уомул ыраахха диэри өксөйөн, ардыгар Намҥа тиийэрэ биллэр.

Сэтинньи саҥатыттан Эдьигээн балыксыттара күндүөбэйгэ анаан сэптэрин-сэбиргэллэрин тэринии, сахсыныы бөҕө. Сотору-сотору кытылга киирэн, кыдьымаҕынан кырылыы уста сытар эбэлэрэ турарын кэтииллэр. Бу эҥэр кыдьымах устуута син эмиэ көмүөл мууһун курдук. Биир кэм харылыыр-курулуур, тоҥо-тоҥо томтойо улааппыт муус кыдьымахтарын өһөспүттүү тоҕута сүргэйэ анньар. Онуоха тымныы обургу сытайан туран, модун өрүһү болгуо мууһунан бохсоору, хам ылан тутаары бургучуйар. Ол аайы эбэ барахсан түллэ-түллэ мөхсө сатыыр, хас күн, хас чаас аайы күүһүн-кыаҕын ылларан, кытыыларыттан муус кыаһаанынан кыпчыттаран, орто сүүрүгэ эрэ тыынан сурдургуу устар. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс кыаҕын ылларан, унньуктаах кыһын устата уһуктубат уһун уутугарнухарыйан, халтаһаларын хап гына хатыырдыы, болгуо мууһунан хамсаабакка сабыллар.

Ону эрэ күүтэ сылдьыбыт хоһууттар, ким тиэтэйэ-саарайа сатыы, ким «буранынан» кыдьымаҕы быыһынан тоҕо сүүрдэн киирэллэр. Уопуттаах балыксыттар иҥнигэһэ суох ырааһыйаны көрдүүллэр. Ким урут ону булбут – хаһаайын. Үгүстэр ыраата барбакка, Эдьигээн анныгар тута илимнэрин үтэллэр. Бу күн бэл оҕолуун-дьахтардыын бырааһынньык курдук тэринэн мууска киирэллэр. Үрдүк кытылтан көрдөххө, эбэ үрүҥ тунал иэнигэр балыксыттар кымырдаҕас курдук букунаһаллар.

Сорох түргэн туттуулаах балыксыттар илимнэрин түһэрэн, тута күндүөбэй ылан сокуускалана охсубуттар. Күндүөбэйи илимтэн араарбыт балыксыттар, балык искэҕэ ыгыллан табыначчы тоҥмут этэрбэстэринэн, хаатыҥкаларынан лаппардаан, ойбоннорго доҕотторун көрсөн сэһэн-сэппэн дэлэйэр. Тиритэ-хорута үлэлээн, искэҕин таммалата сылдьар эмис күндүөбэйи хамсаппытынан таһааран, кыратык бөһүтэ түһэн тууһаан, килиэптээн сокуускалана олорор бэрт бөҕө. Тымныы халлааҥҥа ойбонтон, балыксыт көлөһүнүттэн, эбэ өссө да тоҥо илик сиикэйиттэн тахсар паар, үрдүк мэҥэ халлааҥҥа туман буола бургучуйа көтөр.

Маннык кырыылаах муустарынан кыстаммыт, кутаа курдук ыбылы симиллибит, киһи ахтатыттан атыллар кыдьымахтарынан охто-охто илимнэри, дьаакырдары, туорай мастары, үтүмэхтэри, быалары-туһахтары хаста эмэ кырына-кырына, билгэччи сүгэн киирэр сыанан аҕаабат. Биир күндүөбэй ойбонугар түөрт кирпииччэ, эбэтэр оччо ыйааһыннаах дьаакыр түһэрин, ардыгар уонча илими үтэргин санаттахха, кырдьык кыанар-хотор эрэ киһи сананар балыктааһына. Ол эрээри аҕыйах хонук күндүөбэй үгэнин саҕана, күн аайы эбэҕэ эрэллээхтик үөрэ-көтөкиирэн илимнэри көрөр, хотоҕос курдук субулла иҥнибит күндүөбэйдэри, төһө да тымныы чысхаан тыалга, ардыгар тарбахтаргын туртайыар диэри иһэлитэн, муустаах ууга уган ириэрэ-ириэрэ  араарар – Эдьигээн балыксыттарын үөрүүлээх түгэнэ.

Биһиги, доҕорум Алексей Щадрин, биллэҕим Баһылай, улуус прокурора Иванов буолан кыттыгас балыктаатыбыт. Эбэ саҥа туран төһө да сиикэйдэрдээҕин иһин куттаммакка,таһаҕаспытын үксүн «буранынан» киллэрэн сынньалаҥнык сырыттыбыт. Сатыы да киһи кыайан сылдьыбат кыдьымах лааҥкытынан, хоһууммут Алексей тоҕута сүүрдэн киллэрэн абыраата. Онон түөрт турбут эр бэрдэ күндүөбэйгэ уонна уомулга илимнэрбитин үтэ охсон, тута хостообут балыкпытынан сокуускаланан, уоскуйа таарыйа салгыҥҥаолоро түстүбүт. Сэргэхсийэн, салгыы ким дьиэтигэрбараммыт «за чарочкой» олоро түһэр туһунан сүбэлэстибит. Өлүү түбэлтэлээх, мин дьиэҕэ эр киһи тойон буолуохтаах диэн быктаран кэбиһэн, дьонум иилэ хабан күрүчүөккэ ылан кэбистилэр. Хайыахпытый, «бураммыт» мин дьиэбин көрбүтүнэн ыстаннарда.

Аара баран иһэн, кытылтан ыраах миэтэрэ аҥардаах хайа барбыт мууһунан уу сүүрүгүрдэн бычылыйа, паарынан өрүкүйэ сытарын, үрдүнэн ыстаннаран аастыбыт. Ууну туораан иһэн, үс киһи олорор сыарҕатын кэлин ылаҕа мууһу тоҕо түһэн, тимириэхчэ буолан эрдэҕинэ, хата бэрт түргэнник иһэр «бураммыт» орулуу түһээт, сулбу тардан таһаарда. Кэннигэр олорон иһэр прокурорбут нэһиилэ миигиттэн, мин биллэхпиттэн, биллэҕим сыарҕаҕа бааллыбыт быаттан тутуһан хааллыбыт. Чыпчылыйыах түгэнигэр хаһыытаһан ыллыбыт. Ол кэннэ сыарҕаттан түһэн иһэн өрүһүммүт прокурорбут, барбах ууга ыстаана эрэ илийбититтэн күлсэн тоҕо бардыбыт.

Ити курдук күлсэн-салсан, өс хоһоонугар этиллэр эр киһи күннэтэ көрсөр 40 моһолуттан биирдэстэрин мүлчү көтөн, мин дьиэбэр астаран тиийдибит. Били Суорун Омоллоон кэпсиир Макаар кырдьаҕаһын курдук, дьиэм тиэргэнигэр айаатаабатарбын да, киэптии соҕус туттан, мууһурбут хаатыҥкаларбын тыастаахтык тэбэнэн, кырыабын тип-тапсахсынан, эбиитин ойуоккалаан ыллым. Хайдах-эрэ сэрэммиттии дьик-дьах туттар дьоммор хотоойутук: «Куттанымаҥ, манна мин барытын быһаарабын», – диэт, ааммын сэниэлээхтик аһа баттыыбын. Оҕотун көтөҕөн олорор кэргэммэр эбитэ дуу, дьоммор дуу киһиргээри, мууһурбут хаатыҥкабынан хатыыскалаары, аҥар атахпынан аан модьоҕотуттан дьиэм ортотун диэки сырылыы тэбинэн кэбиһэбин…

Бу эрэйдээх баара, тугум үөнүгэр хатыыскалыыр өй киирбитэ буолла… Кэтэхпинэн тиэрэ баран лүһүгүрээн иһэн, хараҕым кырыытынан дьонум куттаммыт харахтарын, куотаары ааҥҥа ыстанан эрэллэрин көрөн хааллым. Кэргэним: «Туох буолан дьаабылана сылдьаҕын», – диэн хаһыытын даҕаспытынан, дьоммун уоскутаары таһырдьа эккирэтэн таҕыстым. Ити кэннэ дьонум туох иһин дьиэҕэ киириэхтэрин баҕарбаттар, мин сирэйбин-харахпын көрөллөр уонна прокурор дьиэтигэр барыахха дэстилэр. Онно тиийэн, хаһаайын биир иһити туруорда уонна мин диэки дьиксиммиттии көрө-көрө, аралдьыйар кэммэрүрүүмпэбэр ууну кутар. Прокурор прокурор курдук сэрэхэчийдэҕэ, холуочуйан дьиэтигэр тиэрэ таһыллар киһи диэтэҕэ. Иккис-үһүс үрүүмпэбэр: «Кэбис доҕоор, итирик буолбатахпын, дьээбэлэнээри киирэн биэрдим, ууну кутума», – диэбиппэр биирдэ били күндү аһыттан кутта.Ити курдук күндүөбэйдии сылдьан көр-күлүү, балыксыттар баайкалара, балагурдара баһаам бөҕө буоллаҕа. 

Күндүөбэй балыктан 45 суол араас бүлүүдэни оҥороллор. Онтон «индигирка» диэн ааттыыр, тоҥнуу кырбанан сиэниллэр салааттара аатырыан аатырар. Чахчы олус минньигэһин ааһан, иҥэмтэлээх, унньуктаах уһун кыһыҥҥа  туһалаах ас. Ону сэргэ ыһаарылаан, ыыһаан, тууһаан, уҥуохтары мясорубкаҕа эриттэрэн котлет о. д.а. оҥорон сииргэ бэртээхэй балык. Тоҕо эрэ Эдьигээн үгүс олохтоохторо күндүөбэйи уомултан ордороллор. Кыратын көрүмэ – быстарыыга, сэрии сылларыгар үгүс киһини хоргуйууттан быыһаабыт үтүөкэннээх балык. Олохтоохтор эрэ буолбакка, Чурапчыттан көһөрүүгэ кэлбит сахалар, соҕурууттан үтүрүллэн кэлбит финнэр, эстонецтар, литовецтар, немецтэр, о. д.а. омуктар үгүстэ балыктаабыт, сут-сутурҕан саҕана киһи-хара буолбут, көмүс балыккэ тэҥниир – ааттыын күндү балыктара күндүөбэй...   

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....