08.05.2023 | 19:58

КЫҺЫҤҤЫ СУГУН

(Эссе-сэһэн)
КЫҺЫҤҤЫ СУГУН
Ааптар: Александр ПОСТНИКОВ-СЫНДЫЫС
Бөлөххө киир

Кыһыҥҥы сугун

Эдьигээҥҥэ дьыл кэмэ уларыйыыта туһугар уратылаах. Бу Дьокуускай куораты кытта саастыы, биир кэмҥэ куорат буола сылдьыбыт сэлиэнньэ үрдүк сиргэ тэнийэн сытар. Онон хаһан да халаан уутугар ылларбат эрээри, сылга 365 хонук баар буоллаҕына, 300 хонуга бука тыаллаах-куустаах, ардыгар киһини түҥнэри охсор буурҕалаах, ханнык да бэйэлээх уу харахтаах утары көрбөт сытыы чыпчахай тыаллааҕынан аатырар. Дьиктитэ диэн, тыалырдаҕына халлаана тымныытын ыһыктар. Ардыгар улахан буурҕа кэнниттэн салгын температурата -1-2 кыраадыска тиийэр. Ол эрээри туруору тымнытан дьигиһиттэҕинэ, тугу этиэҥбаарай, от-мас тостор томороон тымныытынан бурҕачыта саайар…

Хоту дьыл-кэм эргиирэ хайдах эрэ ураты түргэнник күөрчэхтэнэр, бириэмэ биир кэм субулла олорор курдук. Оччолорго 1992 сыллаахха Эдьигээн төрүттэммитэ 360 сылыгар ону туох диэн хоһуйдум этэй:

Үс үллэр сүүрүктээх Өлүөнэ эбэккэ

Уорҕата биллибэт улаҕа өттүттэн,

Уу харах ыларын тухары одуулуу

Уһуннук болҕойон көрдөххө.

​Үрүҥ күн аннынан мөлбөйө

​Биир сүдү хараабыл буолаҥҥын

​Устаҕын кырдьаҕас Эдьигээн

​Бириэмэ өрүһүн өксөйө.

Сүүһүнэн сыллары уҥуордуур

Оһоҕуҥ буруота унааран,

Ол модун борохуот аал курдук

Тибийэ-табыйа иһэҕин.

​Бу уһун дьүккүөрдээх айаны уйбакка

​Сааһырбыт дьонноруҥ тумулга хаалбыттар,

​Очурга охсуллар түгэҥҥэ эдэрдэр

​Таастыйбыт бириэмэ биэрэгэр түспүттэр.

Кинилэр кэскиллээх суоллара сүппэккэ,

Эн ньыгыл сүрэххэр күүс буолан киирбиттэр.

Төрөөбүт сирдэрин төлкөтүн уһанса,

Өлбөккө-сүппэккэ сүрэххэр иҥпиттэр.

​Ол курдук бу манна күн сырдык чаҕылын

​Аҕабыыт уолчаана аан бастаан көрбүтэ,

​Тапталлаах дойдутун сурукка түһэрэн,

​Сахалыы аан бастаан «Ахтыыны» суруйта.

Куолакал лыҥкыныыр тыаһыгар бигэтэн

Эн чуумпу айаҥҥар сөбүлүү көрөрүҥ,

Сахалар, нууччалар, тоҥустар мустаннар,

Ыһыахха һээдьэни үҥкүүлүүр кэмнэрин.

​Саҥаттан саҥа кэм тыынынан илгийэ,

​Сайыҥҥы күн тыгар саһарҕа кыымынан.

​Уот кыһыл аттаахтар ньиргитэн кэлэннэр

​Кырдьаҕас Эдьигээн айанын сиппиттэр.

Хаан кыһыл уотунан умайа

Айаныҥ балысхан баалланар,

Сүүһүнэн төлөннөөх сүрэхтэр

Сибиниэс долгуҥҥа умсаллар…

​Эриирдээх-бутуурдаах сут-кураан дьылларга

​Дьокутаат Шемяков уруулга турбута,

​Ыарахан ол өлүү тоҕойун туоратан,

​Килбиэннээх эн уолуҥ сырдыкка тиэрпитэ.

Хонуктар ааһаллар – кытылы кырыйа…

Кыдьымах кыһыннар – кырылыы усталлар…

Биэрэстэ эргийэр – ытыгы саната…

Дьыл – хонук кэриэтэ, сындыыстыы сыыйыллар…

​Үс үллэр сүүрүктээх Өлүөнэ биэрэгэр,

​Үс үллэр үйэҕэ эдэрдии эрчимнээх Эдьигээн!

​Үс үллэр былааһы нөҥүөлээн,

​Үс үллэр тыһыынча кирбиитин – 

дьоллоохтук айаннаа!

Үрдүк сир олохтоохторо, сыл аайы дьыл уларыйыытын олус чугастык ылыналлар. Аллара ытыска уурбуттуу нэлэһийэр Өлүөнэ эбэлэрин, уйаара-кэйээрэ биллибэт Аар тайҕаларын, хартыынаҕа, киинэҕэ көрөрдүү харах ыларынан толору көрөр кыахтаахтар. Кытылтан ыраахха диэри нэлэһийэр эбэ иэнэ тымныйан, хараара ыараабыт, сибиниэс ууларын бэрт бытааннык хоту мөлбөччү утаарар. Сотору-сотору кэлэр дохсун тыал балаһата кыратык эмэ уоскуйаары, сынньанаары, тыын ылаары гыммыт эбэни иирбиттии үрэн сырылатан, эрийэн-мускуйан, ыас хара ууларын үөмэхтэтэ мөҕүһүннэрэр. Оччоҕуна Өлүөнэ эбэ эмиэ түрдэстэн, түллэҥэлээн, икки атаҕы, хамныыр-харамайы хара уутугар чугаһаппат мөккүөрүгэр, таас дьаппа кытылларынандьалкылдьыйан, күүгэннээх долгуннарынан сабыта кырбыыр…

Онтон харах ыларын тухары долгулдьуйа саһарымтыйар киэҥ тайҕа көмүс дуйунан, эҥинэ бэйэлээх дьикти кэрэтэтэркэй кырааскаларынан киэмсийэ киэргэнэн, кыраҕа ымыттыбаттыы нэлэһийэр. Арай кытылы кыйа үүммүткыһыл талахтар, үөр анды мончуукка түһээри үмүөрүспүтатахтарын курдук кытарыҥнаһа, тыалга хаптаҥныы биэтэҥнэһэллэр. Арыыларга үүммүт иирэ талахтар тыалтан сиргэ тиийэ хаптайа-хаптайа, өсөһөн туран иһэллэр. Тула барыта хамсыыр, хаадьаҥныыр, туллаҥныыр… Саһарбыт сэбирдэхтэр тэлээрэ көтөллөр, бу дойду тыалга-кууска эриллибит аһаах мастарын, ньиирээйи тииттэрин көтөҕөлөрө саһара сатаан баран, курулуу тохтоллор. Тула барыта соҕотохто иччитэхсийэ, иһийэ, кураанахсыйа түһэр,хара, нүһэр күннэрэ бүрүүкүүллэр. Онтон өксүөннээх инчэҕэй хаар түһэн кыыдамнатар, силбик, инчэҕэй, тымныы, хаҕыс күннэр кэннилэриттэн, бастакы лыҥкынас тымныылар лаһыгыраталлар.

Маннык күннэргэ чэмэличчи тыгар күн аргыстаах, саа сүгэһэрдээх, бастакы хаары кыычыгыраччы кэһэн, тыаны кэрийэрбин олус сөбүлүүбүн. Итинник күҥҥэ ойуур иһэ арыллыбыт кинигэ курдук үгүс суоллааҕа-иистээҕэ, ойуулааҕа-бичиктээҕэ киһини эрэ кэрэхсэтэр. Оо, бу мин иннибинэ эрэ хара тыа маанылааҕа саарба обургу чыс кутуйаҕы туппут уонна ыккый ойууругар киирбит. Чэ, мин салгын сии сылдьар киһи, киис курдук улахан булду эккирэтэр, бултаһар санаам суох, ситэр да биллибэт. Киһи бэйэтин кыаҕын билиниэхтээх. Хата бу, хабдьылар суоллара баар эбит ээ… 

Кылбаа маҥан көтөрдөрү суоллуу сылдьан, сугун угугар түбэстим. Сирийэн көрө иһэн, абына-табына тоҥон лочугураспыт сугуннары үргээн айахпар угабын. Оо, барахсан минньигэһин эриэхсит. Ити хабдьылар, түспэккэ тоҥон турар сугуну сииллэр эбит ээ... Кэлин сугунум элбээн барбытыгар, бу кыһыннары түспэккэ турар күөх харах отону үргүүллэрин истибит буолан, хочулуохпунан охсон барабын. Сэбирдэҕэ түспүтүнэн, хата олох ыраастык хомуллар эбит. Кылгас кэм иһигэр үрүссээхпэр баар пакеттарбар лөскөччү үргээн, бу үлүгэрдээх быйаҥкэнниттэн, үөрэ-көтө дьиэлиибин. Сылдьыбыт сыыһы булар – арааһа биэдэрэ кэриҥин үргээтим. 

Ыраастан ыраас салгыны ыймахтыы иһэн, сир аһа эмиэ булт биир көрүҥэ диэн санааларбын салгыыбын. Туһугар эмиэ олус көхтөөх, азартаах, иҥэмтэлээх битэмиини хаһааныыга туһатын ааһан, чахчы спортивнай бэлэмнээх, сытыы-хотуу эрэ киһи ордук хотоойутук бултуйар көрүҥэ. Сайын от ыйыгар дьэдьэн үүнүүтүттэн саҕалаан, хаптаҕас, сугун,  моонньоҕон, отон, тэллэй о.д.а. бииртэн биир кэрэ сир астара ситэн-хотон, булчуту угуйаллар. Мин эмиэ сир аһын ханнык баҕарар көрүҥэр сылдьарбын олус сөбүлүүбүн. Бастатан, манна тугу да өлөрбөккүн-өһөрбөккүн, табан сырыттахха айылҕаҕа буортуну оҥорбоккун. Иккиһинэн, айылҕаҕа, ыраас салгыҥҥа спортивнай сынньаныы биир бастыҥ көрүҥэ. Ыккый ойуурдарга, аабылааннарга киирии-тахсыы, сонордооһунтан итэҕэһэ суох көрдөөһүн, ыраах сиргэ сүгүү-көтөҕүү, төҥкөҥнөөһүн – үгүс сыраны-сылбаны  эрэйэр. Онон спортивнай бултааһын биир уустук эрээри, олус сэргэх көрүҥэ.

Итиннэ хас биирдии киһиттэн ыйыттахха, бука арааһа ахтар-саныыр ситиһиилэрдээҕин кэпсиэҕэ. Мин эмиэ туһугар сэргэх соҕус көрдөрүүлэрдээхпинэн киэн туттабын уонна аҕыйах түгэннэри бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Бастатан туран, биһиги өбүгэлэрбит отону, атын да сир астарын син үргүүллэрэ эрээри, билиҥҥи курдук толору туһамматахтара биллэр. Бэл, тэллэйтэн халтарыйа сылдьанхоргуйбуттара дииллэр. Кырдьыга, саха тэллэйи сиэбитин туһунан соччо-бачча иһиллибэт-биллибэт. Онон олох аҕыйах сылтан бэттэх эрэ тэллэйи сиир буоллубут. Мин оҕо сырыттахпына, 1970-с сыллар саҕаланыыларыгар Уус Тааттаҕа Акулов диэн нуучча учуутала кэлбитэ. Кини бастаан биһиги дьиэбитигэр дьукаах олорбута уонна тэллэйи үргээн сииргэ үөрэппитэ. Ити иннинэ ким да үргээбэтэ. Ол ардахтаах баҕайы күһүн тэллэй бөҕөнүүргээбиппит сонун баҕайы этэ. Масленок, подберезовик диэн тэллэйдэри тута ыһаарылаан сиэтэххэ минньигэһин эриэхсит… Онтон истиһэ-истиһэ Уус Тааттаҕа, аттынааҕы да нэһилиэктэргэ үргүүр, сиир, кыһыннары хаһаанар, тууһуур буолан барбыттара.

Аны хаптаҕаһы аһыыта бэрт, элбэх саахар ирдэнэр диэн эмиэ көйгөтүтэн үргээбэт бэйэлэрэ, кэлин эмиэ киһи барыта үргүүр. Долохуна, дөлүһүөн, уохта урут олох сиҥнэ үүнэригэр кыһаллыбат буоллахтарына, билигин сүрдээҕин үргүүллэр. Итинник киһи киһиттэн, омук омуктан үчүгэйгэ үөрэнэр, астыырга уһуйуллар. Бастакы эрэ хардыы оҥоһуллара эрэйиллэр. Кэлин дойдубутугар ыам бырдаҕын курдук дэлэйэн эрэр кытай омук, бэл Дьокуускай куорат таас тротуардарын кытыытыттан араас сэбирдээхтээх оттору хомуйан, сүрдээх минньигэстик астанан аһыыллар.Кэлии омуктар биһиги оппутун-маспытын сити курдук бэркэ билэллэр, биһиги чуорду да билбэппит табыллыбат суол. 

Онон да буолуо, Саха сиригэр сир аһын хомуйууга улахан ис кыахтар ситэ туһанылла иликтэр. Ол син биир сайдыы сиэринэн сыыйа олоххо киирэн иһиэ диэн эрэниэххэ эрэ сөп. Биирдэ баран эттэххэ, Россия биэс гыммыт биирин ылар, Саха сирин территориятыгар сылын аайы хас эмэ мөлүйүөнүнэн тонна сир аһа, үүнээйитэ, эмтээх ото туһаныллыбакка хааларын, таба туһаныы соруга турар… 

Хоту улуустарга ордук сугун хото үүнэр. Этэргэ дылы, сиҥнэ сытар сугун ийэтэ-аҕата, абаҕата баар аҕай дойдута. Онно куйаабылы табыллан тутталлар. Быһааран эттэххэ,куйаабыл диэн хоту омуктарга тарҕаммыт, иитэ талаҕынан үүйүллүбүт, сугуну үргүүргэ аналлаах туостан оҥоһуллубут тэрил. Үүнэн турар сугуну куйаабылынан охсон, сотон ылаҕын уонна ытыскар үрэ-үрэ сүгэ сылдьар иһиккэр кутаҕын. Илиинэн үргүүрдээҕэр хас эмэ төгүл түргэн, ыраас буолар. Билигин сатыыр дьон биэдэрэнэн эмиэ охсоллор. Сорохтор биэдэрэ иитэ кытаанах, сугун угун алдьатар диэн эмиэ сөбүлээбэттэр. Ону билбит суох эрээри, куйаабыл айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуллубутун быһыытынан, алдьаппат, төттөрүтүн кэхтэн, хатан-кууран эрэр салааларын быһан, саҥардан биэрэр бадахтаах. Былыр былыргыттан куйаабыл туттуллубут сиригэр, сугун син биир дьылыттан көрөн үүнэрин курдук үүнэр.

Сугуну үргүүргэ дьон өссө да араас ньыманы туттар. Холобура, мин аҕам оҕо сырыттахпытына сир аһыгар куруутун илдьэ сылдьара. Онно сугуну үргүүргэ талаҕы ньолбоччу тутан баайара уонна нэлэгэр иһитин хойуутук үүммүт сугун угун анныгар тоһуйан, били талах охсорунан тэбиирэ. Бэйэтэ туттуулаах буолан, оннук эмиэ сүрдээх түргэнник үргүүрэ. Томпо уонна Таатта кыраныыссатын икки ардыгар баар Хаандыга үрэҕин төрдүгэр хоно сытан, хас эмэ биэдэрэ киирэр бааҕынан, дьааһыгынан үргүүрбүт. Оо, онно оҕо оҕо курдук илистэн, сүрэҕэлдьээн да биэрээхтиирим… Ол эрээри, кыһыннары сииргэ барыанньата минньигэһин эриэхсит уонна хас сиэтэх аайы ийэҕиттэн хайҕанан, кэлэр сайыҥҥа өссө үргүүр баҕа санаа баһыйара.

Уулаах отон хото үүммүт дьылыгар туттуулаах дьон күҥҥэ уончалыы биэдэрэни үргүүллэр. Үргүүргэ отоҥҥо аналлаах комбайны баһылаабыттар күннүүллэр. Биир дьыл Тааттаҕа Чычымах Дьаамыгар тэрилтэнэн сылдьан олус дэлэччи үргээн, кыһын хаһааммыппытын таһынан, суунар баалынайга толору кутан, икки өттүттэн тутан райпоҕа туттарбыппытын өйдүүбүн. Дьэ, кырдьык отон да отон этэ.

Саха киһитигэр дьэдьэнтэн ордук минньигэс ас суох. Онон да буолуо дьэдьэн – минньигэс амтан эталона, дойду кэрэттэн кэрэ сыттаах ахтылҕана. Ханнык алаас сахата оҕо сылдьан дьэдьэннээх халдьаайыга тиритэ-хорута бу сүүтүк саҕа тэтэгэркээн отону үргээбэтэҕэй, сарсыарда ийэтэ минньигэс дьэдьэннээх күөрчэҕи лаһыгыраччы ытыйарыттан уһуктубатаҕай… Миньигэс минньигэс курдук дьэдьэн оҥоойукка туолан биэрбэтэ, уостугана, сорох дьыл иинэн-хатан кыччыгыйа сордооччу. Аны туран, дьэдьэннээһин кэмигэр бырдаҕа хойууката, элбэҕэ, өҥүрүк куйааһа – үгүс дьэдьэнниттэри тута ыксатааччы, туппай-иппэй өттүлэрин дьиэлэригэр төттөрү үүрээччи.

Дьэ, ол эрээри аҕыйах сыллааҕыта киин улуустарга солко баайааччы үөн дэлэйэн, икки сылы быһа чиргэл бэйэлээх тииттэрбитин куура хатыахтарыгар диэри мутукчатын сиэбитэ. Онтон сылтаан күөх сайын хараара өлбүт ойуурдар дэлэйбиттэрэ. Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэринии, итинник ойуурдарга күн уота дэлэччи көрөн, сирин үрүт араҥата ирэн, дьэдьэҥҥэ олус табыгастаах усулуобуйа үөскээтэ бадахтааҕа. Мин онно айылҕаҕа сынньана таарыйа, баҕар тэллэйдиэм, хаптаҕас да үргүөм диэн уон биэс лиитэрэлээх биэдэрэни илдьэ ойуурга таҕыстым. Ол күн от быыһа киһи тойон эрбэҕинээҕэр улахан дьэдьэнинэн кытара сытарсиригэр түбэһэн, дьэ, үргээтим ээ. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, биэдэрэбин өр гыммакка толорон, бэйэм да соһуйдум. Оҕолорум үөрүү-көтүү бөҕө, Ол дьыл илин эҥэргэ сорох ыал буочуканан үргээн, ону атыылаан уонунан тыһыынча харчыны өлөрбүттэрэ диэн сэһэн элбэх этэ. 

Эдьигээҥҥэ сир аһын арааһа эмиэ элбэх. Олортон олохтоохтор моруоска, эй аһа диэн саһархайдыҥы, киис тиҥилэҕэр маарынныыр быһыылаах эрээри, бөдөҥ отону сөбүлээн үргүүллэр. Кутатыҥы сиргэ үүнэринэн, сир тоҥмутун кэннэ үргүүр табыгастаах диэн ааттыыллар. Амтана хабархайдыҥы эрээри, олус минньигэс, киһи сыҥааҕын уута сүүрэр, биирдэ амсайдаххына, илииҥ бэйэтэ бара турар дьикти үчүгэй отон.

Алааһым куула тыатын саҕатыгар эйигин көрсө түһээт,сүрэҕим битигирии мөхсөн, минньигэс минньигэстик ыгыта туппахтаата, сүһүөхтэрим уйбакка бокуҥнас буоллулар. Бу дьолу, эйигин сылы быһа күүппүт, өр да өр көрдөөбүт, кэнники күннэргэ санаам ымыыта оҥостубут күндүчыычаахпын көрсөр күннээх эбиппин. Сүрэҕим ортотунан киирэр, хап-харанан чоҕулуччу көрөн тэрбэллэн турар сэгэртэйбэр, утары сүүрэн тиийэммин, нарын таһаатыттан күөйэ харбаан ыллым… Долгуйбут итии ытыспынан тэрэйбит томтоҕор чопчуларгын имэрийэбин, хатырбыт уоспар чугаһатан утаппыттыы  ууруубун … Ис испиттэн имэҥирэн туран, сүрэхпэр түһэр кэрэ сыккын сыттыыбын, астына-дуоһуйа минньигэс бэйэҕин ыймахтыы ыйыстабын..Этим-сааһа аһыллан, үрдэ суох дуоһуйууну ылабын, кэмэ суох кэрэ иэйиилэргэ куустарабын… 

Күндү ааҕааччыам, манна кыратык уоскуйа түс уонна салгыы фантазияҕын сайыннарбаккар сүбэлиэм этэ. Ити ханнык да эротическай роман саҕаланыыта буолбатах. Баара суоҕа, уот сиэбит куруҥун сөбүлээн үүнэр, минньигэс амтаннаах  отоннор сарыыссалара – моонньоҕон туһунан өрө күүрүүлээхтик сурулунна.

Саха дьонугар былыр былыргыттан сир аһыттан биир бастыҥнара моонньоҕон буолар. Ол да иһин кэрэ кэпсээннэр үтүө түгэннэрин ойуулааһыннарыгар, хоһуйууларыгар киирдэҕэ. Хайдах эрэ, моонньоҕон диэн тыл ис-иһиттэн сырдык, үтүө санааны биэрэр курдук. Моонньоҕон диэн саха эмиэ биир маанылаах куһун ааттыыр. Сорох сиргэ, холобура, Уус Тааттаҕа куһу кунньалгы, моонньоҕону дьордьума диэн ааттыыллара эмиэ интэриэһинэй. Уопсайынан эттэххэ, саха тылыгар, литературатыгар моонньоҕон таптал тиэмэтигэр элбэхтэ ахтыллар. Ордук кэрэ кыыс хараҕын мооньоҕоҥҥо холуур курдук табыгастаах тэҥнэбил аҕыйах буолуохтаах. Холобур, буспут мооньоҕон курдук чоҕулуччу көрбүт… Эбэтэртөттөрү, буспатах моонньоҕон курдук туртаччы көрдө диэн киһи соччото суох туругун көрдөрүөххэ сөп. Үксүгэр моонньоҕону кыыс нарын таһаатыгар тэҥнииллэр.

Саха сиригэр үүнэр сир аһыттан саамай иҥэмтэлээхтэрэ, киһи доруобуйатыгар туһалаахтара уонна үргэнэрэ түргэнинэн, бөдөҥүнэн барыларын баһыйар. Үчүгэйдик үүммүт аҕыйах да укка түбэстэххэ, элбэҕи хомуйуохха сөп. Аны хараара бустаҕына минньигэһин оҕото сыттаҕа. Этэргэ дылы, дьыл аһа буолуон буолар. Ол да иһин атырдьах ыйыгар куоратынан, тыанан үгүс ыалга чэй куһуога буолар сүрүн сонунунан моонньоҕон диэтэхпитинэн соччо сыыстарбаппыт.

Былыр хас биирдии ыал бэйэтэ эрэ билэр мооньоҕоннуур бүөм сирдээҕэ. Онтон билигин аныгы киһи обургу тимир көлөтүнэн ханнык баҕарар сиргэ иҥнигэһэ суох тиийэр. Онон чугаһынан, ырааҕынан моонньоҕону хаалларбакка имири сотон ылар. Ким урутаабыт хомуйар диэн санаабаһыйан, сороҕор күөхтүү үргүүр буоллубут. Айылҕабыт онуоха «бары тиксиэххит, төһө кыайаргытынан быйаҥмыттан сомсон ылыҥ» диэбиттии, кистэлэҥ сирдэрин дьон туһатыгар сэгэтэр. Холобура, Тааттаҕа Хоту Лампа, Соҕуруу Лампа, Кыаттыкы диэн дойдулар куруҥнара, үүммүт дьылларыгар хас эмэ тыһыынчанан киһи үргээн бүтэрбэт моонньоҕонуттан бэрсэр. Бу сирдэргэ биир дьыл икки сүүсчэкэ массыына, хас эмэ уонунан стоянкаларга турарын көрөн соһуйбуттаахпын. Ол үрдүнэн олох мэлийбит диэн суоҕа.

Ону таһынан Дэбдиргэ, Чурапчы Арыылааҕын икки ардыларыгар сытар Бараайы диэн сир аатырар. Өрдөөҕүтэ биир орто дьахтар күннээҕи нуормата сэттэ биэдэрэ кэриҥэ эбит буоллаҕына, манна биирдии бэйэлэрэ аҕыстыы биэдэрэни үргээбиттэрэ. Эдьигээҥҥэ моонньоҕон эмиэ үүнэр. Таба түбэстэххэ балайданы үргүөххэ сөп. Ити курдук кимнээх ханна, төһөнү үргээбиттэрин туһунан сонун-нуомассир астааччылар ортолоругар толору. Онон хаптаҕастаах, сугуннаах, дьэдьэннээх сайыны  моонньоҕонноох күһүөрүсайын солбуйар, ол кэннэ күһүн уулаах отон, тэллэй улууканнаах кэмнэрэ кэлэр. Ол курдук айылҕаны кытта куруук ыкса алтыһар саха киһитэ, кылгас сайыннаах күн-дьыл солбуйсуутун минньигэс амтаннаах отоннорго холоон ылынар, кырыа-кыһыны көрсө күүс-уох мунньунар…  

Сир аһа син булт курдук абылаҥнаах, байанайдаах. Ону таһынан киһи доруобуйатын тургутан көрөр, хатарар спорт быһыытынан, айылҕаны кытта алтыһар биир үтүө кэмин быһыытынан көрүөххэ сөп. Ол да иһин ким хаһан, төһөнүүргээбитин туһунан кэрэ кэпсээн, уос номоҕо буолар. Итиннэ, ким ханнык сир аһын күҥҥэ, биитэр сезон устататөһөнү үргээбитин туһунан, Гиннес рекордугар маарынныыр чыпчаал кинигэни оҥорор эбит буоллар,ааҕааччылар интэриэстэрин тардыа этэ. Бу кинигэҕэ ханнык улууска, чопчу ханнык сиригэр туох үүнэрин, сир аһа ханнык кэмҥэ ситэрин, хайдах хомуйуохха сөбүн, туох иҥэмтэлээҕин, барыанньатыттан хомпуотугар тиийэ астанар, хараллар технологиятын суруйбут киһи сир асчыттарыгар бэртээхэй бэлэх буолуо этэ.

Үчүгэй үүнүүлээх сир аһыгар түбэстэхтэринэ, туттуулаахтарын көрдөрөр, холобур буолар хоһуун дьон, сытыы дьахталлар нэһилиэк аайы баар буолааччылар. Онтон биирдиилээн отон көрүҥнэрин ылан көрөр буоллахха, уулаах отону биир күн уон биэдэрэни (10 лит.), дьэдьэни балтараа биэдэрэни, хаптаҕаһы алта биэдэрэни, моонньоҕону аҕыс биэдэрэни үргээбиттэрин истэбин. Манна диэн эттэххэ, бу строка ааптара сантиметр да халытыыта суох эттэххэ, биир күн 12 биэдэрэ сугуну охсон турар уонна ону өссө да элбэтиэххэ сөп эбит диэн санааҕа кэлбитэ. Ити курдук сир аһыттан сылтаан санааттан санааүөскүү турар. Бу айылҕа бэрсэр босхо быйаҥа аныгы үйэҕэ ырыынакка үрдүктүк сыаналанар, сорохторго хаһаас ас эрэ быһыытынан буолбакка, эбии үп-харчы булунар ханаалларынан буолар. Ити курдук, бу быйаҥнаах сайынтан хас биирдии күнүн таба аттарынан туһаннахха, тыа дьонугар эбии үп-харчы буолан эргийиэн сөп.

Сорохтор дьиикэй виноград, эбэтэр уохта диэн ааттыыр отоннорун уга, үүнэрэ хойуута, бөдөҥө моонньоҕоҥҥо маарынныыр. Ол эрээри амтана быдан аһыы, дьүһүнэ сугун курдук күөх. Эмиэ дьоһуннаах сир аһа. Саахарынан минньиттэххэ бэртээхэй барыанньалаах. Өрүс арыыларыгар, кытылларыгар, киһи сылдьарыгар олус уустук лааҥкы быыһыгар үүнэринэн уратылаах.

Ити курдук, улуу добдурҕа лыҥкынас күнүн бастакы ыраас хаарынан кычыгыраччы үктээн иһэн, сугунтан сэдиптээн сир аһын туһунан санааларым – Эдьигээн ыттара үрэн моргуйа-моргуйа утары сүүрэн кэлбиттэригэр, сииктии симэлийэллэр, үрүҥ суорҕан үллүктэнэн эрэр аар тайҕабарсайыһа хаалаллар. Ыттарбар мастанан, «чөт» диэнтэн саҕалаан, бөһүөлэк  оргуйар олоҕор суолбун соломмутунан барабын… 
 

Салҕыыта тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....