08.03.2023 | 12:00

Кузбасс. Кыһыҥҥы оонньуулар түмүктэннилэр

Кузбасс. Кыһыҥҥы оонньуулар түмүктэннилэр
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Кемеровоҕа 7 тыһыынча көрөөччүнэн ыып-ыччары туолбут аарыма “Кузбасс” Муус дыбарыаһыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” Кыһыҥҥы 2-с спортивнай оонньуулар үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннилэр. Икки нэдиэлэ устата ньиргиччи Азия дойдуларын уонна Арассыыйа 19 хамаандатын 1000 спортсмен оҕото түмсэн, спорт 10 көрүҥэр 57 кэмпилиэк мэтээли ылаттаатылар. Оонньуулар сабыллыылара спорт уонна доҕордоһуу бырааһынньыгар кубулуйда.

Таас чоҕунан, тимири уһаарыынан аатырар Кузбасс сиригэр-уотугар күрэхтэһиилэр Кемерово, Новокузнецкай, Междуреченскэй, Таштогол куораттарынан уонна Шерегеш оройуонугар буолуталаатылар.

Оонньуулар кыттыылаахтарын Кемерово уобалаһын губернатора Сергей Цивилев, Арассыыйа физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин 1-кы солбуйааччы Азат Кадыров, Арассыыйа Олимпийскай кэмитиэтин генеральнай сэкирэтээрэ Родион Плитухин уонна “Азия оҕолорун” НИСО кэмитиэтин бэрэсидьиэнэ Владимир Максимов эҕэрдэлээтилэр, махталларын биллэрдилэр.

СӨ спорка миниистирэ Леонид Спиридонов уонна миниистир 1-кы солбуйааччыта Александр Бугаев Оонньуулары саҕалаатылар уонна түмүктээтилэр, хардарыта аһыллыыларыгар уонна сабыллыыларыгар кытыннылар, күрэхтэһиилэр буолуталаабыт куораттарынан, орйуоннарынан тэрээһин үлэни кытта билистилэр, салайааччылары, тэрийээччилэри кытта көрүстүлэр.

Бу туһунан Александр Бугаев санаатын үллэһиннэ. Александр Николаевич бэлиэтииринэн, биир сүрүн уустугу күрэхтэһиилэр бэйэ-бэйэлэриттэн 200-300 км тэйиччи биэс сиринэн буолбуттарын ааттаата. Тырааныспарынан хааччыйыы, куораттар аайы сүүһүнэн оҕону, тренери түһэрии, аһатыы, күрэхтэһиилэри ыытыы улахан үлэттэн тахсар.

– Оҕолорбут уон биир көрүҥтэн сэттэтигэр кыттан, аҕыс мэтээллэннилэр. Маҥнайгы күннэргэ сноубордка Алдан спортоскуолатын иитиллээччитэ Илья Соколов маҥнайгы боруонса мэтээли аҕалбыта. Хайыһардьыттарбыт сэттэ мэтээли аҕалан үөртүлэр. Тэҥнээн көрөр буоллахха, 2019 с. Сахалиҥҥа хайыһардьыттарбытыгар мэтээл суоҕа, биатлоҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли Николай Максимов аҕалбыта. Быйыл “спринт” эстафетаҕа кыргыттарга Инна Рыбкина уонна уолаттарга Вадим Ширяев – үрүҥ көмүс, Вадим Кривоногов боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. “Доҕордоһуу” эстафетатыгар Николай Копырин кыһыл көмүс мэтээли аҕалла, Полина Николаева – үрүҥ көмүс, Анна Глотова уонна Павел Сергеев – боруонса, - диэн кэпсээтэ.

Онон, Кемеровоҕа күрэхтэһиилэр этэҥҥэ түмүктэннилэр. Оҕолорбут салгыы сбордарынан, күрэхтэһиилэринэн барыахтара. Билиҥҥи аан дойдуга буола турар уустук кэмҥэ биһиэхэ спорт, ол иһигэр, оҕо спорда өрө тутуллара кэрэхсэбиллээх. Афганистан, Кувейт, Таиланд, Ливия курдук омук дойдуларыттан, урукку бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэртэн кэлэн кытыннылар. Сүрдээҕин махтаналлар, бары биир хамаанда буолабыт диэн эттилэр, суолтатын өйдүүллэр. Аны да инники өттүгэр кыһыҥҥы, сайыҥҥы Оонньууларга кэлэн кыттыахпыт диэтилэр.

Эһиил сайын Дьокуускайга VII-с Сайыҥҥы “Азия оҕолоро” ыытыллыахтара. Өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччылара Кемеровоҕа сылдьыбыт сүрүн сыаллара-соруктара – оҕолорбутугар ыалдьыы, өйөөһүн, Оонньуулары хайдах тэрийбиттэрин билсиһии.

Күрэхтэһиилэр түмүктэринэн, хайыһарынан сүүрүүгэ, шорт-треккэ, хоккейга, сноубордка, хайаттан түһүү спордугар, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа, хайыһарынан трамплинтан ыстаныыга, керлиҥҥэ, фристайлга, хаҥкылаах сүүрүүгэ, хаарга волейболга уонна киберспорка 15 кыһыл көмүс, 13 үрүҥ көмүс уонна 11 боруонса мэтээллээх Сибиир федеральнай уокуругун хамаандата бастаата, 15 кыһыл көмүс, 9 үрүҥ көмүс, 10 боруонса мэтээллээх Москва хамаандата – иккис, 10 кыһыл көмүс, 8 үрүҥ көмүс, 9 боруонса мэтээллээх Урал федеральнай уокуругун хамаандата – үһүс.

Көстөрүн курдук, үгүс көрүҥнэр биһиэхэ суохтар. Аҕыйах сыллааҕыта Алдаҥҥа спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр Киин саҥа аһыллан, итиэннэ хоккейга, хайыһарга, хаҥкылааһыҥҥа, шорт-треккэ оҕо спортоскуолалара тэриллэннэр, сүһүөхтэригэр туран эрэллэр. Уопут да сыыйа мунньуллар. Баай үтүө үгэстээх хайыһарынан сүүрүүгэ мэтээллэри хото ылаттаатыбыт. Оҕолорбут улахан олимпийскай базалардаах, олимпийскай уонна аан дойду чөмпүйүөннэрдээх регионнар оҕолорун кытта тэҥҥэ кэриэтэ күрэхтэстилэр. Инникитин да күрэхтэһиэхтэрэ турдаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....