12.05.2023 | 20:16

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-cэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Сыалаахха

Хоту дойду хатан тымныылаах хаппахчытыгар туман суорҕанынан сууламмыт күн уһуктаары, ыраах саҕахха дьолтойо кытарбыт хараҕынан симиктик кылатан, тыыллаҥнаан, бастакы сардаҥаларын ыспахтыыра – олус да күндү, кэтэһиилээх. Ол кэнниттэн хайдах эрэ:

Тоһуттар тымныыга кэрэ кыыс хаамара

Тобугар охсуллар суһуоҕа хамсыыра,

Тумаҥҥа сууламмыт иэдэһэ кыыһара

Тырымныыр хараҕа дьоллоохтук күлэрэ, – диэх курдук, сир-дойду кэрэ кыыс сырдык мөссүөнүгэр тапталынан угуттанауһуктар, чугдааннаах тумарыктан босхолонор, үтүөкэннээхкэмнэрэ үүнэллэр. Чаҕыллар чаҕылхай саас сыыйа кимтэр кимэн, хаһан да уһуктуо суох айылаах үрүҥ тунал тулааһыннаах дойдуга былааһы ылан, бэйэтин сокуонун олохтообутунан барар. Чоҕунан оттуллар хочуолларкыһыннары өһөх хара буруоларын таммалаппыт курунньуктарыгар күн сылаас сардаҥата иҥэн, хаар үрдэ хараара сымныыр, дьиэлэр сарайдарыттан бастакы таммахтар тохтон иһэн, чопчулана тоҥоллор.

Ол дьикти саас Эдьигээҥҥэ республика Хотугу улуустарын спартакиадаларын сэргэ, таба бырааһынньыга буолла. Барыта аҕыс улуус хамаандата кэллэ. Онно эрдэттэн бэлэмнэнэн, «Эдьигээн» сопхуос хамаандатыгар киирэн, саҥа «буран» суолугар батарыта түһэ-түһэ, үс биэрэстэни ураҕастаах сүүрүүгэ 9 мүн. 43 сөк. кэлэн,утарылаһааччыларбын ырааҕынан быраҕан бастаатым. Хамаанданан комбинированнай эстафетаҕа уонна туут хайыһарынан сырсыыга эмиэ бастаатыбыт. Кэлин эмиэ итинник күрэхтэһиилэргэ ураҕастаах сүүрүүгэ бастаталыы сылдьыбытым. Оттон ити күн бириис быһыытынанмузыкальнай киин диэн, бэйэтэ араадьыйалаах, магнитофоннаах, пластинканы тыаһатар, кыра остуолга баппат икки динамиктаах тэрили, киирии ааҥҥа турар мебэли, кырса бэргэһэни о. д.а бириистэри «буран» сыарҕатыгар лөскөччү тиэйэн аҕалбытым. Ол музыкальнай киини туһамматаҕым, ити сыл кыра эрээри быдан хаачыстыбалаах тэриллэр кэлэннэр, пластинка үйэтэ ааһан, тута морально кырдьаахтаабыта. Хата ол күн, кэнсиэрдии кэлбит Аскалон Павловы уонна Анастасия Готовцеваны дьиэбэр ыалдьыттатан, бэркэ тапсан кэпсэтэн, ыллаан-туойан хоммуппут.

Таба бырааһынньыгар кынаттаах табалар быыратта ойоллорун, эбэҥкилэр кэрэ бэйэлээх национальнай таҥастарын-саптарын, ырыаларын, һээдьэлэрин сэҥээрэ көрбүтүм, астарын-үөллэрин астына амсайбытым. Оҕолуун-уруулун мустан, ыраах ыстаадалартан кэлбит табаһыт дьоннорун кытта бэрт көхтөөхтүк бииргэ бырааһынньыктыылларыттан сөхпүтүм. Табаһыттар бу сылга биирдэ бөһүөлэккэ киирэр дьоро күннэрэ. Онон кэһии буолан кэлбит таба, булт-алт аһа-үөлэ дэлэччи тардыллар, үөрүү-көтүү оройо аһыллар.

Ити саас эрдэттэн тэринэн, биллэхтэрим Куочугу уонна Баасканы, ыалбыт Сэлэпиэнтэп Уйбааны кытта ыраах уҥуор сытар, Сыалаах диэн эбэҕэ андылыы бараары сүпсүгүрүүбөҕө. Барыахпыт аҕай иннинэ, Дьокуускайтан күтүөппүн Киэсэни, «аһаан-сиэн буккулунна» диэн сыылкаҕа кэриэтэ ыыттылар. Хата киһибит сакааһынан ботуруон аҕалбытын таһынан, «мин испэппин, бу эһиэхэ» диэн аҕыйах иһит буокка, ыһыкка диэн халбаһыы уонна кэнсиэрбэ кэһиилэнэн,  хамаандаҕа тута бэйэ киһитэ буола түстэ. Онуоха эбии, кирик-хорук туттан соччо-бачча сааламматаҕын билинэн – дьээбэлээн-хооболоон тыыммытын таһаарар ылгын уолбут, этэргэ дылы «душа народа» буолла.

Эбэбит уута мууһуттан ырааһыран, халааннаан, харах ыларын тухары мэндээрбит эрээри, кытылларыгар, быстарыыларыгар симиллибит, хайа саҕа муустара ууллубакка, лиҥкинэһэ сыталлар. Бу эҥэр соһулла сылдьар сыарҕа, эбэтэр көлүөһэ үрдүгэр олордуллубут, мотуордарын, илимнэрин, сэптэрин-сэбиргэллэрин харайарга аналлаах ампаардарын болуох диэн ааттыыллар. Онон сырыы аайы ыраах дьиэҕэ таһаарбакка, болуохха угаллар. Өскөтө дойду сиригэр эр дьон гарааһы иккис дьиэлэринэн ааттыыр буоллахтарына, манна болуоҕу иккис дьиэнэн ааттыыллар.

Болуохха булчуттар бултуу-алтыы барыах иннинэ түмсэн, булт туһунан санаа атастаһаллар, ханна көтөр таппытын, хастаах илиминэн хайа диэки тугу балыктыахха сөбүн, тыал хайа диэкиттэн үрэрин барытын кэпсэтэллэр. Ол быыһыгар баҕар биир эмэ булчут үөһэ тэстэн, кыра астааҕыттан күндүлүөҕэ, ким эрэ ботуруона аҕыйах буоллаҕына бэрсиэҕэ, илимин уларсыаҕа. Чэ, быһата бултуу барарга стратегия оҥоһуллар ыстаап, бултаан кэллэххэ түмүгүтуомтуур туочука, ардыгар дьиэлээх хотокулартан сынньана таарыйа салгын сиир,  «сылаа» таһаарар абыраллаах бүөм сир.

Кэмниэ-кэнэҕэс биһиги малбытын-салбытын толору тэринэн, хаста да кырынан таһан, кытылга олорон эбэбитин суолтатыгар аһаттыбыт уонна икки мотуордаах оҥочонон сүүрүгү өксөйө түһүнэн кэбистибит. Күммүт уота сырылатан-сырбатан тыгар да тыгар, оҥочолорбут үөрэ-көтө дайаллар да дайаллар. Кый үөһэнэн айан хаастара тус хоту хотоҕостуу субуллаллар, томточчу туолан килэйбит эбэ уута, эрэһэ былыттардаах күөх халлааны тимирдибитин мэлдьэһэн, мэндээриччи көрөр. Дьулусхан модун сүүрүгүн буруулара эриллэ чөҥөрүйбүтүнэн кэлэн, дьурулатан иһэр ылтаһын оҥочобутун илигирэтэн, хайбас гына охсон ааһаллар. Ыраах кытыллар, аата ахса суох арыылар, сир-халлаанныын ыпсар кирбиилэрэ буолан, сааскы дьэргэлгэҥҥэ дьураалана  дьиримнэһэллэр.

Балачча айанаабыппыт кэннэ, бука бөх-сыыс киирдэҕэ, биир мотуорбут сойутар уутун ыһара быһынна. Онон бэтэрээ үрдүк мырааннардаах кытылга тохтоотубут. Моториспыт Уйбаан оҥостор кэмигэр, тыалтан хаххаланар сири булан, кулуһуҥҥа чэй өрүннүбүт. Хата сэппит алдьаммытын оҥоро охсон, күө-дьаа чэйдээтибит. Ол олорон, куорат уолугар Киэсэҕэ 16-лаах биир уостаах саатынан хайдах ытарын сүбэлиибит. Бу кус сезона тирээн кэлбитигэр, ити да саа көстүбүтүгэр баһыыба диэн буолта. Киһибит кыҥаан көрөн баран: «Хайа, бырысыала олох көстүбэт», – диэтэ.

Онуоха мин хап-сабар алюминий боробулуохатын булан, куруускаҕа төгүрүтэн, онно кириэстээн, били салгын аалларын ытыалыыр зениткэ бырысыалын курдук оҥорон, киһим саатыгар болточчу кэлгийдим: «Дьэ, доо, ити хайа туруору сирэйин ытан көр, олох сыыспатыҥ буолуо», – диэтим,  күлээри ыгыста олорор дьоммор кэннибинэн сутурукпун көрдөрөбүн. Киһим кырдьык-хордьук саатын ылан, биэс уонча миэтэрэҕэ багдаллан турар хайа кумахтаах сирэйин, илиитэ салҕалыы-салҕалыы хамсалаах табах быстыҥа кыҥаан, ытан «дор» гыннарар. Хайа сирэйин кумаҕа курулуу тохтор. Биһиги хайҕаабыта буолан: «Таптаа, тапта», – диэн хаһыытаһа түһэбит. Киһибит саатын хайгыыр: «Бэркэ тэбэр эбит», – дии-дии, кэтэҕин имэриммэхтиир. Арай Баһылай бэркиһээтэҕэ: «Сүрэ бэрт», – диэн мин бооччойбут бырысыалбын тууран быраҕар, хайдах кыҥыырга үөрэтэр.

Айаммытын салҕаан, эбэни уҥуордатан иһэн, утары көтөн кэлбит хаастартан, биирдэрин күөрэтэн түһэрэн, үөрүүбүт улаатар. Анараа кытыл харыйаларын быыһынан, арыы талахтар үрдүлэринэн уу бөҕө харылаччы сүүрүгүрдэр. Онно анньыллан турар муустары быыстарынан айаннаан истэхпитинэ, ууга хаайтарбыт куобахтар маҥхаҥнаһыы бөҕө. Тоҥон ибигирэһэ олорор куобахтары Мазай оҕонньор курдук оҥочоҕо киллэрээри чугаһаатахпытына, муустаах тымныы ууга ыстанан кэбиһэллэр уонна харылыы уста сытар сүүрүк бурууларыгар тимирэ-тимирэ бараахтыыллар.

Оо, айылҕа ардыгар тыйыс да сокуоннаах. Бу муус үрдүгэр олорор куобахтар бары өлөр дьылҕаланнахтара. Эбэ уута уонча хонук иһигэр чугас эргин кураанах сири туран биэрэр санаата суох. Онуоха диэри сорохтор сааскы үгдэккэй тыалга үрдэрэн, сорохтор сиэмэх көтөр аһылыга буолан, сорохтор олорор муустарын балысхан уу тоҕута силэйэн, үөскэ киллэрэн, ити куобахтар бырдылара быстыа турдаҕа…

Биһиги: «Чэ, кэбис, син биир быстараахтыыллар, көтөх да буоллар киэһээ сиэхпит», – диэн, Киэсэбитигэр биир арыыйда обургу куобаҕы түҥнэри ыттардыбыт. Киһибит мууска сытар куобаҕы ылан тахсан иһэн, ылтаһын куорпус иннигэр уу ыһыахтаан мууһурбутуттан халтарыйан, сүүрүктээх ууга «бар» гына түстэ. Соһуйан хаһыытыахпыт икки ардыгар, муустаах сүүрүк дэллэритэн илдьэн, кэннигэр олорор Баһылайга кэлиитигэр, саҕатыттан харбаан ылла. Онон ууга бара турбут куобах эрэ үөдэн, киһибит тыыннаах хаалбытыгар үөрдүбүт, таҥаһын ньылбырыта тыытан, ким баардааҕынан була охсон таҥыннаран, утуйар мөһөөччүккэ киллэрдибит. Эбиитин, иһиэ суохтаах киһибитигэр, буоккатыттан кутан биэрдибит, бэйэбит эмиэ уос-тиис салаһан чөмөөрүйдүбүт.

Сотору Сыалаах үрэх төрдүн булан, өксөйөн бардыбыт. Киириигэ сааскы уу оту-маһы сылбах курдук бүөлээбитин, олох тааҥка курдук күттэрэн ааһабыт, сорох туора түһэн сытар аарыма мастарга орулаппытынан сүүрдэн кэлэн үрдүгэр ойутан тахсабыт. Куорпуспут маһы үрдүнэн ааһан түһүүтүгэр, кэннигэр олорор мотористар, мотуор биинтэтин оҕустарымаары, бааҕынаппытынан өрө көтөҕөн биэрэллэр. Ардыгар киһи кыайан ааспат сылбаҕар иҥиннэхпитинэ, сүгэбитин таһааран, аллараа барылыыр сүүрүктэн иэммит кэдэҥнии-кэдэҥнии, мастары үрдүнэн сүүрэ сылдьан кэрдэбит, ыраастыыбыт, куорпуспутун сосуһабыт.

Кэмниэ-кэнэҕэс, дьэ, сылбахай уутугар киирэн сыыйылыннарабыт. Баара суоҕа 4-5 миэтэрэ кэтиттээх үрэхпит кус очоҕоһун курдук субулла эриллэр-буруллар. Быһалыы кытыл нөҥүө үс миэтэрэ көстө сытар үрэххэр, үс сүүс миэтэрэ ырааҕынан эргийэн кэлэн ааһаҕын. Олох авторалли курдук туруору эргиирдэрдээх, тумуһахтардаах. Онон Шумахер курдук сананан, күрэхтэһэ-күрэхтэһэ элээрдэн, тумуһахтартан соһуччу көтөр кустары ытыалаан биэһи охтордубут. Ол курдук түүн үөһүгэр диэри айаннаан, Сыалаах эбэҕэ киириигэ хаар модьоҕолуу үллэ сытарыгар иҥнэ биэрэбит. Үллэ сытар хаар модьоҕо кэтитэ 70-ча миэтэрэ кэриҥэ. Үнтү сылайбыт дьон хайыахпытый, кытылга буолах тардына охсоот, утуйар аатыгар барабыт.

Сарсыҥҥытыгар, бары саа тыаһыттан олоро биэрдибит. Арай көрбүппүт, Киэсэбит суох. Өр буолбакка, киһибит улахан бэйэлээх сордоҥу салыбыраппытынан, үөрүүтүттэн көтүөҕэр кыната эрэ суох, ымайда-ымайбытынан тиийэн кэллэ. Биһиги сөҕөн, бэйэ бэйэбитин эрэ көрсөн кэбистибит уонна сордоҥун көрбүппүт, төбөтүгэр биир дарабына суола баар. Санаатыгар кус көрө сылдьан, үрэххэ устан сундулуйа сылдьар сордоҥу ытан ылбыт. Итини – буорахтаах киһини күлүмэ диэн этэн эрдэхтэрэ.

Аччыктаабыт дьон киһибитин хайгыы-хайгыы, сордоҥмутун астаабыппыт, өссө искэхтээх. Балыкпытын үөрэҕэстээн, обургу күөскэ толору быргыччы буһаран, мииннэри баҕастары биэс киһи тото-хана аһаатыбыт. Саҥа күммүт геройа Киэсэ түөһэ биллэрдик мөтөйбүт, саҥата-иҥэтэ хобдьоорбут. Саамай улахан үөрэҕэһи мотуйан молоорутан, уҥуохтары-иҥиэхтэри суптурута оборон салыпычытан кэбистэ, хаста эмэ эптэрэн, сылаас миини тиритэ-хорута сыпсырыйда.

Тото аһаан сэниэлэмиит дьон, хаар модьоҕонон быһыттанан турар Сыалаах күөлүгэр киирэрдии оҥостон бардыбыт. Манна киирии тыл курдук эттэххэ, бу Өлүөнэ эбэ орто тардыытыгар сытар аарыма эбэҕэ түҥ былыргыттан дьон-сэргэ таптаан олохсуйар, өлгөм балыктаах, бултаах-алтаах дойдунан биллэр. Саха сирин археологиятыгар бу Өлүөнэ орто тардыытыгар Сыалаах культурата диэн аатынан киирэн сылдьар. Кэлин манна Сыалаах нэһилиэгэ диэн балыгынан, табанан, булдунан дьарыктанар холкуос олохсуйбута. Ол бэйэтэ билигин быраҕыллан, үтүөкэн дойду, бастатан туран эҥинэ бэйэлээх балыга ситэ туһаҕа тахсыбакка турар. Урутаан эттэххэ, Сыалаах кытылын кэрийэ сылдьан, умса түһэн сытар былыргы алтан чаанньыгы көрөн ах баран турбутум. Үгүс ардах-хаар анныгар турбут чаанньык үгүс үүйүүлээҕэ, абырахтааҕа. Бука хаһаайына хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьан, бэйэтэ бу орто дойдутуттан дьабыныгар көппүтэ дуу, эбэтэр саҥа олох ылтаһын чаанньыгын булунан хаалларбыта дуу:

Отуу чэйин тойуга

Кутаа кууһар уотугар

Алтан чаанньык сыыгыныыр,

Байым булду биттэнэр,

Онолуйа тойуктуур…

Булчут кэтэх тардыстан

Кулуһунун одуулуур,

Сындылҕаннаах айантан

Сылаанньыйа утуктуур...

Ханна эрэ халыҥ сискэ

Булчут ыта кыылы үрбүт,

Хаардаах үрдүк эниэҕэ

Хаайан туран моргуйбут.

Хайыһара сырылыы

Булчут кыылы сырсыбыт,

Халдьаайылаах үрэххэ

Ситэн тиийэн охторбут.

Улуу булдун үрдүгэр

Сөһүргэстээн олорбут,

Байанайын туһугар

Алакылыы махтаммыт. 

Бэргэһэтин сэгэтэн

Үрүҥ туман үллүбүт.

Хамсатыгар табах ууран

Бургучута унаарпыт.

Сыалаах өттүн быһан ылан

Бастыҥ ытын аһаппыт,

Сылааларын таһааран

Быарын хостоон амсайбыт.

Хара тыатын иччитэ

Байанайа ылласпыт,

Үрүҥ күүгэн сүүмэхтэри

Кыһыл чоххо түһэрбит…

Айхал тылын этэрдии

Алтан чаанньык мөхсүбүт,

Хара суордуу халаахтыы

Хаппахтарын тыаһаппыт.

Барыылааҕын аһатаары

Булчут бэрдэ уһуктубут,

Булдьугуруур чаанньыгы

Бэттэх диэки тардыбыт…

Сылтан сылга салҕанар

Алтан чаанньык сыыгына,

Байым булду биттэнэр

Отуу чэйин тойуга…

Биһиги таһаҕастарбытын, мончууктарбытын дьаакырдары баҕастары үллэччи сүгэн, хастыыта эмэ тиритэ-хорута тастыбыт. Мотуордаах куорпустарбытын үрдүк кытылга көтөҕөн таһааран, нэһиилэ модьоҕо анараа өттүгэр түһэрэн, эбэ уутун буллардыбыт. Хас да канистралаах бензиммитин төннөн иһэн ылыахпыт диэн үрдүк кытылга таһааран, маска баайан хааллардыбыт. Күн ортотугар диэри итинник сыһаҕастаһан дэлби сылайан, куорпуспутугар сынньана олордохпутуна, Баахынайтан билэр уолаттарбыт элээрдэн кэллилэр. Арай дьоммут кэпсэтэ-кэпсэтэ, аргыый аҕай хаар модьоҕону төттөрү-таары тэпсэ-тэпсэ: «Айыкка, эһиги курдук эрэйдэммэппит, билигин манан уутун тоҕо охсуо, оччоҕо сүүрдэн киириэхпит», – дэһэ-дэһэ күлсэн, чэйдии хааллылар. Биһиги итэҕэйбэккэ: «Солуута суох дьон дуу, хайдах», – дэһэн, мотуорбутун собуоттаан, андыга сытыахтаах сирбитин көрдүү ыстаннарабыт.

Бу дойду сиригэр улуу эбэнэн ааттаныан сөптөөх киэҥ күөл, Сыалаах эбэ биир кыра атаҕа эрэ үһү, бэйэтэ ол уҥуоругар айаанынан силбэһэр дииллэр. Ити истэхпитинэ, ылтаһын оҥочобут анныгар туохтар эрэ охсуллан лэп-лэбиргэстэр. Ону Баһылайым: «Оо, балыктар…», – диэн күлэр. Мин итэҕэйбэккэ, түргэн бэйэлээхтик элээрдэр оҥочо ойоҕоһунан болҕойон көрбүтүм, кырдьык сотору-сотору балыктар өрөҕөлөрө туртаҥнаһан ааһаллар. Сөҕөммүн баспын быһа илгистэбин.

Бастакы тохтобулга дьоммут кыра биллэҕим Куочугу кытта хаалан буолаҕы туруорарбытыгар, илимниирбитигэр дьаһайан, улахан эбэҕэ бардылар. Биһиги оҥочоттон таһаҕаспытын сүөкэнэн, ойуур саҕатыгар буолахпытын туруоран, андыбыт мончууктарын олордуохпут икки ардыгар, арай кэлбит сирбит диэкиттэн мотуор элээрдэн иһэриттэн соһуйдубут. Онтукайбыт Баахынай уолаттара эбит. Тохтооннор, хаар модьоҕо тоҕо барбытын, канистралаах бензиммит ууга баран эрэрин этээт, хоһууттар салгыы куһуурда турдулар.

Ону истэн олоруохпут баара дуо, оҥочонон ыстаннаран тиийбиппит, доҕоор, били үллэ сытар хаар модьоҕо быһыт ханна да суох, үлүгэрдээх уу халыйан, үрдүк кытылга маска баайбыт канистраларбытын тимирдэ-тимирдэ күөрэҥнэтэр. Бензиннээх иһиттэрбитин этэҥҥэ ылан төннүүбүтүгэр, үрэх төрдүгэр балык бөҕө өрө барылыы олорор. Оҥочобутугар сааллан лап-лаһыгырастар, икки өттүнэн өрүтэ ыстаҥалыыллар. Мин таах олоруохтааҕар илиибинэн харбыалаан, биир өрө көтөн тахсыбыт кыра майаҕаһы тутан хаалабын. Кыһыны быһа күөлгэ хаайтарбыт балыктар, киэҥсиргэ талаһан, тоҕо түһэн бардахтара ити.

Биһиги олохпутугар тиийэн, тута илиммит үрдүгэр түһэбит. Сөҕүөхпүт иһин, илиммитин быраҕа турдахпытына, көрдөрбүтүнэн балык бөҕө кэлэн иҥнэн, төһө эмэ араара сатаабыппыт үрдүнэн, барытын эрийэ сөрөөн кэбистилэр. Ол мучумааннана сырыттахпытына, уонча үөрдээх анды түһэн иһэн, сирэйбитин быһа көтө сыһан барда. Ыксал буолла, илиммитин балыктары баҕастары суулуу тутан соһон, нэһиилэ кытылга үҥкүрүтэн таһааран бырахтыбыт. Онтукайбыт үксэ бөдөҥ бэйэлээх сордоҥнор, тэҥилилэр.

Бу дойдуга дугда туттубаттар, куорпуһу талах быыһыгар анньан, ханнык эмэ хахха сыыһа оҥорбута буолан олороллор. Оннук оҥостон, мин андылары маныыр кэммэр, Куочугум кытылга илимиттэн балыктарын арааран бадьыыстаста, кулуһуҥҥа тэҥилилэри үтэһэҕэ үөллэ. Сотору кэминэн балыктара буспутугар ыҥырбыта, олох сыалара-арыылара таммалыы турар. Баччатааҕы тэҥили эмис да буолар эбит. Дойдубар саас Тааттаны өксөйөр тэҥилилэргэ илимниир буоларбыт. Онно маннык эмис буоларын өйдөөбөппүн. Тэҥили хара балыкка киирсэр, киһи харар уҥуохтаах эрээри, кулуһун уотугар сыата-арыыта таммалыыр тэҥили минньигэһэ дьикти.

Сотору дьоммут икки сиргэ олохторун оҥостон, манчыыктарын анньан кэллилэр. Аара бултаабыт кустарбытын мииннээн, эбиитин үтэһэлээх  балыктаах ыраахтааҕылыы аһаатыбыт. Илимҥэ тута иҥнибит балыктары бөдөҥүттэн талан хаалаабыппыт, биир куул буолла. Хааспытын, балыктарбытын ойуурга муоҕу хастыы тардан, тэлгэтэн кэбистибит. Хара балыгы булка да сылдьан, үрүҥ балыкка үөрэммит дьон соччо-бачча сөбүлээбэттэр, онон итинэн балыктаан бүттүбүт. Арай барарбыт саҕана, мин илим быраҕа охсон, тута куул улахан аҥарын кэриҥэ тэҥилини, сордоҥу арааран илдьэ барбытым. Онтукайбын булууспар уга сылдьан сиэм диэбитим, биирдэ эрэ амсайан баран, үрүҥ балык кэлэ турарыгар үтүрүттэрэн, кыайбатахпыт. Хата кыһын аҕырбытын кэннэ, дьоммут хапкаанныыларыгар мэҥиэҕэ туһаммыттара.

Чэй кэмигэр сүбэлэһэн, бу ууга биллэҕим Баасканы кытта хааллыбыт. Киэсэ Куочуктуун, Уйбаан бэйэтэ сытар буолла. Ыам ыйын үһүс аҥарыгар халлаан сылыйан аҕай турар. Күлүгэр олорон чэйдээбит тииппит лабаатыгар, кытархай өҥнөммүт хабдьы мөтөллөн олорон, киһиргээбиттии хабыалана хабыгырыыр. Барахсаҥҥын ол да иһин хабысхаан диэн эмиэ ааттаан эрдэхтэрэ. 

Ити олордохпутуна кынат тыаһа куһуура түстэ, аҕыс анды биһигини көрдө көрбүтүнэн кэлэн, мончууктар ортолоругар өрө барылыы түстэ. Ууга тимис гынаат, түөһүллэн таҕыстылар, атыырдар мончууктарга боотурҕаан иннилэринэн-кэннилэринэн уһуннулар, тоҥсуйуох да курдуктар. Мин урут андыга тыһытын ытар куолу дииллэрин истэр этим эрээри, атыырдарга холоотоххо кыратын мыынным. Онон сыалбар үс бөдөҥ бэйэлээх атыыр хоһулаһа түспүтүгэр тулуйбатым, чыыбыспын төлө тардан кэбистим. Үлэх быһыытынан миигин бастаан ытаар диэбитэ, онон эрэх-турахпын. Арай үс андыбыттан биирдэрэ эрэ таптаран сарас гынна, атыттара көтөн тахсыбыттарын иккис уоспунан ытан сыыстым. Баһылайым аптамаата үстэ тыаһаан, икки андыны охтордо. Онон  аҕыстан биэһэ барбытыгар, киһим тута сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ, тыһыларын ыппатахпар күүскэ сэмэлэнним уонна чугас сиргэ олордьу кыҥаан ытарбар сүбэлээтэ. 

Өр буолбата, эмиэ кынаттар тыастара куһуура түстүлэр, 12 анды биирдэ чуумпу уу ньуурун тоҕо силэйэн, көмүс мөһүүрэ таммахтары ыспахтаабытынан, кырааскалаах кыһыл атахтара сарайбытынан өрө бачыгырыы түстэ. Татаар андылара диэн толуу бэйэлээх кыһыл муруннаахтара, көтөр киэнэ дьоһуннаахтара устан сундулуҥнастылар, ыас хара бэйэлэрэ күн уотугар килэпэчистилэр.  Сааһыт сүрэҕэ долгуйан күүскэ-күүскэ тэптэ, эрэнэр саатын кууһан, прикладын сөрүүн хаптаҕайыгар иэдэһинэн сыстан, хоһулатаары сыалын көрдөөн оччойдо, салҕалас илиитэ чөллөркөй чыыбыһын бигээтэ.

Бу сырыыга тыһыларын сыалбар тута олордум. Андылар хордурҕаһа-хордурҕаһа чөмөхтөһө түһүүлэригэр, икки тыһы уонна биир атыыр сыалбар киирбитигэр, олордьу көрөн, чыыбыспын сыыйа төлө тардабын. Андыларым тиэрэ таһыллаллар, ону кытта даҕаспытынан Баһылайым ытан түптэлиир. Көтөн истэхтэринэ, иккис ытыыбар биири охторобун. Ити үөртэн ордубут икки атыыр уун утары иккистээн эргийэн кэлиилэригэр, түҥнэритэ ытыалаан түһэрдибит. Ол кэннэ икки сатыылаабыт андыны, мотуорбутун собуоттаан  эккирэтэн, хаста эмэ ытан ыллыбыт. Дьэ, бу бэрт ытыы. 12 үөртэн барытын хаалларыы диэн үчүгэй. Киһим астыммыттыы көхсүн этиппэхтиир.

Дьоммут сааларын тыаһа эмиэ, дөрүн-дөрүн төлүтэ биэртэлээн, хаптаһыны таһыйардыы лабырҕыыр. Ити ытыыларбытыттан тирэх ылан, уончалыы үөрдээхтэр түспүттэриттэн, үксүн хааллардыбыт, ол быыһыгар умсаахтар, куһугуруу көтөр орулуостар, балыксыттар, ээбиллэлэр, кураанах кустар: тыйаахтар, моонньоҕоттор, халбалар бааллар. Киэһээ диэки анды көтүүтэ аҕырамнаабытыгар, дьоммутугар бара сырыттыбыт. Син отучча андылаахтар, уонча кустаахтар. Күтүөт Киэсэ олох чөмөллөн, биир уостаах саатын кууһан, кыайбыт-хоппут хотой курдук туттан олорор. Куорпустарбытын кэккэлэһиннэри тардан, чэйдии олордохпутуна, кустар куһугуратан аастылар. Онуоха: «Киэсэ, кустар, хаптай…» – диэбиппэр, киһим төбөтүнэн умса түһэн, састаҕа оҥорон, ныкыйыаҕынан-ныкыйан олорбохтуур уонна балачча буолан баран: «Хайа, бардылар дуо?»  – диэн төбөтүн өндөппөккө сибигинэйэр. Биһиги күлэн быар суох. «Хайа, ноо, бу дойду уола бачча ыраах кустартан саһаары кэлбитиҥдуо», – дэһэ-дэһэ быарбытын тарбыыбыт. Киэсэ рейтинэ эмиэ төһө да төттөрү түстэр, кыһаммат, төттөрү күлэн мүлүкүчүйэр.

Түбэлтэтин түбэлтэ диэбиккэ дылы, ол олордохпутуна таллан куоҕас көтөн иһэрин, Киэсэҕэ ытарыгар соруйдулар. Итиччэ улахан көтөрү кыра саанан тыын сирин булларан, охтороро уустук диэн саныы олордохпутуна, киһибит өс киирбэх «тас» гына түҥнэри ытан түһэрдэ. Толуу бэйэлээх көтөр үнтү кумаламмытынан, кытылга «ньир» гына түстэ. Биһиги айахпытын эрэ атан хааллыбыт. Күтүөт харыс үрдүүтүстэ, мөдөөт бэйэтэ бэрт сымсатык ойон туран, булдугар ыстанна. Куоҕаһын өрүтэ көтөхпөхтөөн, уруйдаан ылла. Биһиги ат арҕаһыгар олоро түспүт киһибитин, саннын таптайа-таптайа хайгыыр аатыгар бардыбыт.

Ити барыыбытыгар биирдии бэйэбит алта уончалыы андылаах, биир оччо кустаах үөрэн-көтөн кэллибит. Дьонум сылын аайы анды аччаан иһэрин, ааспыт сылга сүүсчэкэлиини бултаабыттарын кэпсииллэр. Оттон мин, үйэбэр баччаны бултуйбатах киһи үөрүүм үрдэ суох…

Салҕыыта тахсыаҕа

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...