27.05.2022 | 11:00

Кыһалҕата суох киһи билбэт...

Реабилитация хайаан да наада
Кыһалҕата суох киһи билбэт...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго уонна обургу оҕолорго аналлаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай киин үлэлээбитэ төрдүс сыла. Бу күннэргэ биһиги Сэргэлээх шоссетын 10 км, бэс чагда быыһыгар турар тупсаҕай тутуулаах кииҥҥэ тиийэ сырыттыбыт, үлэтин-хамнаһын билистибит.

Бэйэтин көрүнэ үөрэннэҕинэ – улахан ситиһии

Манна тирэнэр-хамсанар систиэмэлэригэр кэһиллиилээх, мөлтөхтүк истэр, мөлтөхтүк көрөр, саҥарар дьоҕурдара сайдыбатах эбэтэр ситэтэ суохтук сайдыбыт, ментальнай кэһиллиилээх оҕолор реабилитацияны ааһаллар. Соһуйуом иһин, маннык Киин баарын саҥа истэр дьон элбэх. Тэрилтэ дириэктэрэ Зинаида Семеновна Максимова этэринэн, кыһалҕата суох киһи билбэт.

Кырдьык, оҕо барыта биир тэҥник сайдыбат. Кини бэйэтин кыаҕынан, кыра да буоллар, дьоһун хардыылары оҥоруон сөп. Онно исписэлиис уонна төрөппүт көмөтө хайаан да наада.

– Биһиги аптаах дьон буолбатахпыт. 21 күннээх реабилитация бэрт түргэнник ааһар. Онон төрөппүттэр манна тугу билбиттэрин-көрбүттэрин дьиэлэригэр туһаныахтаахтар, оҕолорун салгыы дьарыктыахтаахтар. 

Доруобуйатыгар хааччахтаах оҕо бэйэтин көрүнэргэ, кэпсэтэргэ, дьону кытта алтыһарга, уопсастыбаҕа сатаан сылдьарга, наадатын быһаарсарга үөрэннэҕинэ – ол улахан ситиһии. Оҕолор дьыссаакка, оскуолаҕа киириилэрэ – төрөппүттэри кытта уопсай ситиһиибит, – диир Зинаида Семеновна.

Манна оҕону инбэлииккэ тахсарыгар тиэрдибэккэ, реабилитация көмөтүнэн көннөрөн биэрэр сыаллаахтар. Онуоха араас ньымалары, аныгы технологиялары туһанан, оҕону дьарыктаан, кини сайдарыгар көмө-тирэх буолаллар. Оҕо динамикатын кэтээн көрөн, үлэ түмүктээх буоларыгар кыһаллаллар. Реабилитация түмүгэ, биллэн турар, тута харахха быраҕыллымыан сөп – хас биирдии оҕо сайдыытын хаамыыта ураты буоллаҕа.

Кииҥҥэ саҥа дьон кэллэхтэрин аайы төрөппүт мунньаҕа ыытыллар эбит. Итиэннэ быйылгы Ийэ сылынан хас заезд аайы “Кыһамньылаах ийэ”, “Элбэх оҕолоох кыһамньылаах ийэ” диэн номинациялары туттаран, ийэлэри көҕүлүүллэрэ хайҕаллаах. Маны таһынан, халандаарынан сөп түбэһиннэрэн, социокультурнай дьаһаллары ыыталлар эбит. Холобур, ааспыкка Музей күнүгэр Хомус музейыттан экскурсовод Айсен Дьоллоохоп кэлэн ыалдьыттаабыт, оҕолорго бэрт интэриэһинэйдик кэпсээбит. Бэс ыйын 1 күнүгэр Оҕо көмүскэлин күнүгэр ыһыах ыһаары бэлэмнэнэ сылдьаллар.

Бу иннинэ Киин пандемиянан сибээстээн үс сменанан үлэлии олорбут буоллаҕына, ыам ыйын 26 күнүттэн икки сменаҕа көстө. Бары ирдэбилгэ эппиэттиир 144 миэстэлээх уопсай дьиэ тупсаҕайдык өрөмүөннэнэн бүтэн, улуустан кэлбит дьон олороллоругар бэлэм. Онно оҕолору күҥҥэ биэстэ аһатыахтара. Сынньалаҥ хостордоох, таһырдьа оҕо оонньуур балаһаакката, беседкалар, киэҥ-куоҥ парковка – усулуобуйа барыта баар.

Үчүгэйэ диэн, манна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго эрэ буолбакка, сайдыылара мөлтөх кырачааннар эмиэ ОМС нөҥүө реабилитацияны босхо ааһыахтарын сөп.

 

Балыыһа буолбатах

Сорохтор бу киини балыыһа, уһуйаан курдук саныыллар. Ол  сыыһа. Манна оҕо 21 күннээх реабилитацияны ааһар.

Салгыы киин устун экскурсиялаатыбыт. Комплекснай диагностика хоһугар логопед, психолог, невролог, ЛФК бырааһа, физиотерапевт олороллор. Исписэлиистэр оҕону көрөн-истэн баран, ханнык өҥө оҥоһулларын быһааран, маршрутнай лиис оҥороллор.

«Эрдэтээҥҥи көмө» ресурснай киин – биир ураты салаа. Манна исписэлиистэр төрүөхтэриттэн үстэригэр диэри саастаах доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору уонна кинилэр төрөппүттэрин кытта үлэлэһэллэр. Өҥөйбүппүт, психолог дьарыга буола турар эбит.

 

Оҕом саҥарбат...

Билиҥҥи үйэҕэ үгүс оҕо хойут тылланара кистэл буолбатах. Онуоха анал үөрэхтээх исписэлиистэр көмөлөрө хайаан да наада.

Логопед хоһо. “Бу тугуй?” диэн ыйытыыга кырачаан Айаана: “Мээчик”, – диэн чобуотук хоруйдуур. “Хайдах өҥнөөҕүй?” – диэн Николай Прокопьевич Никитин салгыы ыйытар. Кыысчаан сөпкө этэр. “Маладьыас!” Айаана үөрэн, чуопчаара түһэр.

Екатерина Викторовна Владимирова, Майа, Мэҥэ Хаҥалас:

– Оҕом түөрт саастаах да, саҥарбат. Майаттан направление ылан кэлбиппит. Массажка, ЛФК-ҕа, логопедка сырыттыбыт. Гарденотерапияны сэргээтим. Оҕом үүнээйилэри сөбүлүүрүн көрөн, бэйэм да соһуйдум. Тугу да үүннэрбэт буолан, билбэт эбиппин.

Дьыссааппытыгар  элбэх оҕо сатаан саҥарбат. Уһуйааммыт логопеда биэс саастарыттан дьарыктыыр. Инньэ гынан хапсыбатахпыт. Хата, манна үрдүк таһымнаах логопедтар үлэлииллэр эбит. Биһиги Кулачикова Нарыйа Альбертовнаҕа уонна Николай Прокопьевичка дьарыктанныбыт. Оҕом  элбэххэ үөрэннэ. Үчүгэйэ диэн, киһини үтүктэр буолла. Бу иннинэ оннук гыммат этэ, ыксаан, неврологка сылдьыбыппыт, “аутоподобное поведение” диэбиттэрэ. Онтубут, хата, реабилитацияны этэҥҥэ ааста. Манна кэлиэҕиттэн сүүрэр-көтөр, оонньуур буолла. Билигин төлөпүөн биэрбэппит. Дьиэбитигэр тиийэн, салгыы дьарыктаныахпыт.

Төрөппүт дьарыктарга бииргэ сылдьыһарын сэргээтим. Оҕобун кытта тэҥҥэ элбэххэ үөрэнним. Психологтар үгүһү кэпсээтилэр, сүбэлээтилэр. Кырдьык, биһиги бэйэбит эмиэ буруйдаахпыт. Оҕобутугар төһө кыалларынан болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Тэлэбиисэргэ, төлөпүөҥҥэ олордубакка, үлэҕэ умса түспэккэ.

Өссө кэлбит киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Ол эрээри квота диэн баар. Аны күһүн эмиэ направление ыла сатыахпыт. Түгэнинэн туһанан, киин үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

 

Дьарык тохтоло суох ыытыллар

Монтессори кабинетыгар кырачааннар күн солото суохтар. Ким да таах олорбот. Төрөппүттэр тэҥҥэ сылдьыһаллар.

Музыкальнай стимуляция хоһугар дьарык саҕаланна. Оҕолор үнүстүрүмүөннэрин бэйэлэрэ ылан, тыаһаппытынан бардылар.

Гарденотерапия хоһугар дьарык үгэнэ. Ийэ оҕотун кытта үүнээйилэргэ уу кута олороллор. Педагог Евдокия Михайловна Николаева салгыы тугу гыналларын сүбэлиир, көрдөрөр. 

Социальнай-бытовой адаптация хоһугар уолаттар оонньуурдарын сууйан букунайаллар. Бу курдук кинилэр олоххо-дьаһахха наадалаах үөрүйэхтэргэ үөрэнэллэр.

 

Итэҕэс төрөөбүт кырачааны сайыннарыахха сөп

Гидрованнаҕа оҕолор үөрэ-көтө кэлэллэр. Ууга чомполонон, оонньоон, туһалаах процедураны бэркэ атаараллар. Сиэстэрэ Надежда Семеновна Алексеева кэпсээбитинэн, күҥҥэ 30 оҕо сылдьар.  

Виктория Гоголева, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

– Оҕобун инбэлииккэ таһаарбыттара. Социальнай харалта управлениетыгар учуокка турабыт. Кулун тутар ыйга Нерюнгрига “СУВАГ” кииҥҥэ баран кэлбиппит.

Бу диэн эттэххэ, куораппытыгар маннык сабыс-саҥа, киэҥ-куоҥ киин аһыллыбытын хойут билбиппит, бэйэбит да соһуйбуппут. Бастаан кэлэрбитигэр сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбуппут. Дьарыктара туһалаах, усулуобуйата үчүгэй. Манна иккис кэлиибит. Психологка, логопедка, дефектологка сылдьабыт. Оҕом биллэ эбилиннэ.

Юлия Голикова, Дьокуускай куорат:

– Сиэним сайын биэһин туолар. Айаал итэҕэс төрөөбүтэ. Элбэх балыыһаны кэрийбиппит. Итэҕэс төрөөбүт оҕону тута инбэлииккэ таһаарбакка, эбии дьарыктаан сайыннарыахха сөп эбит. Онно сөптөөх усулуобуйа бу кииҥҥэ барыта баар. Тэрилэ, тээбиринэ тупсаҕай. Балыыһаттан, дьиэттэн чыҥха атын.

Биһиги ОМС нөҥүө направление ылан кэлбиппит. Физиокабинеттарга сылдьабыт: оҕо мэйиитин сайыннарар хоско уонна кислородунан тыынар. Итэҕэс төрөөбүт буолан, сиэним тыҥата ситэ сайдыбатах, онон бу процедура киниэхэ ордук туһалаах. Бу иннинэ массаастанан абыраммыта. Бассейҥҥа сылдьыан кыра, онон гидрованнаҕа кэлэбит.

Харчы төлүү-төлүү, ханна эрэ соҕуруу барбакка, маннык Реабилитационнай киин Сахабыт сиригэр баара олус үчүгэй. Судаарыстыба нэһилиэнньэни өйөөн, бачча үчүгэй дьиэни туттаҕа!

 

Аҕыйах тыллаах этиини оҥорор буолла

Оҕо балаһааккатыгар биир эбээ сиэнин кытта такси кэлэрин күүтэллэр. Кырачаан чуораанчык биир кэм сүүрэн туллуктанар. Ньургуһун үргээн кэлбит, онтун көрдөрөр.

Евдокия Васильевна Лаврова:

– Сиэним 3,5 саастаах. Сунтаартан кэлэ сылдьар. ЗРР диэн диагнозтаах. Логопедка, массааска, ЛФК-ҕа, арт-терапияҕа, музыкальнай стимуляцияҕа, Монтессори кабинетыгар сырытта. Аҕыйах тыллаах этиини син оҥорор буолла.

Киин дьиэтэ саҥа, иһэ-таһа тупсаҕай. Дьарыктара олус үчүгэй, үлэһиттэр идэлэрин баһылаабыттар. Арай логопедка нэдиэлэҕэ икки эрэ дьарык аҕыйах дии санаатым. Дьиҥэр, онно элбэхтик сылдьар баҕалаах этибит. Биһиги ковид кэннэ кэмҥэ түбэспит буоламмыт, остолобуой үлэлээбэт, уопсайдара аһылла илик. Аҕыйах күнүнэн аһыллыахтара, оччоҕуна барыта үчүгэй буолуоҕа.

 

Хойутуу сыспыппыт...

Парковкаҕа оҕотун көтөхпүт ийэни көрүстүм. Анастасия Герасимовна, Дуолан Дмитриевтэр Намтан кэлбиттэр.

– Уолум балтараа сааһыгар диэри “мама” диэн саҥара илик. Хойутаан эрэр диэн ыксаан кэлбитим, хойутуу сыспыккыт диэбиттэрэ. Массааска, ЛФК-ҕа уонна гидрованнаҕа сылдьабыт.

Оҕом уһуйааҥҥа бара илик, дьиэҕэ олорор. Онон кииҥҥэ үөрэ-көтө кэлэр. Дьиэтэ-уота да үчүгэйэ сүрдээх. Үлэһиттэр оҕону кытта сайаҕас сыһыаннарын биһирээтим. Оҕоҕутун кытта үчүгэйдик дьарыктаныҥ, төлөпүөнү туттаран кэбиһимэҥ диэн сүбэлииллэр. Онон сылдьыбыппыт туһалыаҕа диэн эрэнэбит, – диэн кэпсээтэ эдэр ийэ.

***

Хайа баҕарар төрөппүккэ эрэл кыыма хаһан да уостубат. Оҕо бэйэтин кыаҕынан, ийэ, аҕа, исписэлиис көмөтүнэн дьоһун хардыылары оҥоруон сөп.

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...