14.05.2023 | 21:10

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Атыыр муҥхаттан – уһаарбаҕа тиийэ…

Улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй сүүс сыл анараа өттүгэр «Саха интеллигенциятыгар» суругар балыктааһыҥҥа уһулуччу болҕомтону уурбута. Балыгынан баай Саха сиригэр, инньэ Охотскай муора кытылыгар баар 100-чэкэ балыктыыр учаастактан саҕалаан «…ааспыт сыллааҕы сутааһынтан эмсэҕэлээһини чөлүгэр түһэрэр наадатын сиэрдээхтик быһааран туран биһиги, сахалар Государственнай Дума Сибиирдээҕи депутаттарын көмөтүнэн Государственнай бас билии Кылаабынай управлениетын иннигэр, эбэтэр уопсайынан начаалыстыбаттан биир, эбэтэр хас да учаастакка (Өлүөнэ, Лантара, Охота, Куктуй уонна Урах төрдүлэригэр эбитэ буоллар) төлөбүрэ суох бултуур быраабы биэрэллэригэр көрдөһүөхпүтүн наада» диэн суруйар.

Салгыы ити быраабы кыайан ситиспэт түбэлтэҕэ, уопсастыбаларынан түмсэн, Владивостока ыытыллар турдарга быһаччы кыттан, балыктыыр учаастактары ылыы, балыктааһыны хайдах тэрийиэххэ сөбүн туһунан ымпыктаан-чымпыктаан ырытар, ороскуотун уонна барыһын кэпиэйкэтигэр тиийэ ааҕар, итиэннэ 600 бырыһыаҥҥа тиийэ барыс ылыахха сөбүн холобурдуур. Өксөкүлээх итинэн балыгы бултааһын сахаларга экономическай өттүнэн инники турар салаа буоларын ыйар. Ол да иһин былыр былыргыттан уол оҕо үс кырыылаахтара Хоту, сүрүннээн Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа балыктыы киирэллэрэ. Кинилэр ортолоругар сүүһүнэн киилэбуочукалаах балыгы сүгэр Күүстээх Уйбаан, суот-учуот үлэтигэр сылдьыбыт Алампа ааттара элбэҕи этэр.

«Булун» МУП директора Гаврил Михайлов этэринэн, Өлүөнэ төрдүгэр Булуҥҥа балык үс хаамыытын бэлиэтииллэр. Ол курдук бастакынан, бэс уонна от ыйын саҥатыгар бил, тууччах, хатыыс хамсыыр. Иккиһинэн, от ыйын 10-15 күннэриттэн атырдьах ыйа бүтүөр диэри муораттан тахсыбыт уомул бултанар. Үсүһүнэн, балаҕан ыйын ортотуттан алтынньыга муус туруор диэри күндүөбэй, муксуун кэмэ. Ол кэнниттэн алтынньы ортотуттан, өрүс турдаҕына, муус аннынан төннүү уомулга илимниэххэ сөп. Ити кэннэ сэтинньигэ күндүөбэй төннөр. Олох кыһын эмиэ күрүчүөгүнэн сыалыһардыыллар.

Бүгүҥҥү күннээххэ диэри күөл, өрүс уонна муора балыгаСаха сиригэр биир стратегическай суолталаах салаа, доруобай, чэбдик аһылыгынан хааччыллыыга сүрүн хайысха диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Онуоха Булун, Эдьигээн улуустара инники күөҥҥэ сылдьаллар. 140 тыһыынча квадратнай килэмиэтирэнэн тайаан сытар Эдьигээни, ортотунан быһа охсон ааһар Өлүөнэ эбэ, үгүс аата-ахса суох элбэх үрэхтэртэн тымыр-сыдьаан тардан доллоһуйа устар. Онон бу өрүс сүнньүн бата олорор олохтоохтор былыр былыргыттан үгэс оҥостубут дьарыктара – үрүҥ балыгы бултааһын. Улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын начальнига Виктор Иванов кэпсииринэн, сылга былааннаммыт 350 туонна балыгы сэргэ, олохтоох балыксыттар бэйэлэрэ туһаналларын аахтахха 500-600 туонна балык бултанар эбит.

Манна Саха сирин үрдүнэн баар 47 балык арааһа баар. Саамай өлгөмнүк күндүөбэй уонна уомул бултанар. Ыраахтааҕы балыктара хатыыс уонна бил ылар ирээттэрэ кыра. Ону Республика, Россия уонна Аан дойду ырыынагар таһаарар инниттэн, Виктор Иванов этиитинэн, «Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуона» МТ баһылыга Алексей Мандаров өйөбүлүнэн эстэн, аччаан эрэр сыаналаах боруода балыктары үөскэтии, элбэтии үлэтэ саҕаламмыт. 2012 сыллаахха балыгы үөскэтэр, элбэтэр сыах дьиэтэ үлэҕэ киллэриллибит, аналлаах тэриллэр, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир искэҕи ууһатар аппарааттар, инкубационнай иһиттэр булуллубуттар. 2013 сылга бастакы хардыы быһыытынан 87 тыһыынча хатыыс ыамата Эдьигээн анныгар ыытыллыбыт.

Бу сыах Саха сирин үрдүнэн, эстэн эрэр балыктаах сирдэргэ тирэх буолар. Холобура, киин улуустарга хатыыс, бил курдук балыктар сүттүлэр, эбэтэр олох дэҥҥэ көстөр буолбуттара ыраатта. Маныаха манна үөскэтиллэр балык Эдьигээн улууһун таһынан, ити улуустарга донор курдук тарҕатыллыахтаах. Онон аҥардас кэтии уонна кэлтэйдии балыгы баһа олорбокко, аныгы үйэ сиэринэн элбэтиигэ, үөскэтиигэ сүрүн болҕомто ууруллар.

Ити иннинэ 2011 сыллаахха Мууна ураты харыстанар эркээйи сириттэн бил балык искэҕин ылан, Чернышевскай балык собуотугар ууһатан, улаатыннаран Бүлүү өрүскэ ыыппыт уопуттаахтар. Онон бил курдук сыаналаах балыгы эмиэ салгыы үөскэтэр былааннаахтар. 2012 сылга Халыматтан 500 тыһыынча быраҥаатта ыаматын Сыалаах, Бурут күөллэригэр ыыппыттар. Маннык үтүө сыалы туруорунан үлэлиир сыах Өлүөнэ эбэ умнаһын тухары ханна да суох. Былырыын саас Тюментан кэлбит балык специалистара Уралтан бэттэх балык саппааһа мэлийбитин, Дон, Иртыш, Волга өрүстэргэ хатыыс сүппүтүн, онуоха Эдьигээннээҕи балыгы үөскэтэр, элбэтэр сыах Россия таһымнааҕын бэлиэтээбиттэр.

Билигин Өлүөнэ хатыыһа Аан дойду соҕуруу судаарыстыбаларыгар сылаас уулаах, түргэнник ситэр хаһаайыстыбаларынан тарҕаммыта бэлиэтэнэр. Биробиджаҥҥа, Москваҕа, Подмосковьеаҕа о. д.а. сирдэргэ Өлүөнэ хатыыһын үөскэтэн, искэҕин хото атыылыыллар. Бэл кытайдар обургулар Өлүөнэ хатыыһын үөскэтэн, элбэтэн, бэйэбитигэр атыылаары соруналлар дииллэр. Оттон тымныы уулаах Эдьигээҥҥэ 1982 сылтан ыла Москваттан кэлбит уонна бэйэбит да специалистарбыт научнай хайысхалаах балыгы кыралаан үөскэтэн ыыппыттар. Ити үлэлэр түмүктэринэн олохтоох усулуобуйаҕа уонча сылынан биирдэ ситэрин, бултанар турукка киирэрин быһаарбыттар.

Дьэ, ити курдук Хоту үрүҥ көмүс хатырыктааҕы лаһыгыратан таһаарар буоллахтарына, киин улуустарга ордук хото көмүс хатырыктаах собо балык бултанар. Собо барахсан саханы саха дэппит биир баар суох аһылыкпыт, хоргуйууттан, өлүүттэн быыһаабыт күҥҥэ тэҥнээх күндүбалыкпыт. Ол да иһин дьыл аһын быһаарар күһүҥҥү муҥха былыр былыргыттан олус улахан дьоһуннаах тэрээһин. Муҥха саха дьонун оҕотуттан-дьахтарыгар, эдэриттэн-эмэнигэр тиийэ түмэринэн, ыһыах кэнниттэн иккис улахан түмсүүлээх далбар бырааһынньык:

Муҥха – түмсүү туоната,

Үлэ, балык далбара,

Саха төрүт дьарыга –

Дьылы түстүүр дьаһала.

Муҥха байым сырыыта

Түөрэхтэнэ бастын диэн,

Тойон түмэл хамандыыр

Туона үктээн лаппардыыр.

Күнү үөһэ көтүтэ

Сүүрүү-көтүү үгэнэ,

Кырыа кыһын кыйданар

Кылбар туттуу талыыта.

Сытыы кылыс анньыыһыт

Чыбырҕата алларар,

Сымса туттуу хоппоһут

Кыдьымаҕы кыыратар.

Үөрэр-көтөр үтүмэх

Үөрэ-дьүөрэ сүүрдүллэр,

Уһун субуу бэчимэ

Сылбырҕатык сыыйыллар.

Тоһуур ойбон нырыыһыт

Күрэтэрэ көхтөөхтүк,

Эбэ мууһа кырылыы

Эҥсиллэрэ элбэхтик.

Муҥха икки кыната

Үмүрүйэ кэлиитэ,

Хара тыаттан бэриэччит

Хара суорбут хайҕаата.

Тахсыы чардаат оргуйа

Собо күөстүү лаһыйар,

Өрөҕөтө кытара

Лапчааннарын таһыйар.

Үөрүү-көтүү үрдээтэ

Сүүрүү-көтүү үксээтэ,

Турар-турбат турунна

Түмсүү түһэ түстэннэ.

Бүгүн манна майдааҥҥа

Олох күөстүү оргуйар –

Тулуур-дьулуур дьүккүөрэ

Саха – сайдам саргыта…

Хаһан эрэ тохсус-онус кылаастарга Кэбээйи Мукучутугар үөрэммитим. Онно күтүөтүм Виктор Рожин сааскы каникулум кэмигэр, Мастаахха доҕоругар, кыһыннары балыктыыр биригээдэ салайааччытыгар аатырбыт Гуляев Ньукулай оҕонньорго балыктата ыыппыта. Оччолорго кини төһө да саастааҕын иһин, көбүс көнө уһун дьыралдьыйбыт уҥуохтаах, кытархай кыаһаан сирэйдээх киһи – иннин диэки супту көрө-көрө, киэҥ киэҥник хардыылаан,туонатын үктээн бачырҕатара харахпар бу баардыы көстөр. Быраҥаатталаах диэн туох да сүрдээх киэҥ эбэни уонна өссөханнык эрэ күөллэри муҥхалаан, собо бөҕөнү баспыппыт.

Биэрэстэ аҥарыттан ордук туоналаах муҥханы баара суоҕа уонча эрэ киһи тардарын сөхпүтүм. Бэчимэлэрин лебедкалаах сыарҕанан тардаллара. Сыарҕаларын мууһу көйөн күрүчүөгүнэн иҥиннэрэллэрэ, үксүгэр лебедкаларын атынан эриттэрэллэрэ. Хас биирдии киһи оҕонньорго соруттарбакка, сүүрүү-хаамыы былаастаах бэйэтин үлэтин сылбырҕатык лоп курдук толороро. Оҕонньор – тойон түмэл хамандыыр диэх курдук, туонатын тиритэ-хорута үктээн кэлэн, муҥха түһүлгэтин кэрийэ хааман акылдьыйара, хаалаары гыммыт кынат өттүн тиэтэтэн баргыытыыра.

Кырдьыга да, былыр былыргыттан дьону-сэргэни киэҥник түмэ тардарынан, булда дэлэгэйинэн-хорутуулааҕынан, дьыл аһын быһаарарынан Атыыр, Тойон  муҥха саха норуотун олоҕор уһулуччу суолтаны ылар. Ол иһин хас биирдии киһи кытаанах хамаанданы истиэхтээх, байыаннай аҥардаах бэрээдэккэ бэриниэхтээх. Историяҕа биллэринэн, кыргыс үйэтин кэмигэр үгүс норуоттарга өссө маннык хомуур бултааһыны байыаннай үөрэххэ бэлэмнэнии биир дьоһуннаах түгэнин быһыытынан ааҕаллара. Булт кэмигэр тойон-хотун диэн арахсыбакка, хас биирдии киһи бэйэтин эбээһинэһин эҥкилэ суох толороро ирдэниллэрэ. Сыыһа-халты тутуннаҕына байыаннай кэм суутунан кытаанах эппиэккэ тардыллара дииллэр. Билигин төһө да атын үйэтин иһин, булт сүрүн сокуона уларыйа илик. Итиниэхэ бэйэ бэйэни өйдөһөр, биир сомоҕо түмсүүлээх, балыктыы үөрүйэх хамаанда элбэҕи ситиһиэн сөп.

Кэлин Ньидьилигэ ыытыллыбыт бастакы республикатааҕы Тойон муҥха күрэҕэр Тааттаттан 28 киһилээх делегацияҕасуруналыыс быһыытынан сылдьыбытым, хаалан балыктаспытым. Саха киһитэ хаһан баҕарар ханна, хайдах муҥха тэриллэн ыытыллыбытын туһунан эндэппэккэ оҕолоругар тиийэ кэпсиир идэлээх. Онно аҥардас төһөбалыгы ылбыттара буолбакка, ким төһө муҥха үлэтин баһылаабытыттан, кыахтааҕыттан саҕалаан, тупсаҕай таҥаһыгар-сабыгар, кэрэ кыыһыгар, уолан уолугар тиийэ кэпсээҥҥэ киирэрэ. Онон ол бастакы Тойон муҥха киэҥпрограммалаах тэрээһинэ бүгүҥҥэ диэри, үгүс балыксыт өйүгэр-санаатыгар хаалбыт буолуохтаах.

Онно уһун синньигэс айантан сылайбыт дьон көрүүбүтүгэр, хара тыа быыһыттан үрүҥ тунал хаарынан үллүктэммит, болгуо мууһунан бохсуллубут, хара тыанан хаймыыламмыт уйаара-кэйээрэ биллибэт Улуу Эбэ киэҥ дуола биирдэ нэлэс гына түспүтэ. Сааскы дьэргэлгэн оонньоон, Эбэ чугас өттүнээҕи саҕата улуу байҕал аарыма долгуннарын курдук өрүтэ түллэҥнии сытара, көрүөхтэн сөҕүмэр дьикти этэ.Кырдьык даҕаны номоххо киирбит, ырыаҕа ылламмыт, аатырыан аатырбыт да эбит.

Саха сирин хас эмэ сүүһүнэн тыһыынча күөллэриттэн, 33,5 биэрэстэ усталаах, 5,7 биэрэстэ туоралаах, ортотунан 7 миэтэрэ дириҥнээх, 11434 гектар сабардамнаах, аҥардас икки арыыларыттан биирдэстэрэ 74 гектар иэннээх Ньидьили эбэ уһулуччу миэстэни ылар. Эбэҕэ Харыйа уонна Күҥкүйэ диэн үрэхтэр түһэллэр. Онтон Сиэн үрэх нөҥүө Бүлүү өрүһү кытта сибээстээх. Ол иһин сүрдээх эмис сордоҥ, алыһар, күстэх о. д.а. балыктар биир кэмҥэ үөскүүсылдьыбыттар. Кэнники быһыттааннар уонна кислорода аҕыйаан, собо эрэ хото үөскүүр. Маннык сүдү күөл аҥардас бэйэтин сөҕүмэр улахан кээмэйинэн эрэ буолбакка, ордук минньигэс бөдөҥ соботунан аатырар.

Собо манна үс-биэс сылынан ситэр уонна бэс ыйын иккис аҥарыгар 40 тыһыынчаҕа тиийэ тыыннаах искэҕи ыыр. Итинник собону үгүс улуустарга ыытан тураллар. Сылын аайы, Саха сирин соболоох флагмана, знаменосеһа ааттаммыт ытык Эбэҕэ хас эмэ сүүһүнэн тонна балык бултанар. Сылын аайы былааннаан балыктыылларыгар, ортотунан биир муҥха  түһүүтүгэр, туонатыгар биэстии тонна балыгы баһаллар. Биирдэ Хаалбыс балыксыттара биир туонаҕа 40 тонна балыгы хас эмэ күнү быһа баспыттара биллэр. Ол да иһин олохтоохтор аһатан-таҥыннаран олорор сүдү күөллэрин, ытыктаан аатын хаһан да аһаҕастык ааттаабакка, Эбэ дииллэр.

Онно чоҥолох алаас эҥэрдээх дойду сириттэн тиийэн, улахан балыксыттар туттар сэптэриттэн-сэбиргэллэриттэн салла быһыытыйдыбыт. Биһиги эҥэр эбэлэрбит кыраларынан, 500 миэтэрэ уһуннаах муҥха суох. Таатта аатырар муҥхаһыта Петр Борисов-Сэргэх бу күрэххэ анаан-минээн эбэн-сабан оҥорбут муҥхата, ити ирдэбилгэ 62 миэтэрэнэн тиийбэккэ, кыра муҥха сырыыта түргэн диэн ыстарааптыыр очукуону ылбыппыт. Бэчимэбит эмиэ кылгас буолан биэрбитэ. Олохтоохтор иннэ курдук синньигэс төбөлөөх анньыылара халыҥ мууска ананан оҥоһуллубуттар. Биир анньыыга 15 см. мууһу көҥүтэ түһэ-түһэ, 170 см. халыҥнааҕы киһилээбэккэ, үс эрэ  мүнүүтэ курдугунан ойбон уутун өрө бидилитэн таһаараллар. Аныанньыыһыттар анньыыларын өрө көтөҕө-көтөҕө туох баар күүстэринэн маҕыйан түспэттэр эбит. Кыратык анньыыларын төбөтүнэн бигии-бигии, кырдырҕаччы батарыта баттаталаан кэбиһэллэр.

Оо, биһиги анньыыларбыт онно холоотоххо, күһүҥҥүчараас мууска аналлаах буолан, сымарыттан кэтиттэрэ, ыараханнара сүрдээх. Чараас мууһу тоҕута түһэн кээрэтэргэ аналлаахтар. Уолаттар: «Бээ, эрэ, ити ыарахан тимир турбалаах сэптэри-сэбиргэллэри мээнэ көрдөрүмэҥ! Таатталар луомнаах кэлбиттэр диэхтэрэ», – дэһэн күлсэллэр. Аны маннааҕы балыксыттар ойбоннорун мууһун баһаллара, ыалдьыттары барыларын сөхтөрбүтэ. Киһи үрдүгүн саҥа халыҥнаах муус кыдьымаҕын ыраастыыр туһугар уустуктардаах. Тимир күрдьэҕинэн бастахха, дуоннаах иҥнэн тахсыбат. Ол иһин кыра туруору тимир күрдьэх төбөтүн быһан, синньигэс, имиллэҥниир укка олордоллор. Итиэннэ киһи сөҕүөх, сылбырҕа хамсаныынан олуйа-олуйа өрө тэптэрэн, холорук курдук ыһан күдээритэн таһаараллара, бэйэтэ туһугар кэрэ көстүү. Кыһыннары балыктыыр дьон үөрүйэхтэрэ сыттаҕа, 20 миэтэрэ усталаах үтүмэхтэрин муус аннынан, биэстии-алталыы миэтэрэнэнанньан куллугуратан кэбиһэллэр. 

Тойон муҥхаҕа икки тыһыынча кэриҥэ киһи мустубута, хас биирдиитэ 17 киһилээх 13 хамаанда кыттыбыта. «Холбос» хамаандатыгар киирбит олохтоох Хаалбыс уолаттара,биэрэстэ аҥара муус аннынан субуйбут муҥхаларын үтүмэҕин 1 чаас 41 мүн. 25 сөк. сулбу таһыйан таһааран«Түргэн муҥха» түһүмэххэ бастаабыттара. Уопсай түмүккэ да үчүгэй көрдөрүүлээх кыайан, «Беларусь» тыраахтар бирииһи ылбыттара. Бастакы түһүмэххэ, «Холбос»  кэнниттэн Кэбээйи улууһун Тыайа, Хаалбыс, Чагда, Арыттаах балыксыттара иннилэригэр ыалдьыттары түһэрбэккэ, утуу-субуу тахсыбыттара уонна үйэлэрин тухары балык булдунан иитиллэн олороллорун дакаастаан, чахчы профессионаллар курдук ордук-хоһу хамсаныыта суох сылбырҕа туттууларынан сөхтөрбүттэрэ.

Биһиги хамаандабыт «Түргэн муҥхаҕа», төһө да муҥхабыт кылгаһын иһин, сунтаардар иннилэринэ эрэ тахсар. Манна этэн аһардахха, Сунтаар хамаандата күрэх түөрт хонук иннинэ Мастаахха кэлэн, эрчиллэ таарыйа муҥхалаабыт. Били Гуляев оҕонньор уола, оскуолаҕа биир дьиэҕэ олорон үөрэммит уолум Данил Гуляев бастыҥ муҥхатынан түһэн, 3892 кг. тардан, балыгы хойукка диэри баспыттара, «Быйаҥнаах муҥхаҕа» кыахтаахтык бастаабыттара. Намнар 1653 кг, бүлүүлэр 83 кг. ыланнар иккис-үһүс, биһиги 65 кг. балыктаах бэһис буолбуппут.

Таатталар мантан атын көрүҥнэргэ бүтэһик миэстэлэртэн өнүйбэтэхпит эрээри, кыра ууну буккуйа үөрүйэх дьон куйуурга күммүт тахсыбыта. Төһө да бу күрэхтэһии аанньа ахсарыллыбатар, хайа, хаһан эрэ улуу убайбыт Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» айымньытыгар суруйарыныы, куйуур барахсан ыксаллаах күннэргэ үгүс саха үрүҥтыынын өллөйдөөтөҕө, үөрэххэ-сырдыкка үтэлээтэҕэ. Онон толору уулаах, куйуурга табыгаһа суох Арыттаах бэйэтин эбэтигэр, Туора Күөлтэн кадровай булчут Константин Ефимов бэриллибит икки чаас иһигэр сүүрэн киирэн, балык сытар сирин быһааран, түөрт ойбону алларда уонна 1850 гр. балыгы хостоон бастаата. Эбиитин «Улахан собо» түһүмэххэ эмиэ кыайан сыаналаах бириис ылла. Иккис миэстэҕэ Уус Алдантан Николай Федоров (1650 гр.), үһүскэ  – Мэҥэ Хаҥаластан Валентин Федоров (897 гр.) таҕыстылар. Олохтоохтор эмиэ боруобалаан көрдүлэр эрээри, мэлийдилэр. Дьиҥинэн, күөлгэ балык сытар сирин билэр дьон хостуохтарын сөп этэ эрээри, куйуурдьут диэн туһунан эбит. Онон Ойуунускай дойдутун уолаттара куйуурга суолта биэрэллэрэ, ыраас салгыҥҥа бултуулларын, хамсаналларын сөбүлүүллэрэ билиннэ.

Манна Эбэ быттыгар-хонноҕор бүгэн олорор, хайа да ыалга киирдэххэ, икки саһааннаах киһи хоппо ытыһыныы бөдөҥ, ыһаарыламмыт, Ньидьили эмис соболоро киэҥ иһиккэ өрөһөлүү уурулланнар, минньигэстик дыргыйан, ыыс-араҕас өрөҕөлөрүнэн эҕэрдэлии көрсүөхтэрэ диэн кэбис. Хайа да бэйэлээх киһи санаатын манньытар маннык аһылык кэнниттэн, ама туох үлэтэ-хамнаһа кыайтарбат буолуой? Иккис өттүнэн, көмүс хатырыктаах собо барахсан Кэбээйи экономикатын хамсатар күүһүнэн, валютатынан ааҕыллар. Дэлэҕэ Дьокуускайга киһи барыта бөдөҥ собону көрдөҕүнэ: «Кэбээйи собото дуо», – диэн ыйытар. Онон собо Кэбээйи улууһун гербэтигэр киирбит, аныгылыы эттэххэ брендэ, символа буолуон буолар.

Кэлин кэмҥэ хотугу улуустарга собону дэлэччи үөскэтэн, эмиэ муҥхалааһын киэҥник сайдан эрэр. Холобура, собо айылҕатынан кыайан тиийбэт, хайалаах Дьааҥы улууһугар 1960-с сылларга күөллэринэн ыытан үөскэппиттэрэ, билигин 80-90-наах илимҥэ тутар бөдөҥүнэн, минньигэһинэн аатырар. Эдьигээҥҥэ собону дьон үөскэппитэ иһиллибэт. Манна былыр былыргыттан сааскы дьалкылдьыйар халаан уутун кытта, Өлүөнэ эбэлиин сибээстээх күөллэргэ айылҕатынан тарҕанан, тэнийдэҕэ диэн сабаҕалыахха сөп. Өрүскэ үрүҥ балык, күөллэргэ быраҥаатта элбэҕинэн, олохтоохтор собоҕо идэтийэн муҥхалыы сатаабаттар. Үксүн илиминэн бултууллар. Арай биир кэмҥэ Кэбээйи балыксыттара кэлэн, Куонара эҥэр баар Сухан күөлгэ муҥхалаан, балай эмэ собону баспыттара биллэр. Кэлин Степан Львовтаах сиэри-туому тутуһан, муҥха, сэп сэбиргэл тэринэн дьарыктаналларын истэн сэргиибин…

Эдьигээҥҥэ сайын күн киирбэтин кэриэтэ. Онон биир эмэ күн тыалырбатаҕына, салгына тиийбэт өҥүрүк куйаас сатыылыыр. Маннык биирдэ эмэ тосхойор торҕо күн –тоһуттар тымныыга, дохсун тыалга-кууска үөрэммит хамныыр-харамай, тулалыыр эйгэ барыта иһийэр, саһар.Арай эбэ уу-чуумпу нуурал иэнигэр биирдэ эмэ балыктар оонньоон, дьирибинэтэн ааһаллар. Бөһүөлэк дьоно эдэрдиин-эмэнниин ууттан тахсыбакка чомполонор. 

Биһиги Ньукулай оҕонньордуун өрүс уҥуор күөлгэ собоҕо илимниибит. Оҕонньорум күөлгэ илимин үтэр. Мин түннүгэ-үөлэһэ аһаҕас эргэ үүтээҥҥэ туос уматан, онно күөх оту быраҕан, түптэлээн туманнатабын. Хараан бырдаҕа былыт курдук көтөр дииллэрин, дьэ, илэ харахпынан, эппинэн-хааммынан билэр чиэскэ тигистим. Туох да киһи сирэйигэр-хараҕар бүттэтэ суох түһэр, муннубар-айахпар симиллэр үөннэртэн далбаатана сатыыбын, түбэспэтэхпэр түбэһэн, тыыным-быарымхаайтаран олоробун. Маннык үлүгэрдээх үөннэртэн бырдах эмэ да туһалаабат. Эбиитин бу үлүгэрдээх куйааска бырдахха сиэтимээри үллэччи таҥнар, итии түптэҕэ сыраллар, ыһаарыланар туох аанньа буолуой. Сотору кэминэн сирэйим-хараҕым холлон, дарбаччы кытаран таҕыста. Ыксаан оҕонньорум кэлэрин күүтэбин.

Кэмниэ-кэнэҕэс Ньукулайым күөлүттэн таҕыста, тула хараара дыыгынаһар бырдахтар аайы кыһаммат киэҥ-холку, күн уотугар харааччы сиэппит сирэйин былаатынан сотто-сотто: «Собо баар буолуо, илиммин үтэ турдахпына кэлэн анньа тураллар. Сотору киирэн көрүөхпүт. Хата чэйдиэххэ», – диир. Ол күн собону кыайарбытынан ылан, киһи эрэ буоллар өр тохтообокко, бырдахтан куотар аатыгар барбыппыт. Бу түгэни, сайын соболооһун, Эдьигээҥҥэ эмиэ туһунан уустуктардааҕын бэлиэтээри аҕынным. Илимҥин бырахтыҥ да, собо баар диэн буолбатах, маннааҕы угут күөллэр бары соболоох буолбаттар. Балыксыт син биир булчут курдук, кэккэ моһоллору, уустуктары туораатаҕына, тулуйдаҕына, мындырдык дьаһаннаҕына бултуйар …

Онтон Эдьигээҥҥэ Өлүөнэ алын сүүрүгүн хомолоругар, кумахтарыгар илимнээһин, муҥхалааһын, уһаарбанан уонна устугаска балыктааһын олус тэнийбит көрүҥ. Булуҥҥа балык үс хаамыытын бэлиэтиир буоллахтарына, Эдьигээҥҥэ онтон кыра уратылаах. Эбэ мууһа ыраастанаатын кытта ыам ыйыттан саҕалаан, үрэхтэргэ киирэр аатырар били, бэс ыйыгар тууччаҕы, хомолор бурууларыгар муксууну, от уонна атырдьах ыйдарыгар уһаарбалаан чыыры, тууччаҕы, балаҕан ыйыгар уомулу, алтынньыга эрдэ хомоҕо тоҥмут мууһунан майаҕаһы, били, муксууну, чыыры, сэтинньигэ эбэ мууһа турдаҕына күндүөбэйи, уомулу, кыһын сыалыһары, күөллэргэ муус аннынан быраҥааттаны о. д.а. үрүҥ балыктары дьыл кэмиттэн көрөн, ордук идэтийэн бултууллар. Оттон күндүөбэй – Эдьигээни аһатан-таҥыннаран олорор уһулуччу суолталаах балык. Ол туһунан кэлэр түһүмэххэ сиһилии ааҕыаххыт… Ити үөһэ ааттаммыт балыктартан били уонна хатыыһы ыраахтааҕы балыктара диэн ааттыахтарын ааттыыллар. Үчүгэй үчүгэй курдук хайдах да астаатахха: тууһаан, ыһаарылаан, миннээн, тоҥнуу о. д.а. барытыгар табыллар, киһи тылын быһа ыйыстар минньигэс балыктара.

Биирдэ саас кус кэмигэр, уолаттар Хороҥку үрэх төрдүгэрилимнэээн, 60-ча киилэлээх бил балыгы ылбыттара. Онно бил илимнэрин бэрэбинэ курдук эрийэн кэбиспитин, кытылга нэһиилэ төкүнүтэн таһаарбыттар этэ. Оччолорго ол балыгы хаартыскаҕа түһэрэн, уһунун, ыйааһынын чопчу ыйан, суруйан хаалларбыттара буоллар, үгүс дьон сөҕүө-махтайыа этэ. Саха сиригэр даҕаны акула саҕа балыктар баалларын, Эдьигээн балыксыттара элбэхтэ көрдөрбүттэрэ. Тимир оҥочо, куорпус саҕа уһуннаах хатыыһы, тыыны икки өттүнэн көстөр харахтаах били, сүктэххэ кутуруга сиргэ соһуллар тууччаҕы бултаабыттарын туһунан кэпсээн элбэх. Ыраата барбакка эттэххэ, 2013 сылга Анатолий Константинов диэн Эдьигээн балыксыта алтынньы саҕана 58 киилэлээх, 154 см. уһуннаах били Эдьигээнтэн өрүһү 160 км. өрө тахсан бултаабытын «Байанай» сурунаалга таһаарбыппыт. Ол да бил улахан этэ. Сылын аайы итинник улахан, киһи сөҕөр балыктарабултаналлар.

Балыкка сайын уһаарбанан бултуур ордук кэрэхсэбиллээх, азартаах. Илимтэн уһун, үксүгэр 50-55-60-наах харахтаах, икки өттүгэр туорай мастардаах, уһун тардар бэчимэ быалардаах буолар. Кумахтаах, иҥнигэһэ суох кытылга балыктанар. Куорпус иннигэр сааһылыы чөмөхтөммүт илими түһэрэ-түһэрэ, үөс диэки кэннинэн эрдинэн киирэн, сүүрүк устун ырааҕынан эрийэ көтөн тахсыллар. Бэчимэ аҥар өттүн кытылтан соһоллор. Күүстээх сүүрүк бэйэтэ дэллэритэн илдьэр. Маннык балыгы баһан ылыыга оҥочолоох киһи оруола улахан. Сып курдук урутаан быһа көтөн, тахсыы уһаарба кынаттарын тэҥниэхтээх. Син биир муҥхаҕа маарынныырдык тардан таһаарыллар.

Оо, ол тарда турдахха үрүҥ балыктар өрөҕөлөрөкылбаҥнаһан кэлэллэрэ, көрүөххэ үчүгэйэ сүрдээх. Күөх Боллох Тойон тугу биэрэрин кэтэһэр балыксыкка, арыт дуулаҕа тууччах балык ууну өрүтэ ытыйан, күн уотугар сүүһүнэн таммахтары ыспахтыы, бу мөхсөн кэлэрэ кэрэтин… Мин ити балыгы хайдах эрэ, кубаҕа маарынната саныыбын. Ону балыксыттар, тууччах куба курдук куруук пааралаах сылдьар дииллэригэр, бэйэтэ туох да ойуута суох үрүҥ туналы дьүһүннээҕэр, бөдөҥөр-садаҥар олоҕурабын.

Барахсаныҥ баара минньигэһэ да сыттаҕа. Биирдэ биллэҕим Куочук ыҥыран: «Эбэҕэ салгын сии киирэ сылдьыахха эрэ»,  – диэн ыҥыран, кыччыгый болуоҕун аһан көрдөрдө. Онно балтараа миэтэрэлээх тууччаҕы ыйаан тэйгэтэн туруорар эбит. Сөхтүм-махтайдым аҕай. Киһим: «Байанай бэрсибитин сууйуохха», – диэн үөрэн-көтөн, кистэлэҥбуоккатын кылабачытан таһаарда, тууччаҕын өрөҕөтүттэн саха быһаҕынан тэлэ быһан ылан кырбаата. Оо, барахсан ол хаһата минньигэһиккэтин. Киһи айаҕар ууллар бырдырҕас эмис. Куртахха дьырылыы-дьырылыы дьоруолатан киирэрэ эриэкэһин баҕаһын... Онтон ордук үчүгэй сокуусканы бачча сааспар диэри өссө амтаһыйа иликпин бадахтаах.

Эдьигээҥҥэ уһаарбанан балыктыырга өрүс кумаҕар салгыннаах буолан, үөн-көйүүр аҕыйах, тоҥуу-хатыы суох. Табыллан сырыттахха, ханнык да курортан итэҕэһэ суох сөтүөлээн, загаардаан, кулуһуҥҥа хатыыһы хамсаппытынан үтэн, үрүҥ балыгы сибиэһэйдии мииннэнэн иһэн, астына-дуоһуйа сынньанаҕын. Оттон ардыгар булт-булт курдук, мүччүргэннээх да быһылааннарга түбэһии, мэлийии ханна барыай… Биирдэ училищеҕа бииргэ үлэлиир доҕорум Алексей Заровняевы кытта балыктаан, өрүс кумахтаах арыытыгар тахсан, хатыыс үтээри кураанах мас хомуйан батаҥкалаһа сырыттыбыт. Ол сырыттахпытына кытылга тардыбыт оҥочобутун сүүрүк эрийэн, үөскэ дьулурутан эрэр эбит. Биһиги хаһыытаһа түһээт, сүүрэн батыччахтаан кэлэн ууга ыстанан кэбистибит. Сайын сылаас күн буолан, загаардаары таҥаспытын куорпуспутугар хаалларбыппыт. Онон дэриэбинэттэн тэйиччи сытар «необитаемай арыыга» төһө өр сыгынньах сырбалдьыһа, үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэ сылдьарбытын санаан, харса суох түһүннүбүт.

Эбэ сүүрүгэ дохсуна сүрдээх, сүр түргэнник оҥочобутун эрийэ-эрийэ дэллэритэн, кытылтан тэйэн бардыбыт. Аны арыыбыт кутуруга бүтүөхчэ дьирбиилэнэн, нөҥүө өттүгэртас үөспүт биирдэ нэлэйэн, сир-халлаан силбэһэр уутабыдылыйар. Киһим өйүн-өйдөөх ону көрөн ыксаан: «Төннүөх», – диэн үөгүлээт, кытылга төттөрү сабаата. Мин улуу өһөспөр оҥочом кэнниттэн түһүнэн кэбистим.Көрдөхпүнэ, кутуйах хаамыытынан эрэ чугаһыыбын, оттонүс үөстээх улуу эбэ буруулара чөҥөрүһэ-чөҥөрүһэ эриллэн-будуллан, күүспүн-күдэхпин үнтү ытыйан, сэниэм эһиннэр эстэн иһэр.

Төннөр кыах суох, арыыбыт кутуруга кэннибитигэр хаалла, онтон сүүрүгү утары харбаан, халлааҥҥа силлээбиккэ тэҥнээх. Онон оҥочону ситтэххэ эрэ тыыннаах хаалар тыйыс күн-ый тирээн кэллэ. Эбиитин көп эккэ тэп диэбиккэ дылы, үөс диэки эрэһэ долгуннар эппэҥнэһэн, тыын былдьаһыгар иһэр киһини чачатыахча сирэйбэр-харахпар ыһыахтаналлар. Чүөмпэ уу түгэҕиттэн тымныы сүүрээннэр аҥкыллан этим дьар гынар, адарай тиистээх салыҥнаах балыктар атахпыттан хаппаттарын биллэрбин да, дьигиҥнии, дьааххана чомполонобун.

Ити иһэн, училищеҕа дириэктэринэн үлэлээбит Сэмэн Алексеевы – Ууһут Сэмэни санаан ылабын. Туох улуу, сүҥкэн киһитэй доҕоор, бу үлүгэрдээх киэҥ нэлэмэн, будуллар сүүрүктээх эбэни харбаан туораатаҕа. Ылбычча киһи оҥочолоох эрдинэн да туоруурга соруммат, чымаан дойдута. Чахчыта киһи сөҕөр мотуор курдук сүрэхтээх, лыҥкынас былчыҥнарын имиллэҥнэтэн дьулурҕатык харбаан, балыктыы сундулуйар уола хаан диэтэҕиҥ. Киһи киһиттэн ордуга диэн ити буоллаҕа.

Аны Эдьигээҥҥэ үйэтин тухары балыыһаҕа рентгеҥҥэ үлэлээбит Усатинов диэн нуучча оҕонньоро, Уоттаахтан Маабыра тумуһугар диэри, көс кэриҥэ сири өрүс ортотугар сытан эрэ устан кэлэр дииллэрэ. Оҕонньор өссө: «Хайдах баҕар балаһыанньаҕа сыттахпына тимирбэппин. Төһө баҕар устуохпун сөп эрээри, сымыытым тоҥоро бэрт, ол иһин баар суох баайбын тоҥорумаары икки илиибинэн хам тутан баран сытабын», – диэн күллэрбиттээх. Оттон мин оҕо сааһым сүүрүктээх Аллан эбэҕэ чомполонон ааспытын иһин, ууһут аналым суох эбит. Чачайымаары биир кэм айахпын эрэ өрө тутар аатыгар булумахтана иһэбин…

Ити эрэн тыын былдьаһыгар киһи барахсан тугу кыайбатаҕа баарай, кэмниэ кэнэҕэс куорпуспун ситэн, ойоҕоһуттан тутуһан сынньана түстүм уонна туох баар күүспүн түмүнэн, тардынан тахсан, сэниэм эстэн оҥочом түгэҕэр тиэрэ сытынан кэбистим. «Далайым уутугар таҥнаста сытыахпын далаһа кэбиспит» – ыйга-күҥҥэ тэҥнээх абыраллаах оҥочом миигин салгыҥҥа өрө көтөҕөн, наҕыл бэйэлээхтик күөх далайынан талбаара, биэтэҥнии устар, үрдүк мэҥэ күөх халлаан урсунунан тырыбыныы көтөр чаҕыл күн эҕэрдэлии,сылааһынан мичийэ имэрийэр… Оо, олох барахсан кэрэҕин даҕаны… Хайыахпыт баарай, маннык буһуу-хатыы түгэннэртэн мүччү-хаччы түстэхпитинэ биирдэ, олох кэрэтин өйдүүр нойооннор буоллахпыт…

Биирдэ баран эттэххэ, бу киҥкиниир киэҥ куйаар өлөр-тиллэр киһи эрэйдээх кыччыгый олоҕор ымыттыбат, өй-сүрэх айманыытыгар аралдьыйбат, дууһа кыланыытыгар кыһаллыбат улуу дьаалы буоллаҕа эбээт. Ити чыпчылҕан түгэнэ тымныы далайга таҥнастан, ууну кытта уу, быылы кытта быыл буолан симэлийиэхтээх аналбар – кэм-кэрдии өрүһэ уонна тырыбыныыр чаҕыл күн кылаан бэйэлэрэ кыларыйбакка, муҥурун булларбакка устубуттарын курдук устуо этилэр… Биир киһи баар – биир киһи суох… Туох да уларыйыы суох. Оттон кыччыгый киһи дууһатыгар «хаос, набат», үөрүү, хомолто, дьол икки сор икки… Мотуорбун барылаччы собуоттаан арыыбар элээрдэн тиийбитим, Өлөксөйүм үөрүүтүттэн ымайбыт уоһа кулгаахтарыгар тиийиэхчэ, ыйаастыгас харахтара көмөрүнэн сотуллубут сурааһынныы кылдьыыланан, уулааҕынан кылахачыһаллар…  

Күһүөрү сайын тугунуох, сороҕор ньоҕор, сыа балык диэн ааттыыр кырачаан балыктара хото бултаналлар. Эмиэ олус минньигэс. Муҥхаттан хостоон таһааран биэдэрэлэргэ, буочукаларга тууһууллар, сорохтор тута хамсаппытынан туустаах килиэби кытта мотуйаллар… Үчүгэй балык эрээри үөннээх, тута сиэтэххэ илиистик үөскүүр диэн сорохтор сөбүлээбэттэр.

Ити кэнниттэн алтан аалыылаах атырдьах ыйыттан саҕалаан муораттан уомул балык ыы тахсар. Эдьигээннэр ол кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн, баһылык Алексей Мандаров көҕүлээһининэн 2013 сыллаахха ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутатын эбээһинэһин 13 сыл устата чиэстээхтик сүкпүт, Эдьигээн оройуонун исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, стахановец булчут, балыксыт Николай Шемяков төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан – «Путина Заполярье» диэн уомулга анаан балык фестивалын ыыппыттара. Манна үстүүкиһилиээх 11 хамаанда кыттыбытыттан – МЧС, Евсеевтэр дьиэ кэргэн уонна Лииндэ нэһилиэгин баһылыга Николай Антонов хамаандалара уһаарбанан уомуллаан,   бэрээдэк быһыытынан инники миэстэлэри үллэстибиттэрэ, омук мотуордарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаламмыттара.

Уомулу тууһааһыҥҥа, дьуухала оҥоруутугар уопуттаах балыксыт Наталия Охлопкова, Саргылаана Яковлева, Мария Иванова тэҥнээхтэрин булбатахтара. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, фестиваль кэмигэр балыксыт кутаатын иннигэр гитаранан ырыа тэриллибитигэр, «Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуонун» баһылыга Алексей Мандаров бэйэтинэн кыттыбыта. Бу күрэххэ бастакы миэстэни ылбыт Дамир Кузнецов японскай гитаранан наҕараадаламмыта. Ити курдук олохтоохтор уомул балыкка эмиэ дьоһуннаах суолта биэрэн, улахан тэрээһиннэри ыыталлара сиэрдээх. Ол курдук уомул барахсан хоту дойду дьонугар биир күөн туттар, үрүҥ балыктартан биир саамай өлгөмнүк бултанар балыктара. 

Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, биир дьыл уомул олус хойуутук тахсыбыта. Мотуордаах оҥочонон устан истэххэ, куорпуска охсуллар тыастара лап-лаһыгырас. Сыл аайы итинник өлгөмнүк тахсыбат айылгылаах. Оттон онно киэһэриитэ Өлүөнэ өрүһү өрө тахсан, үөһүгэр устугас илимин быраҕан, сүүрүк хоту төттөрү Эдьигээҥҥэр диэри устан кэлэҕин. Илим биир уһуга – ууга устар чүмэчилээх мас дьааһыкка, эбэтэр хараҥаҕа туналыйан көстөр пенопласка баайыллар. Аҥар өттүн оҥочоҕо баайан, куотаары гыннаҕына эрдинэн тэҥнии-тэҥнии, илимҥин сүүрүккэ туора тутан устаҕын. Онно уомуллар кэлэн илимҥэ иҥиннэхтэрин аайы, илим туостугаһа тимирэ-тимирэ күөрэйэр. Сотору-сотору илиммит быатын тутан, элбэх иҥнибитин быһааран, балыктарбытын арааран куорпуска быраҕаттыыбыт, илиммитин көннөрөн биэрэбит.Ардыгар сыалыһар хараара мөлбөйөн кэлэн, илиммитин эрийэн маат-муут буолабыт, ону балачча биликтэһэн арааран, төттөрү ууга ыытабыт.

Уу чуумпу күһүҥҥү хараҥаҕа эбэ уута оҥочоҕо охсуллан чалымныыр, дөрүн-дөрүн балык кутуругунан охсон ааһар, өстүөкүлэ бааҥкатын иһигэр умаппыт чүмэчибит бакен курдук дьиримнии устар. Ырыых-ыраах кыламныыр маягынан сирдэтэн, ыас хараҥаҕа устан иһэбит. Дьокуускайтан убайым Коля балыктыы кэлэригэр аҕалбыткэһиитин, фонарь уотугар куттан иһэбит, хара килиэби кытары тууһаммыт эмис балыгынан сокуускаланабыт,айахпыт хам буолбакка баллыгыраһабыт. Хас илиммитин көрдөхпүт ахсын, куорпуспут иһэ көмүс хатырыктаахбалыгынан тилигириир, хаамар да сирэ суох туолуохча.  Ол аайы Колябыт сөҕөр да сөҕөр.

Ити күннээн-күөнэхтээн иһэн, чөллөркөй куоластаах доҕорбут Михаил Ефимовтан ыллаа диэн көрдөспүппүтүгэр, киһибит соруттарыыта суох: «Из-за острова Буяна, на простор речной волны, выплывают расписные Стенька Разина челны…», – диэн ыллаан эйээртэ. Эр хоһуун эрчимнээх куолаһын дорҕооно эбэ киэҥурсунунан аллараа диэки эҥсиллэн түһэ турда. Киэҥ дуолга көҥүллүк тыынар, сүрэх үөрэр, санаа туолар дьоро киэһэтэ диэн бу буоллаҕа…

Түүн үөһүгэр Эдьигээн уулуссаларын уоттарынан сирдэтэн, чопчу бэйэбит болуохпут турар кытылыгар тиксэбит. Балыктарбытын куулларга хаалаан таһааран сөрүүн болуохха тэлгэтэ кутабыт. Сарсыҥҥы күнүгэр доҕорум Алексей Шадрин көлөөскөлөөх матассыыкылынан бырылатан, балыкпытын, малбытын дьиэбитигэр таста. Онно ардах кэнниттэн чалбаҕынан, бадараанынан бидилийэр, сатыы да киһи ааһара уустуктардаах уулуссаларынан иҥнэл-таҥнал түһэрэ-түһэрэ, көтүтэр да көтүтэр. Иккис кырыныытыгар кэннигэр нэһиилэ кытаахтаһа олорон, куттанан хаһыытаабыппар: «Не ссыы, Маруся! Я Дубровский!» – диэн быара суох ыытта.

Ол тиийэн күнү быһа уомулларбытын астаатыбыт. Онно арааһа, хас төрдүс уомулбут баастаах, үөннээх буолан соһуппута. Ол туһунан  кэлин улуустааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччыта Виктор Ивановтан ыйыппыппар маннык хоруйдаабыта:

– Балык үөнэ ордук уомулга көстөрө баар суол. Итиниэхэ анаан чинчийии, үөрэтии, уопсайынан даҕаны балык саппааһын чопчу билии суох. Манна оччо-бачча балык ыарыылаах диэн этэр кыах суох. Бэйэм санаабар, ити ыарыылар халлаан сылыйбытыттан дэлэйэллэр уонна бэйэ бэйэлэриттэн сыстыһаллар дии саныыбын. Уу киртийиититтэн тахсар диэни кытта соччо сөпсөспөппүн. Ол туоһутунан, Эдьигээҥҥэ биэс сыл устата уу киртийиитин бэрэбиэркэлиир мониторинг ыыппыппыт түмүгэ үчүгэй. Төһө да Дьокуускайтан о. д.а. улахан куораттар, промышленнай бөһүөлэктэр кирдээх ууну куппуттарын иһин, биһиэхэ кэлэригэр биологическай өттүнэн ырааһыран кэлэр. Иһэр уубут ирдэбилгэ эппиэттиир, арай кыратык тимирин састааба элбэх дииллэр. Онон чопчу уу киртийэн балык ыарыыта, үөнэ элбээтэ диир кыах суох.

Дьэ, ити курдук. Онтон биһиги үөннээх уомулларыбырахпыппыт үрдүнэн, мас буочукаттан ордук балыгы тууһаатыбыт. Кыһыл искэҕэ туома улахан бааҕынан. Олору убайбытыгар кыайарынан биэрэн, бэйэбит үллэстэн, дьоммутугар түҥэтэрин түҥэтэн, сороҕун бааҥкаларга кутан тууһаатыбыт. Ити күн киэһэтигэр, үчүгэй кэһиилээх үөрдүбүт-көтүппүт убайбытын сыа-сым курдук тутан, өрүс уҥуор Ампаардаахха кустата таһаара сырыттыбыт. Онон дэлэччи кустаах, балыктаах, олус астыммыт убайбытын теплоходка туустаах балыктаах баахтары, биэдэрэлэри, үрүссээхтэри кытта уган атаардыбыт. Коля кэлин балык элбэҕиттэн бэркиһээн: «Эс, эс, маннык дэлэччи, олус боростуойдук балыктааһын интэриэһинэйэ суох эбит, бөһүөлэк анныгар киирэн, туох да эрэйэ суох олорон эрэ баһан ылыы эбит», – диэн күлбүтэ-салбыта. Хата куска, балык курдук олоруо баара дуо, хааман-сиимэн син тыынын таһаарда быһыылааҕа. Оччолорго Эдьигээн дьоно айахтарыгар уонна аймах-билэ дьонноругар бэрсээри эрэ балыктыыллара. Итиччэ үлүгэрдээх көмүс хатырыктаахтан атыылаан байаары, харса-хабыра суох дэлэччи баһар балыксыттары көрбөтөҕүм. 

Итинник устугаска балыктааһын, мин маҥнай кэллэҕим утаа суох курдуга. Онтон олохтоох нууччалары көрөн, барыүөрэммиттэрэ. Киһи киһиттэн, омук омуктан үчүгэйгэ үөрэнэрэ куруук элбэх уонна кэрэхсэбиллээх. Кыһын сыалыһары күрүчүөгүнэн балыктааһыны эмиэ нууччалар саҕалаабыттар. Онно өлбүт ыты сытытан, быаҕа баайан тимирдэллэр уонна ол тула мустубут мэҥиэлээх күрүчүөгүбыраҕаллар диэн, суостаан-суодаллаан кэпсииллэрэ.Билигин ыты сытыппаттар эрээри, Эдьигээҥҥэ күрүчүөгүнэн дьаныһан балыктааччы элбэх. Аныгы үйэҕэ эҥинэ бэйэлээх туус-тума уонна сыалыһары астааһын үтүмэннээх ырысыаба баарынан, хара балык диэн мырдыҥнаабакка, тылгын быһа ыйыста-ыйыста сиир гына,элбэх бүлүүдэлэри астыыллар уонна… 

Уонна оттон киһи айаҕар ууллар быара сыттаҕа дии, күндүттэн күндүтэ. Дэлэҕэ сахаҕа «сыалыһар быарыныы сылаанньый» диэн амалытан, уоскутан этиэхтэрэ дуо? Кырдьыга да, хайа бэйэлээх киһи этиэхтэн эриэккэс минньигэс, киһи тылыгар ууллан хаалар быары сиэн баран сылаанньыйыа суоҕай. Били эмчиттэр, киһи мэйиитигэр дуоһуйууну ылар киин шоколад сиэтэххэ тупсарын кэриэтэ, айылҕа бэйэтэ айбыт натуральнай сылыһарын быара олус иҥэмтиэлээх, бастыҥтан бастыҥ, минньигэс аһылык эталонун курдук диэн сыанабыллара баар. Онон урут ахсарыллыбат хара балык сыалыһар, аныгы үйэҕэ араас ньыманан сүрдээҕин бултанар. Олортон Өлүөнэ орто тардыытыгар Дьаҥхаада, Алдаҥҥа Уус Таатта, Хара Алдан о. д.а. сэлиэнньэлэр сыалыһардьыттара мууһу аннынан табыллан өксөөннүүллэр, ол эбэтэр быһыттыыллар.

Биирдэ дойдубар Уус Тааттаҕа суруналыыстар десаннара диэн тэрээһиҥҥэ СР суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, саха народнай поэтаИван Мигалкин, кини солбуйааччыта, «Полярная звезда» сурунаал редактора Владислав Доллонов, «Саха» НВК редактора Борис Гоголев, «Арчы» уонна «Саха сирэ» хаһыаттар корреспонденнара Александр Лукин, Гаврил Андросов буолан сырыттахпытына, Алдаҥҥа Михаил Захаров өксөөнүттэн көрдөрөн туран 55 сыалыһары ылбытын сөхпүппүт. Ол сыалыһардары «барытын илдьэ барыҥ» диэн биэрбиттэригэр, «УАЗ» массыынабыт рессората кэдэллэн хаалбыта. Урут 1970-с сылларга сыалыһары Хара Алдаҥҥа эрэ өксөөннүүр буоллахтарына,кэлиҥҥи сылларга ордук хото Уус Тааттаҕа бултууллар. Ону сорохтор Бараайы диэн Дьааҥыттан түһэр таас үрэх, угут дьылга уутун сырыыта уларыйбытынан быһаараллар.

Аны дойду дойду балыксыттара тус-туһунан кистэлэҥнээхтэр, ньымалаахтар. Холобура, Дьаҥхаада нэһилиэгин уопуттаах өксөөнньүтэ Иван Ермолаев ахсынньы ый ортотуттан сыалыһардыылларын кэпсиир. Онуоха өрүскэ уу 1,5-4 миэтэрэ дириҥин булан, муус муннуктуу алларыллар. Туорайа 3-4 миэтэрэлээх хатыҥ щит түһэр гына муннук оҥоһуллар. Ол кэнниттэн балык кэлэн киирэригэр 1,5-2 миэтэрэ усталаах тулаайах щит оҥоһуллар. Балары түһэртээн баран, кытылга диэри хатыҥ щит, быһыт оҥорон бүөлүүллэр эбит. Манна эбэн эттэххэ, Хара Алдаҥҥа хатыҥы сүүрүккэ тыаһыыр диэннэр туттубаттар, өксөөннөрүн титиригинэн оҥороллор.

Сыалыһар кэлэн хатыҥ щиттэргэ иҥнэн кэрийэр, тулаайах щитинэн иһирдьэ киирэр уонна кэннинэн баран тууга киирэр. Тууну муннук щит уонна тулаайах щиттэр икки ардыларыгар угаллар. Сыалыһар туута собо балык туутугар маарынныыр гына муҥха диэлинэн оҥоһуллан баран, икки ураҕаска туттарыллар. Итиннэ эбэн эттэххэ, оҕо сылдьан ойуурга титирик оҥоһуулаах сүүнэ туу сытарын көрөн, бөрөҕө оҥорбут туулара быһыылаах диэн саллыбыппын өйдүүбүн. Онтукам өксөөҥҥө сыалыһарга угар туулара эбит. Билигин ити оннугар чэпчэки, аныгы матырыйаалы туһаналлар. Туу сүүрүккэ тиириллэн, бэйэтэ көнөтүк турар. Тымныы күүскэ түстэҕинэ, сыалыһар хойуутук тахсар эбит. Сабаҕалаатахха кумахтаах сиринэн кытылы кэрийэ устар.  

2014 сылга Дьаҥхаадаҕа биэс-алта биригээдэ тэриллэн сыалыһардаата. Табыллыбыт биригээдэ биир көрүүгэ 60-тан тахсалыы талбыт курдук бөдөҥ  сыалыһары ылан, сезон устата балтараа тыһыынча ахсааҥҥа тиэрдибит. Аны өксөөнньүттэр этэллэринэн, быйылгы сыалыһардар бары бөдөҥнөр, быардара улахан, минньигэс эбит. Ити курдук, аныгы үйэҕэ бу нэһилиэк өксөөнньүттэрин сыалыһара Дьокуускайга тиийэ атыыланан, тымныыга тоҥор-хатар олус  сыралаах көлөһүннэрэ тиллэрэ кэрэхсэбиллээх.

Балыктааһын ньыматын салгыы ахтар буоллахха, Байкал аатырбыт уомулун любитель балыксыттар хайдах балыктыылларын көрбүтүм. Онно хаптаһын оҥоһуулаахкыракый салааскаларыгар күрүчүөктэрин иилэн, кытылы кэрийэ соһоллор. Ол тэриллэрэ утары ылахтаах буолан, кытылтан состоххо үөһүнэн тэҥҥэ уста иһэр. Табыллыбыт күннэригэр балаччаны хаптараллар. Байкал уомулун төһө да аатырдыбыттарын иһин, Өлүөнэ уомулугар холоотоххо кыра, күндүөбэйтэн эрэ ас көбө улахан, чулбугур, амтанынан быдан тиийбэт эбит дии санаабытым. Чэ, ол мөккүөрдээх буолуон сөп эрээри, сахалыы ааҕар дьон бары сөбүлэһиэхтэрэ дии саныыбын. Ити эҥэр үксүн буруонан ыыһаан, тууһаан, араастаан тупсаран тумалаанатыылыыллар эбит этэ. Балык астааһынын технологиятын лаппа баһылаабыт буоланнар, оччотооҕуга Эдьигээн уомулун амсайа илик, аччык аҥардаах устудьуон хортуоппуйу кытта мотуйарбар, күн сиригэр онтон ордукбэртээхэй ас суох этэ.

Уопсайынан, хас биирдии балыксыт балыгы бултааһыҥҥа, астааһыҥҥа бэйэтэ туспа көрүүлэрдээх, философиялаах да диэххэ сөп. Биир оннук олус сэргэх киһинэн, тоҥ балыгы астааһын маастарынан уонна пропагандиһынан Абый ааттааҕа Василий Сорокоумов буолар. Саха сиригэр тоҥбалык уһулуччу миэстэни ылар, тыйыс тымныылаах дойдубутугар олус иҥэмтэлээҕин, туһалааҕын таһынан, аһылык култууратыгар национальнай, чөл аһылык быһыытынан аан дойдуга тиийэ киэҥник биллэр. Онон аҥардас Эдьигээн эрэ балыгынан муҥурдаммакка, Василий Иннокентьевич санааларын «Байанай» араадьыйанан биэриилэргэ, сурунаалга алтыһыы кэмигэр бэлиэтэммиппин билиһиннэриэҕи баҕарыллар:

– Хайа баҕарар дойду, ордук хоту улуустар киэн туттар балыктаахтар. Оттон мин, Абый баай аһылыктаах күөллэрин эмис чыырын туохтааҕар да ордоробун. Маныаха патриот эрэ быһыытынан буолбакка, балык хаачыстыбатын, амтанын туһунан ким баҕарар, төһө да мөккүһүөн сөп. Ол курдук тоҥ балык биһиги сүрэхпитигэр чугас, хас биирдии бырааһынньык «кинитэ» суох барбат.

Аны тоҥ балык – биһиги национальнай, киэн туттар, хоту дойду тыйыс айылҕатыгар олус сөп түбэһэр аһылыкпыт. Бу аһылык култууратын өссө кэҥэтэн, сайыннаран, чөл аһылык быһыытынан өссө күүскэ пропагандалыыр ытык иэспит буолар. Атын омук дьоно ону эмиэ сүрдээҕин биһирииллэр. Мин кыспыт балыкпын ССРС чоҕун промышленноһын миниистирэ Михаил Щадов, РСФСР култууратын миниистирэ Юрий Мелентьев, БАМ тутуутун начальнига Константин Мохортов, «Комсомольская правда» хаһыат кылаабынай редактора Геннадий Селезнев, космонавт Валентин Лебедев, ССРС народнай артыыһа Иосиф Кобзон о. д.а. биллиилээх дьон амсайбыттара, хотугу норуот дириҥүгэстэрдээх аһылыгын култууратын, чөл кутун сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Онон тоҥ балыгы төһө кыалларынан үгүстэ амсайыҥ, доруобуйаҕытын тупсарыныҥ диэн ыҥырабын.

Бастакынан, балыгы кыһыах иннинэ кыһыллар сирин, иһити-хомуоһу уонна сытыы быһаҕы бэлэмнэниллэр. Ол курдук кыһарга аналлаах, халтарыҥныы сылдьыбатын диэн тоҥ мас дуоска, сытыы, ыйааһыннаах улахан соҕус быһахтар, халыҥ ыраас соттор, нэлэгэр иһит уонна биллэн турар туус, биэрэс бэлэмниир ордук. Онтон тоҥ балыгы масдуоскаҕа тутан туран лапчааннарын быһаҕын, тириитин ыраастыыгын уонна кутуругун быспыт кэннэ, муостаҕа чугаһаппаккын. Маннык күндү аспытын тэпсэр муостабытыгар астыырбыт соччото суох дии саныыбын.

Ити кэнниттэн, балыкпыт кыратык ирэ бөһүйбүтүн кэннэ, дьэ, кыһабыт. Маныаха тобукпутугар бэлэмнээбит ыраас таҥаспытын ууран баран, балыкпытын кутуругуттан саҕалаан кыһабыт. Бастакынан, халыҥнык быһыллыбыт балык өрөҕөтүттэн баар дьоҥҥо барыларыгар тута тэҥник быһан үллэриллиэхтээх, тоҥ балык саамай минньигэс өттүттэн кими да матарыллыа суохтаах. Ол баар дьону күндүлүүргэ ытыктабыл бэлиэтэ. Ити кэнниттэн, биир тэҥник кыһыллыбыт тоҥ балыгы нэлэгэр иһиккэ ууран өссөтоҥоруллар уонна сандалыга ууруллар. Балык төбөтүттэн хаалбыт уҥуохтаах сиһиттэн бэртээхэй эмис миин буһарыллар. Онон биир үрүҥ балыктан икки бүлүүдэ астанар.

Кыһарга тоҥ балык соччо табыгаһа суох. Итинник түгэҥҥэ балык бытарыйа сылдьар, биир тэҥ эриллэн тахсар курдук кыһыллыбат. Ол иһин арыый бөһүтэр ордук. Аны балыгы таларгытыгар бөкүнүгүн, төбөтө кыратын көрөр ордук. Сибиэһэй, муус анныгар илиминэн бултаммыт балык хааннаах. Илимтэн арааралларыгар бөлүөхпүт хаана хаары кытта холбуу тоҥор. Билигин атыылаһан, сааскыга диэри сибиэһэйдии хараллар балыгы төһө кыалларынан салгыҥҥа көрдөрүө суохтааххын. Ол иһин урут балыкка ууну кутан эбии тоҥороллоро. Билигин ити оннугар, аска үгүстэ туттуллар, салгыны киллэрбэт пленканан төһө баҕарар бүрүйүөххэ сөп. Оччотугар хойукка диэри тоҥ балык бэйэтин хаачыстыбатын сүтэрбэт. 

Ити курдук Василий Иннокентьевич саргылаах санааларын кэнниттэн, балыктааһын уонна балыгы ас быһыытынанкэпсэппиччэ, Таилаҥҥа 2013 сыллаахха Андамаан муоратыгар балыктаабыппыттан ахтан ааһыым. Бу Таиланд Арҕаа эҥэригэр аҥкыллар, сылы эргиччи сылаас уулаах тропическай муора. Бу эҥэр олохтоохтор аһылыктара үксүн муораттан ылыллар үүнээйилэр, бултанар харамайдар, балыктар. Ол да иһин олохторун укулаата онно сөп түбэһиннэрэн сайдар. Муораны бата олорор дьон быһыытынан, астара-таҥастара барыта изумруднай уулаах байҕал бэлэҕиттэн тутулуктаах. Балыктыырга бэрт дьикти да ньыманы тутталлар. Ол курдук пеликан диэн тумсун анныгар мөһөөччүктээх улахан көтөрү кыра эрдэҕиттэн иитэн, атаҕыттан быалаан, балыгы ыйыстыбатын диэн куолайын хам баайан ыыталлар. Пеликаннар умсан, балыктарын мөһөөччүктэригэр уктан таҕыстахтарын аайы, бултаабыт балыктарын ыла-ыла, эрэйдээхтэри эмиэ оройго саайан умсарга күһэйэллэр дииллэр.

Бачча балыктаах дойдуга кэлбиччэ диэн, балыктыыр уолаттары кытта тутуһан, биир күн хараабылы наймылаһан, Андамаан муоратыгар киирдибит. Урутаан эттэххэ, бу дойдуга саамай бастыҥ, улуу балыксыт эрэ хаптарар балыгынан – хара марлин, парусник диэн ааттыыр балыктара эбит. Бу балык Аан дойдуга хайа да балыктааҕар, бэл дельфиннээҕэр саамай түргэн, сыыспат буоллахпына, өссө чааска сүүсчэкэ биэрэстэ түргэннээхтик айанныыр. Уһуктаах тумустаах, паруһу санатар улахан арҕастаах дьикти балыгы күн киириитэ уонна ордук түүн хаптараллар эбит.

Муора балыктара биһиги үрүҥ эттээх тууччахпытыгар, билбитигэр, хатыыспытыгар быдан тиийбэтэллэр да, арафайм, тунец о. д.а. балыктара олус минньигэстэр, сиикэйдии да араас сашими эҥин оҥорон сиэххэ сөп. Ити күн Тай диэн бэйэтэ кылгатан ааттанар эдэр балыксыппытын уонна капитаммытын кытта, дьоҕус эрээри икки этээстээх хараабылынан көҕөрүмтүйэр муораҕа уһуннубут. Уолбут портан тэйэ түһээппитин кытта, хараабыл икки өттүнэн икки – түөртүү күрүчүөктээх, самолет курдук моһуоннаах дагдатардаах спининнэри уонна эмиэ икки – донка диэн аатырар уу түгэҕинэн соһуллар күрүчүөктэри быраҕан, состорбутунан бардыбыт. Кыһыл дагдатардар эрэһэ долгуннарга күөрэҥнэһэллэр, күммүт чаҕылыччы тыгар. Кыра арыы таһыгар үрүҥ төбөлөөх сүдүкөтөр боруллуо (орлан) – балыгы тэбэн ылаары далбаара көтөр. Хараабылбыт ыраах көстөр арыылар кытылларыгар үөрүнэн көтөр хоптолор, хараҥатыҥы дьүһүннээх фрегаттар диэки туһаайан айанныыр. Дьоммут ити аата онно балык баар диэн ыйаллар.

Балачча айаннаабыт кэннэ биир дагдатарбыт тимис гынар, спиннинг күүстээх тардыыттан имиллэҥнии токуруйар. Биһигини кытта кэлбит эдэр уолбут сүүрэн кэлэн, спиннини хабан ылан, үөрүйэхтик катушкатын эрийбитинэн барар. Ити таһаарыыга тута икки тунец балыгы күлүмүрдэппитинэн соһон ыллыбыт. Барахсаттар кылабачыһан түһэн, чахчы да үрүҥ көмүс курдуктар. Онон кылгас кэм иһигэр тута сэттэ тунеһы утуу-субуу хаптаран, үөрүүбүт улаатта. Эбиэт кэмигэр Тайбыт икки тунеһы тута олус минньигэстик астаан аһатта. Барыта уон киһи онно сөрү-сөп тоттубут. Эбиэттэн киэһэ аара тохтоон, салахай курдук кальмары балайда улахан күрүчүөкпүтүгэр мэҥиэлээн, муора түгэҕэр түһэрэн көрдүбүт да – мэлийдибит.

Хаалбыт биэс тунец балыкпытын илдьэ, бэйэтин аатынан «Дядя Юра» диэн рестораннаах нуучча киһитигэр тиийэн, сибиэһэйдии араастаан буһаттаран астына аһаатыбыт. Ордук сиикэйдии сашими бүлүүдэтин уонна мииннээн буһарбыттарын сөбүлээтим. Этэ кытаанах буолан, ынах этиттэн соччо атына суох курдук. Ити биһиги бултаабыт тунецпыт баара-суоҕа 3-5 киилэ эрэ курдук ыйааһыннаахтар. Тилир курдук олус сэниэлээхтик мөхсөөт, тута хам бараллар. Этэ кыһыллыҥы хараҥа дьүһүннээх. Онтон большеглаз, собакозубый, желтоперый диэн тунец көрүҥнэрэ улахан буолаллар эбит. Маны таһынан, бу эҥэр элагат, дорадо, ставрида-королева, альбакор, королевская испанская скумбрия, ваха, барракуда, ардыгар группер диэн 400 киилэ ыйааһыннаах, барыта 150 көрүҥ муора уонна тууһа суох уу балыктарын бултуохха сөп. Бытархай балык үрдэ суох, тобох аһы бырахтахха кыйма курдук уу үрдэ оргуйа түһэр.

Ити курдук Эдьигээн балыктаах түөлбэтиттэн сэдиптээн, сир-сир аайы, дойду-дойду аайы ураты ньыманан көмүс хатырыктааҕы балыктыылларын көрбүппүн, сип курдук ситиигэ тиһэн сэһэннээтим. Маны сорохтор бастаҕын аайы балыктаах,  ууну булкуйдаҕын аайы көмүс хатырыктааҕы хостуур туох үлүгэрдээх дойдуларын кэпсиир диэхтэрин сөп эрээри, бултуйардааҕар мэлийбитим, кураанаҕы кууспутум өссө элбэх. Ону булт-алт, көтөр-сүүрэр, балык туһунан сэһэним ааҕааччыларын хоргутумаары, хомотумаары, этэргэ дылы, кураанаҕы лахсыйымаары ахтыбатым. Ханныгын да иһин, былыр былыргыттан – Байанайа мичик аллайан өттүк харалаах, илии тутуурдаах эргэнэ хара тыатыттан эргийбит баартаах булчут, Күөх Боллох Тойонуттан күлэ-үөрэ бэриһиннэрэн, көмүс хатырыктааҕы тымтайыгар толору сүкпүт улуу балыксыт, Айылҕа быйаҥыттан тууйаһыгар томточчу үргээбит дьиэрэҥкэйдиир дьэдьэнньит – санаалара көнньүөрэн сэһэргээбит сэргэх сэһэннэрэ,көрдөрө-күлүүлэрэ таһыччы ордуга чуолкай…  

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....