Кыһыҥҥы спартакиада сөргүтүллэр
Маассабай спорт уонна физическэй култуура управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 25-тэн муус устар 11 күнүгэр диэри спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин спартакиадатын өрөспүүбүлүкэ үс куоратыгар сөргүтүөхтэрэ.
Күрэхтэһии 2020 сылга түмүктэниэхтээҕэ, эпидемиологическай балаһыанньанан 2021 сылга көһөрбүттэрэ.
Былырыын икки спорт көрүҥнэрэ — хотугу многоборье уонна шорт-трек күрэхтэһиилэрэ ыытыллыбыттара. Ол түмүктэрэ быйылгы спартакиада зачетугар барыахтара. Ол курдук, хотугу многоборьеҕа Чурапчы улууһун хамаандата чемпион буолбута, иккис миэстэҕэ Үөһээ Бүлүү тиксибитэ, оттон боруонса мэтээли Нерюнгри оройуонун хамаандата ылбыта.
Шорт-трек көрүҥҥэ Дьокуускай сүүмэрдэммит хамаандата кыайбыта, кини кэнниттэн Амма уонна Мииринэй хамаандалара иһэллэр. Спартакиада кыһыҥҥы чемпионатын сноубордистар уонна хайа хайыһардьыттара арыйыахтара. Күрэхтэһии Нерюнгрига «Горизонт» хайа-хайыһарын баазатыгар кулун тутар 25-28 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Муус устар 1-4 күннэригэр Дьокуускайга «Эллэй Боотур» спортивнай комплексыгар хоккей күрэхтэһиитэ уонна куорат тулатыгар хайыһарынан спортивнай ориентирование ыытыллара былааннанар.
Чемпионат түмүктүүр түһүмэҕэ Алдаҥҥа буолуоҕа, муус устар 7-11 күннэригэр спорт кыһыннары бэлэмниир киинигэр хайыһарга күрэхтэһии, оттон муус устар 10 күнүгэр биатлоҥҥа чемпионат тэриллиэҕэ.
Тэрээһин үөрүүлээх сабыллыыта муус устар 11 күнүгэр Алдаҥҥа ыытыллар.