Кыһыҥҥы сугун
Эдьигээн дьиктилэрэ
Табаһыттар, балыксыттар, булчуттар уонна килиэккэлээх кырсаны, саһылы иитиинэн дьарыктанааччылар олорор,кыракый Баахынай нэһилиэгэр үгүс дьикти, соһуччу да түгэннэр элбэхтэр. Дьон-сэргэ айылҕаны кытта ыкса алтыһар буолан, уһук сиргэ «материктан» ойуччу олоробут диэн муҥатыйбакка, тыйыс олоҕу хайдах баарынан үөрэ-көтө ылынан олорор. Тулалыыр эйгэтин көрүүтэ, ылыныыта да оннук. Ол курдук, кэллэҕим күн бэйэтигэр хоруоп оҥостор оҕонньору көрөн, соһуйбутум. Олохтоохтор ити оҕонньор дьоно-сэргэтэ эрдэ өлөн, соҕотоҕун олорорун, өр кэмҥэ хоруобун оҥосторун, куруук кээмэйдэнэрин, устуруустуурун бэйэлэрэ да дьиктиргээн кэпсииллэр. Туох билиэ баарай?! Кырдьаҕас анараа дойдуга аттанарыгар бэйэтин илиитинэн тутан-хабан оҥорбут “дьиэтигэр олоруон” баҕардаҕа... Өлүү диэн эмиэ кимтэн да мүччүрүйбэт, туһугар атын олох буоллаҕа...
Ити эрээри, мин баҕар оҕонньор түөһэйэн ону-маны баракаастанара дуу диэн боруобалаан, сэһэргэһэн көрбүппэр, өйө-санаата дьэҥкэтиттэн, өлөртөн чаҕыйбатыттан, олохтон астынан күлэриттэн-үөрэриттэн,бэркиһээн эрэ кэбиспитим. Чахчы достуойунай олоҕу олордум эрэ диир айылҕа оҕото, өлүүнү итинник хорсуннук көрсөн эрдэҕэ. Олохторугар муҥатыйар, кырдьыктан албыны араарбакка буккуллубут, өй-сүрэх мөккүөрүгэр тимирбит, аныгы үйэ үгүс дьонугар үтүөкэннээх холобур. Кырдьыга да, биһиги олохпут хас биирдии күнэ, чааһа, мүнүүтэтэ туохха да сыаналаммат күндү бэлэх! Онуоха олох бүппэт мөккүөрүгэр бэйэтин суолун бигэтик булуммут, бутуурдаах олох үрүҥүн-харатын ырыҥалыыр, сыалын сиппит, бэйэтин санаатын атын дьоҥҥо соҥнообокко үйэтин моҥообут киһи – олохтон итинник астынан, өлүүнүутуйарга холоон баран эрдэҕэ…
Үрүҥ-хара
Итии-тымныы
Холбоһоннор бу сиргэ,
Кырдьык-албын
Үөрүү-хомолто
Түһүлгэтин түстээбиттэр.
Онно,
Кэрэ-бүрэ дьүһүннээхтэр,
Сытыы-сыппах тыллаахтар
Оһуохайдыыр оонньууну
Оройуттан тутаннар
Үтүө-мөкү кыайыытын
Уруйдааннар ойбуттар.
Онно,
Ыра санаа чаҕыйбакка
Хабыр күүстүүн туруулаһан,
Кырдьык иһин мөккүөргэ
Көстө-сүтэ күөрэйэн
Очурдарга оҕустарар,
Арыт сиргэ тэпсиллэр.
Онно,
Эрэл-санаарҕабыл
Хардарыта кыайсаннар
Түптээн олох олорбот
Түрүлүөнэ тардыллан
Олох оонньуур дьонноро
Тэмтэрийэн охтоллор.
Онно,
Дьэбир тумуллар
Ыраас-кирдээх дьоннору
Тохтобулга кэтэһэннэр,
Үрүҥ-хара диэбэккэ
Хаппахчыга хаайаннар
Үйэлэргэ кистииллэр.
Онно,
Күүстээх өй-сүрэх
Бүппэт улуу мөккүөрүн
Ыспыт өҥнөөх сибэккитэ,
Кырдьык-сымыйа силистэртэн
Сириэдийэ тылланнар
Сири-дойдуну симииллэр.
Онон,
Олох сибэккитин
Талан ылыаҥ иннинэ
Үрүҥ-хара,
Кырдьык-албын
Буккуллубут олоҕун
Өйдөөн көрүөх тустааххын...
Аны ити күһүн, сүүс сааһын ааһан баран, күн сириттэн арахсыбыт табаһыт оҕонньор уҥуоҕун тиэйэн аҕалан, ийэ сирин буллардылар. Дьиктитэ диэн, 1980-с сылларга диэри олорбут, сүүһүн лаппа аһарбыт оҕонньор үйэтин тухары улуус киинигэр Эдьигээҥҥэ биирдэ эрэ киирэ сылдьыбыт. Оннооҕор нэһилиэгэр Баахынайга сүүһүнэн сыл тухары түөртэ-биэстэ эрэ кэлэн барбыт. Ол тухары, куруук табаларын кытта тыанан-тайҕанан көһө сылдьыбыт. Билэр дьон кинини үйэтигэр паспора суоҕа дэһэллэр, онон төһөсаастааҕа мөккүөрдээх сөҕус эрээри, кинини кытта таба көрүүтүгэр бииргэ сылдьар икки уола уонна кыыһа сааһырбыттара, онтон улахан уола Кириисэ 80-ча саастааҕа элбэҕи этэрэ. Ыраас салгын, сибиэһэй таба этэ, булт, балык аһа доруобуйаларын кииллитэн, толору үйэлээх олоҕу олордохторо. Ити саастарын аһары туолбут оҕолоро,олохторун таба көрүүтүгэр моҥоон, ыал буолбакка хаалбыттара, туһугар эмиэ трагедия…
Манна эбэн эттэххэ, Эдьигээн Саха сирин саамай уһун үйэлээхтэрэ – 117 сааһыгар тиийбит Тиитэп оҕонньор, Анаабырга олорон 118 сааһыгар соторутааҕыта олохтон барбыт Смирникова дойдулара. Тиитэп оҕонньор тыыннааҕар, Эдьигээнтэн ойуччу Уолба диэн ааттаах эбэ кытыытыгар олохсуйан олорор эрдэҕинэ көрсөн, кэпсэтэн турабын. Кырдьаҕас Индия гурутун, «отшельник» йогтарын курдук, кулгаах чуҥкунуур чуумпу үүтээнигэр олороро. Уолаттара кэлэн, аһын аҕалан биэрэллэрэ. Соҕотоҕун олорорун уонна чуумпуну сөбүлээтэр да, бэйэтэ сүрдээх элбэх кэпсээннээҕэ-ипсээннээҕэ, сымнаҕас майгылааҕа биллэрэ. Күөлүгэр балыктаан, айаҕар аһыыр эбит этэ. Уһун үйэлэниини сибиэһэй балык, булт астарын уонна холку, чуумпу олоҕу кытта сибээстиирэ оруннаах.
Өссө биир дьиктитэ диэн, кини төрөппүттэригэр оҕо турбат буолбут. Ол иһин төрөөтүн кытта, ойууну ыҥыттаран оҕокутун уйалаппыттар. Маһынан оҥоһуллубут чыычаахымыыта ууллубут арыылаах уйаҕа олороро, музейга соторутааҥыга диэри баара. Ити сыллар тухары арыыта эрэ арыый көҕөрөмтүйэ аҕырбыт курдуга. Бука оҕонньор кута-сүрэ бөҕөргөөн, үйэлээх олоҕу олордум диэн харысхалын музейга бэлэхтээтэҕэ.
Өссө биир дьикти түгэни истэн аһарбыттаахпын. Өрдөөҕүтэ бу эҥэр Бүлүүттэн биир киһи кэлэн бултуу сылдьан, күһүн сүтэн хаалбыт. Ол сыл күһүнү, томороон тымныы кыһыны быһа көрдүү сатаабыттар да – булбатахтар. Халлааннаан көппүтэ, сирдээн тимирбитэ биллибэккэ, таһы-бааччы сииктии симэлийбит. Онон өлбүккэ холоон, көрдүүллэрин тохтоппуттар. Онтон саас халлаан сылыйыыта, арай киһилэрэ тиийэн кэлбит. Тас көрүҥэ, таҥаһа-саба соччо быстыбыт-ойдубут быһыыта суох үһү. Ханна сылдьыбытын, томороон тымныыларга хара тыаҕа хайдах кыстаабытын,ыйыталаһа сатаабыттара, киһилэрэ тугу да хардарбат, кэпсээбэт уонна түргэн үлүгэрдик хомунан, дойдутугар түһэн хаалбыт.
Ол киһи кэлин, 1970-с сыллар эҥэр, өлөр охтуутугар охто сытан, доҕорун ыҥыран, кистэлэҥин дьэ кэпсээбит. Онно биллибитинэн, муна сырыттаҕына икки ини-бии уолаттар түбэһэ түһэн тутан, хайа хаспаҕар хаайан кыстаппыттар, дьиэ иһигэр-таһыгар үлэһит оҥостубуттар. Ити кэннэ, дэлби үҥэн-сүктэн көрдөспүтүгэр, саас халлаан сылыйыыта: «Дьэ, ханна, хайдах, кимниин кыстаабыккын эттэххинэ син биир булуохпут, бэдэргиттэн кытта ситиһиэхпит», – диэн уолуйа куттаабыттар. Ол иһин оҕонньор өлөрүгэр эрэ ити кистэлэҥи быктараахтаабыт. Бу үһүйээҥҥэ маарынныыр түбэлтэни сымыйалыыры билбэт саастаах киһи кэпсээбититтэн, итэҕэйэ санаабытым. Маны сэриигэ ыҥырыллартан куоппут, кыыллыйан, хойукка диэри тыаҕа бүгэ сылдьар дезертирдэр туппуттара буолуо диэн сабаҕалыыллар.
Өссө биир түгэн. Олохтоох, сааһын тухары балыксыт, булчут оҕонньор биир дьиктилээх. Саас аайы күөллэр муустара сайыыта, сылын аайы балыктыыр күөллээх. Ол күөлүттэн аарыма улахан сордоҥнору илимнээн ылан, төбөлөрүн биэдэрэҕэ уган мииннээн иһэр уонна... эһиги соһуйуоххут иһин – холуочуйан хаалар эбит. Ол үөрэ-көтө, тэмтээкэйдии сылдьарын көрө-көрө, кинини кытта бииргэ балыктаһар дьоно тэҥҥэ асаһаллар да, туох да буолбаттар. Ону араастаан быһаарааччы элбэх. Сорохтор ити күөлгэ радиациялаах буолан, өр кэмҥэ олорбут сордоҥнор хайыыларыгар иҥэрин, онтон биир эмэ киһи буккуллан ыларын этэллэр. Маны: «Баҕар, оҕонньоргут испиир аҕалан, кистии сытан иһэрэ буолаарай диэтэххэ», – сөпсөспөттөр. Бастакынан, кистээн аһыыр, күтүр оҕонньор буолбатах. Иккиһинэн, материктан ойуччу сытар кыра нэһилиэккэ ким төһө-хачча арыгыны ылбыта биллэр уонна оччолорго ити мээнэ кэлбэт, атыыламмат күндү ас. Онон арыгыттан холуочуйар диэҕи – эмиэ да хайдах эрэ сатаммат курдук. Туһугар, дьэ таабырын?
Баахынайга эрэ буолбакка, Эдьигээн дьиктилэрэ үгүс. Ыраата барбакка кэпсээтэххэ, Кыстатыам диэн бөһүөлэктэн чучунаа икки саастаах кыыһы уоран, үс сыл кэнниттэн биэс саастааҕар төттөрү аҕалан биэрбит. Ол кыыс хойукка диэри сатаан саҥарбата, кэлин олох аҕыйах тылынан эрэ кэпсэтэрэ үһү. Бу кыыс сааһыран баран олох кэнники өлбүт. Ити туһунан «Саха сирин дьиктилэрэ, дьиибэлэрэ» кинигэҕэ ахтыллан турар. Аны, ойуун кута күһүҥҥү хараҥаларга сырдаан көстөр бөкүнүк буолан, хас эмэ уонунан сыллар усталарыгар төкүнүйэн киирэн, уулуурун, онно анал орохтооҕун, оҕо кутун уйата буолбут, көтөрдөөх ымыы тустарынан дьикти сэһэннэри олохтоох музей үлэһиттэрэ төһө баҕарар кэпсиэхтэрин сөп.
Ити курдук, хаһан эрэ куорат статуһун ыла сылдьыбыт, 380 сылын куоһарбыт Эдьигээҥҥэ табаһыттар, балыксыттар, булчуттар күннээҕи үлэлэрин-хамнастарын, дьарыктарын кытта сибээстээх киһи сэргиир түгэннэрэ, дьиктилэрэ элбэхтэр.
Салҕыыта тахсыаҕа.