11.05.2023 | 22:48

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Хахчааҥҥа

Тулам туман будулуйар,

Тулам хаарга сууланар – 

Суоһурҕанар тымныы түүҥҥэ

Соҕотохсуйар уоттаах Чолбон

Сууллар Сындыыс уолабын…

Биһиги түһүүлээх-тахсыылаах кыһыҥҥы «буран» суолунан айаннаабыппыт чаастан орто. Иннибэр таба арбаҕастаах, кырса тириитэ киллэһиктээх чомпой бэргэһэлээх, куруму этэрбэстээх биллэҕим Баһылай Саабынап «бураныгар» хороччу турбутунан субуруҥнатар. Мин эмиэ кэргэним эдьиийэ, аатырбыт иистэнньэҥ Татьяна тикпит, олус чэпчэки, хамсанарга бэрт ньымса уонна олус ичигэс, барыта тирии таҥастары таҥнан, киһибиттэн хаалымаары иккис «бураны» иҥнэл-таҥнал тутан иһэбин. Хас эргиир, үөһэ-аллара түһүү кэллэҕин аайы ойон туран, «бураммын» охторумаары, суолтан аһары ойутумаары, ыйааһыммынан тэҥнээн икки өттүнэн хайбаҥнааһын, хамсаныы бөҕө.

Бу аата биһиги Хахчаан диэн Мууна өрүс салаатыгар түһэр үрэххэ, кыыл ыта баран иһэбит. Айанныыр сирбит кый ыраах – икки сүүсчэкэ биэрэстэ үһү. Мин үйэбэр кыылга сылдьа илик киһи, үөрүүм сүрдээх. Урутаан эттэххэ, ити Мууна үрэҕэр былыргы уустар уһаарар болгуо тимирдэрин булбуттарын, тимир уустара ону уһааралларын туһунан архелогияҕа ахтыллар. Бу өрүскэ инньэ Красноярскай кыраайтан тиийэ тайахтар миграциялаан кэлэллэр. Онон сопхуос саҕаттан, хас күһүн аайы Эдьигээн булчуттара аатырбыт «крым» куорпуска икки «вихрь» мотуору олордунан, бу өрүһүнэн соҕотуопкаҕа диэн тайахтыы  өксөйөллөр.

Маннык ыраах сиргэ  анаан-минээн бултуу барбыт киһи хаһан да ытыс соттубат. Өрүс кытылыгар буолаҕынан сытан тоһуйан, төннүүгэ хастыы эмэ тайаҕы тиэнэн кэлэллэр. Биир тылынан эттэххэ, Эдьигээни тайах этинэн хааччыйар дьоһуннаах дойду. Өр сылларга манна геологтар сир баайын көрдөөн уһаты-туора сылдьыбыттара, сири-дойдуну сүргэйбиттэрэ, шурфа хаспыттара дэлэй. Ол эрэйдэрэ тиллэн, кэлин бу эҥэр алмааһы хостууллар.

Бүгүн таһырдьа -58 кыраадыс тымныы диэн сарсыарда эрдэ араадьыйаҕа этэн эрэллэрэ. Өтөрүнэн түспэтэх тымныы бурҕачыйбыт, доҕоор. Өбүгэлэрбит барахсаттар маннык тымныылары билиммэт таҥаһы-сабы айбыттара үчүгэйинэриэхсит. Ол да иһин төһө да тымныыларга дьиэҕэ-уокка хаайтарбакка, күн бүгүнүгэр диэри, бэл аһаҕас халлаан анныгар хоно-хоно бултуу, табаһыттыы сырыттахтара. Тоһуттар тымныыга «буран» айанын салгыныгар өссөтымныы. Онон сирэйи-хараҕы иһэлиппэт иннигэр, төһөкыалларынан тымныы тыалтан-куустан хаххалыыр анал тигиилээх бэргэһэлээх ордук.

Икки тоҥ күөс быстыҥынан ордук айаннаан, тоҕус көс ыраах сытар Куонара диэн улуу дойдуга кэлэбит. Бу күөлуҥуоргу кытыла барбах тунааран көстөр улуу эбэ. Уһун ньолбуһах быһыылаах, үгүс бэрэлэрдээх, хоннохтордоох, быттыктардаах. Манна 1950-с сылларга диэри булдунан, балыгынан, таба иитиитинэн дьарыктанар холкуос олохсуйан олорбут. Сэрии сылларыгар Чурапчыттан кэлбит көһөрүү кыттыылаахтара баалларын саҕана, биирдэ муҥханан 40 туонна быраҥаатта балыгы баспыттара диэн кэпсээн баар. Сэрии сылларыгар Эдьигээҥҥэ Чурапчыттан көһөрүүгэ кэлбит 13 холкуос 540 биирдиилээн хаһаайыстыбатын 1736 сахатын кытта, литовецтар, эстонецтар, немецтэр уонна финнэр балыктааһыҥҥа сылдьыбыттар. 1943 сыллаахха республика үрдүнэн анаан дьарыктанар балыксыт, булдун орто көрдөрүүтэ 24 центнер буоллаҕына, Эдьигээн хас биирдии балыксыта 67 центнер балыгы бултаабыта элбэҕи этэр.

Куонара нэһилиэгэ оччотооҕуга «биир тииҥ – биир фашист, биир быраҥаатта – биир фашист» диэн ыҥырыынан салайтаран, 1943 сыллаахха 183080 солк. түүлээҕи туттарбыт. Ити сыл Павел Владимиров диэн чулуу булчут 5279 солк. туттаран, былаанын 200 бырыһыан толорбут. Кырдьык да улуу эбэтигэр кус-хаас хотоҕостуу субуллар, кытылларыгар көтөр-сүүрэр тоҕуоруйар, хара тыатыгар күндү түүлээх түптээн тохтуур, кыыл таба таарыйар, тайахтөрүүр-ууһуур үтүөкэн дойдута буолуон сөп. Эбэҕэ мыраантан аллара киирии аартыгар, дьон-сэргэ бөҕөолохсуйбут дойдута өтөхсүйэн, быраҕыллыбыт дьиэлэр, ампаардар соҥуһа көрсөллөр.

Биһиги биир арыый сэнэх дьиэҕэ тохтоон, таһаҕастаах төннөн иһэрбитигэр заправкаланарга диэн, тиэнэн иһэр бензиннээх буочукаларбытыттан биирдэрин хаалларабыт.Кутаа оттон уоппутун аһатабыт, эбэ мууһун көөрөтөн таһааран чэй өрүнэбит. Ол кэннэ ыһыкпытын хостоон, тоҥхаһаа дьиэ сандалытыгар олорон, тото-хана үссэнэбит. Маннык экстремальнай уһуу айаҥҥа тута аһыырга-сииргэ, кичэллээхтик сууламмыт улахан тиэрмэстээх итии чэй, буспут эт, тоҥ балык, таба быара олус да минньийэллэр. Ол олорон биир иһити охсон кэбиһэн, халлааммыт сылыйбыкка дылы буолан, сылайбыппыт ханна эрэ таһы-бааччы сүтэн, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, бэрт улгумнук хомунан, салгыы айаннаан сыыйылыннарабыт.

Оо, куртах сылыйан дьаралыйара, эт-хаан чэпчээн, тимир көлө көтөн эрэрдии сырылыыра, суол икки өттүгэр көмнөх хаар үллүктээх от-мас үөрэ-көтө далбаатыы көрсөрөкэрэтин баҕаһын. Арыгы дьаат, куһаҕана элбэх – мөккүөр суох. Ол эрээри эр киһи сиргэ-уокка сылдьан, тоҕута-хайыта түһэр сылаалаах айаныгар, тоҥуу-хатыы үгэнигэр амсайдаҕына – кыырт буола түһэрин, сылаас дьиэҕэ куоҕаһа сылдьар хотокулар өйдөөбөттөрө чуолкай. Онон эр дьон, ыраах тыаҕа тахсалларыгар, ити аһы хотуннарыгарофициально отчуоттуулларыттан ураты, кистэлэҥинэн муннукка-ханныкка угуллубут, эбиликтээх-самалыктаах буолааччылар. Биһиги да онтон матыахпыт баара дуо, куомуннаһаммыт, биир лөскөйө сытыйбыт  «роял» диэн аатырбыт испиири, хас эмэ хонук эрдэ ылан, айанныыр аартыкпытыгар хаарга кистээбиппит. 

Куонара кэннэ бастакы сынньалаҥмытыгар, ол бөлтөөскүбүт диэки илиибит барбытын билбэккэ хааллыбыт. Онтукайбыт 60 кыраадыс тымныыга тоҥмотох эрээри, хойдубукка дылы мөлбөйө дьалкыллар. Хайдах уулуурбутуй диэн, эргим-ургум көрбөхөлөөт, суолтатыгар эрэ «эн ис, мин ис» дэһэн ньымааттаһа түһэн баран, тыыннаахтыы амсайан көрбүппүт, тоһуттар тымныыга олох уу курдук ньулуун ас эбит. Онон сымнаҕырҕатан, айаммыт устатын тухары тохтобулларга ыймахтыы-ыймахтыы бардыбыт. Тымныыта бэрдэ эбитэ дуу, сокуускабыт үчүгэйэ дуу, олох холуочуйан да көрбөтүбүт. Кыра настарыанньа ханна барыай, киҥинэйэн ыллааһын эҥин баар бөҕө…

Салгыҥҥа, тыалга килэриччи хараарбыт Баасканы бастакы көрүүгэ киһи култуураҕа сыһыана суох диэн сыыһа саныан сөп. Ол эрээри кини Бүлүү педучилищетын үөрэнэн бүтэрбит баянист, ырыаһыт ааттааҕа, өссө кулууп дириэктэринэн үлэлээбит култуура бастыҥ байыаһа. Ононбу үлүгэрдээх бэртээхэй айаҥҥа, «буран» мотуорун тыаһыгар доҕуһуоллатан ырыа бэйэтинэн кутуллар. 

Ол иһэн икки төгүл алыыларга бэрт чугас тайахтар туралларын тохтоон көрдүбүт. Иккиэммитигэр буулдьа саалаахпыт эрээри, романтическай настарыанньалаах кыыл табаҕа сананан иһэр айан дьоно ыппатыбыт. Айылҕа маанылаах кыыллара биһигини көрөн турбахтыыллар, илиибитинэн даллас гыннахпытына биирдэ соһуйан, тыыннара бурҕайда-бурҕайбытынан, чэпчэки бэйэлээхтик тамайа сиэлэн, ойуурга көхсүлэрэ аҕыйахта сүгүллэҥнээн, тумарыкка сүтэллэр. Суолбут икки өттүгэр кыыл-сүөл суола дэлэгэй, сотору-сотору хабдьылары, куртуйахтары көрөн ааһабыт. Дьэ, доҕоор, остуоруйа дойдутун курдук бултаах-алтаах диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Айаммыт быыһыгар суолу-ииһи сыныйан көрө иһэр киһим, хас да сиргэ тохтоон, анал мас лаппаахытынан бэрт имигэстик хаары хаһыйа-хаһыйа чөмөхтөөн, таптайан, онтун оҥо хаһан, киискэ хапкаан ииттэ. Мэҥиэтигэр аҕырбыт балыгы туттар, көтөр түүтүн таммалатар.

Бу эҥэр кыһын күнү көрбөккүн, барыта бадыа-бүдүө. Күнүс эбиэт диэки халлаан сырдаабыта буолан буһуруктанар, онтон эмиэ тула барыта көҕөччөр тумарыкка сууланар. Арайтүүнүн дьүкээбил суһума дьэргэлдьийэн, эҥинэ бэйэлээх өҥнөрүнэн сарадахтана, дьиэрэҥкэйдии тэбэр. Кулгаах чуҥкунуур лыҥкынас түүнүгэр, киҥкиниир киэҥ халлаан хотуттара – Хотугу Долгунчалар үйэлэр тухары дьирбинньиктэнэ үҥкүүлүүр, оһуор дьарҕаа этэрбэстэрэсырдыргыыра иһиллэргэ дылы.

Маннык түүнэ-күнүһэ биллибэт улук дайдыга икки сүүсчэкэ биэрэстэ диэн этэргэ дөбөҥ. Эрийэ-буруйа, түһүүлээх-тахсыылаах, оҕустарыылаах суолунан, аһаҕас халлаан анныгар «буран» көлө уруулун туппутунан өрө мөхсөр, үрдэриилээх айан сыанан аҕаабат. Онон түүн үөһүн ортото сыа бэйэбит  сылайан, эт бэйэбит элэйэн, Хахчаан үүтээнигэр тоҕо барылаппытынан кэлэбит. Олохтоох булчут ыттар үрэн моргуйаллар, утары сүүрэн кэлэн эккэлии көрсөллөр. Саха булчут ыттара барахсаттар, үтүөнэн кэлбит ыалдьыты эр сүрэхтэринэн сэрэйэн, хаһан да тиистэрин килэтэн ырдьыгынаабакка көрсөр, үтүө майгылаах дьон диэтэҕиҥ. Рациянан биһиги кэлэрбитин эрдэ билэ олорор дьоммут: Ньукулай Саабынап II уолаттара Женяны, Дьулуһу кытта уонна олохтоох хаһаайын Бөрө Бүөккэ үүтээнтэн тахсан, үөрэ-көтө көрсөллөр. Маннык үрэх баһыгар турар үүтээҥҥэ күн аайы ыалдьыттар кэлбэттэр уонна биллэн турар, ордук кэһиини күүтэн эрдэхтэрэ. 

Малы-салы дьаһайан, кырыабытын тэбэнэн, сааларбытын туппутунан, кэһиилэрбитин кыбыммытынан, сып-сылааһынан ил гына түспүт, кэтэһиилээх үүтээммитигэр киирэбит. Хаһан да маннык айаҥҥа сылдьыбатах киһи үнтүкөһүйэн, сылайан, хондуруос-мондуруос барыта көбөн, таҥастарбын нэһиилэ устабын. Дьоммут күө-дьаа буолан, улахан күөстэриттэн кыыл эмис этин остуолга дэлэччи хотороллор, биһиги илиибитин-атахпытын кэтэһэллэр. Баһылайым өр күүттэрбэккэ, оччоҕо биһиэхэ бу диэбиттии, хотуттарбытыттан официальнайдык көҥүллэммит лиитэрэлээх «роялы» күлүмүрдэтэн таһааран, остуолга «лис» гына олордон кэбиһэр…

Имик-самык умайар чүмэчилээх үүтээн сырдаабыкка дылы буолар, олохтоохтор саба түһэн, аҕалбыт аспытын түөрт кураанах бытыылканы булан, уулаан кылыгыраталлар, кырдьык-хордьук сотору-сотору буспутун быһаараары, быһах өнчөҕүнэн тоҥсуйа-тоҥсуйа иһиллииллэр. Лыҥкыначчы тыаһаатаҕына – буһар, ситэр  диэн аатырар.

Кэмниэ-кэнэҕэс аспыт «буста» диэн буолла. Тигинэччи умайар тимир оһох уота күлүбүрэччи аһатыллар, амтаннаах ас куруускаларга кылыгыраччы кутуллар: «Дьээрэ, Байанай туһугар», – диэн судургу тост кэнниттэн, антах диэки анньан кэбистибит. Мин сылаас чэйи иһээппин кытта, аара ууламмакка испит аспыттан куртаҕым сылыйан, халыачаан, салгыы иһэр-аһыыр кыахпын ыллардым. Нэһиилэ, наараҕа ыйан биэрбит сирдэригэр сытаат, утуйар аатыгар бардым.

Төһө өр утуйбутум буолла, дьонум остуолтан тура иликтэр… Кэпсээн-ипсээн ырааппыт. Мин уһуктубуппун көрөн үөрдүлэр: «Дьэ, дойду уола кэпсиэ», – диэн буолла. Онон налыччы сыалаах эти сии-сии, сарсыардааҥҥа диэри сэһэн-сэппэн тимэҕэ сөллөр. Эппит бүттэҕин ахсын, ол миинигэр саҥа кырбас эти быраҕан буһараллар. Урааҥхай саха миинэ суох табыллыбат – онон сыанан-арыынан быргыйбыт, хойуу хоргуннаах миини сыбырҕата олорорбун көрөн, дьонум күлсэллэр. Аны киһи харыһыйыах, мииннэрэ аһары хойдоору гыннаҕына, эттэрин хостоон хоторон, таһырдьа ойон тахсан тоҕо ыһаллар уонна саҥа ууга толору эттэрин хаалыыллар.

Кэлин санаатахха, таба этэ киһи куртаҕар олус ыарахана суох, диетическэй да диэххэ сөп эбит. Эбиитин, ордук-хоһу сыата арыыта миинигэр хаалар, онон аҥардас этэ түргэнник күүс-уох биэрэр, куртахха үчүгэйдик буһан тарҕанар. Холобура, ынах этэ киһи организмыгар аҕыс, убаһа этэ түөрт чааһынан куртахха буһан тарҕанар, иҥэр буоллаҕына – таба этэ баара суоҕа отут мүнүүтэттэн чаас эрэ иһигэркүүһү киллэрэр уратылаах диэн ааттыыллар. Онон киэһээҥҥи аһылыкка искин толору кыаннаххына да, куртахха соччо ыарахана суох.

Онтон ынах этин ыгыччы симиннэххэ, оһоҕос уйбаан обургу ыарырҕатыа турдаҕа. Бастаан кэлиибэр, Баахынайга балтараа сөмүйэ тас сыалаах кыыл этин маҕаһыыҥҥа атыылаабыттара. Ону сыатын тоҥугар хоҥнорон быраҕа-быраҕа, буһаран сиэбиппит, хайдах эрэ ыылаах, эмиэ да талах амтаннааҕын атыҥырыы санаабытым. Кэлин күн аайы таба этин сии үөрэнэн, дойдубар тиийдэхпинэ ынах этин ахсарбаппыттан, таба этин суохтуурбуттан  соһуйбутум. Оннук-маннык уотурба, көнньүөрбэ-тайма сиэбэт, бөһүөлэктэр кирдэригэр-кирээстэригэр мэччийбэт булт кыылларын, көтөрдөрүн этэ, дьиэ кыылларынааҕар уһулуччу иҥэмтэлээҕэ чуолкай.

Кэпсэтии-ипсэтии үгэннээн турдаҕына, дьонум«быһахтарбытын боруобалаһыаҕыҥ» диэн турдулар. Ол кэннэ, барыбыт быһахтарын ылан, биилээх төрдүн, угун кыһарыйа утарыта охсоллор. Онуоха ким быһаҕын биитэ ордук сынтарыйбатаҕа – кыайыылаах тахсар. Ким оҥорбутун өйдөөбөппүн, аҕам бэлэхтээбит быһаҕа кыайыах курдук буолан, кэнникинэн дьонум кыһыйыахчалар. Ол иһин кэпсэтиини атыҥҥа аралдьыта сатыыбын. Кырдьыга да, хас биирдии булчут, ордук хоту дойдуга хараҕын харатын курдук харыстыыр, киэн туттар баар суох туттар тэрилэ – быһыччата, быһаҕа. Онон ханнык эр бэрдэ мөлтөх быһыччалаах аатырыан баҕарыай, сөп ээ.

Ити курдук көрүлээн-нарылаан, киһи эрэ буоллар, сарсыарданан халлаан суһуктуйуута бары хаптайдыбыт. Күн ортото, дьэ, биир-биир «айа-дьойо» буолан, иһирдьэнэн-таһырдьанан сыбыытаһан, чэй өрүммүтэ буолан аһаатыбыт. Бэҕэһээҥҥи аспыт, кыайарыҥ баара, сарсыҥҥытыгар хайа да бэйэлээх эр бэрдин боҕутуннарарын оҕотун көрүөҥ… Бэйэбит көрдөөн ылбыт ыарыыбыт быһыытынан, ким да кэмсиммэт, бары уку-сакы сылдьабыт. Баҕар ордубута буолаарай диэн кистээн муннугу-ханныгы көрүү, кураанах бытыылкалары кыҥастаһыы ханна барыай… Суоҕу суоруоҥ баара дуо, бачча кый ыраах дойдуга ол аайы арыгы маҕаһыына буолуоҕунааҕар, түүннэри атыылыыр «туочуканы» тымтыктанан булар суох.

Ити олорон үүтээммит хаһаайына Бөрө Бүөккэ: «Дыа, мин анараа үүтээммэр  биэс хонуктааҕыта бырааскатуруорбутум, сиппитэ буолуо дуу?» – диэн бэрт моһуоктаах тылы быктарда. Чээй сыпсырыйа олорор дьон чэрэс гына түстүбүт. Аҕам саастаахпыт Ньукулай көхсүн этиттэ: «Дьэ, ноо, бустаҕа дии. Төһө үчүгэйдик суулаабыккыный?» – Бэрт бөҕө, кэлэрбэр оһохпун ыбылы оттон, бөтүөннээх аспын тулуубунан суулаабытым, – диэн уолбут үөрүүлээх сонунун туомтуу баайда. Итиччэ эрэннэриилээх кэпсэтии кэнниттэн, хамандырыапкаҕа барар киһибит хомунан барда. Барар сирэ тэйиччи, ону – «баара суоҕа түөрт эрэ көс, «буран» киһилээбэт» дэһэллэр. Маннык түптэлэс тымныыга кэлэ-бара аҕыс көс оҕо оонньуута буолбатах эрээри, Бүөккэ биэс тарбаҕын курдук билэр, сылдьыбыт аҕай дойдута, онон сып-сап хомунаат «тир» гынан хаалла.

Биһиги күнү быһа өрөөтүбүт. Арыыйда дьоммут таһырдьа тахсан «бураннарын» көрүнэллэр, сыарҕаларын бэрийэллэр, сааларын ыһаллар-сотоллор. Тура-тура чэй иһэбит, барбах күүспүтүнэн аһыы сатыыбыт, хамандырыапкалаах киһибитин кэтэһэ таарыйа, сыта-тура сэлэһэбит. Ол сырыттахпытына, биир улахан баҕайы сахсырҕа тимир оһох сылааһыгар тиллэн, үүтээммит иһигэр дыыгыныы көтөн, былааһы ылан кэбистэ. Онуоха чүмэччи уотун саба үрэн, үүтээн аанын аспыппытыгар, өс киирбэх ыйдаҥардар сырдыкка талаһан, түптэлэс тымныыга көтөн таҕыста. Ааммытын «лип» гына саптаат, бары тэҥҥэ күлсэн тоҕо бардыбыт: «Оо, эрэйдээх хаарга «топ» гына тоҥон түстэ», –дэстибит.

Онтон сиэттэрэн: «Айа, эрэйэ бэрт, кыһын сахсырҕа курдук бары утуйарбыт буоллар», – диэн ким эрэ тыл быктарда. Онуоха хараҥа муннуктан кэлбит хоруй сөп оҥордо: «Оччоҕо мин утуйбат эми иһэн баран, утуйа сытар чүөчэлэргэ күннүүр буоллаҕым. Эһиги төһө баҕар утуйуҥ». Түмүгэр, кэбис, тугу да билбэккэ утуйар соччото суох эбит, араас баракаас барыта тахсыыһы  дэстибит. Итинник балагурдаһа сытан, халлааммыт хараҥарда, сорукка барбыт кэтэһиилээх киһибит суоҕун курдук суох. Хата тура-олорохамсанан, күлсэн-салсан, бэйэбит булбут ыарыыбыт дьайҕара быһыытыйда, абырахха да наадыйбат турукка киирдибит. Сыалаах эти, таба быарын кимиритэн утуйдубут.

Түүн үөһүн ортото утуйа сыттахпытына, киһибит бу бырылатан кэллэ. Кырыатын тэбэнэр-сахсынар тыаһа иһилиннэ уонна холуочук куолаһынан ураатаабытынан,биэс лиитэрэлээх бөтүөнү былгыччы көтөҕөн киирдэ. Күө-дьаа буолан уһуктан, киһибитин хайгыы-хайгыы,иһиппит хаппаҕын аһан көрбүппүт, быһар быһаҕаһа эрэ хаалбыт. Онтукайбытын сыа-сым курдук тутан, куруускаларынан толору куттан, ордугун уос-тиис үллэстэн мэгик гыннаран кэбистибит. Бэрт кыратык настарыанньа эбиллэн, өссө эбии эт сиэн, аһаан, саамылаһан быр курдук утуйдубут.

Сарсыҥҥы күнүгэр бары чэмэлгэн курдук туранчэйдээтибит, ким ханна кимниин барарын быһаарыстыбыт. Кырдьаҕаспыт Ньукулай оҕонньор уотун иннигэр сөһүргэстээн олорон, Байанайтан көрдөһөн, алгыы-алгыы уотун арыылаах килиэбинэн аһатта. Ол кэннэ саалары-сэптэри, «бураннары» өссө төгүл көрүнэн-бэринэн, айаҥҥа туруннубут. Мин биллэхпинээн биир «буранынан» бардыбыт. Киһим ыытар, мин сыарҕатыгар олорсон иһэбин. 

Үрэххэ киирэ да иликпитинэ, бэрт хойуу ычык ойуур быыһынан кыыл табалар ойуоккаластылар. Саабынап Женя уонна Дьулус түргэн туттуулаахтара манна көһүннэ, ким хайа иннинэ, мастар быыстарынан элэҥнэһэр кыыллары ытыалаан субуруҥнатан, икки бууру охтордулар. Аны халыҥ баҕайы, сатыы киһи түөһүнэн сынар халыҥ хаарынан киирэн, булпутун таһаарыы эмиэ уустуктардаах эбит. Булт хайыһарын кэтэн киирэн, иккиэ буолан аарыма буурдары сосуһан чуурбутун биэрдибит. Онуоха Женя «буранынан» кыра титириктэри баҕастары тоҕо солоон киирэн, биир-биир состорон таһаартаата. Дьэ, «бураны» табан ыытар киһи олох туһунан эбит диэн, сөҕөн эрэ кэбистим.

Дьоммут кыылларын астыы хааллылар, биһиги кыракый үрэҕинэн салгыы айаннаан, Муунаҕа киирдибит. Кыылсуола туох да баһаам, далга хааллыбыт сылгылартэпсибиттэрин курдук хойуу, тоҥуу хаары быыһа суох чигди оҥорон кэбиспиттэр. Бу кыыллар туундараттан тыаҕа тахсан, төттөрү айанныыр аартыктара. Манныкка сорох булчуттар үрүҥ халааттаах, кытылга кэтээн олороллор үһү. Биһиги үрэх устун уһуурдан иһэн, биир таба өлө сытарыгар кэтиллэбит. Онтукайбытын бөрөлөр тутан, иһин хостоон,кыратык үссэммиттэр уонна салгыы кыыллары эккирэппиттэр. Биллэҕим маны бөрөлөр кыыллары туундараҕа диэри эккирэтэн, төннөллөрүгэр сиир хаһаастарын итинник тыыппакка, бэлиэтээн хааллараллар диир.

Мин бүтүннүү тоҥон сытар табаны суор, кыра көтөр-сүүрэр да тыыппатаҕын дьиктиргии санаатым. Бука кыһын тыатааҕы утуйа сытарынан, аар тайҕаҕа тэҥнээҕэ суох сур бөрө бэлиэтээбит хасааһыгар, ким да дьулайан чугаһаабат бадахтаах. Бу кэм муҥур ыраахтааҕылара, аһыылаах адьырҕалара кыыл табалары эккирэтэ сылдьан, талбыт охторон айбардыыллар эбит. Мин тыылла сытар кыыл кэрэ бэйэлээх элбэх лабаалардаах муоһугар ымсыырдым эрээри, ону бадьыыстаһар бириэмэ суох. Хас да сиргэ буурдар үөрдэрин көмүскээн, бөрөлөрү кытта киирсэн туора-маары ойуолаабыт, адаар муостарынан охсоллоругар хаары сүргэйбит суолларын көрөн ааһабыт.

Биһиги салгыы бардыбыт. Ол иһэн киһим, тугу эрэ көрөн, тимир көлөтүн туох баарынан гаазтаабытыгар, сыарҕабар тиэрэ таһыллан, нэһиилэ кытаахтаһан эрэ хааллым. Туох да сүрдээх түргэн айаҥҥа харахпын сотто-сотто көрбүтүм, уонча кыыл иннибитигэр бу сүүрэн бурҕатан иһэллэр. Саанан ытарга сөп буолтугар, аны кыылларбыт үрэхтэн туора сүүрдүлэр, биллэҕим «буранын» гааһын быраҕаат ойон түстэ да, хаарга тобуктуу түһээт ытыалаан таһырҕатта. Муҥ ойуунан иһэр икки кыыл хойуоста-хойуоста бардылар.

Мин сыарҕам ойоҕоһугар олорон, СКС саабынан ыраатан эрэр биир кыылы ытыалаатым. Онтукам иккис ытыыбартаптаран умса түстэ, онтон өрүһүнэн ойон тураат, тубус туруору сыыры өрө ойон бырдааттанна. Биһиги охтордубут дии туран, соһуйан эрэ хааллыбыт. Кытылга тиийэн суоллаан көрбүппүт, таптарбыт сиригэр хаан тохтубут. Баҕар үөһэ охтубута, ыарыыланан сытара буолаарай диэн, туруору сыыры оттон-мастан тардыһан, халыҥ хаары быарбынан сына сатаан, кыайан тахсыбатым. Онно итиччэ бааһырбыт кыыл, ол туруору сыыры алта ыллар хардыынан ойуолаабытын көрөн, сөҕүү бөҕөнү сөхтүм.

Аккаастанан төттөрү түһэн, киһибэр кыыллары астыырга көмөлөстүм. Булчуттар сиэхтэрин хаан оҥорумаары, анал тигиллибит, тоҥолох үөһэ өттүгэр  диэри тардыллар (нарукавник) кэтэллэр уонна саха быһаҕынан көрүөх бэтэрээ өттүгэр сүһүөхтэрин, төбөтүн араартаан, тириитин ньылбы тардан, иһин хостоон кэбиһэллэр, умса сытыаран тоҥороллор. Силиитин тоҕо эрэ кэлиҥҥи кэмҥэ сиэбэттэр эбит. Мин боруобалаан сибиэһэйдии сиэтим да, сүрэхпэр түһэн үөтэлээбэтим. Тоҕо сиэбэттэрин ыйыттахха, радиациялаах диэн ахсарбаттар. Кырдьыга, өр сылларга бары сииги-силбиги, күн уотун, тулалыыр салгыны кытта, хоту хас эмэ уонунан ядернай дэлби тэптэрии радиациятын оборбут лабыктаны, ырааҕынан эҥсэн мэччийэр кыыллар,түбэһэ түһэн сиэтэхтэринэ, ордук силиитигэр сүлүһүнэ иҥэр диэн ааттыыллар. Билбит суох, сиир дьон син сииллэр үһү.

Хата ханнын хаанын, куруусканан бэркэ астына баһан иһэллэр. Буруолуу сылдьар сибиэһэй хаан, кырдьык бэйэтэ туустаах, минньигэс курдук. Күүс-уох бөҕө биэрэр бадахтаах. Улаханнык ыарытыйар дьон, бөһүөлэккэ тыыннаахтыы таба сүүрдэн аҕалтаран, ону тута астаан, хаанын иһэннэр өрүттүбүт түбэлтэлэрэ баар дииллэр. Оттон бытархан тымныыга тоҥо-хата, сылайа-элэйэ сылдьар булчукка олус абыраллаах ас диэтэҕиҥ. Аймахтарбыт монголлар улуу истиэп куйаарыгар, бэл сүүрдэн иһэр аттарын тымырын кыратык хайа сотон, хаанын иһэллэр диэн баар. Африкаҕа масаай омуктар сүөһү тымырын оҕунан бааһырдан, эмиэ итии хааны иһэллэр. Бу барыта олохтоох тыйыс усулуобуйаҕа, былыр былыргыттан тыыннаах хаалар иһин охсуһууга үөскээбит үгэс.

Кыылларбытын астаан, сырдыгы баттаһа салгыы ыстаннарабыт. Ол иһэн үс кыылга түбэһэн ытыалыыбыт. Киһим иккитин охторор. Онтон мин биир бууру ыппыппар, сүүрэн иһэн умса хоруйда уонна эмиэ ойон туран, түөрт атаҕын баҕана курдук дыраччы тэбинэн турунан кэбистэ. Эмиэ куоттарар буоллум диэн, хаста да ытыалаан субуруҥнаттым. Буулдьам кыылы нөҥүө өттүгэр түһэн, хаары бурҕатара көстөр, табам дьигис гына-гына турар.Онтон өйдөөн, тиийэн түҥнэри аспыппытыгар, сууллан күр гынна. Көҥдөйдүү ыттаран, өлөн турар эбит.

Мин биир табаны астыахпар диэри, киһим икки кыылын астаан, аттыбар кэлэн, мүлүктүүрбүн көрөн мүчүк гына-гына, ыйан-кэрдэн биэрэ турда. Тириитин кыайан ньылбы тардыбакка, ынаҕы сүлэр курдук астаан, бэрт сыранан бүтэрдим. Биллэҕим: «Дьэ, ити аата кыыл булдугар сүрэхтэнниҥ», – диэн астына бэлиэтээтэ. Төннүүгэ биэс кыылбытын кырыы-кырыытынан дьаарыстаан, үллэччи тиэнэн, бааҕынатан бардыбыт. Ол иһэн, Бүөккэ хоһуун биир сиргэ алта кыылы охторон, соҕотоҕун барытын астаан, табахтыы олороругар тиийдибит. Ити биһиги кэннибиттэн иһэр кыыллары бултаабыт. Аны соһуйуохпут иһин, аттыгар хара ыттаах. Баарыан сарсыарда үс ыты мэһэйдэһиэхтэрэ диэн, үүтээҥҥэ баайан кэлбиппит. Оттон бу ыты, иччилэрэ үс ый анараа өттүгэр умнан дуу, хайдах дуу, үүтээҥҥэ быраҕан барбыттар. Хата хайаан бөрөлөр туппатахтарай, ити тухары тугу аһаан сылдьыбыт бэйэкэтэй диэн сөхтүбүт. Ыт даҕаны маннык тоһуттар тымныыга бэйэтэ тугу булбутунан, аһаан-сиэн сылдьар эбит дэстибит. Барахсаныҥбаара саа тыаһын истэн, икки атахтаах иччилэрим сылдьаллар диэн үөрэн эккэлээбитинэн, утары сүүрэн кэлээхтээбит.

Ити күн киэһэ булчуттар кыыл айана түмүктэнэн эрэрин, быйылгы сезоҥҥа сөптөөхтүк бултуйбуттарын, сотору кыылларын бөһүөлэктэн тыраахтар кэлэн  тиэйэн барыахтааҕын кэпсэттилэр. Сарсыҥҥы күнүгэр Баһылайбынаан Хахчааны өрө бардыбыт. Ол иһэн биир алыыга аарыма лөкөйү көрөн, ыттыбыт. Ыттыбыт буолуо дуо, киһим миэхэ ыттараары кэтэһэн баран, ойон эрдэҕинэ кэнниттэн сыыһа ытан хаалла. Мин саам эпчиэскэлээн, онтукайбын хасыһыахпар диэри кыылбыт туруо баара дуо, барыыта… Киһим итэҕэйбэккэ, хаарга түспүт ботуруоммун ылан көрбүтэ, бөстүөнү охсоро бэрт кыра суолу хаалларбыт. Бэйэтин саатыгар уган ыппыта, чып курдук эһиннэ. Бука саам арыытын кураанахтыы үчүгэйдик соппотохпуттан, эстибэтэх. Мөҕүллүөх киһи, хата ботуччу бултуйа сылдьар буоламмыт, дьонум күлэ-үөрэ аһаран кэбистилэр.

Кэлин, дьыл-хонук аастаҕын аайы, улахан булт киһи аайы тосхойбот айылгылаах дии саныыбын. Эр киһи барыта тайаҕы, тыатааҕыны, эбэтэр бөрө курдук сүдү бултарыбултаабат, бултуйбат. Айылҕаттан айдарыылаах, сиэри-туому тутуһар, бөҕө куттаах хоһууттар эрэ анаан бултуур кыыллара. Сорох кырдьаҕастар, ити аарыма кыыллары бултаһар ардыгар иэстэбиллээх, айылҕа маанылаах кыылларын өлөрбүт-өһөрбүт киһи, сиэри тутуспакка сыыһа-халты тутуннаҕына, эбэтэр Байанай көннөрүастымматаҕына да, төттөрү ыараханнык өҕүтэн ылар дииллэр. Оттон ол күн, төһө да кулан сааспар бултуур баҕалааҕым иһин, аарыма бултан көрө мэлийбиппиттэн тоҕо эрэ хомойботоҕум. Бука арааһа, улахан булка анамматах дьылҕам тардан, ис туругум бэлэмэ да суоҕатаайдаҕа. Байанайдаах булчуттар быыстарыгар көннөрүкөх-нэм, кинилэр бултарыттан тэҥҥэ үөрэн, астынасылдьарым да махталлаах суол…

Ити курдук, хас да хонук остуоруйа дойдутунуу кэрэ айылҕалаах, бултаах дойдуга налыччы сылдьан, бэркэ ирэ-хоро бултуйан, салгыҥҥа кииллийэн, сибиэһэй эт, тоҥ быар мотуйан, чэбдигирдибит аҕай. Онон үөрэ-көтө, «бураммыт» сыарҕатыгар тимир көлөбүт тардарынан кыыл уонна тайах этэ тиэнэн, төттөрү дойдубутун быстыбыт. Манна диэн эттэххэ, таһаҕастаах «буранынан» айаммыт бэрт сылаалаах этэ. Ордук мин сатаабат киһи, үрэхтэргэ түһүүгэ-тахсыыга, туруору эргиирдэргэ тимир көлөбүн сороҕор аһары сүүрдэн, сороҕор ситэ кыаммакка тоҥуу хаарга буксутан, айаммытын атахтаабытым. Ол аайы киһим тохтоон, сатыы кэлэн «бураммын» таһааран биэрэр.

Халлааммыт сытайбыкка дылы, ити күннэргэ, дьэ, хаһан да тымныйбатаҕын тымныйан, өрө будуллан олорор. Киҥкиниир киэҥ халлаан анныгар уйаара-кэйээрэ биллибэт Аар тайҕа аҥаатта аҥаарыйан, тыалга-кууска хаарыйтарбыт, иинэҕэс ото-маһа халыҥ хаар суорҕанынан саптан, чуҥкунуур чуумпуга иһийиэҕинэн иһийэн сытар. Бу мутук тостор тоһуттар тымныытыгар, тула биир да тыынар тыыннаах ордуо суох айылаах.

Ол эрээри, Айылҕа барахсан төһө да кырыктаах кырыа кыһыҥҥа кыһаммат кыыллары-сүөллэри, көтөрдөрү-сүүрэрдэри айбыта эриэккэһин баҕаһын. Аарыма лөкөйтөн саҕалаан – кынтаһыйа сүүрэр кыыл табаҕа, арҕаҕар минньигэстик буккуруур тыатааҕыттан – сундулуйа сүүрэр сур бөрөҕө, хайа да бэйэлээххэ хантаарыҥныы хаамар хара улартан – чыбыгырыы көтөр чооруостарга, хаары дьөлө сүүрэр чыс кутуйахтан – дьоруолата ойор оһуор-ойуу суоллаах кылбаа маҥан кырынааска, кылаан түүтүгэр саһарҕаны саһыарар саарбаттан – торулаччы тоҥсуйан аһыыр  тоҥсоҕойго тиийэ – олох иһин дуоланохсуһуу оройугар олордохторо,

Биллэҕим будулҕан туманы бурҕатан, буурҕалыы ойутар да ойутар. Аппаҕа-дьаппаҕа таба тириитэ саҕынньаҕа сүгүллэҥниир, бириһиэн балаакканан сабыллыбыт ыарахан таһаҕастаах сыарҕата эргиирдэргэ туора-маары халылдьыйар. Ол аайы «бурана» ыарырҕатан, күөх буруонан уһуурар. Кини уопуттаах киһи быһыытынан эргэ «бураны» ылбыта, хата сүрдээҕин сылдьаахтаата… Кыра алдьаныылар: мотуор кура уонна гусеница быстыыта, балансирдар алдьаныылара о.д.а. кыра моһуохтары, хотугу хоһууннар бэрт түргэнник оҥостоллор. Ол да иһин маннык ыраах сиргэ, хайаан да саппаас чаастаах сылдьаллар.

Ити истэхпитинэ, биир үрдүк сыыры дабайыыга эргэ «бураммыт» «пых-пах» тыаһаат, соҕотохто ньим баран хаалла. Баһылай собуоттаары тардыалаабытыгар, хамсаабат. Дьэ, бүттүбүт, мотуорбут хам туппут диэн буолла. Сыарҕабытыттан тимир оһохпутун, бириһиэн буолахпытынсүөрдүбүт. Буолах сис мастарыгар диэн суол кытыытыттан уһун синньигэс титириктэри быһан, алдьаммыт «бураммыт» үрдүгэр тиирэ тартыбыт, кураанах куруҥу кэрдэн, тоҕута сынньан киллэрэн, оһохпутун оттон тигинэттибит. Сотору кэминэн буолахпыт иһэ итийэн бырылыы түстэ. Баһылайым хата эрдэттэн сэрэхэдийэн ылбыт саппаас чаастарын бэрийэн, «буранын» мотуорун көтүрэн барда.

Мас мастаан оһохпун отто, чэй өрө сылдьан, киһибэр илии-атах буолан көмөлөһө сатыыбын. Оо, кыыдааннаах кыһын аһаҕас халлааныгар, икки атах дэҥҥэ үктэнэр чиэски дойдутугар бириһиэн буолах, тимир оһох барахсан үгүс булчут, табаһыт тыынын өллөйдөөтөҕө. Буолах фабрикаҕа тигиллибит балааккаттан ордуга элбэх. Ол бастатан туран, айаҥҥа суулаан илдьэ сылдьарга дьоҕуһа, сис мастарын состоро, эбэтэр тиэнэ сылдьан, суох буоллаҕына хара тыаттан быста охсон туруоруута түргэнэ, судургута, оһох турбата тахсар үүтүнэн ылтаһыннаан баран, тимир оһоҕу туруорарга табыгастааҕа, төһө да тымныыга ичигэһэ, ардыгар уонча да киһини утутар киэҥэ-куоҥа – тыаҕа сылдьар хоһууттар солбуллубат алаһа дьиэлэрэ.

Барахсаныҥ кырыа кыһын тымныытыттан, ардахтан-самыыртан, үөнтэн-көйүүртэн көмүскүүр, көмүс ньээкэ уйа быһыытынан тэҥнээҕэ суох. Аччыктаан, быстара сылдьан, кини тимир оһоҕун суоһугар эт, быар хооруйа охсон сэниэ киллэрэр, сылаас чэй иһэр, күөс күөстэнэр кэрэкэтин эриэхсит. Киэһэтин талах, харыйа, болбукта сытынан дыргыйар олбоххо быраҕыллыбыт, сымнаҕас бэйэлээх таба тириитигэр сылааны таһаара таралыйар бэрдин баҕаһын.

Түүннэри фонарь уонна чүмэчи уотугар өрө мөхсөн, сарсыарда халлаан суһуктуйуута «бураммытын» оҥостон, собуоттаан бырылаттыбыт. Саха сатаабатаҕа суох диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Биһиги санныбытыттан ыарахан таһаҕаһы түһэрэн, өрө тыынабыт, налыччы чэйдээт, буолахпытын көтүрэн саамыланан, унньуктаах айаммытын салгыыбыт. Аара кэлэн иһэн ииппит хапкааннарбытыттан үс кииһи ылан, үөрүүбүт улаатар. Ити курдук өттүк харалаах, илии тутуурдаах, тумаҥҥа сууламмыт Эдьигээҥҥэ киэптии көтүтэн киирэбит…

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....