18.07.2019 | 12:53

Кыһалҕалаахтарга көмөлөһөр пуонда

Кыһалҕалаахтарга көмөлөһөр пуонда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куораппытыгар Аһымал пуонда үлэлиирин истэн билэҕит дуо?  Ол туһунан бүгүн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпит.

Бу пуонда социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох араҥаҕа киэҥ өрүттээх үлэни ыытар. Олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ, төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго кинилэр бастакынан илиилэрин утары ууналлар.

*          *           *

“Аһымал пуонда” бэрэсидьиэнин эбээһинэһин толорооччу Зоя Васильевна Павлова бүгүн “Аһымал” рубрикабытыгар үлэтин-хамнаһын кэпсиир.

- Зоя Васильевна, “Кладезь Якутии” диэн бэрт интэриэһинэй ааттаах аһымал пуондата хаһан тэриллибитэй? Тэрилтэ үлэтин сыалын-соругун билиһиннэр эрэ.

- «Кладезь Якутии» аһымал пуондата 2010 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр  тэриллибитэ. Онон 9-с сылбытын ситиһиилээхтик үлэлии олоробут. Бу пуонда тэриллибит сүрүн соруга – инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ, төрөппүттэрэ, ийэ-аҕа көрүүтэ суох хаалбыт оҕолорго, баһаарга түбэспит дьиэ кэргэҥҥэ көмөнү оҥоруу. Биһиги кинилэргэ материальнай уонна моральнай өттүнэн күүспүт-кыахпыт тиийэринэн көмөлөһөбүт. Уопсайынан эттэххэ, социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох хаалбыт араҥаҕа сүрүн болҕомтобутун уурабыт. Кинилэри кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэбит.

Биһиги пуондабыт эбии сыалынан-соругунан уопсастыбаҕа дьиэ кэргэн аатын үрдүктүк тутары ситиһии, оҕо, ийэ -аҕа оруолларын үрдэтии, кинилэри харыстааһын, оҕо доруобуйатын араҥаччылааһын уонна чөл олоҕу киэҥ араҥаҕа тарҕатыы, оҕолор өйдөрө-санаалара туруктаах буоларын ситиһии, кинилэри бары өттүнэн өйөөһүн, дьиэ кэргэни солбуйар, оҕону көрө-харайа, иитэ ылар дьиэ кэргэттэри кытта ыкса үлэлэһии уонна оҕону кытта үлэлиир тэрилтэлэри кытта дойду таһымнаах култуурунай тэрээһиннэри ыытыы, аукционнары, быыстапкалары, бэстибээллэри, дьаарбаҥкалары тэрийии буолар.

- Үлэҕитигэр төһүү күүһүнэн волонтёрдар көмөлөрө буолар эбит. Ол туһунан кылгастык сырдатыаҥ дуу?

- Биһиги волонтердарбыт нэһилиэнньэни көхтөөх буолууга угуйар, онно туһуламмыт үлэни тэрийиигэ көҕүлүүр улахан суолталаах уонна туһалаах дьон. Биһиэхэ, үтүөнү оҥорор, кыаммакка көмөлөһөр пуонда  (благотворительнай фонда) үлэһиттэригэр, улахан туһалаах доҕотторбут уонна көмөлөһөөччүлэрбит. Кинилэр оҕолор тустарыгар туохтарын да кэрэйбэккэ, харыстаабакка, туохтарын бары сиэртибэлээн туран көмөлөһөллөр. Бириэмэлэрин аахсыбакка, үптэрин-харчыларын харыстаабакка, өйдөрүн-санааларын бүтүннүү ууран туран көмө оҥорор үтүө санаалаах, улахан сүрэхтээх, дьоһуннаах дьоммут диэн сыаналыыбыт.

Кинилэр түмсүүлээх үлэлэрин түмүгэр кыһалҕалаах дьон түргэн уонна хаачыстыбалаах көмөнү ылаллар. Онон биһиги пуондабыт доҕотторун көмөлөрүн үрдүктүк сыаналыыбыт уонна кинилэринэн киэн туттабыт. Волонтердарынан элбэх көмө оҥоһулларын таһынан, оҕолорго аналлаах араас тэрээһиннэр, бырааһынньыктар, дьаарбаҥкалар, аһымал аахсыйалар  ыытыллаллар. Онон биһиги волонтердарбытыгар кинилэр ыытар элбэх өрүттээх үлэлэригэр, араас тэрээһиннэригэр, үп-харчы хомуйуутугар кыттыыны ылалларыгар барытыгар улахан махталбытын тириэрдэбит. Кинилэр тулаайах оҕолорго кыратык да буоллар, дьолу-үөрүүнү бэлэхтииллэрэ наһаа үчүгэй түгэн. Маны таһынан Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар, маҕаһыыннарга, тэрилтэлэргэ турар аналлаах дьааһыктарга үп-харчы сиэртибэлээн угаргыт иһин, түгэнинэн туһанан, хаһыат нөҥүө махталбытын этэбит.

- Социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэни кытта үлэни ыытар буоллаххыт.

- Пуондабыт социальнай суолталаах бырайыактар уонна аахсыйалар олоххо киирэллэригэр төһүү күүс буолар. Онон, бастатан туран, кыаммат араҥаны киэҥник хабан, былааннаах үлэни ыытар.

- Үлэҕитигэр өрүү көмөлөһөр спонсордаргыт кимнээҕий?

- Бастатан туран, сүрүн спонсордарбытынан куорат дьаһалтата (баһылык С.В. Авксентьева), “Якутскэнерго” (ген. дир. А.С. Слоик), “Сеть антенн маҕаһыын, онтон да атыттар буолаллар.

- Аһымал аахсыйа, марафон, аукцион, дьаарбаҥка, кэнсиэр курдук тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллар эбит.

- Оннук. Үлэбит былааныгар бу тэрээһиннэр кэмиттэн-кэмигэр ыытыллаллар. Биһиги пуондабыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ көмөлөһөр. Үлэбит биһиэхэ үгүс үөрүүлээх, долгутуулаах түгэннэри бэлэхтиир. Дьону үөрдэртэн-көтүтэртэн ордук дьол баар үһүө?! Биһиги пуондабытыттан аҥаардас оҕолорун иитэр ийэлэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр материальнай, психологическай өттүнэн дьоһуннаах көмөнү ылаллар. Аһымал пуонда инникитин “Сардаана” диэн ааттаах спортивнай үҥкүү национальнай оскуолатын арыйар былааннаах. Үлэбит чэрчитинэн аһымал аахсыйалары элбэхтик ыытабыт, манна оҕолор үөрүүнэн кытталлар, бэйэлэрин саастыылаахтарыгар көмөлөһөн, сэмэй кылааттарын киллэрэллэр. Мантан киирбит үбү биһиги ыарыһах оҕолор эмтэнэ баралларыгар аныыбыт.

- Эһиэхэ көмө оҥоруохтарын баҕарар дьон ханна тиийэн билсиэхтэрин сөбүй?

- Пуондабытын өйүүр дьон сэмэй кылааттарын бэйэлэрин баҕаларынан киллэриэхтэрин сөп. Кинилэр ыыппыт көмөлөрө элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ, баһаартан эмсэҕэлээбит ыалларга тиэрдиллэр. Ону таһынан аһымал пуонда социальнай бырайыактарыгар туттуллар. Үлэлиир сирбит аадырыһа: Петр Алексеев уулуссата, 21/5, 4 подъезд.

Аһымал кэнсиэр тэрийиэхпин баҕарабын диэн кыһалҕалаах дьон көмөҕө наадыйан кэллэхтэринэ көмөлөһөҕүт дуо?

- Биллэн турар, көмөлөһөбүт. Биһиги аһымал кэнсиэртэри үгүстүк  тэрийэн ыытабыт. Онон бу өттүгэр үлэбит уопута баар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...