10.05.2023 | 21:46

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Буранынан бөрөнү эккирэтии

Биир кыһыҥҥы күн атаһым, ыалым, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Афанасий Павловы-Опуоҥканы уонна Арамааскы диэн билэр киһибитин кытта икки «буранынан» Кыстатыамҥа бардыбыт. Үөрэнэ таарыйа диэн иккис «бураны» мин ыытан иһэбин. Арай Стрекаловка үрэҕинөҥүөлээн, Эдьигээни утары багдаллан турар Маабыра хайатын кэтэҕинэн, Өлүөнэ эбэҕэ саҥа киирэн айаннаан истэхпитинэ, «буран» тэлбит суолунан утары икки ыт сүүрэн иһэр. Көрдөхпүтүнэ, кэнниттэн иһээччитэ олус бөдөҥ. Олох чугаһаабыттарын кэннэ, болҕойон көрбүппүт – иккиһэ сур бөрө бэрийэр бэрдэ эбит. Биһиги тохтоотубут. «Бурантан» түһээппитин кытта, кугас дьүһүннээх кыра ыт кэлэн, атахпытыгар эриллэн, эккэлээбитинэн барда. Ыппытын имэрийэ турдахпытына, бөрөбүт баара суоҕа сүүрбэччэ миэтэрэ тэйиччи тохтоон, биһигини туохтан да толлубат уоттаах, идэмэрдээх хараҕынан супту көрөн турда.

– Оо, саатар доруоп саа ылбатахпыт, бу тыһы ыты эккирэтэн кэлбит, атыыр бөрө эбит, – дэстибит. Онтон Арамааскыбыт, дьэ, тугу эрэ өйдөөбүттүү «бураныгар» сүүрэн тиийдэ.Сыарҕатын араарда уонна «бураныгар» хап гына ыстанан таҕыста. Собуоттаан «быр» гыннараат, олоҕун анныттан чохороон сүгэтин ойутан таһаарда уонна күөх буруонан унаарда гаазтаан барылатта, адьырҕаны утары ыстаннарда. Ол иһэн аҥар илиитинэн казактар саабылаларын эрийэллэрин курдук, сүгэтинэн далбаатанар. Бөрө оччо үлүгэрдээҕи көрөн баран олоруо дуо, суолтан туора эбэ үөһүн диэки ыстанан бырдааттанна. Түргэнэ сүрдээх. Биһиги киһибит аһыҥастаах кыылга мохсоҕол курдук көтөн тиийдэ уонна хаһыытаабытынан үрдүнэн түҥнэри көтүтэн ааста, сүгэтинэн сыыһа дайбаан хаалла. Биһиги айахпытын аппытынан туран хааллыбыт.

Арамааскы кыылын аһары түһэн, хаһан эргийэн кэлиэр диэри, арай кыылбыт хаар анныттан ойон тахсан, өссөтүргэнник быыратынна. Мин онно эрэ өй булан, бэрт кичэллээхтик «бураммар» кэлгиллибит сыарҕабын сүөрэн булумахтанным. Нэһиилэ төлөрүтээт киһим кэнниттэн ыстаннардым. Ити аата «буран» бөрөнү үрдүнэн барарыгар, тоҥуу хаарга батары баттаан, ылаҕа да, гусеницата да хотутардыы таарыйбатахтар.

Тыал-куус үрэн балачча чиҥээбит тоҥуу хаарынан ойутан иһэн, киһим ыраах кумахтаах эниэ кэннигэр түспүтүн көрөн хааллым. Балачча кэминэн арыы кумаҕын үрдүгэр кэллим. Онно көрө түспүтүм, тэйиччи «буран» тохтообут, ол аттыгар Арамааскы туох эрэ хараны кытта мөхсө, көтөхсө аҕай сылдьаллар. Мин «тыый, киһибит бөрөнү кытта охсуһа сылдьар» дии санаатым да, туох баарбынан ойуттум. Чугаһаан иһэн көрбүтүм, доҕорбут «буранын» капота түһэн хаалбытын көтөҕөн, олордо сылдьар эбит.

Салгыҥҥа сиэтэн хараарбыт сирэйэ-хараҕа турбут, бэркэ абарбыт көрүҥнээх, үрүҥ тиистэрэ килэҥнии көрүстэ:

– Дьоппуон баара, үрдүнэн барбыппар хаарга батары түһэн туох да буолбатах. Иккистээн ситэн, капотум никсиэҕэ эһиллэн хаала-хаала эмиэ үрдүнэн аастым ээ… Үһүстээн ситэн эрдэхпинэ аны «бураным» умулунна. Дьэ, бөрөбүт барыыта ол… Үһүспэр хайаан да сүгэбинэн оройун чочуйардыы чугаһаабытым ээ… Оо, ол эрээри сүрдээх кыыл эбит, кэбис, кэбис чэ, – диэн саллыбыттыы бэбигирэтэр, эмиэ да күлэн ылбахтыыр.

Биһиги сыарҕаларга күүтэн турар Опуоҥкаҕа төннөн кэлбиппит, ыты имэрийэ турар. Долгуйбута дуу, күүстээх эккирэтиигэ олус күүрбүтэ дуу,  Арамааскы титирэстиир илиитинэн олоҕун анныттан тиэрмэһин ылан итии чэй кутунна. Биһиги Арамааскы омуннаах соҕус кэпсээнин истэ-истэ, күө-дьаа буолабыт, чээй иһэн сырылатабыт. Киһибит:

– Доо, бу тыһы ыты төрөтөн, оҕолорун улаатыннаран баран, тириилэрин туттаран харчы оҥоруохха баар, – диэмэхтиир. Онно кимиэхэ да хаһан төрөтөн, аһатан-сиэтэн улаатыннарар, бадьыыстаһар санаа дьиҥнээхтик охсуллубатаҕа. Айан дьоно салгыы барбыппыт, ыппыт эккирэтиэхчэ буолан иһэн, иккистээн бөрөтүн көрсүөн салынна быһыылаах, бөһүөлэк диэки тэлбиҥнии турда.

Оо, акаары ыт, үйэлэр тухары икки атахтаахха кыр өстөөх, тыаларын диэки көрө сылдьар оҕолору төрөтөн, бөһүөлэккэ идэмэрдээх иэдээни таһаарбатыҥ ини… Кырдьаҕас булчуттар ардай аһыылаах оҕолоро хас да көлүөнэ тухары хааннара баһыйар диир буолаллара,.. Оччотугар бэрт кырыктаах кыыллар дьон ортотугар олорон, хааннара уһуктан, кимиэхэ да саба түһүөхтэрин сөп…

Аны атыыр бөрө тыһы ыты кытта иссэн, наадатын толуйбутун кэннэ тутан сиэн кэбиһэр диэн эмиэ баар. Онон, икки атахтаахха иитиллибит акаары ыт, дьонтон чиэски таптаһа сылдьан, өлөр-тиллэр икки ардынан быһах биитинэн сылдьыбыккын билээхтээбэккэ,  тыыннаах дойдугар эккэлии кэлээхтээбиккэр махтал… Биһигини таба түбэспэтэҕиҥ буоллар, тайҕаттан булбут тапталлааҕыҥ, бука аччыктааһынын саҕана, дьылҕаҕын быһаарыа этэ. Онуоха эн тыһыҥ кырата, булка, аһы булунууга кыайа-хото сылдьыспат күүһүҥ-күдэҕиҥ суоҕа ордук быһаарар оруолланара дуу… Ол эрээри ким билиэ баарай, бөрөбулбут пааратын кытта үйэтин тухары бииргэ таптаһа сылдьар диэччилэр. Айылҕа дьиктитэ үгүс. Син сиэбэккэ бөһүөлэккэ тиийэ кэлсибит ээ… Тапталлааҕын дойдутугар атаара кэлээхтээбитэ дуу…

Манна эбэн эттэххэ, ардай аһыылаах бөрө Эдьигээҥҥэ дьон олорор сиригэр элбэхтэ киирэрэ биллэр. Сылын аайы сыбаалкаҕа көрөллөр уонна бултууллар. Ол туһунан олохтоох телевидение хаста да көрдөрбүтэ. Аҥардас 2013 сыллаахха, биһиги ити ардай аһыылааҕы көрсүбүт сирбититтэн чугас үөһэ, Егор Николаевич Григорьев диэн булчут хапкааҥҥа иҥнибит бөрөтүн сонордоһон бултаабыта. Кини ол туһунан «Байанай» сурунаалга маннык кэпсээбитэтахсыбыта:

– Авиапорт сыбаалкатыгар бөрө суола баарын көрөн, хапкаан ииппитим. Нөҥүө күнүгэр көрбүтүм – иҥнибэтэх. Иккис хонугар көрдүм – иҥнибит, ол гынан баран хапкааммын илдьэ барбыт. Суолун ирдэстим, көрдүм, онтон үһүс күммэр хайыһарынан көс аҥара сири сырсан бултаатым. Бөрө кырдьык,   өйдөөх  кыыл. Көр, халдьаайылары, үрдүк сирдэри батан сылдъар эбит. Ону ааһан, дьэ, кытаанах кыыл. Хапкааныттан босхолоно сатаан, атаҕын тарбахтарын бүтүннүү кэбиммит. Хапкааным бөҕөбуолан ыыппатах.   Сирэйиттэн-хараҕыттан көрдөххө, эдэр уонна  ырыган баҕайы, аччыктаан иэдэйбит көрүҥнээҕэ.

Бу сыл алтынньытыгар Кыстатыам сэлиэнньэтигэр Анастасия уонна Александр Сергеевтэр дьиэлэрин таһыгар түүн ыттара бэрт дьиктитик үрбүт. Ону истэн, дьиэ хаһаайката туран түннүгүнэн көрбүтэ, ыттааҕар быдан улахан туох эрэ уун-утары көрөн олорорун дьиктиргээн, кэргэнин ыҥырбыт. Онуоха, Александр көрөөт да тута: "Оо, буолар да эбит, бөрө олорор дии", – диэбитигэр, дьиэлээхтэр бары аймана түспүттэр. Дьиэлээх хаһаайын сейфэтиттэн саатын ылан таһырдьа ыстаммыт. Бөрөлөрө баанньыктарын диэки баран, тыаҕа төттөрү ыстаммыт. Сарсыныгар суоллаан көрбүт эрээри, күүстээх тыал түһэн, суолун булларбатах. Тыал тохтообутун кэннэ тыаҕа мастана барбыт, онно бөрө саҥа суолун көрөн, дьиэтигэр сүүрэн кэлэн саатын ылбыт уонна суолун батыспыт. Бөрөтө төттөрүбөһүөлэккэ киирбитин суоллаан, ферма таһыгар ситэн өлөрбүт.

Ити курдук торҕоннообут бөрөлөр ас тобоҕор, ардыгар тыһы ыкка саантаан дьон олорор сиригэр-уотугар киирэр түбэлтэлэрэ бааллар. Итини тэнитэн эттэххэ, түҥбылыргыттан суксуруһа сүүрэр сур бөрөлөр икки атахтааҕы кытта туруулаһан, күн бүгүнүгэр диэри бэриммэккэ кэлбит улуу кыыллар. Ону сахалыы бастакы суруйуунан ааттанар, Эдьигээнтэн төрүттээх  Афанасий Уваровскай «Ахтыыларыгар» көрүөххэ сөп. Манна бөрөлөр хайаттан сүүрэн түһэн иһэн, тохтообокко да булчут ыты хабан ылан, икки аҥы хайа тардан сиэн ааспыттарыгар, эбэҥки булчута иитэр-аһатар ытыттан мэлийэн, ытыы олороро ылыннарыылаахтык ойууланар. Оччотооҕуга бүтүн аҕа ууһун хоргуйууттан-быстыыттан абырыыр булчут ыт барахсантан ытыс соттуу – кырдьыга да иэдээннээх түбэлтэ буоллаҕа.

Бөрө курдук түҥ былыргыттан киһи аймаҕы кытары турууласпыт уонна күн бүгүнүгэр диэри кыайтарбакка киэҥник тэнийэн үөскээбит кыыл суох. Арай киэҥник тэнийбит крыса эрэ баһыйар дииллэр. Булчуттар саҥаттан саҥа ньыманы туһанан бөрөнү бултаһаллар даҕаны, имири эстибэккэ үөскүү турар. Бу өлбөт үөстээх кыыл ханнык баҕарар усулуобуйаҕа сөп түбэһэринэн, тулуурунан, ньоҕойунан, сөҕүмэр күүһүнэн-уоҕунан, киһи курдук киитэрэй өйүнэн уратылаах.

Ардай аһыылаахтар аныгы үйэҕэ кытта икки атахтаахха бэриммэккэ, кэлиҥҥи сылларга ахсааннара аһары элбээбитэ билиннэ. Бөрөлөр бэл дьон хойуутук олохсуйбут киин улуустарыгар, оннооҕор Дьокуускай куорат иһигэр орох тэбэр, бултанар да түбэлтэлэрэ таҕыстылар. 2013 сылга 3500 төбөҕө тиийэ элбээннэр, дьиэ уонна тыа кыылларыгар улахан хоромньуну таһаардылар. СР Булт Департаменын 2012 сыллааҕы көрдөрүүтүнэн 16 тыһыынчаттан тахсатабаны, 313 сылгыны тарданнар, бөрөнү утары охсуһууга 2013 сыл үс ыйыгар СР Президенин суһал дьаһала ылыллыбыта. Ити түмүгэр, 880 бөрө бултанан, дьиэ кыылларыгар тахсар хоромньу биллэрдик аччаата дэһэллэр.

Манна диэн эттэххэ, бөрө сүрдээх өйдөөх уонна өһүөннээхкыылынан аатырар. Ол да иһин кини тыынын уйар ыарахан, ылбычча дьон бултаспат улуу дьаалылара.  Биир оннук аарыма адьырҕа Тааттаҕа, Дьохсоҕон нэһилиэгэр хас да сыл буулаан турар. Дьиктитэ баар, бу бөрө буулаабыт нэһилиэгиттэн арахсыбакка күнүстэри киирэн чүүччэйэр, бааллан турар ыкка түспүт түбэлтэлэрэ бааллара. Кэпсииллэринэн, аттынааҕы нэһилиэк сылгыларын, сүөһүлэрин тардыбакка, аҥардас Дьохсоҕону эрэ буулаабыт. Бу нэһилиэк булчута ити бөрө дьиэ кэргэнин эспит дииллэр. Ол төһөтө кырдьыга-сымыйата биллибэт эрээри, бөрөнэһилиэккэ кырдьык улахан хоромньуну таһаарбыта. Ол туһунан улуус, республика хаһыаттарыгар «Буурай бөрөбуулаата», «Түүлээх ороспуонньук», «Бөрө бойобуой ахсаана 60 буолла», «ХХ-с үйэ чулуу булчутун аата иҥэриллиэҕэ», «Хапкааҥҥа хаптарда» диэн заметкалары таһаартарбытым. Онно маннык строкалар бааллар.

«Дьохсоҕон нэһилиэгин үһүс сылын ардай аһыылаах буулаан сордоото. Бөһүөлэктэн арахпат бөрө барыта 50 сылгыны, 10-ча торбоһу тарта. Аҥардас соторутааҕыта биэс убаһаны күөлэһиттэ. «Победа» КП бөрөнү бултаабыт киһиэхэ убаһа бириэмийэ олохтоото да, ардай аһыылаах билигин даҕаны талбытынан айбардыы сылдьар.

Ааспыт өрөбүл күннэргэ сылгыһыт Михаил Михайлович Хабытин сыбаалкаҕа ииппит хапкаанын үктээн баран мүччүкөппүт. Хаана тохто сылдьар бөрөнү суоллаан 90-ча киһи төгүрүйэн баран эмиэ куоттардылар. Былырыын түүлээх ороспуонньук сааҕа табыллыбыта, хапкааҥҥа хаптарбыта да, бааһын оһоруна-оһоруна төннөн кэлэ турар. Дьиктитэ диэн, аттынааҕы бөһүөлэктэргэ тугу да тыыппыта, өлөрбүтэ иһиллибэт. Маны этэн эрдэхтэрэ, «абааһы аһаабыт сириттэн арахпат» диэн.» («Түүлээх ороспуонньук», «Аргыс» №16, 1999 с, Сэтинньи 27 күнэ.)

«Быйыл кыһын Боробул олохтоохторо хаһан да көрбөтөхтөрүн көрөн соһуйбуттар. Бөһүөлэктэрин ортотунан хара тыа адьырҕата, туора дойду торҕоно аарыма бөрө уһаты-туора охсуллан ааһар буолбут. Кини обургу мөлтөөн-ахсаан сылдьар сирэ сыбаалка, күндү сирэ күрдьүк буолан олохтоохтор утуйар ууларын уйгуурдубут. Оннук Кладкин Федор Петрович уһаайбатыгар иккитэ ыалдьыттаан ааспыт.

Бу аһыҥастаах кыыл төһө да мөлтөөбүтүн, аҥар атаҕар доҕолоҥнуурун иһин бу күннэргэ «Победа» КП үс биэтин тардыбыт. Бөрөнү өлөрбүт булчукка бириэмийэ анаабыттар. Коллективнай предприятие директора Егор Васильевич Захаров:

– Бириэмийэ эрэ иһин буолбакка, сирэйэ-хараҕа суох күнүстэри ороспуонньуктуур адьырҕаны уодьуганнаары үгүс эр санаалаахтар бултаһа сатыыллар даҕаны, билиҥҥитэ кырдьаҕас бөрө таба туттара илик. Киһи барыта араас ньыманы тутта сатыыр. Холобура, сиэҥин тула хапкаан иитэллэр, сорохтор бэл тыһы ытынан «мончууктаан» көрөллөр да, бөрө 50-ча миэтэрэ эрэ курдук чугаһаан баран киирбэт эбит.» («Буурай» бөрө буулаата», «Таатта» №13, 1999 с. Олунньу 2 күнэ.)

Ити курдук «Победа» КП бөрөнү бултаабыт киһиэхэ убаһа бириэмийэни анаан бултата, облава оҥорторо сатаабыта да, бөрө таба туттарбакка көҥүл айбардыы сылдьыбыта. Тиһэҕэр улуустааҕы типография таһаарар «Аргыс» хаһыатыгар бөрөнү бултаабыт киһиэхэ «ХХ-с үйэҕэ улуус чулуу булчута» аат иҥэриллиэ диэн булчуттарга ыҥырыы таһаарыллыбыта. Ыҥырыыны өйөөн 72 саастаах кадровай булчут, эдэр сылдьан марафоҥҥа сүүрүүгэ улуус рекордсмена, уонунан бөрөнү бултаабыт Дмитрий Ефремович Дедюкин кэлэн икки күн устата бултаспыта, аҕыс хапкааны ииппитэ.

Дьулаан кыыл бу сырыыга киһи эрэ буоллар, аатырбыт булчут бөһүөлэктэн үс биэрэстэлээх Кыттаана диэн сиргэ бэркэ мындырдаан ииппит хапкааныгар уҥа атаҕыттан ылларбыта уонна хапкаанын соспутунан Таатта үрэх үрдүнээҕи Ньыллахы сиһигэр тахсан хорҕойбута биллибитэ. Бөрө ир суолун ирдээн үс трактордаах, УАЗ массыыналаах, икки аттаах 10 киһи, ол иһигэр К.И. Давыдов, С.И. Саввин, Е.В. Захаров тахсыбыттара. Ол тиийэннэр сылгыһыттар Ф.И. Герасимов, В.В. Попов халлаан хараҥарыыта бойобуой карабинынан ытан өлөрбүттэрэ.

Бөрөнү хапкааҥҥа үктэннэрбит Дмитрий Ефремович этэринэн, кыыл 80-90 киилэ кэриҥэ ыйааһыннаах, урут кини бултаабыт бөрөлөрүттэн саамай аарымалара эбит. Кырдьаҕас булчут бөрөтүн чуучула оҥорбута билигин Ытык Күөлгэ «Хадаайы» музейын экспоната буолан, сылдьыбыт эрэ дьону аарыма көрүҥүнэн сөхтөрөр.

Оттон нэһилиэнньэни амырыын бөрөттөн быыһаабыт сорсуннаах булчуту, республикаҕа тиийэ биллэр спортсмены нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Баайаҕа культуратын дьиэтигэр чиэстээбиттэрэ-бочуоттаабыттара. Үөрүүлээх күн Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Михаил Архипов махтал суругу кытары «Победа» КП анаабыт 8 тыһыынча солкуобайын туттарбыта. Ити курдук өр сыллаах туруулаһыы киһи кыайыытынан түмүктэммитэ. Бу ардай аһыытын килэппит, икки атахтаахха таала кырыыланан сүөһүтүн-аһын бараабыт, илэ абааһы буолан дьон олорор сиригэр күнүстэри күлүкүчүйбүт аарыма кыыл чуучулата,музей муннугуттан билигин да уоттаах хараҕынан барытын ыйыстыахтыы супту көрөн турар…

Ыйдаах түүн. Сааскы түүнү быһа куртуйахтар куллугураһаллар. Кулуһун иннигэр аргынньахтаан олорор киһи дьагдьайан, уотугар маһын эбэн, күөдьүтэн биэрдэ, бэргэһэтин сэгэтэн сааскы айылҕа саҥатын иһиллээмэхтээтэ. Онтон төбөтүн өрө хантатан, ытыстарын холбоччу тутан, бэрт үөрүйэхтик бөрөлүү улуйда. Онуоха өс киирбэх арҕаа диэки бэрт иҥсэлээхтик, ис-иһиттэн имэҥирэн туран, көҥөммүт атыыр бөрө охсуһуох айылаахтык, киһи куйахата күүрүөх улуйда. Киниэхэ илин диэкиттэн тыһы бөрө улуйан, эрэйдээх-буруйдаах олоҕун уһун-уһуннук кэпсээн онолуйда, куртаҕа курулуйбутун, оҕолоро аһыы иликтэрин биллэрэрдии ытамньыйан, ыйылаамахтаан ылла.

Ити курдук киһи түүнү быһа бөрөлөрү кытта «кэпсэтэн», бэйэ бэйэлэрин ыҥырса-ыҥырса илин диэки улахан халдьаайы эҥэр булсубуттарын быһаарда. Халлаан сырдыыта, бөрөлөр улуйалларыттан кирдиргии турар атын үрдүгэр хап гына олоро түһээт, өрө холоруктатан илин диэки салайа баттаата.

Ити Уус Алдан Найахытын олохтооҕо Владимир Исаков адьырҕа бөрөлөрү ыраатыннарбакка, быталарыгар, уйаларыгар ир суолларын ирдии, тоҥ суолларын тордуу сылдьар. Сөп ээ, икки атахтаахха иннин биэрэ илик улуу кыыл сылга уонча тайаҕы, табаны, көрбүт хамсыыр-харамайын барытын маҥалайыгар мэҥиэстэр. Улуу сиэмэх моҕус топпокко, дьиэ сүөһүтүгэр, табатыгар, сылгытыгарулахан хоромньуну таһаарар. Аны туран олус сэрэхтээх, сүүһүнэн биэрэстэнэн тэлэһийэр күүстээх-уохтаах кыылы сиринэн бултуурга сыра-сылба баранар, салгынынан көтөсылдьан ытарга ороскуота улахан. Онон Владимир Владимирович курдук оҕолоро улаата, элбии, уончалыыга тиийэ үөрдүһэн кутталы үөскэтэ иликтэринэ, тутатына быталарыгар бултаһар, олус элбииллэрин аччатар сөптөөх.

Владимир итинник икки төгүл бытаттан бултуйбут. Бастакы сырыытыгар 2006 сыллаахха ийэ бөрө хороонуттан тахсыытыгар саанан дьууктаан баран, биэс оҕотун ылбыттар. Иккиһигэр 2007 сыллаахха аҕыс оҕону бултаабыт. Бу барыта 13 бөрө оҕото улааппыта, өссө салгыы төрөөбүтэ-ууһаабыта буоллар, туох-туох алдьархайа тахсыа, дьоҥҥо-сэргэҕэ, сүөһүгэ төһөлөөх кутал суоһуо биллибэт этэ. Бөрөһүт маныаха саас эрдэ муус устар бүтүүтэ, ыам ыйын саҥатыгар бултаһар ордук табыгастааҕын ыйар. Ол кэмҥэ чараас туруйа хаара түһэн, сонордьукка сөптөөх суол-иис ырылыччы көстөр. Онон атыыра ас аҕаларыгар, улуйсубут сирдэринэн хайысхаланан, суолларынан сирдэтэн, бөрө бытатын чопчу кэбэҕэстик булуохха сөп эбит.

Маныаха бөрөлөр үгэс курдук, харалдьыкка эмиэ соҕуруу күн көрөр сирин диэки хасталлар, үксүгэр саһыл бытатыгар уйаланаллар эбит. Сири-уоту үчүгэйдик билэр олохтоох булчуттар, сылгыһыттар ону эндэппэккэ билиэхтэрин сөп. Владимир Владимирович 2005 сылтан, туртас мэнээктиир кэмигэр бу эҥэр бөрөлөр биллибиттэрин, туйахтаах кыыллары эккирэтэн кэлбиттэрин этэр. Онтон ыла сылын аайы булчуттар анаан-минээн бултуу сатыыллар даҕаны, син биир эбиллэ тураллар. Холобура, кини үөһэ ахтыллыбыт кэм иһигэр барыта 16 бөрөнү бултаабыт, үксүн хапкаанынан ылбыт. Биһиги 2012 сыллаахха Найахыга кэпсэтэр кэммитигэр, ол эҥэр алта үөрдээх, үс үөрдээх уонна туһунан соҕотох сылдьар бөрө баарын сыныктаабыта.Бу үгүс дьон олорор, улахана суох территориятыгар элбэх.

Онтон үс бөрөтүн аҕыйах хонугунан Бээди нэһилиэгин булчуттара өлөрбүттэр. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, оннооҕу сылгыһыт уол үс бөрө сылгылары хаайан турарыгар түбэспит. Атыыр сылгы үөрүн чөмөхтөөн, бөрөлөрү кытта охсуһа-охсуһа чугаһаппакка, сиэлэ-кутуруга ыһыллаҥнаан, тула сүүрэн холоруктуу сылдьар эбит. Уол ону көрөөт, дэриэбинэҕэ тиийэн тыллаан, саалаах булчуттар хомуллан тахсыбыттар. Ол тухары атыыр адьырҕалары үөрүгэр чугаһаппатах. Бөрөлөр охсуһуу ухханыгар аралдьыйан, куотар суолларын быһан киирбит булчуттары ыкса чугаһатан, үһүөн бэргэн буулдьаларга табыллан охтубуттар… Ити курдук сылын аайы күн бүгүнүгэр диэри бөрөлөрү кытта охсуһуу салҕанар… 

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....