13.05.2023 | 20:52

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Ампаардаахха

Биир саас Эдьигээҥҥэ Саабынап Ньукулай I диэн, биллэҕим аҕата оҕонньору  кытта өрүс уҥуор Ампаардаахха сааһаатыбыт. Ньукулай оччолорго 70-ча сааһыгар сылдьар, хоп курдук туттуулаах, үгүс кэпсээннээх-ипсээннэх, бэрт сымнаҕас майгылаах кырдьаҕас. Эмиэ Бүлүүттэн төрүттээх, кэргэнэ Ырыа Маарыйалыын иллээхтик уһуннук олорбуттара, биэс оҕону атахтарыгар туруорбуттара.Маарыйа да, Ньукулай да үгүс ырыаны-хоһоону, үһүйээннэри-номохтору, норуот фольклорун билбэхтэһэр кырдьаҕастар этэ. Ону оччолорго барытын сурунан, бэлиэтэнэн иһии диэн өй суох буолаахтаатаҕа.

Аны туран, Ньукулай оҕонньор көрдөөҕүн-нардааҕын, дьээбэҕэ-хообоҕо тиллэрин иһин бэркэ сөбүлээн, тапсан сылдьыбыппыт. Оҕонньор илим, муҥха таҥара, сэбин-сэбиргэлин олох дьып-дьап тутан дьаһанара, куруук сүбэлии-амалыы сылдьара. Онон киниэхэ уопут, миэхэ сэниэ баарынан, икки өттүттэн балыкка, булка мааспыт табыллара. Балыкка уһаарбалаан, тууччах төкүнүтэн таһаарарбытыттан астынан, харахтара симириктии сабыллан, үрүҥ тиистэрэ лэчигирээн, күлэн мычырытта турара бу баар курдук… Сэрии сылларыгар эрэйи эҥэринэн тэлбит, Эдьигээҥҥэ Бэстээх бөһүөлэгин тутуутугар  үлэ бөҕөнү үлэлээбит, чахчыта, хоту дойду мындыр, киэҥ-холку кырдьаҕаһа диэтэҕиҥ…

Ньукулайым туох иһин бөһүөлэккэ тэһийбэт, куруук айылҕаҕа тардыстар. Кыһын муус аннынан, сайын өрүс мууһуттан босхолоноотун кытта, бурууларга  хоно-өрүүсытан балыктыыр. Ону таһынан өрүс уҥуор Ампаардаахха баар үүтээнигэр көтөргө сааһыыр уонна күһүүр, сайынкүөлгэ соболуур, өрүскэ уһаарбалыыр. Быйыл даҕаны туруна аҕай сылдьар, миигин ыксатыы бөҕө. Онон уоппускабын ыам ыйыттан ылан, маай бырааһынньыгар Эдьигээн бадарааныгар саппыкылаах барааттаан, сарсыҥҥы күнүгэр хаары баттаһа, уола Баһылай «буранынан» Ампаардаах үүтээнигэр диэри быраҕан биэрдэ.

Сааһыы барар дьон малбыт-салбыт хара баһаам. Бэйи, өрүс эстэн мууһа ыраастаныар диэри манна сытыахтаахпыт. Онуоха диэри цивилизация диэни билбэккэ, сибээс-тайма суох сиригэр, дьоммутуттан ыраах  бэйэбит буруо таһаарынан олоруохтаахпыт. Туох эмэ соһумар түбэлтэҕэ, ыарыйдахха-сүттэххэ кырдьык да, өрүскэ хаайтарыы кэмигэр арбаҕастаах да абыраабат. Онон сэрэнэн, сэрбэнэн, бэйэ кыаҕын билэн сылдьыы ирдэниллэр. Ньукулайымсылдьа үөрүйэх, ол аайы кымаардаммат, дойдутугар барарыттан оҕолуу үөрэн, саҥа булка тахсыһар эдэр ытын Кустугун кууспахтыыр.

Ампаардаахха «буранынан» баран иһэн, хараарбыт сыырга үтүмэннээх туллук түһэн олорорун көрөн, Баһылай чугаһаан, көтөн истэхтэринэ ытан хаалар. Онно уонтан тахса туллук табыллан таммалаабытын ылан, үүтээммитигэр буһаран сиэбиппит, ап-араҕас хоргуннаах ас бастыҥа эбит. Саха оҕолоро барахсаттар, сут-кураан дьылларыгар бултаһыахтарын бултаспыттар. Кыбыыга, далга доҕуурдаан, оччугуй да буоллар иҥэмтэлээх аһынан үссэнэн, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан салҕаннахтара…Ньукулайбыт: «Быйыл туллук эмис, үөрэ хойуу, онон кус эмиэ хойуу буолар ини», – диэн туллугун эмэн сообурҕата олорон сылыктыыр.

Үүтээммит кэрэ бэйэлээх болбуктанан саба үүммүт, мыраан оройугар  турар. Мырааҥҥа ону таһынан бэс, тиит, эҥинэ бэйэлээх талахтар хойуутук үүнэллэр. Олортон киһи эрэ хараҕа хайгыыр үүнээйитэ – болбукта, сыа мас. Бу мас көрүөхтэн эриэккэс көстүүлээх, имэрийдэххэ киһи илиитигэр сөп-сөрүүнүнэн илгийэ, солко таҥастыы сыыйыллар, мип-минньигэстик дыргыйар сыттаахлабаалардаах. Ол лабааларынан булчуттар буолахтарын, балааккаларын олбоҕун оҥостоллор. Аны туран, барахсаныҥ баара, эриэхэлээх мастан кедртан итэҕэһэ суох минньигэс, арыый бытархай эрэ, эриэхэлээх. Эриэхэ үүнэр дьылыгар кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр эрэ буолбакка, олохтоохтор эмиэ сөбүлээн хомуйаллар, хаһааналлар. Оннук дьылга оҥоло, кыра-бөдөҥ көтөрдөр эрэ буолбакка, тыатааҕы эмиэ күннүүр. Эриэхэҕэ уойбут кыыл сыата, этэ ордук минньигэһинэн аатырар.

Биһиги уу нуурал, биир тэҥ чуумпу олохпут күнтэн күн  хотоҕостуу субуллар. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр сир быта буоллаҕа. Баттахпыт уһаан арбайан, тыҥырахпытын быһаҕынан сарбынан, болбукта олбохтоох таба тэллэххэойоҕоспут үөрэнэн, эппит-сииммит сылааска-тымныыгасылгытыйан, син ийэ айылҕабыт былыргытыгар чугаһаан бардыбыт. Бастакы күннэргэ мас мастаан, үүтээни өрөтардан, иһин-таһын илбийэн түбүгүрэбит. Онтон иллэҥсийэн, сарсыарда аайы саабын сүкпүтүнэн, кэтит хайыһарбын кэппитинэн, сири-дойдуну кэрийэ барабын. Тулабар тунаарар хаарга сааскы күн уота чаҕыллар, хайыһардарым улгумнук сырылыыллар, этим-сииним лыҥкынас ыраас салгынтан кычыгылана-кычыгылана уһуктар, ол аайы тэптэ-тэптэ тэбинэн, ыраах сирдэринэн халыһыта дайабын…

Эмиэ хорук тымырбар

Сааскы таммах кутулунна,

Эргичийэр олохпор

Эрэл кыымын сахта… 

Киһи барахсан этэҥҥэ өлүөр, чэгиэн-чэбдик сылдьан, ийэ айылҕа сонунтан сонун, икки атахтаах дэҥҥэ үктэнэр кистэлэҥ муннуктарын сонурҕуу, сүрэхтиин өрүкүйэ үөрэн көрөрө, эриэккэһин баҕаһын. Бу быйылгы сыа хаары икки атахтаах хайыппатах, көмүрүөтүн күрдүргэччи үктээбэтэх. Манна барыта ыраас, манна  тыытыллыбатах айылҕа дьикти нуурал ураты хартыыната, манна кимиэхэ да кэпсэммэтэх оһуор-ойуу остуоруйа…

Мырааммыт кэтэҕэр харах ыларын тухары киэҥ да киэҥалыы туналыйар. Арай бинокулунан тартаран көрдөххө, алыы уһугар турар мырааҥҥа үрдүк вышка мэндэллэн турар. Ити үрдүгэр тахсан, тула өттүн чуҥнаан көрбүт киһи диэн, ымсыыра саныыбын. Ньукулайым кэпсииринэн, сааскы халаан уута бу алыыны барытын толорон,  ити вышка анныгар тиийэ мэндээрэр үһү. Дьэ, Өлүөнэ эбэ барахсан муҥурун булларбат халаанын уута дэлэгэйин көрүөҥ.. Бу үлүгэрдээх, хастыы эмэ көһүнэн аҥаатта сытар дойдуну барытын, уунан толорорун, киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Ол да иһин Аан дойду улуу эбэлэрин ортотугар биир бастакынан ааттаныаххын ааттаннаҕыҥ…

Киэһээ үүтээммэр кырдьык-хордьук сылайан-элэйэн, өттүк харата да суох буолларбын, тайҕа сонуннарын дэлэччи хаһаанан, кыыл-сүөл суолун-ииһин үөрэтэн, үөрэн-көтөн кэлэбин. Оҕонньорум дойдутун сонунун туоһулаһа-туоһулаһа, күөһүн үрдүгэр түһэн аһын тардыбытынан барар: «Ээ, дьэ, дьэ», – дии-дии сэҥээрэн мүчүҥнүүр. Мин кэпсээним сөҕүрүйүүтэ, дьоһуннаах баҕайытык көхсүн этиппэхтиир уонна: «Былыр…» – диэбитинэн барар. Ити аата мантан киэһэ, Ньукулай хааһаҕыттан хостуур сэһэнэ саҕаланнаҕа диэн кэбис…

Үҥкээбил хоһуун, Маҥан ойуун, кыргыс үйэтин быһылааннара, Байанайдаах булт туһунан бииртэн биир сэргэх сэһэннэр сыыйыллан тахсаллар. Оччоҕо бэл кыараҕас үүтээммит тыйаатыр сыанатын курдук кэҥииргэ, сырдыырга дылы, таһырдьа үрүҥ тунал кэйээринэн кэриимнээн кэлбит тыал, хоһууттар хорсун суолларын уруйдуу, тимир оһохпут турбатыгар онолуйа улуйан ааһар.

Төһө да күммүт көрдөр, хаарбыт ууллуохча ууллубакка сытар. Мин ыам ыйын 8 күнүгэр оҕобун ахтан, Эдьигээҥҥэ хайыһарынан киирэн тахсарга былааннанным. Таарыйа  килиэп аҕалыахтаахпын. Кэлбит «бураммыт» суолунан биир барыы, онон муна-тэнэ сылдьартан куттал суох. Баара суоҕа икки көстөн эрэ ордуга дуу. Ону баҕас сүүрэ үөрүйэх, таһаҕаһа суох сулумах сылдьан киһилээбэппин. Аара өрүс арыытыгар тахсыбыт кумахха, хайыһарбын сүгэ-сүгэ, Эдьигээн кытылын буллум. Ууланан эрэр эбит. Онон этэрбэспин устан, оҕонньорум сүбэтинэн сүгэн кэлбит саппыкыбын кэтэн, ууну кэспитинэн, уулусса бадараанын бэллэйдээбитинэн дьиэбэр кэллим.

Сарсыҥҥы күнүгэр килиэптэрбин, икки иһит кэһиибин лөскөччү сүгэн, төннөөрү кэлбитим, эбэ номнуо кытылынан сүүрүгүрдэр ууламмыт. Уһун саппыкыбын тардынан, дьара сиринэн эрийэ-буруйа хааман, нэһиилэ мууска тахсабын. Уҥуоргу арыыга билэр уолаттарым биир хааһы бултуйан,үөрэ олороллоругар түбэһэн, биир иһити хостоон аһатабын. Этэҥҥэ үүтээммэр тиийбитим, оҕонньорум хантан эрэ бэркэ сылайан-элэйэн саҥа кэлэн, таҥаһын да уста илик. Сирэйэ-хараҕа турбут, хараҕа уоттаммыт: «Дьэ, доо, мырааммыт арҕаа кэтэҕин талаҕар сибиэһэй тайах суолун көрдүм. Итиннэ турар. Сарсыҥҥа диэри ханна да барыа суоҕа. Онон сарсыарда тоҥокко эккирэтиэхпит».

Күөс күөстэнэн, чэй өрүнэн аһаатыбыт. Кыайыы күнүн малааһына диэн биир иһиппитин истибит. Оҕоньорум: «Кыркаҕым кыынньар уонна сарсын эрдэ турабыт», – диэн бэрт кыраны истэ, онон иһиппит аҥарын хааллардыбыт. Ити күн араадьыйа истэ-истэ эрдэ утуйдубут. Сарсыҥҥы күнүгэр уоппутун алҕаан, чэйдии охсоот, хайыһардарбытын кэтэн, улуу булка туруннубут. Улахан буулдьа саата суох дьонобут. Онон тозовканы кытта 16-лаах «ИЖ-27Е» саабар сүнньүөх ииттэн, кырдьык-хордьук тииспэр диэри сэбилэнэн, икки саалаахпын. Онтукайдарым окко-маскаиҥнэн сордууллар. Оҕонньорум кыра ыһыктаах уонна эмиэ сүнньүөхтээх 12-лээх саалаах. Бойобуой этэрээппит эрэлэ – эдэр ыппыт Кустук иннибитигэр-кэннибитигэр түһэн иилэҥкэйдэнэр.

Мыраан кэтэҕэр түспүппүт, тайахпыт суола уонна сибиэһэй сааҕа мэктиэтигэр буруолуу сытар. Мин булчут ханнык саабынан доргутарым буолла диэн мунаахсыйан, омуммариккиэннэринэн тэҥҥэ ытыах айылаахпын. Ыраахтан тозовканан, чугас соҕустан сүнньүөҕүнэн ытыахтаахпын син удумаҕалатабын. Ол истэхпитинэ, Кустук – акаары ыт баара, үрэн баргыйбытынан хойуу талахтар диэки ыстанна. Дьэ, доҕоор, талах иһэ биирдэ барчалана түстэ, аарыма лөкөй муостара адаарыйбытынан, алыыга барбакка, ойуур диэки ойуолаан быыратынна.

Биһиги соһуйан, «көмүс сөкүүндэлэри» мүлчү тутан, туран хааллыбыт. Онтон, дьэ, тозовкабын ылан, ыраатан эрэр кыылы ытан «тас» гыннардым. Тайахпыт дириҥ тоҥуу хаартан иҥнибэккэ биир барыы. Ыппыт оҕото эккирэтэн иһэн, төннөн кэллэ. Киксэрэ сатаабыппытын олох батан, иннибитигэр-кэннибитигэр эрэ элэҥниир. Адьарайыҥ баара тайахха анала суох ыт эбит диэн, сиргэ силлээтибит. Санаабыт батарбакка, тиийэн суолун көрбүппүт, кыра хаан тохтубут курдук. Ньукулайым: «Таптарбатах, ыырааҕын хаана», – диэтин кытта, мин кыыл кэнниттэн түһүнэн кэбистим. Тайахпын суоллаан, мырааммыттан тэйдэр тэйэн истим. Тоҥот буолан, кэнникинэн тайаҕым суолугар ыырааҕын хаана хойдон барда. Биир түгэҥҥэ ыраах ырааһыйа саҕатыгар миигин кэтээн турарын көрдүм. Саабын ылаары тохтообуппар, «оччоҕуна эккирэтистэхпит» буоллун диэбиттии, иһирик ойуурга түһэн хаалла.

Киһи түөһүнэн сынар, дириҥ хаардаах ыккый ойууругар кэтит хайыһардаах, биир кэм иҥнэн сордуур, икки саалаах хаамар айаккатын, эппинэн-хааммынан билбэхтэстим. Хаар ириэр диэри сиппэтэхпинэ, куоттарарбын билэр буолан ыксыыбын аҕай. Ол иһэн балачча чугаһаппыппын сэрэйдим. Ойуур саҕатынан тыал типпит сиригэр, муус бүрүөһүннээх тоҥ хаары күөнүгэр диэри тоҕута түһэн кэһэ-кэһэ, чугас соҕус көхсө күрдүргүүрэ, оту-маһы тоҕута барчалыыра иһилиннэ. Мин төһө кыалларынан үүтээним диэки күөйэ кэриэтэ, арҕаа диэкинэн кыһарыйа эккирэтэбин. Онно Ньукулайым утары көрсүө диэн эрэл санаалаахпын.

Кыһалҕатыгар бүгүн күммүт сүр итиинэн чаҕылыччы тыкпыт. Хаар үрдэ сыыйа сымнаан, хайыһарым батарыта түһэрэ элбиир. Биир күөлгэ кэлиибитигэр, кыылым илиннэтэ, үүтээн диэки хайысханан ойон эрэрин көрөн хааллым. Бэрт эрчимнээхтик ойоруттан көрдөххө, табыллыбыт быһыыта суох… Өтөр буолбакка, кыылбыт кэлбит суолбутугар төннөн киирэн, үүтээн диэки түһүнэн кэбистэ. Дьэ, эбэтээ, Ньукулайым утары көрсөн ытар ини диэн, эрэх-турах сананан эккирэтэн истим.

Тайахпыт үүтээммит таһынан, аллараа алыыга түспүт, оҕонньорум суола биһиги суолбутун батан бара турбут. Оо, оҕонньор кыаҕа сүрүн, кэннибититтэн хаалсыбакка эккирэппит. Саатар сылайан, үүтээнин таһыгар хаалбыта буоллар, ытыа эбит диэн кыһыы бөҕөнү кыһыйдым-абардым да, алыыга көрөөйөбүн диэммин, эмиэ кыылым кэнниттэн түһүнэн кэбистим. Ол кэмҥэ хаарбыт сымнаан, эккирэтэн сиппэт турукка киирдибит эрээри, баҕар ыырааҕа ыалдьан, турунуо-хайыа диэн санаа баһыйа тутар.

Алыыга киирэн, бинокулунан таттаран көрө сатаатым да, туох да көстүбэт. Биир кэм сааскы дьэргэлгэн оонньоон, алыы талахтара дьиримнии, дьирбинньиктэнэ олороллор. Сэниэм баарын тухары диэн акаары өһөспөр,  ыраах мырааны көрбүтүнэн, көнөтүк ойор кыылбын суоллаан иһэбин. Анараа вышка туһаайыытынан үрдүк мыраан тэллэҕэр кэлиибэр, кыылым арыый халдьы барда. Мин ыраахтан ымсыыра көрөр вышкабар кэлэн, эмэхтийэн сууллуо диэн бэрэбиэркэлээн, анньыалаан көрөн баран, төһөда куттаннарбын, салыбырыы-салыбырыы үөһэ хатаастабын.

Оксиэ, күндээрэр халлааҥҥа чугаһыыр, түөрт өттүттэн үргүйэр тыаллаах-куустаах мэҥэ үрдэлтэн – тула өттүнүанаара көрүү, ылбычча киһиэхэ тиксибэт үрдүк анал буоллаҕа дуу… Мин ыраахха диэри нэлэһийэр сүдүкөстүүнү көрөн, сүрэхтиин манньыйан, билигин аҕай кыһыйа-абара, айылҕа маанылаах кыылын бултаһаары эккирэтиһэр санаам, сииктии симэлийэр. Бу үлүгэрдээх киҥкиниир киэҥ дуолга, киһи диэн – сир быта буоллаҕа. Кини үөрүүтэ-хомолтото, кыһыйыыта-абарыыта диэхтээн… Бэйэтигэр эрэ иҥэринэр көрүнньүк түгэн. Онтон бу улуу дуол онно эрэ кыһаллыбат дьэбир, үйэлэр тухары уостубат дьиппиэн олохтоох. Ол туран, бинокулбунан болҕойон көрбүтүм, тайаҕым бэрт ыраах сиэлэн тамаһыйан, тус хоту түһэ турда. Чэ, кэбис, миэхэ кыайтарбатах дуолан кыыл көҥүл көрүлүү ой, икки атахтаах хоһууннарга аны түбэһимэ…

Үүтээммэр төннөн иһэн, сылайбыппын билэн бардым. Өлүүтүбэлтэлээх, аны аҥар хайыһарбын тосту үктээн кэбистим. Онон кэлбит суолбунан тостубут хайыһарбын кыбынан, ириэнэх хаарга батарыта түһэ-түһэ, барбахтаабытым кэннэ, Ньукулайым бу утары тиийэн кэллэ. Дьэ, кыах кырдьаҕас диэтэҕиҥ, кэннибититтэн олорсо сылдьыбыт. Ол эрэн сылайбыт-элэйбит көрүҥнээх. Табыллыбатах булпут туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, араас мутук-той булан, чэй өрүннүбүт. Чэй да буолуо дуо, оҕонньорум хатыҥ чаагатын уонна саахара да, арыыта да суох кураанах килиэби аҕалаахтаабыт. Онон былыргылыы үссэннибит. 

Манна сири-дойдуну кэрийэ сылдьан, хатыҥ чаагатын хомуйбутум. Ону доруобуйаҕа туһалаах, искэ-үөскэ, бэл араак ыарыыны боҕутуннарар диэн, чэй оннугар испиппит ыраатта. Итиннэ кэпсээн аһардахха, Баахынайга биир дьахтар куртах араагынан ыалдьан, Дьокуускайга өр сыппытын кэннэ, син биир өрүттүбэт диэн дьиэтигэр ыыппыттар. Дьахтар дойдутугар кэлэн, чэй оннугар наар хатыҥ чаагатын испит. Сылы кыайыа суоҕа диэбит киһилэрэ, үс сылынан муус доруобай Дьокуускайга тиийэн көрдөрбүтүгэр, эмчиттэр соһуйан илиилэрин эрэ нэлэс гыннарбыттар. Аны чаага хара чэйтэн улахан уратыта суох амтаннаах, билбэт киһи араарбат даҕаны. Үүттээн истэххэ, дьырылатан чэй да чэй.

Син аһаабыта буолан, харахпыт сырдаата. Ньукулай тостубут хайыһарбын икки өттүнэн титирик маһынан абырахтаан биэрдэ, онон батарыта түспэккэ, сулбуччу соҕус үүтээммитин булан өрө тыынныбыт. Онтон ыла улахан булка дьорҕойор санаабыт сүтэн, кыра дьон кыра булка сананыахха, ол баҕас «верняк» диэн, кырбас эт кэлэн түһүөхтээх кустаах халлааммытын манаһар аатыгарбардыбыт.

Аҕыйах хоноот сир-дойду күн уотун күүһүттэн тиллэн, уларыйа түстэ. Тула барыта харааран, чылыгыраан барда. Күөлбүт ырбыыланна. Ньукулай илимин үрдүгэр түһэн, ырбыыга илимнээн собо аһылыктана түстүбүт. Мин күн аайы кус көрөөйөбүн диэн, күөлтэн күөлгэ түһэр айааннарынан, кыра үрэхтэринэн кэрийэбин. Ол тухары кус диэннэрин харахтаабатым. Хата андаатар элбэҕиттэн, бөдөҥүттэн сөхтүм.

Ити кыылы Эдьигээҥҥэ аан бастаан 1938 сыллаахха Сыалаах нэһилиэгин территориятыгар 90 устууканы аҕалан ыыппыттар. Кэлин сэрии сылларыгар Куонара, Хатылы нэһилиэктэрин сирдэригэр-уоттарыгар ыыппыттар. 1944 сыллаахха андаатар Өлүөнэ халаанныыр сирдэринэн, күөллэринэн тэнийэн үөскээн, бултааһын көҥүллэммит. Холобура, ити сыл Эдьигээн оройуонугар 1257 андаатар, 15489 тииҥ, 3685 кырынаас, 322 саһыл, 150 киис, 674 кырса, барыта 532518 солк. түүлээх судаарыстыбаҕа туттарыллыбыт. Көстөрүн курдук, андаатар олохтоох күндүтүүлээҕи кытта тэҥҥэ бултанан барбыт. Ньукулай бу кыылы от аһылыктаах, куһаҕаны сиэбэт, онон аас-туор сылларгаүгүс киһини абыраабыта, биир кэмҥэ оннооҕор андаатар былчархайын, ыытын парфюмерияҕа, бука духи оҥороллоругар буолуо, хомуйтара сылдьыбыттара диэн кэпсиир.

Бүгүҥҥү күннээххэ, «Сахабулт» концерн андаатар тириитин хайа баҕар өҥүнэн кырааскалаан, олус тупсаҕай бэргэһэлэри тигэр. Оттон кытайдар обургулар Саха сириттэн сүлүллүбэтэх андаатардары атыылаһар, бэркэ таҥастыыр сурахтара иһиллэр. Кинилэр диэтэх дьон этин бырахпат буолуохтаахтар. «Сахабулт» салайааччыта Никифор Петров андаатар тириитэ ууну-хаары тулуйарынан, ордук Кытай курдук инчэҕэй хаардаах дойдуга ыйытыктаах диэн эппитэ. Онон хоту дэлэгэйдик үөскүүр бу кыыл, төһө да тириитин сыаната чэпчэкитин иһин, билигин да биир сүрүн күндү түүлээхпит.

Хонук хонон истэхпит ахсын, күн аайы лэппиэскэлээн сииргэ арыыбыт, саахарбыт, аҕыйах кэнсиэрбэбит бүтэн, салгымтыалаах собобут эрэ хаалла. Кэлэрбитигэр кэнсиэрбэни ботуччу ылаары гыммыппын, Ньукулайым туран, булчут дьон элээмэлэрэ тугу эмэ булунан эбиниэхпит диэн саҥардыбатаҕа. Онон ыһыкпыт арыый татымсыйан, сонун аспытын – «кынаттаах кырбас эппитин» көрдүүсатыыбын да, биир эмэ көрбүт кустарым ыттарбатылар. Ол иһин тура-тура собобутун араастаан астанан аһыыбыт. Килиэп сиир баҕаттан, хаһан эрэ Ньукулайдаах базаланан кустаабыт күөллэригэр, тыыбынан күнү быһа айаннаан, тиийэ сырыттым. Арай астарын уурунар хаппахчыларыгарүс лиитэрэлээх бааҥка аҥарынан мас арыылаах эбит эрээри, кутуйах түһэн түүтэ арбайан сытар. Мэлийдэхпит ол.     

Соҕордук көрүлүү-нарылыы олорон, оҕонньорум бэс сутукатын сииллэрин кэпсээн, аны ол аһы боруобалыахха, бэс эрэ дэлэй диэн буолла. Тыаҕа тахсан, ыйан биэрбит бэһин кэрдэн, куолбалаан, сүгэн киллэрдим. Хатырыгын хастаан, сутукатын кыһыйдым. Оҕонньорум дириҥник кыһыйыма, сымалата кэлиэ диэбитин истибэккэ, үс киилэлээх миискэҕэ толору тоҕо кыһыйан ыллым.

Аспытын буһаран амсайбыппыт, киһи соччо дураһыйбат аһа эбит. Барыта сымала амтаннаах. Син бырдырҕас, сии сатаабыт киһи сиэх курдук эрээри, аныгы киһи айаҕа туох иһин ылыммат. Өбүгэлэрбит барахсаттар дэлэлээх ыксаан, эбии аһылык оҥостон эрдэхтэрэ. Бука тума-имэ курдук тарга-суоракка буккуйар арыыйда буолуо эрээри… Онон эмиэ биир былыргы сонун аспыт  тоҕулунна. Манна эбэн эттэххэ, былыргылар биир маанылаах астарын – хатыҥчаагатын, куруук аһары хойууну иһэ сырыттахха, сүрэххэ ноҕоруускалаах эбит дии санаатым. Кэнникинэн, истэхпинэ сүрэҕим быллыгырыыр, кэйиэлиир буолуоҕуттан, биллэрдик аччаттым.

Манна быччыкылаах диэн эбэ баар. Ол эбэ быччыкыта адаҕа саҕа улахан, эбиитин молооруччу уойбут, ыыс-араҕас дьүһүннээх, соболортон соболоро, балыктартан балыктара. Ньукулай биирдэ куораттан кэлбит доҕорунаан балыктаабыттар. Онно киһитэ собону көрөн: «Ничего себе Быччыкылаах, ай да быччыкы, всем быччыыкам быччыкы», – диэн күллэрбит. Аны өрүстэн тахсыыга кытылтан чугасэмиэ бэртээхэй соболоох, саас-күһүн умсаах, анды сөбүлээн тохтуур улахан күөлэ баар эбит. Ол күөл кытыытыгар сылын аайы сайылыыр оҕонньордоох эмээхсин өрүскэ уонна күөллэригэр балыктыылларын таһынан, кус бөҕөтүн бултаан, иһин ылан, буочуканан тууһууллара үһү. Биир күһүн ити аарыма күөл уута кытылы тоҕо түһэн алдьатан, өрүскэ көһөн, билигин бэрт кыра уута эрэ оҥойон хаалаахтаабыт. Айылҕа сороҕор итинник соһумар уларытыылары-тэлэритиилэри киллэрэр, баары суох оҥорор, суоҕу баар гынар дьикти айылгылаах.

Биһиги дугда оҥостон, күн аайы күөллэрбитигэр сытабыт эрээри, олох кубус кураанахпыт. Ньукулайым Кыра Ампаардаах диэн атахтаһа сытар күөлгэ ордууланар. Ити сыл ботуруон ирэ-хоро атыыламматаҕа, онон мин 16-лаах саабар хотуобай кур ботуруоннарга эбии, Ньукулай хасааһыттан ылтаһын гильзалары аҕалан, манна кэлэн ииттибитим. Онон сүүс ботуруоннаахпын, өссө икки сүүсчэкэни эбии ииттэр кыахтаахпын. Буораҕым сороҕо дымнай буолан, сыал ытарбытыгар буруо-тараа мааны этэ. Ытан баран, тута таппыккын-таппатаххын көрбөт үлүгэрэ.

Сол курдук таһы-бааччы мэлийэн сырыттахпытына, биир күн хойуу баҕайы инчэҕэй хаар түһэн намылытта. Соҕурууттан сытыы баҕайы тыал үрэн сирилэтэр. Маннык силбиккэ хайдах эрэ сүрэҕэлдьии быһыытыйбыппын көрөн, Ньукулайым: «Дьэ, доор, бүгүн арааһа көтөр айанныыр күнэ үүннэ. Ытарбыт буолуо, ботуруоҥҥун барытын илдьэ бар», – диэн сүбэлээтэ. Баччааҥҥа диэри мэлийбит, кус диэҥҥэ оччойо илик киһи, испэр соччо итэҕэйбэтим эрээри, 80-ча ботуруону ылан, аллаах тыыбынан уҥуор дугдабар таҕыстым. Улахан Ампаардаах муустаах уута долгуннанан, тыыга сэрэхтэммит. Истээх таҥаһы курдаттыы саайар тымныы тыала, силбигэ сүрдээх.

Тиийэн дугдабын бириһиэнинэн сабынным. Бу эҥэр сорохтор дугданы сэһээккэ дииллэр. Бука нууччалыызасидка диэн тылтан үөскээтэҕэ. Уопсайынан Эдьигээҥҥэ нууччалар, сахалар, эбэҥкилэр ахсааннара тэҥ, 30-лыы бырыһыаны ылаллар. Онон үс тыл буккуһуута, бэйэ бэйэни ситэрсиитэ булт-алт терминнэригэр балачча көстөр. Күөрэтиини нууччалыыттан ньолотуу (на лету) дииллэр.

Дугданы дойду сирин курдук хапытаалынайдык туттубаттар. Дойдуга алаас сирдэргэ бэл сири хаһан, ампаардаан, оһохтоон тутар буоллахтарына, манна хайдах эрэ сир-дойду түргэнник быһыытын-таһаатын уларытар, уларыйар. Онон да буолуо, сыл аайы биир сиргэ хапытаалынайдык дугда туттубакка, аҕыйах хонукка олорорго диэн, иннилэригэр эрэ талаҕы эрийэн, мөчөкөлөөн, хаки өҥнөөх бириһиэн курткаларын саба тардынан, аһаҕас халлаан анныгар сааларын кууһан олороллор. Биирдэ эмэ дьоҕойон, уһуннук олороору гыннахтарына араамалаан, каркаастаан бириһиэнинэн бүрүйэллэр. Үчүгэйэ диэн хайаан даҕаны, тугунан да солбуллубат, үтүөкэннээх таба тириитэ тэллэхтэнэҕин.Тоҥуу хаарга да бырахтахха, аллараттан үргүөр үргүйүөдиэн саараама, бэрт ичигэстик утуйуохха сөп.

Дугдабар истээх ыстааммын, кыһыҥҥы соммун догдоччукэппитим үрдүнэн, курдаттыы үрэр тыалга тоҥон, ибигирии олордум. Хайыаҥ баарай, хас биирдии саха эр киһитэ саас аайы ыалдьар таарымтата миэхэ эмиэ киирэн, бу бабыгырыы олордоҕум. Маннык муустаах уу уорааныгар төһө да тоҥноргун-хаттаргын, устар түүн устата хараҕы тымныппакка кураанах халлааны кэтээн,  чөкчөҥө-былдьырыыт саҥатын истэн, куула тыатыгар куртуйахтар куллугураһалларын сэргээн, хас биирдии этиҥ сааһынан улуу куйаар сорҕото буоларгын билинэн, чэпчээн, ырааһыран кэлэҕин. Бу буолар, ханнык да бэйэлээх сааһыт саас аайы умса-төннө айылҕаҕа тардыһыытын – улууканнаах таабырына, кистэлэҥэ…

Тулабар биир кэм куугунуур тыал, сипсийэр инчэҕэй хаар быыһынан кус кынатын тыаһын истээйэмий диэн чөрөҥөлүү олоробун. Ол олордохпуна, дьэ, саҕаланна эбээт. Ханна эрэ хаайтара сыппыт кус хара былыттыы көттө. Дьиктитэ диэн, кураанах кустары сэргэ уу кустара умсаах баһылыктаах тоҕо анньан кэллилэр. Сүрэҕим айахпар тахсыар диэри долгуйан, тоҥон бабыгыраабытым сонно сүтэн, мончууктарбар быыһа суох кэлэн түһэр кустары,ытыалаан түптэлээн бардым. Бастакы ытыыларбар уонтан тахса куһу тэллэччи биэрдим. Бэрт ыксалынан киирэнхомуйа сырыттахпына, аны  андылар кэлэн, үрдүбэр түһүөхчэ сабардаан соһуттулар. Эппэҥнэс долгуҥҥа түөрэҥкэй тыыбар олордорбун да, иккитэ субурутан, биир андыны түһэрдим. Онтукам тыыбын сыыра-халты түһэн, ол долгунугар дуу, үрдүбэр түһэн эрэриттэн аһараары мөхсүбүтүм дуу, ууну бастаран ыллым. Бука арааһа муустаах ууга истээх ыстааннаах, сонноох, уһун остоох саппыкылаах төһө харбыам эбитэ буолла…

Кытыыга тахсан дугдабар олоруохпар диэри, кэлбит кустары хаста да ыттым. Олох куттаммакка, көрдөрбүтүнэн кэлэн түһэллэр. Өлбүт кустарбын хомуйар бокуой биэрбэккэ, быыстала суох кэлэллэр. Хоһулата-хоһулата ытан тиҥийии. Бааһыран саһара саһар, сүтэрэ сүтэр быһыылаах. Ардыгар дымнай буорахтаах ботуруоннарым буруолаан-тараалаан, кустарбын көрдөрбөккө, түптэлэнэ аҕай олордум. Кулгааҕым уһугунан иһиттэхпинэ, Ньукулайым эмиэ ытан тиҥиргэтии бөҕө. Элбэх ытыыга саа итийэр диэни онно билбитим. Били омуннаах булчут саатын ууга уган, сойута-сойута ытарын, итэҕэйиэх да курдукпун.

Ол ытыыга хас эмэ сыллааҕы кур ботуруоннарым сорохторо, саам уоһун иннигэр силлээн кэбиһэн, кыһыппыттара. Ытан субуруҥната олорон, биирдэ өйдөммүтүм, ботуруонум бүппүт. Баара суоҕа чааһы кыайбат эрэ кэм иһигэр ыппыппын. Хайыахпыный, кэлэн түһээри элиэтиир кустары үргүтэ-үргүтэ, сорох кустарбын хомуйаат, уҥуор ботуруон ылаары  эрдинэн куйаартым. Кэлбитим, оҕонньорум үүтээнигэр холку бэйэлээхтик чэй өрө сылдьар. Мин омуннурбут сирэйбин-харахпын көрөөт,уоскутардыы: «Дьэ, куһу кыайдыҥ быһыылаах, мин сүүрбэ түөрт кустаахпын. Эмиэ ботуруонум бүтэн таҕыстым. Ычча, тымныыта да бэрт. Ыл, чэйдиэххэ, ыксаама. Кус мантан саас куотуо суоҕа», – дии-дии оһоҕун тула мөхсөр.

Онуоха хаһан да түбэспэтэхпэр түбэспит киһи, өссө дауоскуйан биэрбэккэ өрө уһуутуу-уһуутуу, кэпсээн өрөпөөннөнөбүн, сылаас чэйбин сыпсырыйабын. Үүтээммит аанынан эбэбитин көрө олордохпутуна, кустар син биир көтөллөр. Ылыахпытын ылбыт дьон арыый холкутаан, тоҥмуппутун таһаарына ирэ-хоро чэйдээн, дугдабытыгар киириэхпитигэр диэри, хаардаах өксүөммүт эмискэ тохтоото. Мин хаалбыт сүүрбэ ботуруоммун ылан, эмиэ төһө эрэ ытабын дии саныы-саныы, тиэтэйбитэ буолан киирбитим, арай тулам тугу барытын мэлдьэһэрдии уу-чуумпу. Харах ыларын тухары биир да кус көтөрө көстүбэт. Дьэ, ханныгын да иһин дьикти күн ааста доҕоор. Баарыан хаалларбыт кустарбын хомуйан, сааскы уорааннаах түүн ала кулуну төрөтөн олорбохтуу түһээт, үүтээммэр тахсабын.

Оҕонньорум номнуо кэлэн, утуйа сытар. Кырдьаҕас киһи тоҥон-хатан сылайаахтаатаҕа. Бүгүн бултуйбут кустарбын, андыбын тэлгэтэн, ааҕан көрбүтүм, 77 ахсааны таһыйда. Оксиэ, оччотугар үс эрэ ботуруон аска ытыллыбатах. Кэбис, уопута суох сааһыкка бэртээхэй көрдөрүү диэн, астыныы бөҕөнү астынным, үөрүү бөҕөнү үөрдүм. Кусчукка маннык дьоллоох түгэн үйэтигэр биирдэ эмэ тосхойон эрдэҕэ.Харахпар биир кэм көтөн суһугуратан, мончууктарбар түһэн эрэр кустары көрө-көрө, таба тэллэх үрдүгэр утуйар мөһөөччүкпэр киирэн, минньигэс бэйэлээхтик утуйан буккураан хааллым.

Сарсыҥҥы күммүт кус үргээһинтэн саҕаланна. Икки эмис бэйэлээх тыйааҕы  быргыччы буһаран, мииннэри-оттору охсон кэбистибит. Ити күн ботуруон ииттинэн, тэринэн, киэһэлик эмиэ дугдабытыгар киирдибит. Бу сырыыга кус көппөтө. Арай үс куоҕас кэлэн түстэ. Бу көтөрдөр бөҕөлөрүнэн аатыраллар. Тыын сирин буллардахха эрэ бултуйаҕын. Онон хайдах үһүөннэрин налыччы кыҥаан ылабын диэн, уустук толкуйга түстүм. Куоҕастарым хоһулаһан биэрбэккэ, умсаахтыы сырыттылар. Ол олорон, иккитэ умсаатын кытта, хаалбыт куоҕаһы хаптаччы ыттым. Доҕотторо умсан таҕыстылар уонна тэһииркээбит быһыылара суох, эмиэ умсаахтыы сырыттылар. Биирдэрэ умсарыгар түбэһиннэрэн, аны иккис куоҕаспын олордьу кыҥаан саайдым. Бу сырыыга үһүс куоҕас тугу эрэ сибикилээн тута чолос гыммытын, тутуу былдьаһан, иккис уоспунан ыттым. Куоҕаһым таптарда эрээри, эмиэ умсан хаалла. Онтукайбын дьарык оҥостон, тыыбынан эккирэтэ сылдьан, хаста эмэ сэриилээн син иннин ыллым.

Ити күнтэн ыла, күнүс тыыбынан үрэхтэри, айааннары, быстарыылары  кэрийэн кустуубун, түүнүгэр дугдабар хонобун. Онон сорох күн мунньан-тараан син уончалыы кустанабын. Биирдэ үрэҕинэн эрдинэн элээрдэн иһэммин, ойоҕоспор кус-хаас айманар саҥатын, кубалар хаһыытаан лоҥкунаталларын иһиттим. Тыыбын ыркый ойуур быыһынан кыбылла-кыбылла соспутунан, алаадьы курдук төгүрүк күөлгэ киирэн кэллим. Күөлүм анараа саҕатыгар икки кэрэ бэйэлээх куба уста сылдьар. Сэргээммин көрөолордохпуна, сотору сотору кынаттарын сараппытынан, халҕаһалыы уста сылдьар кустарга боотургууллар, туохтан эрэ көҥөнөн үүрэ сатыыр курдуктар.

Балачча көрбөхтүү түһэн баран, аргыый тыыбын киллэрэн, кустарга үөмтэрэн бардым. Тыыбар хаптайыахпынан хаптайан чугаһаан истэхпинэ, кубаларым хаһыытаан лоҥкуната лоҥкуната, сүр тыастаахтык кынаттарын даллаахтаабытынан, уу кырсынан аттыбынан лаһырҕаччы сүүрэн, өрө дайан таҕыстылар. Оччо үлүгэргэ олоруохтара баара дуо, кустарым ыраахтан тилигирии көппүттэрэ эрэ баар.

Баҕар биир эмэ кус хаалбыта буолаарай диэн кэрийэ сылдьан, андаатар оргулун курдук өрө үллүбүтүдьиктиргээн, өҥөс гыммытым, түөрт бөдөҥ бэйэлээх сымыыт сытар. Соһуйдум. Ээ, кубалар барахсаттар ол иһин уйаларыттан көҥөнөн кустары үүртэлии сырыттахтара. Уйаларын араас отунан-маһынан хайан, былыыгынан сыбаан, олус да бэркэ оҥороллор эбит. Туох да ордук-хоһу суох, ып-ыраас, төп-төгүрүк. Айылҕа маанылаах көтөрдөрө уйаларын аттыттан ырааппакка, эргийэ сылдьалларын уйгуурдумаары, күөлбүттэн тахсарга тиэтэйэбин. Сааһыт буолан, айылҕа биир дьиктитин көрдөҕүм ити…

Биһиги дьонтон-сэргэттэн тэйбиппит ыраатан, сылгытыйан, хаһан эбэбит эстэн, мууһа ыраастанан, дьоммут кэлэллэрин сэмээр кэтэһэбит. Сатахха араадьыйабыт батареята олорон, аан дойдуга туох буола турарын билиэхтээҕэр, аттыбытыгар Өлүөнэ эбэ хаһан эстэрин да билии суох. Биир сарсыарда уһуктубуппут, уу бөҕө мырааммыт ортотугар диэри аспыт, эбэ диэки муус устар тыаһа ньирилээн сүрдээх. Оҕонньор эппитин курдук, уу туох баар аттынааҕы күөллэри биир байҕал оҥорон, талахтары баҕастары тимирдэн, мырааммытын эргийэн кэбиспит. Хата тыыбытын эрдэттэн сэрэхэдийэн, өрө таһаарбыппыт. 

Маннык байҕал курдук уу элбэҕэр куһу табан ытар уустук. Син көтөллөр эрээри, чопчу кэлэн эйиэхэ ыттарыахтара диэн саараама даҕаны. Кый үөһэнэн көтөн ааһааччы хойуу. Онон үксүн харахпытын эрэ сымнатабыт. Дөрүн-дөрүн,күөл түгэҕэр хаалбыт муус көһөҥө тыаһаан-ууһаан, көтөҕүллэн үллэх гынар, сүүрүккэ талбаарбытынан, төбөлөрө эрэ быгар талахтары үнтү барчалыыр.

Эбэ эстибитэ үһүс хонугар, Ньукулай уола Саабынап Сааска, күтүөттэрэ, мин доҕорум Алексей Саадырын мотуордаах икки куорпуһунан элээрдэн кэлэллэр. Мин дьоммун ахтыбыт киһи тута дьиэбэр да барыах курдукпун эрээри, саҥа айылҕаҕа тахсыбыт дьон кустуур, бултуур баҕалара сүрдээх. Сааска саҥаран-иҥэрэн, туран-олорон бэрт сытыы хоһуун. Спортсмен, волейболист бэрдэ. Алексей туһунан этэ да барыллыбат – наартаны үрдүнэн ойууга спорт маастара, хапсаҕайдьыт, физкультура учуутала. Бачча үлүгэрдээх дьон кэлбиттэрин кэннэ сир аһатан, кэһиилэриттэн ырҕаччы аһаан, ахтылҕаннаах килиэппин мотурҕатан, мырааммыт кумаҕар атах оонньуутугар, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар хаадьылаһа-хаадьылаһа күрэхтэһэн ыллыбыт. Үксүгэр мин хоттордумэрээри, тылбынан баҕас баһыйтарбаппын…

Итиччэ мотуордаах дьон, киэһэлик икки аҥы хайдан, талах быыһынан сүүрдэ сылдьан кустаатыбыт. Мин Өлөксөйдүүн сылдьабын. Саҥа сибиэһэй киһи диэх курдук, уол үөрүйэхтик от-мас быыһынан киирэ-тахса элээрдэрэ, харса суоҕа, мотуорун ыытан да иһэн ытара бэргэнэ сүрдээх. Ити курдук кустаан, дьоммут өрөбүллэригэр кэлбит буолан, икки хоноот хомунан, үгүөрү бултаах  үөрэ-көтө дьиэбитин быстыбыт.

Аара талахтарынан быһа сүүрдэн иһэн, мотуорбут биинтэтин шпонкатын быһа оҕустаран оҥоһуннубут. Онно талахтан тутуһа олордохпуна, армияттан илдьэ кэлбит, аатырар командирскай чаһым тимир браслета төлө баран, ууга «чол» гынан хаалла. Харыһыйбытым иһин хайыахпыный, соччо эрэммэтэрбин да, Ньукулай сүбэтинэн тутуһан турар талаҕым төбөтүгэр, целлофан пакеты бэркэ кичэйэн баайан кэбистим. Ол талахпын  күһүн кустуу сылдьан, өрө хантайан, пакеппынан булан ыллым уонна төрдүгэр былыыгы, сэбирдэҕи тарыйан, чаһыбын кылабачытан таһаардым.

Үөрүөм иһин, чаһым собуоттааппын кытары тута тыһырҕаабытынан, секундомера сүүрээхтээбитинэн барда.Үөрбүтүм, соһуйбутум уонна Сэбиэскэй Сойууска чаһыны бэркэ да оҥороллор эбит диэн санааҕа кэлбитим. Хомойуох иһин, ити сыл Сойуус эстиитин кэми-кэрдиини чуолкайдык быһаарар, бөҕө чаһы да абыраабатаҕа, барыта үнтүсотуллан, история чүөмпэтигэр былыыгынан бүрүллэ хаалбыта… Онтон биһиэхэ ол күн ахтылҕаннаах дьоммутугар тиийэн, эмис куһунан эмсэхтэнэр дьоро киэһэ тосхойбута – дьиэ кэргэммит биир дьоллоох түгэнэ этэ…

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...